19.02.2020 | 13:27

СОНУН ЫРЫСЫАПТАРЫ БОРУОБАЛААҤ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн биһиэхэ икки оҕо тапталлаах ийэтэ уонна кыра кыыс оҕо эбэтэ Марина Егоровна Егорова ыалдьыттыыр.

Марина оҕо эрдэҕиттэн астыырын наһаа сөбүлүүр этэ. Ол курдук оччолорго араас сурунаалтан, истиэнэҕэ ыйанар чыыһыланньыктан ырысыап эгэлгэтин кырыйан ылан сиэбигэр укта сылдьара үһү.

Маринаҕа ыалдьыттыы тиийдэххинэ, куруук остуол хотойорунан минньигэс астаах тоһуйар. Кини аһын остуолга көннөрү ууран кэбиспэт, ис сүрэҕиттэн араастаан киэргэтэн, тупсаран күндүлүүр. Кини ырысыабынан дьүөгэлэрэ астаан, махталлара элбэх. Марина бэрэскитин астаабыт дьон хайгыылларыттан ордубаттар. Аны кыһыҥҥы хаһаастарын туһунан этэ да барбаккын. Уопсайынан кини олорон турбат туруу үлэһит, актыбыыс бэрдэ, мааны хаһаайка, истиҥ дьүөгэ, ийэ, эбээ, эрэллээх эдьиий, балыс. Аны туран иһирэх, истиҥ куоластаах ырыаһыт, ханнык да тэрээһиҥҥэ, бырааһынньыктарга сырыттын, хайаан да ылбаҕай ырыатын бар дьонугар бэлэхтии сылдьар.

ТАҺААРЫЫТА СУОХ ТҮРГЭННИК БУҺАР БЭРЭСКИ

Туох наадата:

Икки ыстакаан сылаас уу;

биир пакет доруоһа;

икки остолобуой ньуоска саахар;

биир чаайынай ньуоска туус;

биэс ост. ньуоска мас арыыта;

бурдук.

Барытын холбоон 20 мүнүүтэ устата үчүгэйдик мэһийэҕин. Тиэстэҥ хойуу буолуохтаах, бэрэски иһигэр ынах фаршын кытта рис кутан тута буһараҕын.

ФАРШИРОВАННАЙ БАЛЫК

Ханнык баҕарар өрүс балыгын хатырыктыыбыт, иһин хайытан ыраастыыбыт, уҥуохтарын сэрэнэн арааран ылабыт.

Балык этин эмиэ арааран ылабыт, туспа миискэҕэ буспут рис, хара биэрэс, туус, чеснок кутабыт. Моркуобу теркалаан мас арыытыгар эриэппэ луугу кытта ыһаарылаан балыкпыт этин кытта холбоон фарш оноробут.

Онтон төттөрү балыкпытыгар симэбит. Балыкпыт таһын майонезтыыбыт уонна духуопка лииһигэр кыратык уу кутан балыкпытын уста сылдьар курдук ууран 1 чаас устата 180 кыраадыска духуопкаҕа буһарабыт. Сойбутун кэннэ рулет курдук подноска ууран оҕуруот аһынан киэргэтэн биэрэбит.

СИБИЭҺЭЙ ОҔУРУОТ АҺЫТТАН БОРЩ

Оргуйбут ууга маҕаһыыҥҥа атыыланар эт кубигын кытта, хаппыыста, хортуоппуй кутабыт. Моркуобу, сүбүөкүлэни теркалыыбыт уонна эриэппэ луугу кытта мас арыытыгар ыһаарылыыбыт. Ол кэннэ оргуйа турар хаппыысталаах хортуоппуйдаах уубутугар кутабыт эбии оргута түһэн баран, укроп, петрушка эбэбит. Бу борщ олус минньигэс буолар, этэ да суох оҥоруохха сөп.

ДУХУОПКАҔА БУҺАР БЭРЭСКИ

Икки ыстакаан сылаас ууга биир остолобуой ньуоска доруоһа кутабыт уонна 15 мүнүүтэ туруорабыт. Онтон 150 грамм маргарин кутабыт кыратык туустуубут, бурдук кутан үчүгэйдик мэһийэн баран 30 мүнүүтэ туруорабыт уонна бэрэскибитин оҥоробут.

Иккис ыалдьытым Любовь Семеновна Татаринова Нам улууһун М.К. Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатыгар төрөөбүт тылга уһуйар учуутал. Кини олус минньигэс астааҕын чугас дьоно, дьүөгэлэрэ, табаарыстара бары хайҕыыллар, астыналлар. Любовь Семеновна араас талба талаанын, ылбаҕай ырыаһытын, иистэнньэҥин туһунан этэ да барбаккын. Кини иһирэх ийэ, эйэҕэс эбэ буолан чугас дьонугар куруук күүс-көмө, сүбэ-ама буола сылдьар төһүү үлэһит киһи.

МУРАВЕЙНИК

Туох наадата:

Ыстакаан аҥаара сүөгэй;

Ыстакаан аҥаара саахар;

200 г ууллубут арыы;

ч. нь. аҥаара  сода;

4-5 ыстакаан сиидэлэммит бурдук.

Барытын булкуйан баран тиэстэни мясорубка нөҥүө ыытабыт, 200 кыраадыс итии духуопкаҕа чараас гына тэлгэтэн буһарабыт. Онтон илдьиритэн баран биир бааҥка сгущенка, 100 г мас арыыта булкуйабыт. Бүлүүдэҕэ өрөһөлүү кымырдаҕас уйатын курдук уурабыт.

“КЫҺЫЛ БАРХАТ” ТОРТ

Туох наадата:

2 сымыыт;

1 ыст. саахар;

1 ыст. кефир;

3 ост. нь. мас арыыта;

1 ч.нь. сода;

ванилин;

2 ост. нь. кыһыл краситель;

2 ост. ньуоска какао.

Барытын миксеринэн булкуйабыт, биир ыстакаан бурдук эбэбит уонна духуопкаҕа буһара уурабыт.

КОРОЛЕВСКАЙ САЛААТ

Туох наадата:

убаһа этэ;

эриэппэ луук;

болгарскай биэрэс;

хортуоппуй;

майонез + чеснок+ соевай соус;

бэйэ сөбүлүүрүнэн биэрэс.

Эти ыһаарылаан баран соломолуу кырбыыбыт, хортуоппуйу ууга буһаран баран эмиэ уһун синньигэс гына кырбыыбыт. Луук, биэрэс ыһаарыланар.

Маннык араҥанан ууруллар: хортуоппуй+майонез+биэрэс+луук+эт+майонез.

УЗБЕКСКАЙ ПЛОВ

Туох наадата:

моркуоп 600 г;

эриэппэ луук 100 г;

рис 600 г;

мас арыыта 200 мл;

унуоҕа суох эт 600 г;

чеснок өлүүскэтэ 2 уст.;

туус 2 ч. нь.;

зира (кумин).

Бэлэмниибит:

Моркуобу уһун синньигэс гына кырбыыбыт, луугу кубиктыы кырбыыбыт. Моркуоба элбэх буолара ордук, манна улахан сиппит моркуоптары ыла сатааҥ.

Риһи тымныы ууга сууйабыт уонна 30-40 мүн. үлүннэрэ уурабыт. 

Үчүгэйдик сылыйбыт хобордооххо мас арыытын кутан сылытабыт. 

Луугу хобордооххо кутан улахан уокка саһарчы буһарабыт. Луук суога үчүгэйдик тахсыахтаах. 

Онтон кубиктыы кырбаммыт эппитин кутабыт. Уоппутун аччаппаппыт. Эппит буспутун кэннэ, моркуоппутун кутабыт уонна 5-7 мүн. буһарабыт.

Онтон 500 мл уу кутабыт. Хобордоохтоох аспыт ортотугар тас хаҕа эрэ ыраастаммыт бүтүн чеснок төбөтүн анньабыт. Оргуйбутун кэннэ, чесногу хостоон ылан туора уурабыт. Туус кутабыт. 

Рис кутабыт уонна 10-15 мүн. буһарабыт (уута бүтэ сыһыар диэри). Уута аһары элбэх буоллаҕына хас да сиринэн дьөлө анньабыт. 

Уута бүтэ сыспытын кэннэ чеснокпутун төттөрү анньабыт. Зираны үрдүгэр таммалатан баран хаппахтаан кэбиһэбит.

Уоппутун аччатабыт уонна 20-25 мүн. буһарабыт. Пловпут бэлэм буолла.

Бэлэм плову иһиккэ хороччу кутабыт, үрдүн чесногунан киэргэтэбит.

Плову остуолга оҕуруот аһыттан салааты уонна итии чэйи кытта уурар ордук табыгастаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...