25.07.2024 | 12:00

Сокуон-тойон

Сокуон-тойон
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар тугу билбиппитин, булбуппутун наадалааҕын анаан таҥан таһаарыахпыт.

 

Саҥа предмет эбилиннэ

Аны күһүҥҥүттэн, 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн, “Труд” (технология) диэн саҥа предмет 1-4  кылаастарга киирэринэн, бары алын кылаас учууталлара билиилэрин үрдэтии кууруһун ааһаллара ирдэниллэр. Үрдэтии кууруһун кэтэхтэн үөрэниэхтэрин сөп. Оттон технология предметин үөрэтэн кэлбит 5-9 кылаас учууталлара итинник куурустары ааспыттара. 
Маны таһынан, 8-9 уонна 10-11 кылаастарга үөрэх былааныгар өссө биир саҥа – “Основы безопасности и защиты Родины” диэн предмет эбиллэн биэрдэ.

Массыынаны регистрациялыырга сокуоҥҥа көннөрүүлэр

Билигин массыынаны бас билээччи тимир көлөтүн атыылаһан баран бэйэтин аатыгар уларытыан иннинэ гражданскай эппиэтинэс страховкатын 10 күнү аһарбакка оҥотторуохтаах.

Судаарыстыбаннай Дуума иккис ааҕыытыгар маннык сокуон бырайыагын ылынна. Онно этиллэринэн:

☄️ тимир көлөнү атыыласпыт хаһаайын бэйэтин аатыгар уларытар түгэнигэр, ОСАГО ирдэнэр докумуоннар испииһэктэригэр киирбэт.

☄️ Хаһаайын массыынатын атыылыыр түгэнигэр, урукку курдук 10 күн иһинэн буолбакка, тута ГИБДД учуотуттан уһулара көҥүллэнэр.

 

Ыстараабы төлөөбөтөхтөр 15 сууккаҕа көҥүллэрэ быһыллыаҕа

Сокуон быһыытынан, көрүллүбүт ыстарааптарын төлөөбөтөхтөргө саҥа ыстараап эбэтэр 15 сууккаҕа көҥүллэрин быһыахтара. Бу сокуон суоппардары таарыйар.

Ол курдук, ыстараап толору сууматын суоппар 60 күн иһигэр ыытыахтаах, бу күн иһинэн төлөбүр киирбэтэҕинэ – ыстараап болдьоҕо ааспытынан ааҕыллар.

Маны таһынан, ыстараабы икки төгүл төлүөх оннугар сокуон маннык көрүҥү киллэрэр: эбэтэр 15 сууккаҕа диэри административнай дьыаланан көҥүлү быһыы, эбэтэр 50 чаас күһэлэҥ үлэ.

Устудьуоннарга аналлаах кирэдьиит

Атырдьах ыйыгар Арассыыйа үрдүк үөрэхтэригэр туттарсыы түмүктэнэр. Быйылгы дьылга университеттар атырдьах ыйын 3 күнүгэр диэри докумуон оригиналын туталлар, оттон атырдьах ыйын 4-9 күннэригэр үөрэххэ киирии туһунан бирикээс тахсар. Бу бирикээс сүрүн куонкуруһунан докумуон биэрбит, итиэннэ бүддьүөт миэстэтигэр атын өҥөнөн туһаммат устудьуоннары таарыйар.

Оттон төлөбүрдээх үөрэххэ киирэр абитуриеннарга  баҕалаах университеты талар болдьох уһаан биэрдэ – атырдьах ыйын 20 күнүгэр диэри.

Өскөтүн төлөбүрэ суох үөрэххэ абитуриент кыайан киирбэт түгэнигэр, үөрэххэ аналлаах чэпчэтиилээх 3 бырыһыаннаах кирэдьиитинэн туһаныан сөп. Маннык кирэдьиит оҕо 14 сааһыттан оҥоһуллар, онуоха дохуотун туһунан ыспыраапка ирдэниллибэт.

Атын бэриллэр кирэдьииттэртэн уратыта диэн, кирэдьиити оҕо үөрэнэрин тухары уонна үөрэҕин бүтэрбитин кэннэ 9 ый устата бырыһыанын эрэ төлүүр. Онтон ордубут сууматын үөрэҕин бүтэрбитин кэннэ 15 сыл устата төлүүр кыахтанар.

Хомунаалынай төлөбүргэ өйөбүл

Дьокуускай куорат нэһилиэнньэ социальнай өйөбүлгэ уонна дьарыктаах буолууга управлениета иһитиннэрбитинэн, олорор дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥө иһин төлөбүргэ сорох категория гражданнарга судаарыстыбаннай өйөбүл миэрэтэ оҥоһуллар.

Эбии ааҕыы кимиэхэ оҥоһулларый? Ол курдук, ыйдааҕы харчынан компенсация (ЕДК) өскөтүн олорор дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥө иһин төлөбүр дьиэ кэргэн ороскуотун кээмэйиттэн кыра буоллаҕына көрүллэр. Бу алта ыйга биирдэ оҥоһуллар.

Эбии ааҕыыга (перерасчет) учуоттанар:

✔️дьиэ кэргэн бары чилиэннэригэр харчынан ылбыт компенсацияларын суумата;

✔️ дьиэ кэргэн бары чилиэннэригэр федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн олорор дьиэ-уот, хомунаалынай өҥө төлөбүрүгэр ый аайы бэриллэр харчы;

✔️ олорор дьиэ-уот, хомунаалынай өҥө төлөбүрүгэр федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоннарга сөп түбэһиннэрэн дьиэ кэргэн чилиэннэригэр барыларыгар субсидия бэриллэр.

ЕДК кээмэйэ туохтан тутулуктааҕый:

▪️ дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥө иһин төлөбүртэн;

▪️ хомунаалынай өҥөнү нуорма быһыытынан бэриллэр ороскуот өлүүтүттэн;

▪️ олорор дьиэ-уот нуорма быһыытынан ааҕыллар иэнэ, региональнай стандартынан олорор дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥө төлөбүрүгэр субсидияны ааҕыыга туһанылларынан.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олорор дьиэ-уот нуорма быһыытынан иэнинэн региональнай стандарка эппиэттиир сууматын кээмэйэ:

💠 2 уонна онтон элбэх киһилээх дьиэ кэргэҥҥэ – 18 кв.м. биир киһиэхэ уонна эбии 9 кв.м. дьиэ кэргэҥҥэ;

💠 Соҕотоҕун олорор гражданнарга – 33 кв.м.;

💠 Соҕотоҕун олорор үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ – кыбартыыра төһө иэннээҕиттэн эбэтэр чааһынай дьиэ иэниттэн, ол эрэн 64 кв.м. тахсыа суохтаах.

📝 ЕДК эбии ааҕыыта бэйэҥ тускунан, олорор дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥөлөр тустарынан иһитиннэриигэ олоҕуран сайабылыанньа биэрдэххинэ оҥоһуллар.

✖️Эбии ааҕарга аккаас туохха олоҕуран оҥоһулларый:

1) кэнники үс сылтан ордук кэмҥэ хомунаалынай өҥөлөрү төлөөһүҥҥэ иэстээх буоллаххына;

2) Олорор дьиэ-уот, хомунаалынай өҥө төлөбүрүгэр ороскуот кээмэйэ ыйдааҕы харчынан компенсация кээмэйин куоһарбатаҕына.

Сайабылыанньаны биэрии:

➡️ «Мин докумуоннарым» элбэх өҥөнү оҥорор киин нөҥүө

➡️ e-yakutia судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөнү оҥорор портал нөҥүө.

Тыа хаһаайыстыбатыгар 2024 сыллааҕы сүрүн соруктар

- Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны 101 %- тан итэҕэһэ суох, аһы-үөлү оҥорон таһаарыыны 103 %-тан итэҕэһэ суох улаатыннарары хааччыйыы;

- Агропромышленнай комплекска 5 производственнай уонна оҥорон таһаарар эбийиэктэри тутуу;

- Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай оройуоннарыгар уонна куорат уокуруктарыгар олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарынан тыа хаһаайыстыбатын өйүүр сорох судаарыстыбаннай боломуочуйалары олоххо киллэрии механизмын уларытыы.

2024 сылга тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга Судаарыстыбаннай бырагыраамалары үбүлээһиҥҥэ 14,9 млрд солкуобай, ол иһигэр субвенцияҕа 7,7 млрд солкуобай көрүлүннэ. 

2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн судаарыстыбаннай өйөбүл суумата:

- 1 кг үүккэ 60-тан 65 солкуобайга диэри улаатта;

- биир төбө сүөһүгэ 37-тэн 39 тыһыынча солкуобай буолла;

Маны таһынан тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ, кэлэктиибинэй, фермерскэй хаһаайыстыбалар агротехнологическай үлэлэри ыыталларыгар, ыһыы иэнин кэҥэтиигэ ыстаапка үрдээтэ:

- хортуоппуйга 23,3-тэн 35 тыһ. солк/га (ыстаапка 2018 с. уларыйбатах),

- аһаҕас груҥҥа үүнэр оҕуруот аһыгар 34,7-тэн 45 тыһ.солк/га (ыстаапка 2018 с. уларыйбатах),

- туораахтаах култуураҕа 10-тан 13 тыһ.солк/га (ыстаапка 2020 с.   уларыйбатах).

2024 с. тохсунньу 29 күнүнээҕи туругунан 2024 сылга субвенцияны биэриигэ, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын өйөөһүҥҥэ туспа судаарыстыбаннай боломуочуйалары биэрии чэрчитинэн барыта 36 муниципальнай оройуоннары уонна куорат уокуруктарын кытта илии баттанна.

2024 сылга СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Арассыыйа тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин икки ардыларыгар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга судаарыстыбаннай бырагыраамалары олоххо киллэрии чэрчитинэн барыта 698,2 мөл. солкуобай уопсай суумаҕа, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 657,5 мөл. солкуобай суумалаах 8 сөбүлэҥҥэ илии баттанна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...