25.01.2024 | 17:30

Социальнай хантараакка 822 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ үп туһаҕа таҕыста

Социальнай хантараакка 822 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ үп туһаҕа таҕыста
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова тохсунньу 24 күнүгэр брифиҥҥэ иһитиннэрбитнэн, ааспыт сылга 6,5 тыһыынча ыалга социальнай хантараагынан уопсайа 822 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ иэннээх судаарыстыбаннай өйөбүл оҥоһуллубут.

Намыһах дохуоттаах ыалларга судаарыстыба өйөбүлүн оҥорор аналлаах социальнай хантараак ньымата Саха сиригэр 2010 сылтан Арассыыйаҕа биир бастакынан үлэлээбитэ.

Ол курдук, социальнай хантараак нөҥүө ылар үбү ыал тус дьыаланы арыныыга, кэтэх хаһаайыстыбаны тэриниигэ о.д.а. туһаҕа таһаарыан сөп.

Кэлиҥҥи икки сылга өрөспүүбүлүкэ социальнай хантараак хайысхаларын лаппа кэҥэттэ. Ону сэргэ 2023 сылга Ил Дархан Айсен Николаев дьадайыыны утары охсуһуу туһунан ыйааҕыгар олоҕуран социальнай хантараак нөҥүө көрүллэр үп кээмэйэ 500 тыһыынча солкуобайга диэри улаатта, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Турист:  «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Дьон | 03.05.2024 | 17:30
Турист: «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Кинини кытта кэпсэтэн баран хайдах эрэ маннык байыастар, буойуннар биһигини көмүскүү сылдьалларыттан дойдубар, сарсыҥҥыбар, хас бииирдии күммэр эрэллээх эбиппин диэн санаатым. Кини ыйытыыларбар байыаннайдыы чопчу хоруйдары биэрэр, уһун-киэҥ толкуйдаах, чиэһинэй, дойдутугар чахчы бэриниилээх, күһэйиинэн буолбакка, харса суох баҕаран туран сылдьар хорсун буойун.   — Дорообо, эйигин буойун буолан ананан төрөөбүт киһи...
Лидия Бурнашева:  «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Дьон | 03.05.2024 | 10:00
Лидия Бурнашева: «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан,  кэлэн иһэр Кыайыы күнүнэн бүгүн 12 оҕону төрөтөн киһи-хара оҥортообут Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Лидия Николаевна Бурнашевалыын кэпсэттим.   Биһиги оҕо эрдэхпитинэ төрөппүттэрбит ыалларбытын кытта наһаа эйэлээх этилэрэ. Оччотооҕу ыаллар элбэх оҕолоохтор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, ылсаллар-бэрсэллэр. Ол үгэс биһиги сайын дойдубутугар таҕыстахпытына сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар...
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Сонуннар | 01.05.2024 | 08:29
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр элбэх оҕолонууну өйүүр эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйааҕы баттаата.  Саҥа сокуонунан, Саха сиригэр олохтоох элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэҕэ уонна хомунаалынай өҥө иһин олохтоммут төлөбүр 30%-тан итэҕэһэ суох чэпчэтиини ылар бырааптаахтар. Оҕолор саастарыттан уонна дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга...