24.05.2021 | 18:43 | Просмотров: 1167

Социальнай хантараак диэн тугуй?

Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Социальнай хантараак диэн судаарыстыба кыаммат араҥаны, аччыгый дохуоттаах дьиэ кэргэни уонна гражданнары өйүүр миэрэтэ. Олох охсууларыттан, ыарахан балаһыанньаттан тахсарга көмө буолар сыаллаах. 

Кыаммат араҥа (дохуоттара олох таһымын алын кээмэйиттэн кыра дьон) Социальнай харысхал управлениетыгар тиийэн социальнай хантараак түһэрсэллэр уонна харчынан көмө ылаллар. Сайаапканы судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр порталларын көмөтүнэн онлайн ыытыахха эмиэ сөп.

Көмө харчы кыаммат араҥа социальнай адаптациятыгар, ол аата олоҕун тупсарарыгар ананар. Холобур, хаһаайыстыба тэринэригэр, бэйэ дьыалатын саҕалыырыгар, идэтийбит үөрэхтээһини ыларыгар, о.д.а. Бэл дьиэни өрөмүөннэниэххэ, оскуола форматын атыылаһыахха, оҕолор уһуйааннарын төлүөххэ сөп.  Сорох регионнарга өссө ОДьКХ өҥөтүгэр иэстэн төлөрүйэргэ көмөлөһөллөр.

Харчынан көмө кээмэйэ хас биирдии түгэҥҥэ туһунан көрүллэр. Холобур, хаһаайыстыба тэринэргэ 187 тыһ. солк. диэри ылыахха сөп. Олох очуруттан тахсарга 14 тыһ. солк. көмө бэриллиэн сөп. Барытын Социальнай харысхал управлениетыттан чуолкайдаһаҕыт.

Социальнай хантараагы хаһан түһэрсиэххэ сөбүй:

Ыарахан балаһыанньаттан тахсар сыаллаах.

Дьиэни-уоту, хаһаайыстыбаннай тутуулары өрөмүөннүүргэ.

Кыстыкка, оттук сезонугар бэлэмнэнэргэ.

Эбии үөрэнэргэ, идэни баһылыырга.

Оҕону уһуйаанынан хааччыйарга.

Арыгыттан, наркотиктан эмтэнэргэ.

Онтон да атын түгэннэргэ (таҥас-сап, оскуола тээбиринин, эмп-томп атыылаһарга, о.д.а.)

 

Хаһаайыстыба тэринэргэ

Сүөһүнү атыылаһарга уонна тутарга.

Тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин атыылаһарга.

Үүнээйини үүннэрэргэ ороскуоту сабынарга.

 

Бэйэ дьыалатын саҕалыырга. Манна саамай сүрүнэ – ИП хантараак болдьоҕо бүтүөр диэри сабыллыа суохтаах.

 

Саха сирин олохтооҕо социальнай хантараак түһэрсэригэр:

Бэйэтэ уонна дьиэ кэргэнин чилиэннэрэ Саха өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо буолуохтаахтар.

Сайаапка түһэрээччини кытта сокуоннай саастарын сиппит дьиэ кэргэн чилиэннэрэ бары социальнай хантараакка сөбүлэһэллэрин биллэриэхтээхтэр.

Сайаапка түһэрээччи уонна дьиэ кэргэн чилиэннэрэ ИП, бааһынай хаһаайыстыба учредителлэрэ буолуо суохтаахтар.

Дохуоттара олох таһымын алын кээмэйиттэн кыра буолуохтаах.

Дохуоттарын, баайдарын-дуолларын, дьиэ кэргэннэрин састаабын туһунан кырдьыктаах информацияны биэриэхтээхтэр.

Социальнай хантараак 3 ыйтан 1 сылга диэри оҥоһуллар. Тирэҕирэр сокуона – 2017 с. от ыйын 3 к. 207 нүөмэрдээх СӨ Бырабыыталыстыбатын Уурааҕа

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түүппүлэ (кэпсээн)
Сынньалаңңа | 13.10.2026 | 19:30
Түүппүлэ (кэпсээн)
Сибиэтэ иһитин хомуйан, уолларын хоһугар ыалдьыттарыгар орон оҥорон, суунан-тараанан, утуйардыы сыппыта. Аан нөҥүө дьоно кэпсэтэн бөтүгүрэһэллэрэ, күлсэн ылаллара иһиллэрэ. “Барахсаны... Оо, тулаайах... Ынырык дии. Хата, киһи-хара буолбут...” – Сибиэтэ ыалдьытын кэпсээнин санаан уйадыйбыта. “Чахчы оннук ээ. Ийэ, аҕа диэн тыллар туохха даҕаны тэҥнэммэт күндү буоллахтара. Мин эмиэ, ийэм өлбүтүн кэннэ,...
Кимэ биллибэт түүҥҥү ыалдьыт
Сонуннар | 14.10.2026 | 19:00
Кимэ биллибэт түүҥҥү ыалдьыт
(олоххо буолбут түбэлтэ)
Сулустар кимиэхэ, тугу сүбэлииллэрин билсиэҕиҥ.
Сонуннар | 13.10.2026 | 07:20
Сулустар кимиэхэ, тугу сүбэлииллэрин билсиэҕиҥ.
Алтынньы 13 күнүнээҕи гороскоп.
Алтынньы 14 күнүнээҕи гороскоп.
Сонуннар | 14.10.2026 | 07:30
Алтынньы 14 күнүнээҕи гороскоп.
Бокуруоп таҥара күнүгэр ый- сулус хаамыыта тугу сабаҕалыырый?