Сибиинньэ уонна көтөр сааҕын хайдах туттуохха?
Мин Дьокуускай куорат туонатын даачаһыттарын ахсаанын хаҥатыспытым хас да сыл буолла.
Даачаҕа олорор ыал сирин сайыҥҥы уу ситимиттэн сиигирдэр, электрическай уотунан туһанар, маҕаһыыннартан сиэмэ талыытын атыылаһан ыһар, отонноох үүнээйилэри олордор, араас химическай уонна биологическай эбиликтэри туттар. Этэргэ дылы, сүрэхтээх киһи тугу баҕарар үүннэриэн сөп. Ол эрээри кэнники кэмҥэ даачаларга уонна уонна ыаллар олбуордарыгар үүнүү мөлтөөн эрэрэ харахха быраҕыллар. Итинник көстүү бааһынай хаһаайыстыбаларга уонна тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга эмиэ баар. Оннооҕор айан суолунан ааһан истэххэ, Тулагы уонна Жатай бааһыналарын үүнээйилэрин туруга киһи хараҕар хобдох хартыына буолан көстөр. Ол сүрүн биричиинэтэ – органическай уоҕурдуулары киллэрии суоҕуттан.
Сэбиэскэй кэм саҕана 1980-1990 сыллардаахха улуустарга «Сельхозхимия» диэн тэрилтэлэр сир быйаҥын тупсарыыга сөҕүмэр үлэни ыыппыттара: бааһыналарга балбаах таһаллара, торфаны хостоон компост араас көрүҥнэрин оҥороллоро, минеральнай уоҕурдуулары киллэрэллэрэ, хара тыаны солоон бааһына сирэ таһаараллара, ходуһалары дулҕаттан, талахтан ыраастыыллара. 1986 сыллаахха бааһыналарга 857 тыһыынча тонна органическай уоҕурдуулар таһыллыбыттара, 1980-1990 сылларга уоҕурдуллар сир иэнэ сылга ортотунан 55-58 тыһ. гектарга тэҥнэһэрэ, эбэтэр уон сыл устата 550-580 тыһ. гектар иэннээх бааһынаҕа уонна ходуһаҕа уоҕурдуу киллэриллибитэ.
Билигин хартыына чыҥха атын. Тыа сиригэр сүөһү ахсаана биллэрдик аччаан, ноһуом тахсыыта кэмчи. Сорох бөһүөлэктэргэ сүөһү сааҕын саппааһа олохтоохтор көрдөбүллэригэр эппиэттээбэт. Балбааҕы уонна киини аһара ыарахан сыанаҕа атыылыыллар, ол иһин табаардарын барыыта мөлтөх.
Дьокуускай куоракка уоҕурдууга туттуллуон сөптөөх сибиинньэ уонна көтөр сааҕын саппааһа элбэх. Хатастааҕы свинокомплекс уонна Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрика саах харайар сирдэрэ туолан тураллар. Мархатааҕы сибиинньэ иитэр ферма күҥҥэ уонунан тонна сааҕы таһаарар. Бу кии курдук курулаабыт сүүһүнэн тыһыынча тонна сааҕы торфаны кытта булкуйан туһаҕа таһаардахха, улахан көдьүүстээх буолуо этэ.
Аспирантураны бүтэрбит, кэлин тыа хаһаайыстыбатын наукатын дуоктара буола үүммүт Айаал Иванович Степанов 1993 с. торфа уонна көтөр сааҕа компостарын үүнүүнү үрдэтэр дьайыыларын сиһилии үөрэтэн бэчээккэ таһаарбыта. Саха сиринээҕи агрохимстанция үлэһиттэрэ ыыппыт чинчийиилэринэн, Дьокуускай куорат сиригэр 1,5 мөл. тонна күөл былыыга уонна торфа саппааһа баара биллэр. Куорат дьаһалтатын тыатын хаһаайыстыбатын управлениета урбаан эйгэтин кытта биир сүбэ булан, сибиинньэ уонна көтөр сааҕын торфанан, былыыгынан компостаан оҥорууга уонна атыылааһыҥҥа турунара билиҥҥи кэм мүлчүрүйбэт ирдэбилинэн ааҕыллар. Бу боппуруос сөптөөхтүк быһаарылыннаҕына, Туймаада хочото күөх сирэмэ өссө силигилиэ, тупсуо.
Максим Афанасьев, экономика наукатын кандидата, учуонай агроном