Сэрии ыар сылларын, ама, ким умнуоҕай
Мин ийэм – үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Дьоруой ийэ уордьан кавалера, Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулуу нэһилиэгин олохтооҕо Анна Ивановна Яковлева оччотооҕу сэрии ыар сылларын маннык ахтар.
Алта оҕоттон соҕотоҕун ордон
“Киһи олоҕо чыычаах түннүгүнэн элэс гынан ааспытыгар тэҥнээх” диэн сахалар бэргэнник да эппиттэр. Төһө да үгүс күн-дьыл ааһан, элбэх хаар-самыыр уулуннар, оонньооботох оҕо сааһым харахпар бу баардыы элэҥниир.
Ийэм Көтөрдөөхтөн төрүттээх Агафья Чинэки уола Уйбааҥҥа кэргэн тахсан, Чинэки түбэтигэр Биэ күөлэ диэн сиргэ тарбыйахтаах, ынахтаах ыал буолан олохсуйаллар. Төһө да олохторо дьадаҥы, астара-таҥастара кырыымчык буоллар, айыыһыттара кинилэргэ элбэх оҕону анаабыт эбит. Сыллата оҕолонон, 6 оҕолоох быр-бааччы олохтоох ыал буолбуттар. Ол эрээри оччотооҕу аас-туор, кырыымчык олох кинилэргэ оҕолорун атахтарыгар туруоран, киһи-хара оҥортуур дьолу көрдөрбөтөҕө олус хомолтолоох.
Эдьиийим Дьэбдьиэ миигиттэн 4-5 сыл аҕа, онтон убайым Уйбаан төрүү ыарыһах буолан хаампакка, олоппоско быардыы түһэн сытарын өйдүүбүн. Хас сааһыгар тиийбитин өйдөөбөппүн, эрдэ өлбүтэ. Миигиттэн кыра 3 уол оҕо баара. Бэс күөлэ диэн сиргэ көмүлүөк оһохтоох быыкайкаан балаҕаммытыгар 8 буолан буккураһан олорбуппут. Ийэлээх аҕабыт барахсаттар ханнык эмэ ас-таҥас бэриһиннэрэр туһуттан атын күөлгэ олорор арыый сэниэ ыалга баран үлэлиир этилэр. Оҕолор бары сыры-сыллатааҕы кыра дьон туох туһабыт кэлээхтиэй. Таҥнар таҥаспыт суох буолан, кыһын дьиэттэн быкпаппыт. Сайыны быһа атах сыгынньах сылдьан атахпыт хайыта баран, хаан оҕуолуур буолара.
Эдьиийим Дьэбдьиэ биэс оҕону көрөн-истэн көмөлөһөр, дьонугар илии-атах буолар саамай тутаах киһилэрэ этэ. Кини көрүүтүгэр барыбытын хаалларан баран, дьоммут сарсыарда эрдэ баҕайы барбыт буолаллара, киэһэ эмиэ хабыс-хараҥаҕа кэлээхтииллэрэ. Оннук син дьон тэҥэ муҥнанан олорон, арааһа, мин 5 саастаахпар быһыылаах, ийэм эрэйдээх ыалдьан хаалла. Төһө өр ыалдьыбытын билбэппин, арай биир түүн ийэм атаҕар утуйа сыттахпына аҕам көтөҕөн ылан, бырааттарым хоонньуларыгар укта. Көрдөхпүнэ, ийэм дэлби кубарыйан хаалан баран, оҕолорун диэки көрө-көрө тугу эрэ саҥара сатыыр да, саҥата тахсыбат. Кэлин өйдөөтөхпүнэ, өлүөн иннинэ тылыттан маппыт эбит. Ол түүн алта оҕотун тулаайах хаалларан күн сириттэн бараахтаабыта. Саамай кыра быраатым көтөххө сылдьар, олоро илик оҕо хаалбытын харайан муҥнанарбын, таҥаска сөрөөн олордо сатыырбын бу баардыы өйдүүбүн. Оннук аҕабыт эрэйдээх алта оҕотун туппутунан аҥаардас хаалбыта.
Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан...
Биэ күөлэ диэн сиргэ абаҕабыт Кирилэлээҕи кытта икки эрэ ыал буолан олорбуппут. Оччотооҕу дьоннор бары тус-туһунан алаастарынан, күөллэринэн тарҕанан олороллоро. Абаҕам Кирилэ биэс оҕолооҕуттан биирэ эмискэ ыалдьан өлөн хаалбыта. Саамай кыраларын Балбаараны тастыҥ аймахтарыгар Харбаайап Дьуоналаахха ииттэргэ биэрбиттэрэ. Ол кыыс билигин дойдутугар Үөһээ Бүлүү Боотулуутугар олорор. Кирилэ кэргэнэ эмиэ эрдэ баҕайы өлөн хаалан, ини-биилэр иккиэн элбэх оҕолоох огдообо хаалбыттара. От-мас кыайтарбат, ас-таҥас кырыымчык буолан, кыһалҕа бөҕөҕө кыһарыйтаран, икки дьиэ кэргэн биһиги кып-кыракый балаҕаммытыгар бииргэ олорор буолбуппут. Арыый улахаттарбыт балтараа көстөөх Чоҥоро оскуолатыгар үөрэнэ киирбиттэрэ. Сарсыарда хабыс-хараҥаҕа туран, ыраах баҕайы сатыы бараллара. Мөлтөх таҥастаах-саптаах оҕолор тоҥон-хатан бөҕө сордоноллоро. Биир ыанар ынахтаах буолааччыбыт, ас-таҥас суох.
Кыһын Барҕа диэн күөлгэ аймахтарбыт, бырааттыы Дьуона уонна Эҥиэттэй Харбаайаптары кытта бэйэ-бэйэбитин өйөһөр сыалтан түөрт ыал буолан кыстааччыбыт. Дьэ, итинник олорон убайым Уйбаан барахсан өлөн хаалла. Эдьиийим Чоҥороҕо үөрэнэр. Биирдэ аҕам этэр: “Тоойуом, эн күһүн оскуолаҕа киирэр буоллуҥ, учуутал ыйыттаҕына, сааһым 8-м диэр”, – диэтэ. Арааһа, оскуолаҕа хойутаан биэрэн инньэ диэбит быһыылаах. Оскуолаҕа киирэн Чоҥороҕо ыраах баҕайы барарбытын өйдүүбүн. Ол сылдьан испинэн улаханнык ыалдьан, суорҕан-тэллэх киһитэ буоллум. Оччолорго хантан балыыһа, эмп-томп кэлиэй, ыалдьыбыт киһи үксэ өлөр дьылҕаланара. Кыһыны быһа ыарыйдым, дьон сылдьан “оҕоҥ хайдаҕый?” диэн ыйыттахтарына, аҕам “эрэлэ суох” диирин түүл-бит курдук истэбин. Онтон сааһыары, син баччаҕа тиийиэх быабар, тарбачыһан туран кэллим. Аҕам куруук балыктыыр, куобахтыыр, онон син хоргуйбакка олороохтуубут.
Тулаайах хаалыы эрэйэ
Арай биирдэ, ити сэрии буолуон хас да сыл иннинэ, аҕабыт муҥхалыы баран баран өлөн сыарҕаҕа тиэллэн кэллэ. Биһиги оҕолор ытаһыы-соҥоһуу, аймалҕан бөҕө буоллубут. Онон аны биэс оҕо төгүрүк тулаайах, туох да көмүскэлэ, харысхала суох хааллыбыт. Оо, ыарахан да кэмнэр этилэр! Оҕолор буоллахпыт, кимиэхэ да үҥсэргээбэппит, кимтэн да көрдөспөппүт. Эдьиийим хас саастааҕа буолла, биһигини иитээри оскуолаттан уурайан, сүөһү көрүүтүгэр үлэлии барда. Эдьиийбит барахсаны ийэ-аҕа оҥостон, түөрт оҕо син инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олордубут. Кини холкуос үлэһитэ буолан кыра үүт, бурдук оҕото бэрсэннэр, син хоргуйан өлбөккө сылдьаахтаатыбыт. Оччолорго интэринээт эҥин диэн суох. Аны бырааппынаан Боотулуу оскуолатыгар үөрэнэр буоллубут. Иккиэммитин икки аҥы ыалга олохтоотулар. Ийэлээх аҕалаах ыалга син аһаан-сиэн, оҕо тэҥэ сырыттыбыт, арай тулаайах буолан син-биир итэҕэстик сананабыт, киһиттэн бары толлобут, куттанабыт.
Сэрии ыар сыллара
1941 сыллааҕы Аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмытын, дьон-сэргэ айманыытын субу баардыы өйдүүбүн. Сэрии бастакы ыйдарыгар дьахталлар кэргэттэрин, уолаттарын сэриигэ атаарар аймалҕаннара, ытабыллара-соҥобуллара – барыта харахпар хатанан хаалбыт.
Биһиги аҕабыт бииргэ төрөөбүт саамай кыра быраата, куруук күлэн-мичилийэ сылдьарын иһин Күлэр Ыстапаан диэн ааттаммыт уол акка олорон: “Оҕолоор, чэ, быраһаайдарыҥ, мин сэриигэ бардым, сотору эргиллэн кэлиэм”, - дии дии бара турбутун ойуур саҕатыгар туран өөр да өр харахпытыттан сүтүөр диэри батыһыннара көрөн хаалбыппытын хаһан да умнубаппын. Арааһа, саҥа 18 сааһын туолбут буолуон сөп. Убайым барахсан ити төрөөбүт алааһыттан хаһан да эргиллибэттии букатыннаахтык барбытын хантан сэрэйиэхпит баарай?... Кини биир да кылаас үөрэҕэ суох буолан, биир сурук кэлбэтэҕэ. Ээр-сэмээр эргиллэн кэлиэ диэн кэтэһэрбит да, туох да сурах-садьык биллибэтэҕэ. Эдэркээн бэйэтэ кэргэн ылан, оҕо төрөтөр дьолун билбэккэ ханна эрэ тиийэн, хаанымсах фашист буулдьатын аһылыга буолбутуттан үйэм тухары хомойобун, хараастабын.
Сэрии ыар тыына хаарыйбатах муннуга, таарыйбатах ыала диэн нэһилиэккэ суох этэ. Кыанар эр дьону барытын хомуйбуттара. Алааһынан, күөлүнэн тарҕанан олорор аҕыйах киһилээх аҥаардас Чинэки сириттэн 23 эдэр киһи эргиллибэтэх эбит. Онтон Боотулуу нэһилиэгин үрдүнэн 145 киһи сэриигэ барбытыттан 60 киһи сэрии толоонугар хаалбыт диэн билигин история чахчылара кэпсииллэр.
Аччыктааһын амырыын сыллара
Киһи бөҕөнү эспит аччык, аас-туор дьылы ама ким умнуой?... Аччык дьылга онто да суох аҕыйах киһилээх Чинэки сиригэр алдьархай бөҕө ааҥнаабыта, ыал ыалынан имири эстэллэрэ. Ол ыар күннэргэ кырдьаҕастар сибигинэһэн кэпсэтэллэрин өйдүүбүн, “барыта 50-ча киһи өллө” диэн. Ити кыра нэһилиэнньэлээх сиргэ сөҕүмэр улахан сыыппара!
Мин икки кыра быраатым утуу-субуу хоргуйан өлбүттэрин - эдьиийим биһикки бэйэбит хам аччык нэһиилэ иэҕэҥнэһэ сылдьан иккиэйэҕин сор бөҕөнөн соһуталаан, тыа саҕатыгар илдьэн сири эрэ бааһырда түһэн баран буорунан тарыйталаабыппыт. Алаас, күөл аайы киһи барыта хам аччык, киһиэхэ көмөлөһөр кыаҕа суох буолбут нэһиилэ тыыннаах эрэ дьон. Ким да кими да көмөҕө ыҥырар кыаҕа суох дьулаан быһыыта-майгыта этэ. Төһөлөөх киһи ити кэмҥэ суорума суолламмытын ааҕан сиппэккин...
Биһиги аччыктаан ыксаан ааммыт бүрүөһүнүн (оччолорго ааны ынах тириитинэн бүрүйэллэрэ) быһаҕынан быһан ылан уокка үтэн сиэн сордонорбут. Арыый сэниэлээх буоллахпытына, тугу эмит булаайабыт диэн ойуурга тахсарбыт. Куобах сэмнэҕэ сытарын буллахпытына, үөрүүбүт муҥура суох буолара. Холкуос күҥҥэ биир курууска үүтү көҥүллүүрэ. Дьэ, ити курдук аччыктааһын-хоргуйуу сылын туораан, эдьиийим, быраатым Мэхээлэ уонна мин буолан тыыннаах хаалбыппыт.
Өлүү соҕотоҕун сылдьыбат
Эдьиийим холкуоска сүөһүгэ үлэлиирэ. Быраатым биһикки Боотулуу сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэрбит. 5-с кылааһы бүтэрбит сайыммар Көтөрдөөххө ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Аана диэн баарын истэн күүлэйдии бардым. Аҕыйах хоммутум кэннэ Боотулууттан бэйэбинээҕэр да кыра Бэбээ уола Тайыла атынан кэллэ уонна этэр: “Аанаа, миигин эйигин ыллара ыыттылар, эдьиийиҥ Дьэбдьиэ сааҕа дэҥнэммит, онон Чинэкилиир үһүгүн”, - диэтэ. Мин баар-суох ийэ-аҕа оҥостубут күндү киһим алдьархайга түбэспитин истэн, хараҕым биирдэ хараҥара түстэ, уйа-хайа суох ытаан бардым. Көтөрдөөхтөн Боотулууга тиийиэхпитигэр диэри суолу быһа тохтоло суох ытаатым. Тайыла дөрүн-дөрүн: “Аанаа, ытаама, уоскуй, халымыр соҕус курдук эппиттэрэ, үчүгэй буолуо дии”, - диэн уоскута сатыыр.
Боотулууга тиийэн баран аны соҕотоҕун сатыы Чинэкилээтим. Дьиэбэр тиийэн баран кыайан киирбэккэ, таһырдьа өөр да өр ытаатым. Онтон чугуруҥнуу-чугуруҥнуу нэһиилэ киирдэҕим дии. Киирбитим эдьиийим муҥнаах кумааҕы курдук кубарыйан хаалан баран, утуйбут курдук сытаахтыыр. Аттыгар тиийэн: “Эдьиэй, мин кэллим, биллиҥ дуо, Аанабын”, - диибин. Эдьиийим хараҕын көрөн тиһэх күүһүнэн мичээрдээбитэ буолла уонна эттэ: “Тоҕойуом, ынахпыт төрөөбүтэ үс хонно, оҕото тыһы”, - диэн баран аргыый аҕай улаҕаа хайыһан, үөһэ тыынан баран, чуумпуран хаалла. Бүттэҕэ ол... Эдьиийим ити курдук быстах оһолго түбэһэн, ыал буолан, оҕо төрөтөр дьолу билбэккэ суорума суолланнаҕа. Кэлин билбитим, быраатым табаарыһа 10-тан эрэ тахсыбыт уол саа ыраастыы олордоҕуна эстэн, күөрчэх ытыйа олорор эдьиийбэр искэ кэлэн түспүт эбит. Быраатым биһикки иккиэйэҕин икки харахпыт уутунан сууна-сууна эдьиийбитин таһырдьа көтөҕөн таһааран сууйдубут, таҥыннардыбыт. Онтон атын алааска олорор дьон кэлэн көмөлөһөн, көмөөхтөөтүбүт. Дьэ, ити курдук үһүс төгүлүн тулаайах хааллыбыт.
Эрэй, кыһалҕа аргыстаах
Соҕотох тарбыйахтаах ынахпын ханна гыныамый диэн, күһүн оскуолаҕа барбатым. Эдьиийим оннугар үлэлииргэ быһаарынным. Быраатым кыратыттан айылҕаҕа чугас, булка сыстаҕас буолан, тугу баҕарар бултуйара. Онон син аһаан-сиэн, иккиэйэҕин дьон тэҥинэн олордубут. Быраатым сэттис кылааһы бүтэрбитэ, онтон аармыйаҕа барбыта. Онно сылдьан табаарыстаспыт уолунаан Айхалга тиийэн милииссийэҕэ үлэлии сылдьан, ыал буолан баран оһолго түбэһэн өлбүтэ.
Олоҕум дьоллоох оҥкуллара
Мин ол курдук дойдубар олохсуйан, бастаан өр сылларга холкуоска үлэлээн баран, бөдөҥсүтүү буолбутугар Чинэкиттэн Боотулууга көһөн киирэн дьааһылаҕа, онтон салгыы 80-ча оҕо олорор оскуола интэринээтигэр поварынан биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри үлэлээбитим. Эмиэ Чинэки уолугар кэргэн тахсан, 10 оҕолонон, дьэ, дьиҥнээх олох дьолун билбитим. Оҕолорум бары этэҥҥэ сылдьаллар. Билигин сиэннэрим, хос сиэннэрим 60-чаҕа тиийдилэр. Онон ийэ, аҕа ууһуттан соҕотох кэриэтэ хаалан удьуорум тэнийдэ. Аҕабыт 65 сааһыгар ыалдьан олохтон туораабыта. Онтон ыла оҕолорум куоракка илдьэ кэлэннэр, оҕолор, сиэннэр, хос сиэннэр ортолоругар дьоллоохтук үөрэ-көтө олоробун. Мин оонньооботох оҕо сааспын, эрэйдээх-буруйдаах, кыһалҕалаах аччык олохпун сиэннэрбин барыларын мунньан олорон кэпсээтэхпинэ – бары харах уулаах олорон истэллэр.
Үйэм уһаан бу олох үчүгэйиттэн амсайбыппар, оҕолорум, сиэннэрим дьоллоох олоххо олороллоругар дьылҕабар махтанабын. Алта бииргэ төрөөбүттэрим тиксибэтэх дьоллорун, олохторун миигин ситэри барыларын тустарыгар олордун диэн Үрдүк Айыылар миэхэ уһун үйэни бэлэхтээбиттэр дуу диэн ардыгар саныыбын. Уһун олохпор холкуостааһын саҕаттан бу күҥҥэ диэри олох сайдыытын, хаамыытын барытын көрөн кэллэҕим. Олох балысханнык сайынна. 1980-1990 сылларга Сэбиэскэй былаас, Сэбиэскэй Сойуус баар эрдэхтэринэ Москуба, Горькай, Душанбе, Ташкент о.д.а. Орто Азия кэрэ-бэлиэ миэстэлэринэн хаста да сылдьыбытым. Кэлиҥҥи сылларга соҕуруу куораттарга үс төгүл күүлэйдии бара сылдьыбытым.
Кыайыы 75 сылын этэҥҥэ сүһүөҕүм үрдүгэр сылдьан көрсөрбүттэн үөрэбин. Тыылга улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбит сылларбытын ама хайаан умнуохпунуй? Оонньоммотох оҕо сааспыт ол сэрии ыар сылларыгар аастаҕа.