Сэрии кыттыылааҕа Ылдьаа Бэстэрикиэп
Николай Местников, сиэн быраат
1932 сыллаахха Маньчжурияҕа Япония бэйэтин сэриилэрин киллэрэн, Маньчжоу-го, онтон 1936 сыл Ис Монголия сиригэр-уотугар Мэнцзян диэн марионетка судаарыстыбалары тэрийэн, бэйэтин бэлиитикэтин ыыта олорбута. Ону сэргэ бастакы Японскай сэрии түмүгүнэн Соҕуруу Сахалин уонна Курил арыыларын ылан олороро.
Таайым Ылдьаа, санаата көнньүөрдэҕинэ:
Киэҥ киэлилээх,
Кэтит кэскиллээх
Кэнчээри ыччаттаах,
Уон оҕолоох,
Уйгулаах быйаҥнаах,
Уол оҕото ат кулун
Ылдьаа Баһылайабыс
Бэстэрикиэп диэн
Мин буолабын”,-
диэн хоһооннооҕо...
Хантан хааннаах, кимтэн кииннээх...
Ылдьаа аҕата Василий Васильевич Пестряков-Харача Баһылай II-с Курбуһах сиригэр Илин Сэтэми аҕатын ууһугар 1888 с. Дүөдэлээх диэн алааска төрөөбүт. Үөрэҕэ суох да буоллар, 1931-1935 сылларга “Дулҕалаах” холкуос бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээбит. 1909 с. Тандаттан төрүттээх Тордуянова Ирина Милентьевналыын ыал буолан 15 оҕоломмуттарыттан, үс оҕолоро Ылдьаа, Маайа, Өлөөнө тыыннаах ордубуттар. Ылдьаа 1921 сыл атырдьах ыйын 2 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Ийэлэрэ Ирина Милентьевна 1934 сылтан “Дулҕалаах”, “Сталин”, “Микоян”, “Булганин” холкуостарга ыанньыксытынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн баран, 1964 сыллаахха биэнсийэҕэ тахсыбыта. 1946 сыллаахха сэрии иннигэр уһулуччу үрдүк таһаарыылаах үлэтин иһин “За доблестный труд” мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Онтукайа “За отвагу” бойобуой мэтээлгэ тэҥнэһэр суолталаах. 1947 сыл “За доблестный труд ВОв” мэтээли туттарбыттар. Ылдьаа бииргэ төрөөбүт балтын Мария Васильевнаны сэрии кэмигэр холкуоска үлэлии сырыттаҕына, Алдаҥҥа Селигдар үрэххэ көмүс хостооһунугар ыыта сылдьыбыттар. 1947 сыл “За доблестный труд в ВОв” мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Байыаннай докумуоннарынан сирдэтэн
Таайбыттан тыыннааҕар Японияны кытта сэриигэ кыттыбытын туһунан сэҥээрэн ыйытан сурукка тиспэтэхпиттэн хомойо саныыбын. Дьэ кэлэн, бэйэм сааһыран олорон, “Ким да умнуллуо, туох да умнуллуо суохтаах” диэн санаанан салайтаран, таайым байыаннай билиэтигэр баар суруйууларынан сирдэтэн, ханна сулууспалаабытын, ханан сылдьыбытын туһунан ахтыы суруйан, дьоҥҥо-сэргэҕэ өйдөбүнньүк быһыытынан тиэрдэргэ сананным.
Ылдьаа аармыйаҕа 1943 сыл сайын Уус Алдан II-c Курбуһаҕын Балаҕаннаах алааһыттан ыҥырыллан барбыта. Атырдьах ыйыттан Читинскэй уобалас Цукольский Дацан бөһүөлэгин сиригэр баар Забайкальскай фронт састаабыгар киирэр 41-с саппаас биригээдэ 67-с полкатыгар сулууспатын саҕалаабыта. Полка сыала-соруга диэн, саҥа ыҥырыллан кэлбит дьону байыаннай үөрэххэ үөрэтии, сэриигэ бэлэмнээһин. Манна нэдиэлэттэн 5-6 ый холобурдаах сырытыннаран баран, саллааттары сорохторун арҕаа уоттаах сэриигэ утаараллар. Бу чааска Ылдьаа 1943 сыл сэтинньи ый 7 күнүгэр саллаат мэктиэ тылын – Бирисээгэ биэрбит. Сылтан ордук сырытыннаран баран, 1944 сыл ахсынньы ыйыгар 298-с стрелковай дивизия састаабыгар киирэр 888-с полкаҕа саперынан ыыппыттар. Эбэн этэр буоллахха, 298-с дивизия 1941 сыл күһүөрү Брянскай-Курскай хайысхатынан, 1942 с. Сталинграды көмүскээһиҥҥэ, Донской фронт 50-с Армиятыгар Польшаны босхолооһуҥҥа сылдьыбытын кэннэ, 1943 сыл күһүн Забайкальскай фронт 36-с армиятын састаабыгар бэриллибит. Онон Ылдьаа Арҕаа уоттаах сэриигэ кыттыбыт дивизияҕа түбэһэр. “Сапер биирдэ эрэ сыыһар” диэн бэргэн этии баар. Ол да иһин буолуо, байыаннай бэлэмнэниини барар 67-с саппаас полкатыгар чиҥник үөрэтээри уһуннук илдьэ сылдьыбыт буолуохтарын сөп.
Докумуоннарга олоҕуран
298-с дивизия бары чаастара атырдьах ыйын 8 күнэ буолар сарсыардатыгар 3 чаастан түрүбүөгэ оҥорон, штабы кытта Мациевскайтан 60 биэрэстэлээх Нарын Кундуй хотоол хоту иннэлигэр тиийэн, киэһэ кимэн киириигэ бэлэм буолбуттара. Биллэрин курдук, 1944-1945 сылларга Арҕаа сэрииттэн айаннаан кэлбит чаастар дьоппуоннарга көстүбэт курдук кыраныыссаттан тэйиччи соҕус олохсуйбуттара. Атырдьах ыйын 9 күнүгэр сарсыарда эрдэ кимэн киирии саҕаланан, инники барбыт роталар сапердар оҥорбут понтоннай муосталарынан Аргунь өрүһү туораабыттара. Ол кэнниттэн дивизия сүрүн күүстэрэ кимиигэ туруммуттара. Улахан утарсыыны көрсүбэккэ, иннилэрин диэки түргэн тэтиминэн өстөөх бөҕөргөтүллүбүт сирдэрин ылан испиттэрэ. Сарсыарда 888-с стрелковай полка Маньчжурия куоратын – хаҥас, онтон 892-с полка уҥа өттүнэн тоҕо көтөн киирэн, куорат илин өттүн баһылаабыттара. Ити кэмҥэ 886-с уонна 828-с стрелковай полкалар дивизия атын чаастарын кытта Чжалайнор куораты ылбыттара. Дьэ ити курдук, 298-с дивизия бастакы күнэ Квантунскай армия сэриилэрин утары киирсиигэ Чжалайнор-Маньчжурия бөҕөргөтүнүүлээх оройуонун үлтүрүтүүтүттэн саҕаламмыта. Сарсыныгар 888-с полка барханнар устун инники күөҥҥэ баран иһэн, өстөөх күүстээх утарсыытын көрсүбүтэ. 2 чаастаах ытыалаһыы түмүгэр өстөөх 120 саллаатын суох оҥорбута, ити курдук дивизия атын чаастара суолларыгар көрсүбүт өстөөх кыра бөлөхтөрүн суох оҥортоон испиттэрэ. Дьоппуоннар ордук күүстээх утарсыыны Хайлар бөҕөргөтүнүүлээх оройуонугар оҥорбуттара. Манна 888 полкаҕа сэриилэспит, 1943 сыл сайын Чурапчы Сылаҥыттан ыҥырыллыбыт Макаров Семен Васильевич ахтыытын аҕалар тоҕоостоох. Кини: “Хайлары ылыыга икки өттүттэн элбэх өлүү-сүтүү тахсыбыта, ротабыт хамандыыра старшай лейтенант ыараханнык бааһырбыта”,- диэн ахтыытыгар суруйан хаалларбыт. Хайлар куорат гарнизонун үлтүрүтүүгэ кыттыһан баран дивизия Цицикан хайысхатын тутуспута. Онтон Хайлар кириэппэһи 94 дивизия артиллерия чаастарын кытта 10 күн сэриилээн бэриннэрбитэ.
Айаннарыгар Улахан Хинган сис хайатын Хара Тохой, Унур, Бухэду, Чжалантунь тосту куһаҕан суоллаах-иистээх сирдэрин тохтоло суох түһэр ардахтар ортолорунан элбэх эрэйи көрсөн туораабыттара. Дивизия сурунаалыгар: “...Бадарааннаах, мэһэйдээх сирдэри араас тиэхиньикэни илиилэрин күүһүнэн соһон туоратыыга, 888-с полка саллааттара үгүс сыраларын бараабыттара”,- диэн ыйыллар. Салгыы Маодедянь, Хашихаала сирдэрин уҥуордаан Чол өрүскэ тиийэн, саллааттар суунан, араас байыаннай тиэхиньикэни ыраастаан баран, Тайлай тимир суол станциятыттан тиэллэн Чаньчунь куоратыгар тиийбиттэрэ. Балаҕан ыйын 11 күнүттэн 298-с дивизия чаастара Чаньчунь куорат ураты суолталаах обьектарын харабыллааһыны саҕалаабыттара. Ылдьаа 1946 сыл сэтинньи ыйга Аармыйаттан босхолонон дойдутугар төннүбүтэ.
Дьиэ-уот, оҕо-уруу, үлэһит бэрдэ
Сэрииттэн кэлэн баран Ылдьаа 1948 сыл Чурапчы Сылаҥыттан төрүттээх Макарова Феодосия Петровналыын ыал буолбуттара. 1950 сыл хоту балыкка бараллар. Сэттэ сыл Быков Мыһынан, Булуҥунан, Эдьигээнинэн, Кэбээйинэн, Таас Тумуһунан балыкка, экспедицияларга араас үлэҕэ сылдьан баран, 1958 сыллахха дойдуларыгар Уус-Алдан киинигэр Бороҕоҥҥо эргиллэн, дьиэ-уот туттан олохсуйбуттара. Ылдьаа промкомбинакка тутууга, мас кэрдиитигэр таһаарыылаахтык үлэлээн, Ленин 100 сааһынан үбүлүөйүнэй мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Япония сэриитин кыттыылааҕа буолан “За победу над Японией”, “20 лет Победы в ВОв 1941-1945 гг.”, “50 лет Вооруженных Сил СССР” мэтээллэрдээх этэ.
Ылдьаа сааһын тухары харытын күүһүнэн сылдьан, хара үлэни өрө туппут киһи этэ. Үлэһит быһыытынан хайҕалга сылдьара, кыраҕа-кыаммакка көмөлөһөрө. Ол курдук, 1970 сыл Чурапчыга көһөн баралларыгар уһаайбатын, дьиэтин ийэтин аймахтарыгар бэлэх курдук биэрэн барбыта, Курбуһахха балтыгар Мария Васильевнаҕа кэлэ-бара сылдьан хастыы да хонукка тохтоон, көмөлөһөн ааһара. Чурапчыга тиийэн дьиэ-уот туттан, сүөһү-ас ииттэн, 10 оҕону атахтарыгар туруоран, ыал оҥортоон баран, 1985 сыл ыам ыйын 12 күнүгэр бу орто дойду олоҕуттан арахпыта. Ылдьаа ийэтин: “Бөлүһүөк буолан, аҕабыт өлбүтүн кэннэ үс бэйэбитин, биир иитиэх кыыһы соҕотоҕун дьон оҥортообута”,- диэн махтанара. Ийэтин Өрүүнэ үтүө холобурун салҕаан, оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэппитэ, такайбыта. Бары биир санаалаах, түмсүүлээх буоллахха, үлэни-хамнаһы, олоххо көрсөр ыарахаттары кыайыахха сөбүн өйдөтөрө. Ол да курдук оҕолор бары дьиэ тутуутун, от үлэтин, араас кыһалҕаны биир сүбэнэн быһаараллар. Уолаттар дьон-сэргэ хайҕалыгар сылдьаллар, хайа баҕарар үлэҕэ сыстаҕас бастыҥ дьон. Убайдара Василий 4 оҕолонон баран ыалдьан бу олохтон барбыта, Петр түөрт оҕолоох, маһы хаамтарбат эрэ киһи, прорабка тэҥнээх тутааччы, Егор мындыр уус, сатаабата диэн суоҕа, суоппар идэлээх этэ, олохтон эрдэ туораабыта, Иван үгүс сылларга Благовещенскайынан, Нерюнгринан, Алданынан таһаҕас таһыытыгар ыраах айаҥҥа сылдьар Чурапчыга биллэр суоппар, Илья үс оҕолоох, элбэх дьиэ ититиитин таҥмыт улууска биллэр сыбаарсык, Михаил тракторист идэлээх. Кыргыттар Анна биир оҕолоох, уон бииргэ төрөөбүттэри түмэ тардар тутаах киһилэрэ, уһуйаан иитээччитэ, Ирина биир оҕолоох, кондитер идэлээх, Любовь икки оҕолоох, куорат 17-с оскуолатын учуутала, Евдокия биир оҕолоох, куорат балыыһатыгар медсестранан үлэлиир. Үгүстэрэ биэнсийэҕэ таҕыстылар, эһээ, эбээ буолар дьолун биллилэр. Чурапчыга Интэринээт Томторунан, Мурун Тыымпыйанан, Дьокуускайынан оҕо-уруу тэнитэн, үлэ үөһүгэр сылдьаллар, аҕаларын ситэ олорботох олоҕун салгыыллар. Утум салҕанар.