21.03.2024 | 18:00

Сергей: «Уолаттар санаалара-оноолоро харахтарыгар көстөр»

Сергей:  «Уолаттар санаалара-оноолоро харахтарыгар көстөр»
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Оҕо сылдьан разведчиктаах киинэлэри умсугуйан көрөрбүт, кинилэр курдук буолуохпутун баҕаран, сэриилээх оонньуурбут, саһа, сыбдыйа, сыылла сылдьан өстөөхтөрбүтүн самнарарбыт. 
Разведчик диэн тылы иһиттэхпинэ, тута харахпар Штирлиц уобараһа көстөр. Кини өстөөхтөр уйаларыгар тиийэн, былааннарын, дьайыыларын биһиги дьоммутугар тиэрдэн, кыайыыны ситиһэргэ улахан кылаатын киллэрсэр.

Ол аата дьиҥнээх разведчик хайдах буолуохтааҕый? Кини боростуой саллаат буолбатах, бэрт элбэҕи билиэхтээх уонна сатыахтаах. Кинилэр идэлэригэр толору бэриниилээхтэр, араас итии точкаларга хас да сыл сулууспалаабыт, этэргэ дылы, көмүскэ тэҥнэнэр дьон.

Тыа устун тыаһа суох сылдьыы, биир тыла суох, саҥарбакка хас да киһилээх бөлөххө иһитиннэриини тиэрдии, өстөөх билбэтин, сэрэйбэтин курдук коптеры үрдүккэ көтүтүү о.д.а. биһиги билбэт, билиэ да суохтаах, кэпсэммэт дьайыыларбытын кинилэр оҥороллор. Бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэппэккэ да өйдөһөллөр, кинилэр бөлөхтөрө – билигин байыаннай дьайыы буола турар сиригэр, Украинаҕа, СВО саҕаланыаҕыттан биир бастыҥнара буолар.

Бүгүн ааҕааччыларбар “Пионер” диэн позывнойдаах Саха сириттэн төрүттээх, Уссурийскайга олохсуйбут Сергейи Дьокуускайга кэлэ сырыттаҕына аҕыйах мүнүүтэ тутан ылан, быыс булан кэпсэппиппин билиһиннэрэбин.

– Сергей, эн идэлээх байыаннайгын, тоҕо бу идэни талбыккыный?

– Кырдьыгынан эттэххэ, мин бу идэни анаан-минээн талбатаҕым, кини миигин талбыта диэххэ сөп. Милииссийэ Үрдүкү оскуолатыгар үөрэнэ киирэрин киирбитим, онтон тугум эрэ табыллыбакка дуу, хайдах дуу ситэ үөрэммэтэҕим. Тута ытык иэспин төлүү аармыйаҕа барбытым, онно сыл аҥаара сулууспалаат, хантараак баттаспытым. Онон аармыйаҕа барыахпыттан казарма олоҕунан күн бүгүҥҥэ диэри, ол эбэтэр 2004 сылтан олоробун. Ити барыта мээнэҕэ буолбатах этэ. Онтон Уссурийскайга, сулууспалаабыт сирбэр ол курдук хаалбытым, олохсуйбутум.

Кэргэннээхпин, кыыс оҕолоохпун. Биллэн турар, кинилэргэ төһө да ыараханын иһин, үөрэннэхтэрэ дии. Аҕалара куруук суох, куруук командировкаҕа, ону тулуйаллар, долгуйаллар, кылаабынайа, сибээскэ баар буолуохпун наада. Биһиги үлэбитигэр куруук сибээскэ баар буолуу уустук.

– Сирия сэриитигэр сылдьыбытыҥ, билигин СВОҕа бааргын. Тэҥнээн көрдөххө, билигин тугунан уратылаһарый?

– 2017-18 сылларга балтараа сыл курдук Сирияҕа сылдьыбытым. Онтон былырыыҥҥыттан Украинаҕа үлэлиибин. Мин идэтийбит байыаннайбын, онон бу – мин үлэм. Ханна ыыталлар, бирикээс кэллэ да, онно барабыт.

Икки сэриини тэҥнээн көрдөххө, манна быдан ыарахан. Уратылаһара элбэх бөҕө буоллаҕа. Байыаннай тиэхиньикэ сайдыыта, сирэ-уота, дойдута барыта араастаһар, ол барыта кэпсэниллибэт.

– Байыаннай сулууспа эйигин киһи быһыытынан төһө уларытта? Ханнык хаачыстыбалар наадаларый?

– Барытын буолуохтааҕын курдук ылыннахха, сулууспалыырга чэпчэки, эппитим курдук бу мин үлэм буолар. “Есть такая профессия – Родину защищать” диэн баар дии. Миэхэ оннук.

Байыаннай буолуохпуттан, араас сэриилэргэ кыттыахпыттан, олоххо сыаннастарым, көрүүм, биллэн турар, уларыйдылар. Урут кыра аайы болҕомтоҕун уурар буоллаххына, билигин ол мэһэйдэри аахайбаккын даҕаны.

– Эн СВОҕа разведчигынан сылдьаҕын. Эбээһинэскэр туох киирэрий?

– Разведка отделениетын хамандыыра буолабын. Сирияҕа бииргэ сулууспалаабыт табаарыһым рота старшината этэ, бастаан Украинаҕа барбыта, билигин атын подразделениеҕа ыыппыттара, онон кини оннугар баарбын, кини эбээһинэһин толоробун.

Старшина быһыытынан сэрии сэбинэн хааччыйабын, булабын-талабын, дьоммун көрсөбүн, атаарабын, сорудахтары биэрэбин.

Батальоҥҥа соҕотох сахабын, Арассыыйа араас регионнарыттан, билигин хантараагынан кэлбит уолаттар миэхэ бааллар.

– Анараа ордук туох нааданый, соторутааҕыта сахаволонтердар массыына ыларга көмөлөспүттэр этэ.

– Саамай наадалаах боппуруос – тиэхиньикэ. Улахан массыыналар бааллар, оттон бэйэбит сүүрдэрбитигэр, ол-бу наадабытыгар тэттик массыыналар табыгастаахтар. Соторутааҕыта “Сахаволонтер” салайааччыта Туяра Константинова кэргэниниин Павеллыын улаханнык көмөлөһөн тураллар. Питертан УАЗ-Патриот массыына булбуппун, бэрт суһаллык баран Павел тиэйэн аҕалбыта. Ону хамандыырбын кытта кэпсэтэн Москваттан бэйэм перегоннаан аҕалбытым. Москва Ростовтан 1000 килэмиэтир, биһиги баар сирбит онтон 200 км курдук. Онон олус улаханнык махтанабын. Бу массыына биһиэхэ элбэҕи быһаарар. Уопсайынан волонтердар диэн олус наадалаах, кыһамньылаах дьон буолаллар, тыылга кинилэрэ суох табыллыбат. Гуманитарка ыытыыта буоллун, аны туран “Боевые шелкопряды” сайыҥҥы, күһүҥҥү маскировочнай сиэккэлэри ыыппыттара, Туяра Николаевна дьаһайан, 50 паара саппыкы туппуппут. Анараа эрэһиинэ саппыкы эрэ абырыыр, наһаа инчэҕэй, ардах, хаар кэмэ суох түһэр.

Маны таһынан махталбын өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар тиэрдэрим хайаан да наада. Анараа үлэлии олорор Тирэх пууҥҥа сайабылыанньа суруйан, кэтэһэн-манаһан, Олег Юрьевич Саранцев көмөлөһөн, ууну-бадарааны ортотунан айанныыр "Сокол" бирисиэптээх вездеходу ылбыппыт. Онтон саҕаламмыта бааһырбыттары вездеходунан таһаарыы.

Новоазовскайга баран Николай Николаевич Мочкины көрсөн, кинилэр үлэлэһэн, барыта табыллан, маннык күүстээх тиэхиньикэлэннибит. Бу өрөспүүбүлүкэттэн бэйэтэ мөлүйүөннээх гуманитарнай көмө буолар, онон Биир кэлим координационнай киин, өрөспүүбүлүкэбит маннык көмө оҥороругар, ону таһынан сүүрбүт-көппүт дьоммутугар Олег Юрьевичка, Николай Николаевичка махталбыт муҥура суох.

– Байыаннай дьайыы саҕаламмыта үһүс сылыгар барда. Балаһыанньа, эн санааҕар, хайдаҕый, оччотооҕу уолаттар уонна билиҥҥи ууну-уоту ортотунан ааспыт буойуннарбыт санаалара, настарыанньалара төһө уларыйбытый?

– Билигин балаһыанньа биһиги туһабытыгар. Сайын анараалар өттүлэриттэн элбэх кимэн киирии оҥоһуллубут эбит буоллаҕына, билигин оборонаны тутан олороллор. Онон биһиги кинилэргэ чугаһаан иһэбит, атаакаларын самнарабыт.

Уолаттар улаханнык уларыйбатылар, санаалара-оноолоро, тугу көрөн ааспыттара харахтарыгар көстөр, биллэн турар, олоххо сыаннастара уларыйбыт.

– Дойдугар кэлэ сылдьаҕын. Билигин хантараак баттаһан барар уолаттарга тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Кылаабынайа үчүгэйгэ эрэниҥ диэм этэ, оччотугар сулууспалыырга чэпчэки. Анараа барарга бэйэни эрдэттэн бэлэмниэххэ наада, араас барыта буолар, куһаҕан, өлүү-сүтүү. Уонна дьиэҕэр-уоккар барыта этэҥҥэ буоллаҕына, сулууспа үчүгэйдик ааһыа.

– Элбэх өлүүнү-сүтүүнү көрдөҕүҥ, доҕотторгун да сүтэрдэҕиҥ. Саамай абалаах, аһыылаах күҥҥүн өйдүүгүн дуо?

– Кырдьыкпынан эттэххэ, анаан оннук күн суох, доҕотторбун сүтэртээбит күннэрим барыта хомолтолоохтор, курустар. Табаарыһыҥ аттыгар баар этэ, билигин суох, ити барыта кыл түгэнэ буолар. Кини оннугар атын киһи эбэтэр мин буолуохпун сөп этэ дии саныыгын.

– Разведчик байыаннай идэҕэ биир саамай кутталлаахтара, элитнай бөлөххө киллэрэллэр. Үчүгэй разведчик көмүскэ тэҥнээх дииллэр. Дьэ манна үчүгэй төбө, толкуй, өй наада буолуо. Бэйэҕин хайдахпын дии саныыгын?

– Билигин олох атын сэрии буола турар. Артиллерия, коптер уһууран олороллор. Санааҕар эйигин көрбөттөрө буолуо диигин, оннук буолбатах, үчүгэйдик сүүрүөххэ наада. Бу биир улахан наадалаах ирдэбил. Ирдэбил да буолуо дуо, олоххун быыһыаххын сөп. Разведчиктар артиллерияҕа координаттары биэрэллэр, кимэн киириилэри оҥороллор. Билигин онно тыа-уот да баранна, ойуур диэн суох, мастар быыстара чараас, көстүмтүө, сыылыннаххына да көрөллөр. Онон, нууччалыы эттэххэ, “удачаҕа”, дьылҕаҕар, Аар айыыларгар уонна уҥа-хаҥас баар доҕотторгор эрэниэххин наада.

Саамай куһаҕана, кутталлааҕа, өлөн хааллаххына, онно сытан хаалыаххын, булумуохтарын сөп. Биһиги уолаттарбытын, биллэн турар, тугу барытын биэрэн туран ыла сатыыбыт.

– Дойдубун көмүскүөм диэн андаҕар биэрбит уолаттарга тугу баҕарыаҥ, сүбэлиэҥ этэй.

– Барытыттан куттана сылдьымаҥ, иннигит диэки баран иһиҥ. Ол да буоллар сорудахтары толорорго быһыыттан-майгыттан көрүөххэ наада, мантан хайдах тыыннаах тахсабын диэн толкуйдуохтааххын. Онон саха мындыр өйө манна улаханнык туһалыыр. Кылаабынай баҕа санаам диэн – бары тыыннаах дойдуларыгар, дьонноругар эргиллэн кэллиннэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...