Сэргэлээх олоҕо сэргэх, уопсайга усулуобуйа үчүгэй!
9-с №-дээх уопсайга М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун устудьуоннара олороллор. Артем Лукин “Ыччаты кытта үлэни тэрийии” идэҕэ 3-с кууруска үөрэнэр, оттон Юрий Иванов – саха-английскай салаа 2-с кууруһун устудьуона. Уолаттар олорор сирдэрин үөрэ-көтө көрдөрдүлэр.
Уопсайга киириэх иннинэ хас биирдии устудьуон медосмотр ааһар.
– Доруобуйабытын көрүнэ сылдьыахтаахпыт. Уопсайга олорор буоллаххына, атын дьон иннигэр эмиэ эппиэтинэс сүгэҕин. Тоҕо диэтэххэ, биир киһи ыарыйдаҕына, бары сутуллуохпутун сөп”, – дииллэр Артемнаах Юра.
– Уопсайбыт аҕыс этээстээх, икки лифтээх. Этээс аайы түөрт куукуна баар. Хостор блокка арахсаллар, биир блокка – алта хос, оттон биир хоско үс эбэтэр икки киһи олорор. Икки ааҕар саалалаахпыт, манна оҕолор дьиэҕэ үлэлэрин толороллор. Билигин үгүс устудьуон уопсайга киирэ илик, ол иһин манна тураллар, — диэтилэр улахан хос иһигэр кыстаммыт матараастары көрдөрө-көрдөрө.
Бастакы этээскэ таҥас суунар сир, вахта уонна иһэр уу автомата баар. Таҥаһы сууйар үс массыыналаахтар. Арай, уопсайга туох эмит алдьанар түгэнигэр, устудьуоннар сантехникка, электриккэ, столярга сайаапка биэрэллэр. Оччоҕуна тустаах исписэлиистэр боппуруоһу суһаллык быһаарарга кыһаллаллар, төһө кыалларынан түргэнник кэлэн, өрөмүөннээн биэрэллэр.
Куукуна аайы холодильник, ларь, микроволновка уонна плита турар. Ону оҕолор хас бэнидиэнньик уонна чэппиэр аайы сууйаллар-сотоллор. “Хайдах дьаһанан аһыыгыт?” диэн ыйытыыга Юра: “Дьонум миэхэ эт ыытааччылар, ас астанарбын улаханнык ыарырҕаппаппын. Сүрүнэ – ас астыыр, аһыыр иһитиҥ баар буолуохтаах”, – диэн хоруйдаата. Оттон Артем: “Мин үксүн киэһэ астанабын. Холобур, күнүс бириэмэ ыгым буоллаҕына, чугас кафеҕа удамыр сыанаҕа аһыыбын".
“Арай ыксал буоллаҕына түргэнник буһар ас, Доширак быыһааччы. Оннуга суох сылдьабыт диир кыахпыт суох”, — диэн уолаттар билинэллэр.
Устудьуон уолаттар иллэҥ кэмнэригэр хосторугар олорон кэпсэтэллэр, гитаралыыллар, дьиэҕэ үлэлэрин ааҕаллар. “Дьиҥэр, киһи аралдьыйара элбэх. Онтон саамай ордорорбут – абааһылаах түгэннэри кэпсэтии”.
Уопсайга олорооччуларга устудьуоннар сэбиэттэрэ араас тэрээһиннэри ыытар. Холобур, гитара киэһэлэрэ ыччат киэҥ сэҥээриитин ылар эбит. Онно ыллыыр дьоҕурдаах оҕолор кытталлар.
– Кинилэр ырыаларын истэн дуоһуйабыт, бииргэ олорон билсэбит, сэһэргэһэбит. Уопсайынан, элбэх тэрээһин ыытыллар: киинэ көрдөрүүтэ, ас-шоу, араас кэнсиэр. Хас уопсай аайы устудьуоннары түмэр уонна сайыннарар итинник сэбиэт үлэлиир. Бастакы куурус устудьуоннара онно киирэн, билсиһии түһүмэҕин чэпчэкитик ааһаллар. Ыччат сайдар суолун бэйэтэ талар: уопсай устудьуоннарын сэбиэтигэр, устудьуоннар этэрээттэригэр, профсойууска, – диэн сэһэргээтилэр уолаттар.
Уопсайга олорор усулуобуйа төһө табыгастааҕый, туох ыарахаттары көрсөҕүтүй?
– Манна элбэх доҕордоох буоллаххына, туох баар ыарахаттары этэҥҥэ ааһаҕын. Оттон Студгородокка олорор бары өттүнэн табыгастаах — үөрэнэр сирбит, маҕаһыыннар, уопсай дьиэлэр чугас-чугас тураллар. Кыһын тымныыга ыраах бара сатаабаккын.
“Үөрэх бастакы күннэрэ хайдах аастылар?” диэн ыйытыыбар Юра: “Үөрэхпит олус үчүгэйдик саҕаланна. Бастакы куурустар харахтара уоттааҕын көрөн, бэйэм да үөрдүм. Тоҕо диэтэххэ мин ити кэми эмиэ ааспытым, быйыл этэҥҥэ иккис кууруска киирдэҕим дии”,— диэн санаатын үллэһиннэ.
“Үөрэх бастакы күнэ хаһан баҕарар ордук долгутуулаах. Оҕолор кэлэн, бары мустан үөрдүбүт-көттүбүт. “Үөрэх баар – бараммат баай” диэн маны эттэхтэрэ. Саҥа үөрэх сылыттан ситиһиилэри, саҥа билсиһиилэри кэтэһэбин”, — диэтэ Артем.
Устудьуон уолаттарга үөрэхтэригэр үрдүк чыпчааллары, эрэллээх доҕоттору баҕара хаалабыт.