Сэрэниҥ! Суолга оҕолор!
Дьокуускайга сыл саҕаланыаҕыттан суолу туораан испит 72 киһини уонна 17 бэлисипиэттээх киһини түҥнэри көтүү түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Ол иһигэр 11 оҕо. Бу хомолтолоох статистика көрдөрүүтэ күн-түүн уларыйа турар...
Ыраата барбакка, биир күнү холобурдуохха. ГИБДД Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрэринэн, бэс ыйын 28 күнүгэр оҕо эчэйиилээх үс суол быһылаана тахсыбыт.
Күнүс 12 ч.40 мүн. Дзержинскэй уул., 18/2, дьиэ тиэргэнигэр Тойота Аллион суоппара 13 саастаах уолу түҥнэри көппүт. Оҕо бэлисипиэт тэбэн испит эбит. Суоппар 2 сыл ыстаастаах, арыгы испэтэх. Оҕо билигин эмтэнэр.
Эмиэ бу күн күнүс 12.30 ч. Хабаров – Ленин уулуссаларын быһа охсуһууларыгар, суолу туорааһыҥҥа 14 саастаах бэлисипиэт тэбэн испит уолу түҥнэри көппүттэр. Дьолго, оҕо дэҥнэммэтэх. Суоппар 9 сыл ыстаастаах, аһыы утаҕы испэтэх.
Киэһэ 21 чаас саҕана Сэргэлээх суолун 5 км Тойота Креста суоппара суолу туораан испит 13 саастаах кыыһы быһа көтөн ааспыт. Оҕо элбэх эчэйиилээх. Суоппар 2 сыл ыстаастаах, аһыы утаҕы амсайбатах.
Болҕомтолоох буол
Оҕо дьиэтиттэн, тиэргэниттэн, подъезтан таҕыста да, тута суол быраабылаларын тутуспутунан барыахтаах. Оскуолаҕа бэйэтэ сылдьа үөрэнэригэр бастаан дьиэтигэр кэлэр-барар суолун көрдөрүҥ. Чуолаан сэрэхтээх сирдэри туора тумнумаҥ – светофора суох суол быһа охсуһуутун, кыараҕас тротуары, маҕаһыын таһыгар таһаҕас тиэйэр массыына турар сирин, парковканы, о.д.а. Бу сирдэргэ болҕомтолоох буоларыгар сүбэлээҥ. Оҕо улахан киһи курдук толкуйдаабат, сэрэммэт, массыына чугаһаабытын билбэккэ хаалыан сөп.
Оҕо бу судургу быраабылалары билиэхтээх:
Суолу туораары туран, уулусса нөҥүө өттүгэр тохтоон турар оптуобуһу көрдөххүнэ, сүүрүмэ, киирэн биэриэҥ.
Сатыы киһи тротуарынан эрэ хаамар. Утары иһэр дьону мэһэйдээбэт курдук, суол уҥа өттүн тутус. Тротуар суох буоллаҕына, суол кытыытынан утары бар. Оччоҕо суоппар эйигин ыраахтан көрөр, ону таһынан эйиэхэ массыына чугаһаан иһэрэ үчүгэйдик көстүөҕэ.
Уулусса нөҥүө өттүгэр анал сирдэринэн эрэ туораа. Суол бэлиэлэрин көр.
Оннук бэлиэ суох буоллаҕына, суол быһа охсуһар сиригэр баар тротуар линиятынан туоруоххун сөп.
Суолу туоруоҥ иннинэ айан суолун кытыытыгар тохтоо, икки өттүгүн көрүн, суол ортотугар диэри хааман тиий. Онтон өссө биирдэ уҥа-хаҥас көрүн, массыына суох буоллаҕына, ситэри туораа.
Светофор кыһыл уонна араҕас өҥүгэр, массыына суох да буоллаҕына, суолу туораабат буол.
Күөх уот умайдаҕына, тротуартан тута суолга ыстаныма. Сорох массыына туормаһа алдьаммыт буолуон, сатаан тохтообокко хаалыан сөп. Массыына барыта тохтоотоҕуна биирдэ туораа. Хааман бар, сүүрүмэ!
Суолга бэлисипиэт тэбэр, салаасканан хатааһылаан оонньуур кутталлаах.
ГИБДД Саха сиринээҕи управлениетын чахчылара (2021 сыл бэс ыйын 28 күнүнээҕи туругунан)
Суол быһылаана – 212
Суорума суолламмыт киһи ахсаана – 23
Оҕо өлүүтэ – 1
Эчэйбит киһи ахсаана – 254
Оҕо дэҥнэниитэ – 40
Уопсастыбаннай тырааныспарга
Оҕо бу судургу быраабылалары билиэхтээх:
1) Оптуобус кэлэрин анал тохтобулга күүт. Оннук суох буоллаҕына, тротуарга эбэтэр суол кытыытыгар тур. Айан суолуттан тэйэн биэр.
2) Оптуобус тохтоотоҕуна эрэ киир.
3) Уопсастыбаннай тырааныспар иһигэр киирэн баран, күүскэ тутуһан тур. Сороҕор оптуобус эмискэ тохтуур, онно бэлэм буол.
4) Аҕам саастаах дьоҥҥо уонна ыарыһахтарга миэстэҕин туран биэр. Бу эйэҕэс буолуу эрэ быраабылата буолбатах, куттал суох буолуутун хааччыйар. Кырдьаҕастар уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон тырааныспар эмискэ тохтоотоҕуна, охтон түһүөхтэрин сөп.
5) Айан кэмигэр суоппары аралдьытар, ону таһынан тырааныспар аанын аһар бобуллар.
6) Тахсарга эрдэттэн бэлэмнэн. Суолу туоруургар ыксаама, массыыналар иһэр буоллахтарына, туран күүт, сүүрүмэ. Анал бэлиэ баар сиринэн эрэ туораа.
Массыынаҕа
Оҕону көтөҕөн олорумаҥ. Саахалга эбэтэр массыына эмискэ тохтуур түгэнигэр киһи ыйааһына хас да төгүл ыарыыр, оҕону кыайан туппаккын. Эбиитин улахан киһи (оҕо көтөҕөөччү) кура суох олорбут буоллаҕына, оҕо суорума суолланарыгар тиийэр. Анал кириэһилэ, люлька абыраллаах уонна наадалаах.
Оҕо бэйэтин ыйааһыныгар, уҥуоҕар сөптөөх, табыгастаах анал кириэһилэҕэ олоруохтаах. Билигин маҕаһыыҥҥа дэлэй.
Оҕо кириэһилэтин массыынаҕа ханна сөпкө туруораргытын оҥорон таһаарааччы ыйар-кэрдэр сүбэлэрин тутус.
Ыраах айаҥҥа турунаргытыгар, оҕону кириэһилэтигэр олордо үөрэтиҥ. Бэйэҕит үтүө холобургутун көрдөрүҥ – куттал суох буолуутун хааччыйар куру кэтэн олоруҥ.
Оҕоҕутун кыра сааһыттан суол быраабылаларын тутуһарга үөрэтиҥ. Кини күн аайы көрөрүн-истэрин түргэнник ылынар. Тус холобур ордук көдьүүстээҕин умнумаҥ. Оҕо “суол сокуоннарыгар” төрөппүттэриттэн, улахан дьонтон үөрэнэр.
Аан дойдутааҕы доруобуйа тэрилтэтэ иһитиннэрэринэн, тырааныспарга оҕо олороругар (кырачаан сытарыгар) анал тэрил (детское удерживающее устройство) саҥа төрөөбүт оҕолор суорума суолланыыларын 71%, оттон арыый обургу саастаах оҕолор өлүүлэрин 54 % аҕыйатар.
Оҕо кириэһилэтин атыылаһарга сүбэлэр
Туттулла сылдьыбыты хаһан да ылымаҥ. Саҥаны атыылаһар ордук.
Европаҕа анал тургутуулары, чинчийиилэри ааспыт моделлар ECE R44/03 эбэтэр ECE R44/04 (Европаҕа куттал суох буолуутун стандарта) диэн маркировкалаах буолаллар. Онон маннык бэлиэ баарын-суоҕун көрүҥ. Фото кресло
Дьиҥэр, оҕо олорор кириэһилэтэ массыына ханнык баҕарар моделыгар сөп түбэһэр гына оҥоһуллар. Ол да буоллар, атыылаһыах иннинэ бэйэҕит тимир көлөҕүтүгэр туруоран көрөргүт ордук. Баҕар, куттал суох буолуутун хааччыйар кур уһуна кылгас эбэтэр кириэһилэ быһыыта барсыбат буолуон сөп.
Атыылаһыаххыт иннинэ оҕону олордон көрүҥ. Табыгастаах дуу, суох дуу?
Оҕо кириэһилэтин кэннинээҕи ортоку миэстэҕэ туруорар ордук.
Кириэһилэни сөпкө туруоруҥ, курунан үчүгэйдик туттарыҥ.
Оҕо кириэһилэтэ ыйааһынынан хас да категорияҕа арахсар.
1 – 9-18 кг
2 – 15-25 кг
3 – 22-36 кг.
Универсальнай кириэһилэ хас да бөлөҕү дьүөрэлиир. Ортотунан 9 ыйдарыттан 12 саастарыгар диэри хабар. Ол эбэтэр оҕо автолюлькаттан көһүөҕүттэн кириэһилэтэ бустерга уларыйыар диэри олоруон сөп. Ол курдук универсальнай кириэһилэ кырачаан айанньыты кытары тэҥҥэ “улаатар”.
Хараҥаҕа
Күһүн, кыһын таһырдьа олус эрдэ хараҥарар. Маннык кэмҥэ ордук сэрэхтээх. Суоппар оннооҕор улахан киһини өйдөөн көрбөккө хаалыан сөп. Ол иһин сатыы сылдьар оҕоҕо сырдык эбэтэр дьэрэкээн таҥаһы кэтэрдэр үчүгэй. Өссө маҕаһыыннарга хараҥаҕа сырдаан көстөр араас анал браслеттар, значоктар атыыланаллар. Маны таһынан аныгы үйэҕэ үрүксээккэ, суумкаҕа, кууркаҕа, комбинезоҥҥа иилиллэр киллэһиктэр бааллар. Массыына фааратын эбэтэр банаар уотугар ыраахтан киһи хардыытын, хамсаныытын көрдөрөллөр.
Оонньуу буолбатах
Үгүс оҕо бэлисипиэттэниэн, мопедтаныан, скутерданыан баҕарар. Бу ыра санаатын толоруох иннинэ толкуйдааҥ. Кини ханна хатааһылыан сөбүй? Дьиэҕититтэн чугас стадион, паарка, бэлисипиэт суола баар дуо?
Оҕо бас билэр көлөлөөх буолла да, дьиэтин таһыттан ыраатыан, доҕотторун кытта куодарыһан, ханна эрэ баран хаалыан сөп. Үгүс оҕо элбэх тырааныспар быыһыгар хайдах айанныырын билбэт, ыксыан, уолуйуон сөп. Маннык түгэҥҥэ суол быһылаана элбэхтик тахсар.
Бэлисипиэт, мопед, скутер – тырааныспар саамай сэрэхтээх көрүҥнэрэ. Кыра да анньыһыы, сороҕор көннөрү охтуу содула улахан буолар кутталлаах. Ол иһин төбөҕө кэтэр шлему, тоҕоноххо кэтиллэр налокотнигы, тобукка наколеннигы, бэрчээккини атыылаһар ордук.