Сайсарыга хараҥаҕа тыкпыт сырдык
Сайын – суол оҥорооччуларга былдьаһыктаах кэм. “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн быйыл Сайсары уокуругар 4 уулусса өрөмүөннэнэр – Лонгинов, Гимеин суолун эргиирэ, Кеша Алексеев уонна “Три Сосны” микрооройуоҥҥа киирии суола. Бу түөлбэ урут-уруккуттан куһаҕан суоллааҕынан биллэр. Хапытаалынай өрөмүөн туһунан сонуну олохтоохтор хараҥаҕа тыкпыт сырдык кэриэтэ ылыммыттара.
Суол үлэһиттэрэ Лонгинов уулуссатын оҥорон саҕалаабыттар. Ильменскэй өттүттэн кэлэн иһэллэр.
Хаартыскаҕа түһэрэ-түһэрэ, аргыый хаамабын. “Соторутааҕыта биһиги диэки грейдеринэн тэҥнээбиттэрэ, массыыналаах дьон аҕыйах күн ыалыкылыы көтүппүттэрэ. Бу өрөбүллэргэ ардах имири сотон ааста”, – диэн олохтоохтор кэпсии тоһуйдулар.
Маҕаһыын иннигэр Анна Степановнаны көрүстүм:
– Буор куталлар, онтулара бастакы ардахха диэри эрэ тулуктаһар. Онтон, этэргэ дылы, арбаҕастаах да абыраабат. Уһун самыырдарга суол оҥхойдоро туолан, киһи харбаан эрэ туоруур “күөллэригэр” кубулуйаллар. Сатыы дьон кураанах сирдэринэн кыйа сылдьаллар. Эдэрдэр ыстаналлар, ойуоккалыыллар. Биһиги, кыаммат дьон бадарааны, чалбаҕы ортотунан сылдьарга күһэллэбит.
Быйыл уулуссабытын өрөмүөннүүллэрин истэн олус үөрбүппүт. Ону баара 8-с нүөмэрдээх оптуобус урукку “конечкатыгар” эрэ диэри асфальт буолар үһү. Биһиги өттүбүт арыыланан хаалар. Буорбутугар, быылбытыгар булкулла олорор дьылҕалаахпыт быһыылаах, – диир.
Виктория, эмиэ Лонгинов уулуссатын олохтооҕо:
– Биһиги манна олохсуйбуппут 17 сыл буолла. Сайсарыны таҥара умнубут сирэ дииллэрин өһүргэнэ истэбин. Кэлиҥҥи сылларга түөлбэбит биллэ тубуста.
Урут кыһыҥҥы хараҥаларга умса түһэ-түһэ хаамарбыт. Хантан эрэ халабырдьыт ойон тахсыа диэн куттанарбыт, кэтэнэ-манана сылдьарбыт. Билигин, онно холоотоххо, сырдык, үчүгэйэ сүрдээх.
Биһиги диэки асфальт кутан туһа суох. Барыта намыһах, уулаах сир. Уулуссабыт оллур-боллур. Бара сатаан, дьээбэлэнэн, абааһы үҥкүүлээбит диибит. Онон буор куттахтарына, тэҥнээтэхтэринэ сөп курдук.
Арай икки сылы быһа суолларбытын сабан сордоотулар. Оҥороллорун туох да диэбэппин. Биир өттүн бүөлээн баран, сылдьар сири хаалларан, оптуобустар сырыыларын тохтоппотуннар ээ. Суох. Биһиги хаамарбытын ыарырҕаппаппыт. Инбэлиит, саастаах дьон, кыра оҕолоох ийэлэр эрэйи көрөллөр. Былырыын ийэбит атаҕын эпэрээссийэлэппитэ. Онон балыыһаҕа күн аайы төттөрү-таары тиэстэрбит. Чороҥ соҕотох 8-с оптуобуспутунан Лермонтов уулуссатыгар тиийэн түһэрбит уонна 5-с, 35-с оптуобустарга олорсорбут. Дьэ, кыһалҕа. Онтон ийэбит күн аайы ЛФК-ҕа сылдьарыгар таксига ороскуотурбуппут.
Быйыл хартыынабыт эмиэ хатыланна. Сүрүн оптуобустарбыт Лермонтов уулуссатынан сылдьаллар.
Олохтоохтор Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатынан уулуссаҕа Кыайыы үбүлүөйдээх эрэ сылыгар болҕомто ууруллар диэн хом санаалаахтар.
Кырдьык даҕаны, уулусса түгэх өттүгэр хардыы аайы чалбах халыйан, бадараан баһылаан сытар. Оҕолор барахсаттар санааларын түһэрбэккэ, үөрэ-көтө бэлисипиэттии сылдьаллар.
Өрө баран истэхпитий
Салгыы Чайковскай уулусса диэки барабын. Манна былырыын баччаларга үлэ күөстүү оргуйбута. Билигин Кеша Алексеев өттүттэн сабыылаах турар. Онон дьон-сэргэ, тимир көлө аҕыйах.
Айсен, Сайсары олохтооҕо:
- Биһиги 20 №-дээх оскуолаттан чугас олоробут. Суолбут өрөмүөннэниэн иннинэ Ленинград буомбаламмыт уулуссаларын санатара. Былырыын, иллэрээ сыл муус устартан саҕалаан алтынньыга диэри оптуобустарбыт сылдьыбакка эрэйдэммиппит. Чэ, хайыахпытый, саатар эрэ оҥордуннар дэспиппит.
Үлэһиттэр ардаҕа суох кэмнэргэ таах олорбуттара. Уһаан-кэҥээн, болдьохторуттан хаалан, сир тоҥмутун кэннэ үрдүнэн-аннынан хамсаммыта буолбуттара.
Ветеринарнай факультет иннигэр уу мустар, хаатыйаланан хаалар. Утары оборторон испэтэххэ, сотору оҥхой үөскүүрэ буолуо диэн долгуйабыт. Аны туран, коррекционнай оскуола иннинэн суолу туоруурга олус куһаҕан. Оҕолорго сэрэхтээх. Суоппардар харахтара тэстэринэн сүүрдэн ааһаллар.
Уопсайынан, бэдэрээтчиктэри кытаанахтык хонтуруоллуохха наада. Хата, гарантия диэн баар эбит. Онон ситэтэ-хотото суоҕу, итэҕэһи барытын туоратыахтара диэн эрэнэбит.
Суолбут куттала суох уонна хаачыстыбалаах диэхпин туттунабын. Киин куорат уулуссаларын өрөмүөнэ үйэтэ суох. Бары да сөбүлэһэргит буолуо.
Семен Николаевич, суоппар, Чайковскай уулусса олохтооҕо:
– Урут манна суол омооно эрэ баара. Сатыы дьон, бадараана суох сири былдьаһан, мэччийэ тахсыбыт ынахтар курдук, талбыт сирдэринэн хаамаллар этэ. Онно холоотоххо, тыый, үлэ барбыта харахха быраҕыллар. Тротуар, бордюр баар. Урут оҕолорбутун оскуолаҕа бэйэлэрин ыытарбытын куттанар этибит. Билигин сиэннэрим холкутук сылдьаллар. Туох диэн эттэххиний, урут светофор да аҕыйаҕа. Билигин куорат устун куттала суох айанныахха сөп.
Хаачыстыба диэн ханна баарый? Ханна да суох. Ирбэт тоҥ үрдүгэр итиччэ оҥороллоругар баһыыба. Куорат үбэ-харчыта эрэһиинэ буолбатах, иһэ-таһа биллэр. Мин санаабар, сөптөөх үлэ барар. Элбэх сири кэрийбит киһибин. Арассыыйаны биир гына тилийэ сүүрбүтүм. Ханна барытыгар маннык. Ол Европаҕа тэҥнэһэрбит ыраах ини. Ытанан бүтүөххэ. Өрө баран истэхпитий...
Сүүс киһи санаата биир буолбат. Ол эрээри, туох да диэбит иһин, сайдыы олох хаамыытынан барара харахха быраҕыллар.
Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, 12 эбийиэккэ хапытаалынай үлэ уонна уларытан оҥоруу ыытыллар – Свердлов, Лонгинов, Три Сосны, Курнатовскай уулуссаларга, “Гимеин” суолун эргииригэр (Сэргэлээх суола уонна Яков Потапов уулуссата быһа охсуһууларыгар), Маҕаҥҥа Алымов уонна Киров, Хатаска – Совхозная уулусса.