Сайсары суолтатын, сыаннаһын үрдэтии — сүрүн сорукпут
Соторутааҕыта естественнэй цикл методическай холбоһуга “Сайсары күөл – саха норуотун биһигэ” бырайыагынан оҕолору экологическай үөрэхтээһиҥҥэ уонна иитиигэ өрөспүүбүлүкэтээҕи “ЭкоШаг” күрэххэ кыайыылаах аатын сүктэ, Грант ылары ситистэ. Үүнэр көлүөнэни экологическай иитиигэ үтүмэн үлэни ыыта сылдьар үтүөкэн үлэһиттэри билиһиннэрэрбит тоҕоостоох: Александра Михайловна Титова – холбоһук салайааччыта, география учуутала; Туяра Михайловна Хамарова, Саргылаана Ильинична Алексеева – биология учууталлара; Лена Николаевна Тырылгина (химия), Вера Петровна Иванова (география), Дария Ивановна Михайлова (физика).
Биир үтүө күн Дьоруой Попов аатынан оскуолаҕа ыалдьыттаатыбыт, Грант кыайыылаахтарын кытта кэпсэттибит. Ыытар үлэлэрэ, ситиһиилэрэ да үгүс, барыта хаһыат биир балаһатыгар хайдах да баппат. Ол эрээри саамай сүрүнүн сырдатарга дьулустубут.
Үлэ оскуола иһиттэн саҕаланар
Александра Михайловна Титова, география учуутала, естественнэй цикл методическай холбоһугун салайааччыта:
– Дьиҥэр, экологияҕа үлэбитин 2021 сылтан саҕалаабыппыт. Ити үөрэх дьылыгар куорат үрдүнэн Естественнонаучнай үөрэхтээһин сыла биллэриллибитэ. Онно “Экологическай этэрээттэр” диэн бырайыакпытын суруйбуппут.
Биһиги 5 хайысханан үлэлиибит. Бастакыта – экологическай экскурсияларга сылдьыы. Иккиһинэн, көҕөрдүү үлэтигэр кыттыы. Ол чэрчитинэн оскуолабыт таһыгар мас, сэппэрээк арааһын олордубуппут, маны сэргэ, субуотунньуктары ыытабыт, “Ыраас Сайсары” аахсыйаны тэрийэбит, бүтүн оскуоланан күөл кытылын ыраастыы тахсабыт. Өссө ааспыт үөрэх дьылыгар кылаастар бэйэлэрэ арассаада олордон, көрөн-харайан, сибэкки арааһын үүннэрбиттэрэ. Итини таһынан, хас биирдии оҕо “Оскуолаҕар сибэккитэ бэлэхтээ” аахсыйаҕа кыттыспыта. Ону сэргэ, үөрэнээччилэр бэйэлэрэ технология уруогар сибэкки уурар долбуурдары оҥорбуттара. Онон биһиэхэ көҕөрдүү үлэтэ кылаас, оскуола иһиттэн саҕаланар.
Үһүс хайысхабыт – бөҕү арааран, наардаан хомуйуу. Ол чэрчитинэн макулатураны хомуйан, “Бумбатл” аахсыйаҕа кыттан, куорат үрдүнэн бастакы миэстэ буолбуппут. Быйыл батарыайканы мунньан, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сдай батарейку” аахсыйаҕа бастаатыбыт. Маны сэргэ, полиэтилен бакыаты хомуйан, “Инникигэ хардыы” научнай-практическай конференцияҕа үһүс миэстэни ыллыбыт. Оҕолор тэрээһиннэрбитигэр сүрдээх көхтөөхтүк кытталлар. Хас биирдии кыттааччыга грамота туттарабыт. Бакыат хомуйбут үөрэнээччилэргэ шоппер-суумка ылан биэрбиппит.
Төрдүс хайысха – экологическай тэрээһиннэр. Ол чэрчитинэн НПК-ларга кыттабыт, бэйэбит араас дьаһаллары – викториналары, дебаттары, КВН о.д.а. ыытабыт. Бэһис хайысха – атын оскуолалары, тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлэһии. Ити курдук, халандаарынай былаанынан сирдэтинэн үлэлиибит.
Атын үктэлгэ тахсаары, быйыл күһүн “Сайсары күөл – саха норуотун биһигэ” бырайыакпытын суруйбуппут. Онон ити “ЭкоШаг” күрэххэ “Ыраас кытыллар” номинацияҕа кыайыылаах буоллубут. Ытык күөлбүт кытылын ыраастааһыҥҥа, көҕөрдүү үлэтигэр Сайсары түөлбэтин оскуолаларын барыларын кытыннарыахпытын баҕарабыт. Саас күөл уутугар салгын киллэрэр үлэни ыытар былааннаахпыт. Итиэннэ ыччаты, дьону-сэргэни “Сайсарыны киртитимэҥ” диэн ыҥырар, өйдөтөр ис хоһоонноох баннер туруоруохпут.
Сайсары күөл – саха норуотун биһигэ, ытык сирбитин харыстыыр – биһиги эбээһинэспит. Онон үлэбит үтүө түмүктээх буолуо диэн эрэнэбит.
Этэрээккэ эрэлбит улахан
Дария Ивановна Михайлова, физика учуутала, информатизация үлэтин сүрүннүүр дириэктэри солбуйааччы:
– Александра Михайловна уонна биология учуутала Туяра Михайловна салайар кылаастара экологическай этэрээккэ бастакынан киирбиттэрэ. Үөрүүлээх тэрээһиммит муус устар 15 күнүгэр, Экологическай билии күнүгэр сөп түбэһиннэрэн ыытыллыбыта. Ол күн эдэр экологтарбыт сүрэхтээһини ааспыттара, от күөҕэ өҥнөөх хаалтыстары кэппиттэрэ. Нуучча географическай уопсастыбатын (РГО) ыччакка салаатын лидерэ Денис Шамаев кэлэн ыалдьыттаабыта. Ити икки кылаас үөрэнээччилэрэ – этэрээт сүрүн чилиэннэрэ, быйыл ахсыс буоллулар.
Экологическай үлэҕэ кылаастар бары кыттыһаллар. Оскуолабытыгар кылаас чаастарыттан саҕалаан, полиэтилен бакыаты, батарыайканы, макулатураны хомуйууга тиийэ киэҥ хабааннаах аахсыйалар, улахан тэрээһиннэр ыытыллаллар. Александра Михайловна кылааһа аахсыйа биллэрэн, бүтүн оскуола кыттыһан, 23 кг полиэтилен бакыат хомуллубута. Онон чинчийии үлэтин ыытан, дакылаат суруйан, НПК-ҕа ситиһиилээхтик кытыннылар. Ити этиллибит бөх буолар матырыйаалы туһаҕа таһааран, груша кириэһилэни оҥорбуттара.
Күүспүтүн түмүөххэ
Вера Петровна Иванова, география учуутала, үөрэх чааһыгар, иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы:
– Сайсары күөл суолтатын, сыаннаһын үрдэтэр – биһиги сүрүн сорукпут. Сыалбыт – оҕону экологическай өйгө-санааҕа иитии. Бу хайысхаҕа бэйэбит оскуолабытыгар сөптөөх тэрээһиннэр тиһиктээхтик ыытыллаллар.
Оҕолор М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Ботаническай саадыгар, Зоологическай музейга, Ирбэт тоҥ саарыстыбатыгар, Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньаҕа, куорат сыбаалкатыгар о.д.а. сирдэргэ экскурсияларга сылдьыбыттара. Сибэккилэрбитин, үүнээйилэрбитин экологическай этэрээт оҕолоро көрөллөр-истэллэр, бүөбэйдииллэр. Сайсары управатыгар сыл аайы көҕөрдүү үлэтигэр көмөлөһөн, сибэкки арассаадатын олордон туттарыы үтүө үгэскэ кубулуйда. Естественнэй цикл методическай холбоһугун учууталлара сыл аайы муус устар 22 күнүгэр, Сир күнүгэр, Сайсары оскуолаларыгар аналлаах интеллектуальнай оонньууну ыыталлар. Киэбэ уларыйар – сороҕор викторина, ардыгар брейн-ринг о.д.а.
Оскуолабытыгар бөҕү арааран, наардаан мунньар тус-туспа контейнердары туруоруохпутун баҕарабыт. Холобур, билигин Александра Михайловна кылааһыгар икки куул пластик бытыылка хомуллан сытар. Уопсай контейнердаахпыт буоллар, ордук буолуо этэ.
Бырайыак чинчийии үлэтигэр тирэммитэ ордук кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, төрөппүттэргэ ыытыллыбыт ыйытык түмүгүнэн кинилэр бөхтөрүн ханна тоҕоллоро, хайдах дьаһайаллара, күҥҥэ төһө бөх тахсара быһаарыллыбыта. Онон үс сыл тухары оҕолор НПК-ларга ситиһиилэрэ үгүс. Манна даҕатан эттэххэ, урукку өттүгэр үөрэнээччилэрбит Сайсары күөл уутун-хаарын чинчийэн, Арассыыйа таһымнаах НПК-ларга тиийэ миэстэлэспиттэрэ. Маны сэргэ, Сайсары түөлбэтин экологическай култууратын таһымын быһаарар ыйытык ыытыллыахтаах. Учуонайдары кытта көрсүһүүлэрбит, лиэксийэлэрбит салҕаныахтара.
Грант көмөтүнэн түөлбэбит атын оскуолаларын түмэр, бииргэ үлэлиир санаалаахпыт. Бырайыагы олоххо киллэрии эһиил тохсунньуттан саҕаланыахтаах уонна сэтинньигэ түмүктэниэхтээх. Уопсай суумата – 200 тыһ.солк. 150 тыһ.солк. уу биохимическэй састаабын быһаарар дьоҕус научнай лабораторияны ылыахтаахпыт, сыаналаахпыт диэн ити буолуохтаах. Ону таһынан субуотунньуктарга бэрчээкки, мөһөөччүк атыылаһыахпыт, баннер оҥорторон туруортарыахпыт, буур атыылаһыахпыт о.д.а.
Сайсары күөлгэ былыр балык арааһа үөскүүрэ, дьон балыктыыллара. Билигин уута киртийэн, балыга сүттэҕэ-симэлийдэҕэ. Эбиитин дьон ыттарын күүлэйдэтэллэрэ уу туругун буортулуура кистэл буолбатах. Экологическай култуурабыт таһыма намыһаҕа айылҕабытыгар охсуулаах. Өссө кэлин уутун ырааһырдар үлэ ыытыллар, онон арыый тубуста. Сайсары управатын салайааччыта Владимир Слепцов көҕүлээһининэн сонун саҕалааһыннар бааллар. Онон итиннэ улахан болҕомто ууруллуон, айылҕа харыстабылын кэмитиэтин, экологтары кытта үлэ ыытыллыан наада диэн этиилээхпит. Онуоха управа, АГАТУ, түөлбэ оскуолалара, Олохтоох дьаһалта – бары күүспүтүн түмэн, бииргэ үлэлээтэхпитинэ, үтүө түмүктээх буолуо этэ дии саныыбыт.