"Сайар сарыал" уонна "Дорҕоон тойуга"
СӨ Культураҕа уонна Духуобунай сайдыыга Министерствотын иһинэн Ресурснай-бырайыактыыр Киин специалиһа В.П.Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал тэрийбит "Сайар сарыал", "Дорҕоон тойуга" диэн икки түмсүүбүт арыллан үлэлээбитэ быйыл үһүс сылын туолар. Манна Сахабыт сирин бары улуустарыттан хоһоон айааччылар түмсэн үлэлии олоробут. Айар дьоҕурдаах дьону түмэн В.П Стручков суруйуу араас ньыматыгар, хоһоону ааҕыы уустук көрүҥэр үөрэтэр. Онон бу тэрилтэ иһинэн үлэлиир түмсүүбүт, Сахабыт тыла сайдыытыгар, күннээҕи олохпутугар туттуллар, умнууга хаалбыт тыллары сөргүтүүгэ, кэлэр ыччат ийэ тылын сүтэрбэккэ иҥэриниитигэр сэмэй кылаатын киллэрсэр. Маны таһынан араас тэрээһиннэргэ кыттабыт. Ыытыллыбыт үлэ хаамыытын хаартыскалар, видеосюжеттар туоһулууллар. Виктор Павловичка сүрүн көмөлөһөөччүнэн Галина Ильинична Захарова- Уордьаннаах Кыыһа үлэлээбитэ, ону таһынан билигин Луиза Николаевна Петрова-Этигэн Ыра уонна Татьяна Михайловна Петрова-Мойуу Кыыһа үлэлии олороллор. Салайааччыларбытыгар маннык түмэн үлэлэтэ олороллоругар махталбыт муҥура суох. Бу кэм устата В.П. Стручков илиитин иһинэн ааспыт айымньыларбыт түөрт хомуруунньуга бэчээттэнэн таҕыста: 1."Кындыа кыһын ыллыктаах ырыата". 2."Улуу кыайыыны уруйдуубут". 3."Күн кута сибэкки". 4."Оҕо саас оһуора". Хомуурунньуктар чопчу тиэмэлэринэн арахсар буоланнар, ааҕааччы сэҥээриитин ылыахтара, культура, уһуйаан,оскуола үлэһиттэрэ туһаныахтара диэн эрэнэбит. Түмсүүбүт үлэтэ өссө да үүнэ-сайда, кэҥии турарыгар баҕарабыт. Ресурснай-бырайыактыыр Киин салайааччытыгар Михаил Михайлович Донскойга бары өттүнэн өйөбүлүн иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит! Айар куттаах доҕотторбутун түмсүүбүт 4 кинигэтэ тахсыбытынан эҕэрдэлиибит! Айар аартыккыт ыйар суола үрдүккэ көтүттүн, ийэ тылбыт үүнэ-сайда турдун!
Арылы Таатта, Дьохсоҕон.