08.09.2023 | 10:00

«Сатабыл 2023»: көлүөнэ ситимэ быстыбат

«Сатабыл 2023»: көлүөнэ ситимэ быстыбат
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Хатас нэһилиэгэр балаҕан ыйын 1 күнэ – ураты суолталаах күн – тумус туттар киһибит, Арассыыйа уонна СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,  Дьокуускай куорат, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Хатас нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, олоҕун 43 сылын тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар, 30 сылын чуолаан “Хатас” сопхуоска дириэктэрдээбит Парасковья Павловна Федорова күн сирин көрбүтэ.

Сылын аайы бу бэлиэ күн кини аата араас тэрээһиннэргэ доргуччу ааттанар. Быйыл даҕаны оннук буолла. Ол курдук кини төрөппүт уола СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ айылҕа харыстабылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, Моисеевка түөлбэ салайааччыта, Хатас бэтэрээннэрин сэбиэтин чилиэнэ Герман Ксенофонтович Иванов көҕүлээһининэн, Евгений Петрович Пермяков салайааччылаах Хатас олохтоох дьаһалтатын уонна Валентин Азотович Чепалов дириэктэрдээх Хатастааҕы “Тускул” КК өйөбүлүнэн “Сатабыл 2023” диэн тырахтарыыстарга анаммыт күрэх олус диэн өрө көтөҕүллүүлээхтик, күүрээннээхтик буолан ааста.

Күрэх туһуламмыт-анаммыт киһитэ да чулууттан чулуу, бирииһэ да боччум – уу харчынан сүүс тыһыынча солкуобай. Тэрийээччилэр толкуйдаан-ырыҥалаан көрөн баран, Үлэ сылыгар дьиҥ чахчы харыны ньыппарынан туран, тиритэн-хорутан, этэргэ дылы, сирилийэн-бурулуйан, буһан-хатан үлэлиир-хамсыыр тырахтарыыстарбытын дьон-сэргэ болҕомтотугар, сыанабылыгар, киэн туттуутугар таһаарар сыаллаах “Сатабыл 2023” диэн ааттаан ыытарга быһаарыммыттара. Үөрүөхпүт иһин, сайаапка киириитэ көхтөөх уонна түргэн буолан биэрдэ, барыллаан кыттыа диэбит дьоммут сөбүлэһэн, сонно тута бэлэмнэнэн барбыттара.

Кинилэр кимнээҕий?

Нэһилиэкпит устуоруйатыгар аан маҥнай ыытыллыбыт тырахтарыыстар күрэхтэригэр кимнээх кытыннылар?

Алексеев Систир Семенович – 1982 с. т., элбэх оҕолоох ыал аҕа баһылыга, сылгылардаах, оҕуруот аһын (хортуоппуй) олордор. Кыра эрдэҕиттэн муус-мас бэлэмниир, оттуур-мастыыр үлэни, дьиэ-уот түбүгүн этинэн-хаанынан билэн улааппыт. Оскуолаҕа сылдьан мас тардыһыытынан утумнаахтык дьарыктаммыт, норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” оонньууларга Саха сирин ааттаппыта.

Баишев Анатолий Михайлович – 1983 с.т., ыал аҕа баһылыга, сылгы-сүөһү көрүүтүн-истиитин оччугуй сааһыттан дьонун кытта тэҥҥэ билбит эдэр киһи. Күн бүгүн Хатастааҕы 7-с №-дээх спорт оскуолатын тутаах дьонуттан биирдэстэрэ. Мас тардыһыытын сайыннарыыга утумнаах үлэтэ сыаналанан, үрдүкү салалтаттан кэккэ наҕараадалардаах. Үөрэппит оҕотун спортсмен быһыытынан эрэ буолбакка, иитэр-такайан, билигин Евсеев Григорий Филипповичтыын бииргэ үлэлииллэр.

Карамзин Роберт Егорович – 1982 с.т., аҕатыттан холобур ылан, тыраахтары, этэргэ дылы, биэс тарбаҕын курдук билэр, үлэни хара-үрүҥ диэн араарбакка, сыал-сорук туоларын туһугар харса суох түһүнэр.

Мордовской Денис Михайлович – 1997 с.т., эмиэ көлүөнэ быстыспат ситимин тута сылдьар дьиҥ чахчы үлэһит ыччат. Күүстээх үлэҕэ буһуу-хатыы, тулуур-дьулуур оскуолатын бара сылдьар тоҥтон толлубат, итииттэн чаҕыйбат эдэр киһи. “Баҕарах” ХЭХ тутаах үлэһитэ.

Николаев Федот Рожьевич  – 58 саастаах, ааспыт үйэ саҕаттан “Үлэ – үөрүү, үлэ – дьол, үүнэр-сайдар суол” диэн өйдөбүл этигэр-хааныгар, өйүгэр-санаатыгар иҥмит, Николаевтар механизатор династияларын чаҕылхай туоһута буолан убаастанар, ытыктанар киһибит. “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына. Күн бүгүҥҥүгэ диэри төрүт үгэһи өрө тутан, кэргэнэ Елена Егоровналыын үрүҥ илгэни үрүлүтэ сүүрдэллэр, эмис эти дэлэтэллэр, тэлгэһэлэригэр оҕуруот аһын арааһын олордоллор.

Нохсоров Тихон Устинович –  2000 с.т., саамай эдэр кыттааччы. Тихон иитиллибит дьиэ кэргэнэ олох дьиҥ чахчы көлүөнэ ситимин ыһыктыбакка, хас да көлүөнэ дьон буолан бары бииргэ эн-мин дэһэн олорор. Сүөһүнү-сылгыны таһынан түргэнник улаатар көрүҥнэри – куруолугу, кууруссаны туталлар. Ким тиэхиньикэҕэ, ким  оҕуруокка, ким сүөһү көрүүтүгэр, ким  куйаар нөҥүө аныгы технологиялары баһылаан, үлэҕэ сатабылларын хото туһаналлар. Дьиҥ сахалыы дьаһанан олорор аныгы ыал. Оҕону үлэнэн иитии-үөрэтии чаҕылхай туоһулара.

Осипов Андрей Николаевич  –  1982 с.т., биэс оҕолоох ыал аҕа баһылыга. Ийэтин да, аҕатын да өттүттэн туруу үлэһит, олус хаһаайыстыбаннай, дьоһун дьон сыдьааннара. Сүөһүттэн-сылгыттан кэлэр бородууксуйа туһугар сыратын харыстаабакка үлэлиир.

Саввинов Иннокентий Иннокентьевич – 1978 с.т., оҕо эрдэҕиттэн үлэҕэ-хамнаска эриллибит, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга. Тиэхиньикэҕэ кыра сааһыттан сыстаҕас, оскуола саҕаттан үлэ лааҕырыттан саҕалаан куйаастан чаҕыйбат, “суох” диэн саллан-толлон турбат үлэһит бэрдэ. “Баҕарах” ХЭХ уопуттаах, эрэллээх, сатабыллаах механизатора.

Соловьев Николай Васильевич – 1982 с.т., элбэх оҕолоох ыал аҕа баһылыга. Тыа хаһаайыстыбата тыа ыалыгар суолтатын дириҥник өйдөөн, сүөһү-ас өттүнэн ыллыктаахтык дьаһанан, тиэхиньикэ да, сылгы да өттүнэн хааччынан олорор дьиэ кэргэн туллар тутааҕа.

Көрөрбүт курдук, үксэ биир көлүөнэ уолаттар кытыннылар, эдэрдэр да туора турбатылар. Ону сэргэ, удьуор утумун тута сылдьааччылар бааллара үөртэ: уон оҕолоох Клавдия, Иван  Пермяковтар сыдьааннара, Николаевтар династияларын бэрэстэбиитэлэ уо.д.а.

Бу күрэх оскуолаҕа трактороведение диэн олус наадалаах эбитин көрдөрдө. Ол курдук 1982-83 сыллаахтар бары Борис Егорович Колосовка махталлара улахан. 

Илин-кэлин түсүһүү

Бастакы түһүмэх – тыраахтарынан эрийэ-буруйа (змейка) айан. Тиэхиньикэ төһөнөн улахан да, бу көрүҥ уустугун бары бэркэ диэн билэбит, аны онно күрэх бастакы хардыыта буоларын эбэн кэбис. Манна Николай Соловьев бастаата, Систир Алексеев иккистээтэ, үһүс бочуоттаах миэстэҕэ Тихон Нохсоров таҕыста.

Иккис түһүмэххэ гарааска “киирдилэр”. Манна уһулуччу түргэн көрдөрүүнэн Тихон бастаата. Денис Мордовской – иккис, Федот Николаев үһүс буоллулар.

Салгыы Парасковья Павловна Федорова туһунан 10 ыйытыылаах викторинаҕа Анатолий Баишев тэҥнээҕин булбата. Иккискэ Федот Николаев, Николай Соловьев уонна үһүскэ Систир Алексеев таҕыстылар.

Бу кэнниттэн саамай быһаарыылаах, саамай буһууну-хатыыны, бэйэни хомунууну эрэйэр түһүмэх – оту сааһылааһын саҕаланна. Манна ыксыыр, ыгылыйар диэни умнуохха наадатын бары да өйдүүллэрэ чуолкай. Аны үксүлэрэ араас элбэх күрэхтэргэ буспут-хаппыт буоланнар баалларын ааҕан-суоттаан сылдьаллара эмиэ кырата суох оруолу оонньообута мөккүөрү үөскэппэт. Бу көрүҥҥэ Денис Мордовской иннигэр кими да түһэрбэтэ. Кини кэнниттэн тилэх баттаһан, Тихон Нохсоров иккис миэстэни ылла. Үһүс миэстэҕэ  Федот Николаев тигистэ. 

Кыайыылаахха – 100 тыһ. солк.!

Бастакы миэстэни Николай Соловьев ылан, күрэх сүрүн көҕүлээччитэ, сүрүн спонсора Герман Ксенофонтович Иванов туруорбут сүүс тыһыынча солкуобайын уу харчынан ылла. Онтон олох субу тилэх баттаһа, этэргэ дылы, кэтэххэ тыынан туран, иккис миэстэни Тихон Нохсоров ылла. Үһүс миэстэҕэ Федот Николаев олох эрэллээхтик тигистэ. Дьэ көрөрбүт курдук, үс көлүөнэ тырахтарыыстар тахсан кэллилэр. Ама, ким мантан үөрбэт буолуой! Ол аата көлүөнэ ситимэ баар, ол аата инникигэ эрэл баар, ол аата сатабыл диэн эн сааскыттан тутулуга суох – баҕа санааҕыттан, тулуургуттан, дьулуургуттан, сыалы-соругу таба туруорартан, ону ситиһэргэ  дьүккүөрдээх үлэттэн тахсар!

100 000 солк. ураты бириистэри иккис миэстэҕэ – И.К. Сивцев дириэктэрдээх “Баҕарах” ХЭХ кэлэктиибэ, үһүс миэстэҕэ – П.С. Ефремов салайааччылаах “Туймаада” агрохолдинговай АУо иһинэн үлэлиир В.В. Романов дириэктэрдээх  ХСВК кэлэктиибэ туруордулар.

Кыттааччылар бары анал бириистэри ылан,  илии тутуурдаах, өттүк харалаах бардылар. Анал бириистэри Хатаспыт аатын үлэлэринэн-хамнастарынан аатырдыбыт үтүөкэннээх механизатордарбыт бэйэлэрэ уонна кинилэр сыдьааннара туруордулар:

- Үлэ Кыһыл Знамята, Үлэ Албан аатын 2,3 истиэпэннээх уордьаннар кавалера, уос номоҕор сылдьар бастыҥ хортуоппуй олордооччу, үтүөкэн киһибит И.М. Жирков;

- Үлэ бэтэрээнэ, олох туһугар куруутун тардыһыылаах, тулуурдаах-дьулуурдаах И.Г. Емельянов;

- Үлэ туһа диэн ыраах айантан саллыбатах, суол суоҕуттан санаарҕаабатах, кими да ханна да аччык хаалларбат, бэл диэтэр, хаппыт да килиэби “тилиннэрэн”, бултаан, балыктаан булугас-талыгас өйдөөх И.И. Пермяков оҕолоро;

- Иван Пермяков игирэтин аҥаара, сатабыллааҕын ааһан салайар талааннаах, сири-уоту олох үчүгэйдик билэр, айылҕаны кытта олус мындыр сыһыаннаах П.И. Пермяков оҕолоро;

- Бу күрэххэ кыахтааҕым буоллар, доруобуйам туруга үчүгэйэ эбитэ буоллар диэн санаалаах, күрэх сураҕын истээт, ис сүрэҕиттэн үөрбүт М.С.  Павлов;

- Эдэр сааһыгар олохтон олус хомолтолоохтук туораабыт элбэҕи эрэннэрэр эрчимнээх, сатабыллаах  үлэһит В.М. Егоров дьиэ кэргэнэ;

- Хатаһы дойду оҥостон олус бэриниилээхтик үлэлээбит хоту дойду хоһууна, олоххо куруутун көхтөөхтүк сылдьыбыт А.С. Олесов кэриэһигэр дьиэ кэргэнэ;

- Оҕолору үлэнэн иитиигэ, тиэхиньикэҕэ сыһыаран үөрэтиигэ кылааттаах, эдэр эрдэҕиттэн хомсомуол эрэллээх саллаата Б.Е. Колосов кэриэһигэр дьиэ кэргэнэ.

Түмүк санаа

Кыттааччылар бары олох үөһүгэр сылдьар туруу үлэһит дьон, баһыйар үгүс өттө элбэх оҕолоох ыал аҕалара, о.э. аҕа оруолун үрдүктүк тута сылдьар, дьиэ кэргэн олоҕун сыаналыыр, чахчыта эр бэртэрэ, эрэллээх эркиннэр.

Күрэх устатын тухары биир да мөккүөрдээх, моргуордаах түгэн тахсыбата, бары бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэ, өйөнсө сырыттылар. 

Кыттааччыларбыт дьиэ кэргэттэрэ бары кэлэн, тымныыны тымныы диэбэккэ, тэбис-тэҥҥэ сырыттылар.

Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээбит убаастыыр, ытыктыыр киһибит С.К. Окороковка махталбыт муҥура суох. Күрэхпит аһыллыытыгар кэлэн эҕэрдэтин кытта бэлэҕин туттарбыт, кэлиҥҥи сылларга оскуолабыт үлэтин хайысхатын тыа сирин олоҕун кытта ыкса сибээстээн агротехнологическай өттүнэн үлэни күүскэ ыытар дириэктэр Н.В. Слепцовка махтанабыт.

Эһиилги сылга көрсүһүөххэ диэри диэн өрө көтөҕүллүүлээх ыҥырыынан тэрээһиммитин түмүктээтибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...