20.07.2023 | 10:00

Саргылана Рожина: «Орто дойдуга ананан кэлбит аналым — дьоҥҥо көмөлөһүү»

Саргылана Рожина:  «Орто дойдуга ананан кэлбит аналым — дьоҥҥо көмөлөһүү»
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Киһи оҕо эрдэҕинэ туох үлэһит буоларын оонньуур дииллэрэ оруннаах. Кыракый Саргычок быраас буолан дьону эмтии оонньуура — медик, кырдьаҕастарга малларын тутуһан көмөлөһөрө — инбэлииттэри көрөр дьиэни төрүттээччи, сытыы-хотуу кыысчаан туохтан да иҥнибэккэ иннин эрэ хоту дьүккүйэрэ — «Белые ангелы» патронаж хампаанньата» ХЭУо тэрийээччитэ уонна генеральнай дириэктэрэ, «Мэҥкэр» дьиэ кэргэн пиэрмэтин төрүттээччи Саргылана Афанасьевна Рожина диэн бизнес-леди буола үүнэригэр.

Аҕам алгыһа

Аҕам биригэдьииртэн саҕалаан Дьааҥы оройуонун түөрт нэһилиэгин тутан олорор бөдөҥ сопхуос дириэктэригэр тиийэ үлэлээбит киһи. Биһиги биэс бииргэ төрөөбүттэргэ субуота, өрөбүл күннэр олус интэриэһинэйдик ааһар этилэр. Ол кэмнэр оҕо сааһым биир саамай чаҕылхай өйдөбүллэрэ. Дьиэ иһинээҕи дуобат, саахымат күрэхтэһиитигэр миигин киһи бары хоторо. Хас биирдии хотторуу «аныгыскы сырыыга хайаан да бастыахтаахпын» эрэ диэн саҥаттан саҥа ыра санаалаах түмүктэнэрэ. Сыыйа бастаан эдьиийбин, онтон бырааппын кыайар буолтум. Тохсус кылааска үөрэнэ сылдьаммын аҕабын хотон дьиэ кэргэн чөмпүйүөнэ буолбут түгэним билигин даҕаны сүрэхпэр сөҥөн сылдьар. Онно аҕам: «Саргычок, ылыммыт сыалгын бу курдук дьаныардаахтык ситиһэр  киһи буолуоҥ! Оҕом маладьыас!»— диэбитэ бу сааспар диэри кулгаахпар алгыс курдук иһиллэр.

Аҕам Афанасий Васильевич Рожин билигин 83 сааһыгар сылдьар. «Эдэр эрдэххинэ, түүн буоллун, күнүс буоллун, күүскүн-кыаххын туһанан үлэлээмэхтээн хаал. Кэнники бу үлэлээбитиҥ түмүгүттэн дуоһуйуоҥ»,— диэн сүбэлиир. Онон аҕам алгыһа саҥа үрдэллэри дабайарбар суолдьут сулус курдук буолар.

Бүтэй үрдүнэн...  

Оҕо сааспар биир сиргэ сүгүн олорбот бүтэй үрдүнэн сүүрэ сылдьар кыыс этим. Ол мэниктиирим быыһыгар хараҕым кырыытынан дэриэбинэм саастаах дьоно килиэптэрин ыла баралларын көрөрүм. Уонна хаһан тахсалларын кэтиирим. Хайдахтаах да оонньуу үгэнэ буоллун, ол кырдьаҕаска утары сүүрэн тиийэн малын дьиэтигэр илдьэн биэрэр идэлээҕим. Онно махтаналларын наһаа да үөрэ истэрим. Сорохтор хампыат таһааран биэрэр этилэр. Ол манньабын ылаары аны күүтэн турабын. Бу санаатахпына, миэхэ ордук кырдьаҕастар махталлара дууһам ортотунан киирэр эбит,

Дэриэбинэҕэ бэтэринээр суох буолан, сүөһүгэ бастакы көмөнү оҥорор бэтэринээр үнүстүрүмүөнэ биригэдьиир аҕабар эрэ баар буолара. Мин онон быраастаах оонньуурум. Түөлбэм оҕолорун мунньан, устуруойдатан, манту туруора, укуол биэрэ оонньуур этим. Килиэп маҕаһыыныгар иэс тэтэрээтэ аһыллар тыаһын кулгааҕым наһаа сөбүлүү истэрэ. Эмиэ аҕам туттубат докумуонуттан улахыын тэтэрээт буламмын, дэриэбинэм хас биирдии ыалын олбуорун кэрийбиттээхпин. Ол сылдьан ыалга хас киһи баарын, ааттарын, ыттарын-куоскаларын, ынахтарын-сылгыларын бүүс-бүтүннүү испииһэктээбиттээхпин. Ол тэтэрээтим лииһин арыйталыыр тыаһы истээри, өссө элбэх ыалы суруйар баҕам күүһүрэрэ. Онон дэриэбинэбэр биэрэпис ыытан турардаахпын. Чуолкай биэрэпис, дьэ, онно баар буолуохтаах. Туох баар тыыннаах дууһа барыта суруллубута.

Кэлин дойдум дьоно күлэ быластаан: «Саргычок маннык киһи буолан тахсыа дии санаабат этибит. Бүтэй эрэ үрдүнэн сүүрэр мэник атамаан этиҥ ээ», — диэн этэллэр.

 

Сиэстэрэттэн саҕалаабытым

Медучилищеҕа сиэстэрэ идэтин ылан балыыһа реанимационнай салаатыгар үлэбин саҕалаабытым. Реанимацияҕа инсуллаабыт дьон киирэллэрэ, онон эбии массажист куурсугар үөрэттэрэннэр, сытар ыарыһахтары илбийэр буолбутум. Кэлин Мединститукка сиэстэрэ үөрэҕин үрдэтинэн «менеджмент организации» идэҕэ үөрэнэ сылдьан, салгыы тугу үлэлиэхпин былаанныырым, «Дьокуускай куоракка туох тиийбэтий?»— диэн санаа үүйэ хаайа тутара. Онтон дьэ ыалдьар, инбэлиит дьону көрөр-харайар хоспис диэн суох эбит диэн толкуй киирэн, бу санаабын булгуччу олоххо киллэриэхпин баҕарбытым.

Дипломнай үлэм тиэмэтин бу хайысхаҕа суруйбутум. Оччотооҕу доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Л.В. Вербицкая дипломнай үлэбэр рецензент буолбута. Бэйэтэ бу хайысханан «детский хоспис» диэни арыйар баҕалааҕын, ону министиэристибэҕэ үлэлии олорон үлэлэтэр табыллыбатын эппитэ уонна: «Эн маны кыайыаҥ, салгыы олоххо киллэрэргэр баҕарабын»,— диэн эппитэ санаабым көтөхпүтэ. Дипломнай үлэм үрдүктүк сыаналаммыта, болҕомтоҕо ылыллыбыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ биһирэнэн, салгыы Арассыыйа таһымнаах куонкуруска эмиэ ситиһиилэммитэ.

Дьэ ол кэнниттэн, төбөбөр мас киирбитин курдук, бу ыра санаабынан утуйар, онон уһуктар буолбутум. Новосибирскайга ординатураҕа үөрэнэн кэлээт да, кыаммат, инбэлиит дьоҥҥо хайаан да көмөлөһөр эбиппин диэн бигэ санааламмытым.

Онон бу дьыалабын тэринэрбэр сиэстэрэ идэтигэр үөрэммитим тирэх буолбута.

Үрүҥ халааттаах аанньаллар

2012 сыллаахха от ыйын 12 күнүгэр тэрилтэм үлэтин саҕалаабыта. Кылгас бириэмэҕэ 16 үлэһиттэммитим. Сиэстэрэлэрим сытар ыарыһахтарга тиийэн укуол, систиэмэ туруорар медицинскэй өҥөнү оҥорон саҕалаабыттара. Ол үлэбит сүрүн хайысхата этэ. Бэйэм медицинскэй лицензия ыларга үлэлэһэн барбытым.

Доруобуйаларынан хааччахтаах кырдьаҕас дьоҥҥо аналлаах пансионат быһыытынан үлэлииргэ медицинскэй көҥүл ирдэнэр. Дьэ ону барытын ааһарын ааһан, оҥорорун оҥорон, үөрэнэригэр үөрэнэн, медицинскэй лицензияны ыламмыт, үлэбит күөстүү оргуйбутунан барбыта.

Билигин 61 куойкалаахпыт. 21 үлэһиттээхпит.

 

«Орто дойдуга ананан кэлбит аналым — дьоҥҥо көмөлөһүү»,

— диэн санаам утуйар уубун көтүтэн, төбөм ону эрэ толкуйдуур буолан хаалбыта. Хайдах гынан сытар ыарыһахтарга көмө оҥорор дьиэни тэринэртэн атыны санаабат буолбутум. Сорох дьон Саҥа дьылга баҕа санаалара арыый атын буолуо, оттон мин баҕа санаам «Бу дьыалабын хайдах арыйабын?» диэн этэ. Бара сатаан Москваҕа Матрона Московская сытар сиригэр тиийэн кытта көрдөспүт түгэннээхпин.

Маннык дьыаланы арынарга элбэх докумуон, ирдэбилгэ эппиэттэһэр дьиэ-уот наадатын билэр буоламмын, ылбычча кыаллыбатын өйдүүрүм. Ол эрэн санаабын түһэрбэтэҕим, кыракый хардыыларынан инним диэки дьүккүйбүтүм курдук дьүккүйэн эрэ испитим.

Киһилээх Хайатын ыҥырыыта

Мин төрөөбүт сирим — Дьааҥы. Онтон куорсун анньынан, кини мүөттээх салгынынан тыынан улааппытым.

Арай, түһээтэхпинэ, «Киһилээх Хайата эйигин ыҥырар» дииллэр. Ону эдьиийбэр эппиппэр, эдьиийим хайаан да дойдугар кэлэ сырыт, дойдуҥ алгыһын ылан бар диэтэ. Бэйэтэ арыаллаан илдьэ сылдьыах буолла, итинник түүл мээнэҕэ киирбэтин эттэ. Онон эдьиийбин кытта бу ытык сиргэ эт атахпынан үктэнэр, кини модун күүһүн иҥэринэр кэмим тосхойбута.

Онтон ыла олохпор бииртэн биир түгэннэр арыллан испиттэр эбит диэн толкуйдуубун.

 

Дьылҕам бэлиэтэ  

Барнаул куоракка пиявканан эмтииргэ үөрэнэ баран истэхпинэ арай төлөпүөн кэллэ:

— Саргылана Афанасьевна, эн хоспис тематынан дипломнай үлэлээх эбиккин. Эйиэхэ дьиэ көрдөрөөрү гынабыт...

Ханнык эрэ тэрилтэ бэйэтин дьиэтин миэхэ медик идэлээх исписэлиис быһыытынан сыаналатаары ыҥырар дии санаатым. Уонна: «21 хонукка куоракка суохпун, кэллэхпинэ»,— диэн хоруйдуур киһи буоллаҕым дии. Дьылҕам миэхэ илиитин утары ууммут бу биир бэлиэ түгэнэ эбит этэ.

 

Нуучча кыыһын этиитэ дууһабын долгуппута

Барнаулга үөрэнэ сырыттахпына биир олохтоох нуучча кыыһа баара. Миигин үйэтигэр аан бастаан көрбүт, туох олохтоох, иитиилээх, эйгэлээх киһи буоларбын билбэт киһи мин туспунан барытын ыраас мууска ууран биэрэрдии уот харахха эппитэ чахчы да дьиктиргэппитэ.

Аҥаардас илиитинэн таарыйбакка эрэ сканердыыр курдук туппутугар, этим сааһа барыта аһыллан, ренгент пленкатыгар уһуллар курдук санаа элэс гынан ааспыта. Уонна кыыһым «дьону бэйэм эмтиир кыахтаахпын», «испэр барыта баарын», «илиим күүстээх  биотоктааҕын» туһунан кимтэн да, хаһан да истибэтэх тылларбын эппитэ. Өссө өбүгэлэрим миэхэ наһаа эрэнэллэрин эбэн биэрбитэ. Мин олох тылбыттан маппытым.

Сарсыныгар кыыһым: «Эйиэхэ өбүгэлэриҥ илдьит этэллэр»,— диэтэ. Ону, биллэн турар, соһуйа истибиппэр: «Мин өбүгэлэрим эн өбүгэлэргэр тахсан кэпсэттилэр»,— диэн төрүт даҕаны иистиэм эрэ диэбэтэх тылларбынан хардарда.

Өбүгэлэриҥ эйиэхэ хомолтолорун тириэрдэллэр диэтэ. Тоҕо? Оҕолорбун сыыһа иитэр үһүбүн. Оо, хайдах оннук буолуоҕай? Мөккүһүөх курдук буоллум. Онуоха Барнаулум кыыһа маннык ситэрдэ: «Эн улахан оҕолоргун саха итэҕэлэ суох иитэр эбиккин». Тугу этэрин онно дьэ өйдөөтүм. Үс улахан оҕобун крещенай оҥортообутум...

Нууччаларга эмиэ өбүгэ ситимэ тутуһуллар эбит дуу диэн санаа охсуллан ааспыта.

Дьэ, онон, Барнаул нуучча кыыһа бэрт элбэх мунаарар боппуруоспар харахпын арыйбыттаах.

Биир төлөпүөн тыаһыттан куорсун анньынан

Айаным иннигэр төлөпүөннээбит дьонум Сахам сиригэр кэлээппин кытта сибээскэ таҕыстылар.

Кырдьаҕастарга уонна инбэлииттэргэ аналлаах пансионакка сөптөөх дьиэлэрин көрдөрдүлэр. Мин профессионал хараҕынан көрөбүн буоллаҕа дии. Үлэтэ элбэх эрээри, чахчы, пансионакка барсыан сөп эбит этэ. Бу түгэнтэн ыра санаам олоххо киирэригэр бүтэһик хардыылары оҥорорум бэйэбиттэн эрэ тутулуктааҕын бигэтик өйдөөммүн, өйбүн-санаабын барытын ол туһугар туһулаабытым. Кэргэмминээн толкуй бөҕөнү толкуйдаан, былааннаахтык бииртэн биир иннибит эрэ диэки хардыылары оҥорон барбыппыт. Дьиэ кэргэҥҥэ ордук харчы чорбойдо эрэ, барытын пансионаппыт оҥоруутугар угарбыт.

Оннук күүстээх санаабытынан элбэх мэһэйи, ыарахан кэми туораатахпыт ахсын ылыммыт сыалбытыгар чугаһаатар чугаһаан испиппит.

Билигин хайдах маны барытын кыайбыппытый диэн сөҕөбүн эрэ. Уонна махтанабын.

Онон 2016 сыллаахха пансионаппытын үлэҕэ киллэрбиппит. Наһаа улахан дьиэни-уоту көрүү-истии эмиэ өйү-санааны, былааннаах үлэни ирдиирэ.

Бастакы этээспитигэр ыарыһах дьоммутун олохтообуппут. Үһүс этээскэ гостиница оҥорбуппут. Иккис этээскэ бастаан бырааһынньыктары ыытар саала оҥорон баран, ыарыһахтарбытыгар табыгаһа суоҕун өйдөөн, атыннык тэриммиппит. Киһи сайдарыгар, дьарык оҥосторугар туһалаах илиинэн дьарыктанар үөрэхтэри, араас атын өҥөнү оҥорор гыммыппыт.

Онон биир төлөпүөн тыаһыттан куорсун анньынан, олохпор ыра санаа оҥостубут үлэм олоххо киирбитэ.

 

Оҕолорум тустарыгар

Таҥара Таптала, бараммат Махтал, сүппэтэх Сүгүрүйүү... Бу өйдөбүллэр дьиэ кэргэн бөҕө туруктаах буолуутугар быһаарар суолталара үрдүк. Кыыс оҕо айылҕа маанылаах далбара. Биһиги өбүгэлэрбит маннык өйү сүрэхпитигэр сөҥөрбүттэрэ, түөспүтүгэр төлкөлөөбүттэрэ. Ону удьуордуох, утумнуох эрэ кэриҥнээхпит.

Мин аҕабар төрөппүт оҕото, кэргэним тапталлаах кэргэнэ уонна алта оҕобор амарах ийэ буоларбынан дьоллоох киһибин.

Алтыс оҕобут ыарыһах төрөөбүтэ биһиги дьиэ кэргэн олоҕор биир быһаарыылаах кэрдиис кэми саҕалаабыта. Оҕобут иммунитетын күүһүрдээри, улахаттары сахалыы тыыҥҥа иитээри, төрөөбүт тылларын сүөгэйин, сүмэтин иҥэрээри, аҕабыт дойдутугар Аммаҕа көспүппүт.

Кыракый киһибит доруобуйатын бөҕөргөтөргө перепелка сымыыта саамай туһалааҕын истэммит, перепелка атыылаһан, ол сымыытыттан саҕалаан бааһынай хаһаайыстыба тэриммитинэн барбыппыт.

Ол курдук көтөрдөрбүт — куурусса, индюк уонна перепелка — ахсаана 500 тиийбитэ. Дьэ ол биһиэхэ, оҕолорбутугар, улахан дьарык буолбута. Уонна, бизнеспитин сайыннаран, салгыы тигээйи туппуппут. Онон пансионаппыт олохтоохторун Амма хонуутугар оҥоһуллубут сибиэһэй тигээйи мүөтүнэн хааччыйарга анаан үлэлэһэбит.

Оҕолорбут үлэ үөрүйэхтэригэр, ньымаларыгар кыра эрдэхтэриттэн хаһаайыстыбабыт нөҥүө сыһыннылар. Ааҕа-суоттуу, үлэни былаанныы үөрэннилэр. Харчы хантан, хайдах кэлэрин истэн эрэ буолбакка, бэйэлэринэн билэллэригэр кыах биэрэммит маннык тэриммиппититтэн үөрэбит.

Амма сиригэр олохсуйарбытыгар кыракый кыысчааммыт иринньэх  бэйэтэ билигин доруобай, көмө киһибит буола улаатта.

Үс кыра оҕобут күннэтэ сибиэһэй салгыҥҥа тыа сиригэр оҕо саастара ааһарыттан ийэлии истиҥник үөрэбин.

Дьааҥы сылгыта

Саха сылгытын уратытын туһунан билэрбитин ааһан, учуонайдарынан бигэргэммит маннык өйдөбүл баар эбит: Саха сылгытыттан Дьааҥы эрэ сылгыта хаана хайдахтаах да боруоданы кытта булкустар уларыйбат.

Бэйэм Дьааҥы кыыһа буоларым быһыытынан бу этиини олус сэргии, кэрэхсии истэммин, үлэбитигэр эмиэ биир хайысха быһыытынан киллэрбиппит.

Биһиги дойдубут суола-ииһэ суоҕунан, ыраах сытарынан даҕаны ылбычча киһи айаннаабатын билэр буоламмын, дойдубуттан  Аммаҕа саха сылгытын аҕалар бырайыак оҥостон үлэлээн саҕалаабыппыт.

Инньэ гынан Уһук Илин гектарынан сир ылан, билигин саха сылгытыттан эрэ турар икки үөрдээхпит. Өссө аны үһүс үөрү иитэр былаан баар.

Өрөспүүбүлүкэ хайа баҕарар улууһуттан саха сылгытын тэнитэр баҕалаах дьоҥҥо бастатан бу үөрдэрбит туһалыахтара. Оччоҕуна өрөспүүбүлүкэбитигэр саха сылгыта тэнийиэх этэ.

Дьэ итинник биир үлэттэн атын үлэ тахса турар буолар эбит.

 

Туризм сайдыытыгар

Бу ыра санааларбын, толкуйдарбын олоххо киллэрэрбэр сүрүн өйөбүлүм, тирэҕим, биллэн турар, кэргэним Тимофей Дмитриевич буоллаҕа. Эр киһилии быһаарыылаах этиитэ, олоххо тэҥҥэ киллэрсэн иһиитэ миэхэ сүҥкэн көмөлөөх.

Кыыс Амма кытыытыгар Болугурга туризмҥа анаан сынньанар база тутан саҕалаатыбыт. Билигин биир сынньанар дьиэ уонна балаҕан моһуоннаах хаһаайыстыбаннай тутуу баар.

Онон Сахабыт сирин кыраһыабай айылҕатын көрө-истэ, сөҕө-махтайа, сынньана элбэх турист кэлэр сирэ буоларыгар  эрэнэбит.

 

Хомус дьүрүскэнигэр

2010 сыллаахха хомуһу илиибэр аан бастаан туппутум. Уонна кини алыптаах дорҕоонугар ис испиттэн тардыһан, бэйэм үөрэммитим. Туох да тохтоло суох тардар идэлэммитим. Онтон биирдэ биллэриинэн Альбина Дягтерева хомуска үөрэтэр дьарыгар түбэспит дьоллоохпун. Салгыы Юлиана Кривошапкина-Дьүрүйээнэҕэ үөрэммитим. Онно хомус көннөрү инструмент буолбатаҕын өйдөөбүтүм. Киһини уоскутарын ааһан, эмтиэн эмиэ сөптөөҕөр итэҕэйбитим

Өбүгэ ситимэ, дьоҕура

Аан бастаан дьону массажтаабыт кэммин өйдөөн кэлэбин. Оччотооҕу оҕо киһини санаатын өрө көтөҕөөрүлэр эрэ хайҕыыллар диэн саныыр этим. Чахчыта даҕаны, сытар ыарыһахтар илиилэрэ, атахтара хамсыыр буолбуттарыттан махталлара олус долгутуулаах буолара.

Онон өбүгэбиттэн бэриллибит дьоҕур эбит диэн санаа баара. Медик да буолларбын дьиэбэр эмп-томп суох буолара. Оҕолорум температуралаатахтарына, илиибинэн имэрийэммин түһэрэр, үтүөрдэр этим. Онон сылыктаан илиим күүстээҕин билинэр буолбутум.

Биир көрбүөччү: «Искэр бааргын ылыммакка сылдьар эбиккин»,— диэн эппиттээх. Биирдэ наһаа улаханнык ыалдьыбыт киһини массажтаан турардаахпын. Ол киһим үтүөрбүтүгэр аны бэйэм сытан хаалбытым. Илиибэр мустар энергияны туһаммакка оҕустарарбын «идэлээх» дьон этэрин үрдүнэн хайдах эрэ ылыммат этим.

Арааһы барытын түүһүүрүм. Түүлбүнэн да үөрэтэн көрөөччүлэр. Барытын хайдах гыныахтаахпар тиийэ.

Байдам уонна Сыдьаайа тирэх үөрэхтэригэр үөрэммиттээхпин. Онно Байдам арыйбыт «Арыллыы» сахалыы ньыманан киһи бэйэ кыаҕын арынар үөрэҕэр сылдьыбытым. Өбүгэлэрбиттэн бэриллибити билиниэхтээх уонна ылыныахтаах эбиппитин өйдөөбүтүм. Ыарыһахтар ортолоругар үлэлиир киһи буоларым быһыытынан маны эмиэ туһаныахтаахпын диэн толкуйга кэлбитим. Өбүгэ ситимин быспакка, кинилэр көмүскэллэринэн, харысхалларынан сылдьарбын өйдүүбүн уонна махталым муҥура суох.

 

Граннарга кыттыы

Ханнык баҕарар саҕалааһыҥҥа судаарыстыба өттүттэн өйөбүл баара үлэҕэ-хамнаска сүрдээх көмөлөөх. Кэмигэр сөптөөх докумуоннары толорон, бизнес былааннары оҥорон туттарыы эмиэ элбэх бириэмэни, билиини ирдиир.

Ол курдук хаһаайыстыбабыт сайдыытыгар Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн үс мөлүйүөннээх граны ылары ситиһэммит улаханнык тирэхтэммиппит. Онтон аны 2020 сыллаахха

«Ситиһиилээх дьиэ кэргэн — ситиһиилээх Арассыыйа» диэн куонкуруска кытынныбыт. Бастаан улуус иһинэн, онтон өрөспүүбүлүкэҕэ, салгыы Арассыыйа таһымыгар кыайыылаах тахсаммыт, «100 успешных семейных компаний России» иһигэр киирдибит. Бу Арассыыйа Эргиэн-промышленнай палаататын иһинэн ыытыллар дьиэ кэргэнинэн дьыаланы сайыннарарга туһуламмыт бырайыак.

2020 сылтан Арассыыйа араас куораттарыгар ыҥыраннар үөрэтэллэр. Биһигини таһынан аҕыс саастарын туолбут оҕолорбутугар тиийэ бизнескэ үөрэтэллэр. Биһиги ыал бу күннэргэ орто уолбутун илдьэ үөрэнэн кэллибит. Онон өрөспүүбүлүкэбитигэр дьиэ кэргэн бэйэтин дьыалатынан сайдыытыгар туһуламмыт бырайыакка кытта сылдьарбыт, биллэн турар, үлэбитигэр элбэх көмөлөөх.

Граннарга толлубакка, харса суох кыттан истэххэ, киһи сайдар даҕаны, бизнеска билэриҥ, туһанарыҥ да элбэх.

Билигин пансионаппытыгар иккис уолбут тэҥҥэ үлэлиир, салайсар.

Сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр кыра оҕолорбут хаһаайыстыбаҕа үлэлэһэллэр. Ити курдук дьиэ кэргэн бүттүүн биир интэриэстээх, уопсай дьарыктаах буоллаҕына ыарахан да кыаллар, ситэр-хотор диэн санаалаахпын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...