16.03.2023 | 10:00

Саргылаана Барахова – Ымыы: «Чочур Мыраан — санаабын сааһыланар сирим»

Бүгүн биһиэхэ саха киэргэлигэр кылы аан бастакынан киллэрбит маастар Саргылаана Барахова – Ымыы ыалдьыттыыр.
Саргылаана Барахова – Ымыы:  «Чочур Мыраан — санаабын сааһыланар сирим»
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Саргылаана – Ымыы, кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын диэн ыйытыыттан сэһэргэһиибитин саҕалыах.

Ыал өйдөбүлэ – ытык өйдөбүл. Киһи олоҕо ыалынан айанныыр. Мин аҕалаах ийэм 53 сыл бииргэ олорбут дьоллоох дьиэ кэргэн, ытык ыал этилэр. Аҕам Иннокентий Васильевич, ийэм Тамара Егоровна күн сиригэр биэс оҕону төрөппүт үтүөлээхтэр. Хомойуох иһин, аҕам олохтон туораабыта. Кини биһиэхэ, оҕолоругар, бэйэтин үлэтинэн, майгытынан, олоххо сыһыанынан, ылыммыт дьыалатыгар бэриниилээҕинэн холобур буолбута.

Киэҥ билиилээх учуутал, уопуттаах салайааччы буоларын саха төрүт култууратын, төрөөбүт тылын-өһүн норуокка суруйан тириэрдибит кинигэлэрэ, элбэх ыстатыйалара туоһулууллар.

Ийэм Тамара Егоровна төһө даҕаны билигин 84 сааһыгар сырыттар, өбүгэттэн бэриллибит дьоҕурун олоҕор доҕор оҥостон, илиитин иистэн араарбат. Ону таһынан Үөдүгэйин кулуубугар "Дьүөгэлиилэр" түмсүүгэ биир көхтөөх кыттааччы, сыанаттан түспэт ырыаһыт, үҥкүүһүт.

Кыраһыабайдык кырдьыы диэн өйдөбүлгэ ийэбин холуу көрөбүн. Кини ииһэ-ууһа киэҥ. Кыбытыылаах тигииттэн саҕалаан, сахалыы араас киэргэллэри, дэйбиирдэри оҥорор.

Ийэм "Норуот уус-уран оҥоһуктарын сайыннарыыга кылаатын иһин" бэлиэ хаһаайката. Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

Мин истиҥ сыһыан, айар-тутар, таптал эйгэлээх дьиэ кэргэҥҥэ оҕо сааһым ааспытыттан дьоллоохпун уонна муҥура суох махталлаахпын.

– Эн санааҕар, киһи эйгэтэ хантан саҕаланарый?

– Хас биирдии киһи өбүгэтин өйө-санаата, толкуйа, дьулуура-дьаныара бастатан этинэн-хаанынан дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэр буоллаҕа дии. Ол дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибит өйү-санааны улаатан баран бэйэҥ тас эйгэҕэ толкуйдаан, сааһылаан таһааран, тус эйгэҕин оҥостоҕун дии саныыбын.

Мин оҕо сылдьан дьиктиргиирим наһаа элбэҕэ. Холобура, халлааҥҥа былыттарга араас уобараһы ойуулаан көрөрүм. Санаабар, миигин сырсалларыттан куттанан, таһырдьа оонньуу тахсыбат да түгэннэрим баар буолааччы. Айылҕаны наһаа сөбүлүүбүн. Сайын күөх сирэм хонууга үрдүк мэҥэ халлааҥҥа күөрэгэй дьырылата ыллыырын истэр саҕа үчүгэй суоҕа буолуо.

– Ойуу-бичик суола эйиэхэ хайдах кэлбитэй? Уһуйааччы диэн баар дуу?

– Хас биирдии киһи бу олоххо аналлаах, бары даҕаны тугу эрэ гынаары кэллэхпит дии. Ол онтукайбыт барыта оҕо эрдэхпититтэн иитиллэр эбит. Төрүт өбүгэлэрбит өйдөрө-санаалара биһиги уйулҕабытыгар олоҕура сылдьар.

Мин ойуунан-мандарынан умсугуйан туран дьарыктаныахтааҕым эмиэ оҕо сааспыттан, төрөөбүт алаһа дьиэбиттэн, оонньообут тэлгэһэбиттэн ситимнэнэн кэлбитэ саарбаҕа суох. Оҕо эрдэхпиттэн чуолаан оһуору уруһуйдуурбун сөбүлүүрүм. Онно уһуйбут, такайбыт киһим – эбэм. Этэрбэс билэтин бирээнньик хаатыгар уруһуйдатар этэ. Бастаан утаа үтүктэн оҥорор буоллахпына, сыыйа бэйэм айар, толкуйдуур буолбутум. Кинигэ ойуутун, оһуорун интэриэһиргээн, чинчийэн көрөр идэлэммитим. Миэхэ онно улахан көмөнөн дьиэбэр баар улахан бибилэтиэкэ буолбута.

– Өбүгэ өйө-санаата диэн өйдөбүлгэ туох санаалааххыный, Саргылаана - Ымыы?

Нууччалыы эттэххэ, "родовая память", "генная информация" диэн өйдөбүллэр хас биирдии киһи уйулҕатыгар олоҕура сылдьаллар. Дьоҥҥо  анаан уруһуйдаатахпына, төрүттэрин дьарыктара, өйдөрө-санаалара, олоххо тутуллара барыта тахсан кэлэр. Бу уруһуйтан тирэх ылан, аналлаах киһи тугу эрэ өйдөөтөҕүнэ, туох эмэ мэһэйдэри туораатаҕына, олоҕун суолун тобулар, булар эбит. Онон уруһуй көмөтүнэн киһи дьылҕатын даҕаны уларытыан сөп.

Холобура, эдэр киһиэхэ инники идэтин таларыгар уруһуй көмөтө баһаам. Өбүгэҥ туохха эрэ холонон көрбүтэ, тугу сатаабыта барыта уруһуйунан тахсан кэлэр. Ону батыстахха, эмиэ суол арыллар.

– Ол аата ойуу диэн кистэлэҥ бэлиэ буоллаҕа?

Биһиги олохпутугар олус элбэх бэлиэ баар. Ол бэлиэлэри мин ойуунан, оһуорунан көрөбүн. Холобура, эн буһарар алаадьыҥ быһыыта, ойуута эн тускунан олус элбэҕи кэпсиир, күннээҕи санааҕын, инники олоххун көрүөххэ сөп. Кофеҕа эмиэ оннук. Киһини көрөн олорон уруһуйдаатахпына, бу киһи ис туруга, туохха ыарырҕатара, ыра санаата барыта тахсан кэлэр. Манна  дьүһүнүттэн, быһыытыттан саҕалаан, муннуктаах дуу, суох дуу диэнинэн бу киһи туһунан уруһуй сиһилии кэпсиир. Хиромантия диэн кырдьаҕас наука баар дии. Бу наукаҕа олоҕуран киһи ытыһын сурааһыннарынан көрдөхпүнэ, өбүгэ суола ырылхайдык көстөр. Хайдах сирдээх-уоттаах дойдуга олоро сылдьыбыта, дьарыктара, доруобуйатыгар тиийэ бэлиэ быһыытынан ойууланан, билиҥҥи олоҕор, инники суолун арынарыгар тирэх өйдөбүллэр эмиэ баар буолаллар.

– Саргылаана – Ымыы, ис-күүс, чараас эйгэ тиэмэтин быыкаатык сэгэтэн ылыах эрэ...

Киһи тугу интэриэһиргиирэ, туохха талаһара оҕо эрдэҕинэ биллэн ааһар диэтим. Миигин эбэм наар бобор этэ, “эмиэ бу кыыс тугу эрэ саҥаран эрэр" диирэ өйбөр хатанан хаалбыт.

Дьиҥэр, оҕо эрдэхпиттэн ону-маны сэрэйэр, көрүүлэнэр эбиппин. Оттон киһи олоҕор охсуулаах уларыйыы буолар түгэнигэр эбэтэр туох эмэ быһаарыылаах кэмҥэ, ис күүс баара чуолкайдык биллэр. Ону кытта сөпсөспөт дуу, эбэтэр күүскэ баҕарар дуу буоллаххына, күүһүрэҕин. Онон хас биирдии киһи бэйэтин ис уйулҕатын, дууһатын үөрэтиэхтээх, билиэхтээх.

Күүһү киһиэхэ айылҕа биэрэр. Сэбирдэх тэлибириирин, уу тыаһын, тыа суугунун, сиккиэр тыалы, уопсайынан, айылҕа тыаһын-ууһун истэр буоллахха, саҥа санаа саҕыллар, саҥа күүс эбиллэр. Сахалыы толкуй тобуллар.

– Айар үлэҕэр бастакы хардыыларыҥ хайдах саҕаламмыттарай?

Оһуор оҕо эрдэхпиттэн батыһар этэ. Эбэм биэс сиэниттэн миэхэ эрэ билэ уруһуйдатара. Айар үлэбэр маҥнайгы хардыыларбын онтон саҕыллан саҕалаатаҕым дии.

Оскуолаҕа төрүт култуура уруоктарын үөрэтии аан бастаан киирэр кэмигэр мин учуутал этим. Ол кэмҥэ бастакы саҕалааһыннар буолан, оҕолорго тириэрдэргэ пособие эҥин суоҕа. Учуутал буоларым быһыытынан  үөрэнээччилэрбэр төрүт култуураны хайдах тириэрдэбин диэн ыйытыыга эмиэ ойуум-бичигим көмө буолбута. Айылҕа тыаһын иһитиннэрэн, өҥнөрү-дьүһүннэри дьүөрэлээн, үөрэнээччилэрбэр айылҕаны уруһуйдатарым. Онон "Айылҕа тыаһа", "Айылҕа өҥнөрө" диэн тиэмэлэри уруоктарбар бэйэм киллэрбитим. Оҕолор наһаа сөбүлүүллэриттэн бэйэм эмиэ дуоһуйууну ыларым.

Киһи күннээҕи олохтон айылҕа тыаһын-ууһун, өҥүн-дьүһүнүн араарар буоллаҕына, айылҕа бэйэтэ кэпсэтэр курдук. Мантан дууһа уһуктуута саҕаланар. Ол түгэни үөрэнээччилэрбэр иҥэрбиппин дии саныыбын уонна бу кэми айар үлэбэр алгыстаах суолум арыллыытынан ааҕабын.

– Мандар Уустуун көрсүһүү –  эн олоххор туох бэлиэтэй?

1993 сыллаахха Бүлүү бөлөх оройуоннарын төрүт култуура учууталларыгар аналлаах конференция буолбута. Онно аан бастаан Борис Федоровиһы – Мандар Ууһу кытта көрсүбүтүм. Наһаа истиҥник "Саха  оһуордара" диэн саҥа кинигэтин тула кэпсэппиппит.

Аан бастакы көрсүһүүбүттэн кинини сир түннүгүн быһыытынан ылыммытым. Онтон ыла өссө көрсөн кэпсэппит киһи диэн ыра санааламмытым. Бу эмиэ оһуорум тардыыта буоллаҕа дии. Ити курдук хас биирдии айан бэйэтэ суоллаах-иистээх. Оччолорго саҥа кинигэтэ тахса илигэ. Оһуордарын акварелынан оҥорбутун көрдөрөрө, бу тула кэпсэтэрбит элбэх буолара.

Доҕотторбунуун Клавдия, Герман Хатылаевтардыын гастролга Таатта Баайаҕатыгар барсан, ыра санаам туолбута.

Онно дьэ сарсыардааҥҥа диэри олорон, оһуору-мандары кэпсиирин, быһаарарын истибит, баай ис хоһоонноох, дириҥ хорутуулаах саха философиятын оһуор өттүнэн дууһабар иҥэриммит бэлиэ түгэним этэ.

Билигин Мандар Ууска сайын анаан-минээн барабын. Кэргэнэ Федора Борисовналыын, Борис Федоровичтыын бэйэтин кытта ыкса доҕордоһон, "кыыспыт" дииллэриттэн үөрэбин. Махтанабын дьылҕабар, маннык дьоннуун көрсүспүппэр.

Мандар Уустуун көрсүһүүм, алтыһыым – олоҕум биир дьоллоох кэмэ. Борис Федоровичка махталым муҥура суох.

– Саха ювелирнай искусствотыгар саха киэргэлигэр – харысхалга кылы киллэрбит маастар буолаҕын. Бу туһунан кэпсэтиэх.

"Символы бытия – знаки благословения" диэн кинигэм тахсыбыта. Онно уруһуйдарбын алгыс курдук биэрбитим. Буддийскай мандала диэҥҥэ майгыннатаммын, "саха мааныдала" диэбитим. Онтон өйдөөбүтүм, сахалыы "мааны дал" диэн эбит. Тута өйбөр оҕо сааһым эмиэ биир түгэнин санаабытым.

Биһиги уулуссабыт нөҥүө Васильевтар диэн ыал олорбута. Сүөһүлээхтэр этэ. Кыыстара Сардааналыын далга курулаан турар отторуттан сырылыы оонньуурбут. Ону ийэлэрэ сөбүлээбэтин биллэрэрэ уонна "бу мааны дал, далга оонньоомоҥ" диэччи. Кырдьык, биһиэхэ, сахаларга, сүөһүбүт саамай күндү баайбыт. Аһатан-иитэн олорор сүөһүбүт аһыыр ото далга турар. Ол иһин дал мааны буоллаҕа. Ити курдук, "мааны дал" диэн мээнэҕэ этиллибэт эбит диэн. Бу  сүөһүбүт сиир ото күндү буолан, харыстаан күрүөлүүллэр эбит.

Мин уруһуйдарбар хайаан да күрүө-хаһаа баар. Күн оҕолоро буоламмыт, күннээҕи олохпут күнүнэн эргииринэн салаллар. Онон күн курдук төгүрүк – күн, алаадьы,  алаас уруһуйдара бааллар. Күн оҕолоро буоламмыт, төгүрүччү күн хаамыытынан олоробут диэн суолталаах харысхал.

Дьоҥҥо харысхал баар буолуохтаах эбит диэн санааттан, харысхал уруһуйдуур буолбутум. Ити 1999 сыл этэ. Онтон ыла салҕанан бара турар үлэм биир хайысхата буолар.

Аан бастаан уруһуйдаабыт киһим харысхалын туһана сылдьар. Дьиэ кэргэнигэр хас саҥа киһи төрөөтөҕүн аайы анаан-минээн саҥа харысхалы оҥорторон иһэр. Бу  үтүө үгэс салҕана турарыттан эмиэ үөрүү кэлэр.

Айар үлэбэр харысхал киллэрбиппиттэн соһуйа үөрэбин, өссө ааппын кытта ситимнээҕиттэн. Оҕо эрдэхпиттэн аҕам миигин Ымыы диэн ааттыыра. Ол аата мин бу таптал ааппынан дьоҥҥо ымыы, талисман оҥоруохтааҕым үөһэттэн аналым эбит дии саныыбын. Онон орто дойдуга туох барыта ананан, суолланан-иистэнэн тахсар диэн санаалаахпын.

– Төрүт дорҕоон киһи уйулҕатыгар суолтатыгар тугу этиэҥ этэй?

Хас биирдии киһиэхэ иитиллибит эйгэтиттэн төрүт дорҕоон баар. Ханнык баҕарар төрүт дорҕоон олоҕун, кимин санатар. Мин оҕо эрдэхпиттэн оһуохай ырыатын сөбүлүүр этим. Дойдубар Үөһээ Бүлүүгэ ыһыах кэмигэр сарсыарда турдахха, пааркаҕа оһуохайдыы сылдьар буолааччылар. Билигин даҕаны, сылайдахпына, оһуохай, хомус истэрбин сөбүлүүбүн.

Сэбиэскэй кэм оҕото буоламмын, оччотооҕу кэми санатар музыканы, холобур, "Абба" бөлөҕү наһаа сөбүлүүбүн.

Онон хас биирдии киһиэхэ иитиллибит эйгэтинэн төрүт дорҕооно чугас буолара саарбаҕа суох.

"Санаа хараҕа" диэн медитативнай диискэ оҥорбутум. Бу диискэ нөҥүө киһи сааһыланар, торумнарар, толкуйданар.

Клавдия, Герман Хатылаевтар оонньуур муусукаларын иһиттэхпинэ, харахпар ойуу кэлэр этэ. Онно өйдөөбүтүм, киһи төрүт дорҕоону истэ олорон ыра санаатын уруһуйдуохтаах эбит диэн. Уонна тыыннаах доҕуһуолунан араас өҥү туттан дьону уруһуйдатар дьарыктары оҥорор буолбуппут.

Ол бырайыакка кыттыбыт дьон тыыннаах доҕуһуолга уйдаран ыра санааларын уруһуйдаабыттара туолбутун этэн тураллар. Онон дьоҥҥо биир туһалаах бырайыак диэн толкуйдуубун.

Ити курдук төрүт дорҕоон хас биирдии киһи ис айылгытыгар баар. Ону тыыннаах доҕуһуолунан уһугуннаран, дьалкытан, киһи уйулҕата биир тэтимҥэ киирэригэр, уоскуйарыгар төрүт дорҕоон суолтата улахан.

– Киһи омугуттан уйулҕата уратылаах дуо?

Ханнык да киһи омугунан уратыта суох – киһи. Хас биирдии киһи бу дойдуга айа-тута, дьоллоно, үөрэ-көтө, үөрэнэ кэлэр.

Мин ыҥырыынан тас дойдуларга баран үлэлээн кэлэбин. Уйулҕа үөрэтээччилэргэ наадыйан, маннык көмөҕө ыҥыраллар. Онно көрдөхпүнэ, олохторун таһыма биһигиннээҕэр ордуга уонна барыта киһи туһугар оҥороллоро үрдүк эрээри, бу дойдуга дьон стрессовай ситуацияҕа киириитэ олус элбэх буолан, маннык сүбэҕэ наадыйар эбиттэр. Быһата, айылҕаттан тэйии көстүүтүн түмүгэ.

Онон киһи сир шарын хайа да муннугар олорор буоллун, киһилии сыһыанынан, үтүө санаатынан сылдьар буоллаҕына, аан дойду аана аһаҕас. Айылҕалыын алтыһыы киһи уйулҕата туруктаах буоларыгар олус көмөлөөх, суолталаах. Биһиги аар айылҕабытын харыстыах тустаахпыт.

– Ымыы уруһуйа туһуламмыт киһитигэр хайдах үлэлиирий?

Анал уруһуйдатар киһи төрөөбүт, олорор сириттэн, үөскээбит, иитиллибит эйгэтиттэн, өбүгэтин ситимиттэн, удьуоруттан силистээх уруһуй буолар.

Билиҥҥи кэм эдэр дьонугар ыарахан соҕус үйэ кэллэ. Урукку сэбиэскэй кэмнээҕэр уратылаах буоларынан, аныгы ыччат олоҕу көрүүтэ, ылыныыта, инникигэ эрэлэ атын. Маннык түгэҥҥэ ымыыны илдьэ сылдьан олохторугар үчүгэй өттүгэр уларыйыы буоларын бэлиэтии көрөбүн. Бэйэлэрин төрүттэрин уратытын ылынан, ойуу тылын истэн, олохторугар туһаналлара, харысхал оҥостоллоро үчүгэй. Харысхал ордук эр дьоҥҥо наадалаах. Дьахтар айылгытынан төрүүр-ууһуур буолан, күүстээх, бэйэтин сатаан салайынар, кэминэн тутулун, нэмин булунар.

Кэнники кэмҥэ тас дойдуттан да буоллун, Арассыыйа атын да куораттарыттан харысхалга наадыйар киһи үксээтэ. Бу эмиэ дьон олоҕор туруктаах буоларга дьулуһуутун көстүүтэ буоллаҕа дии.

– Саргылаана Барахова – Ымыы аата «Киэргэ» ювелирнай тэрилтэни кытта ыкса ситимнээх буолла. Манна үлэҕин хайдах саҕалаабыккыный?

2014 сылга "Северное сияние" диэн быыстапкаҕа кыттан, "Саха сирин бастыҥ ускуустубата" ааты ылбытым. Онтон аан дойдутааҕы "Джунвекс" диэн быыстапкаҕа хас да үлэм бэлиэтэммитэ. Онтон 2019 сылга бу быыстапкаҕа "Удаҕан түүлэ" диэн үлэм бастакы миэстэни ылбыта. Биллэн турар, үлэлэрбин норуокка таһаарарбар маастардара суох табыллыбатым чуолкай. Бастакы үлэлэрбин Владимир Местников олус табан оҥорбута. Кылы киэргэлгэ туттууну киллэрэрбэр норуот маастардара Степанида Борисова, Саргылана Иванова, Анисия Федорова тирэх буолаллар. Толкуйбун олоххо киллэрэрбэр Станислав Попов көмөлөһөр.

Айар үлэм норуоппар тахсарыгар маннык биир санаалаахтарбар махталым  муҥура суох.

– «Киин куорат» хаһыат ыалдьытыттан киин куораппыт туһунан ыйыттахпытына сатанар. Дьокуускай куорат туһунан санааларыҥ, сыһыаныҥ?

Дьокуускай куорат миэхэ – үөрэммит, ону ааһан үлэлиир, айар-тутар сирим, оҕолорум улааппыт биһиктэрэ. Куораппар биир сөбүлээн сылдьар, санаа сааһыланар миэстэлээхпин, ол – Чочур Мыраан. Оттон Куорат паарката дьиэбиттэн да чугаһынан, сарсыардатын хаамар сирим.

Куораппыт өссө да тупсуон баҕарабын. Саха дьоно мустар, оһуохайдыыр, алгыс ылар, сахалыы тыыннаах сирэ Арчы Дьиэтэ кэҥиэн баҕарабын.

Атын улахан куораттартан култуурунай тэрээһиннэрин таһыма хаалсыбат. Бэйэтэ тус тыыннаах уонна тэтимнээх куорат. Дьыл хайа да кэмигэр тупсаҕайынан, сылын аайы сайдан иһэринэн үөрдэр эрэ. Тус бэйэм ордук кыһыҥҥы көстүүтүн сөбүлүүбүн.

– Сэһэргэһиибитин төрөөбүт тыл суолтатын тула түмүктүөх.

– Төрөөбүт тылын билбэт киһи – ким да буолбатах. Төрөөбүт тылын билэр киһи өйүнэн-санаатынан, этинэн-хаанынан өбүгэлэрин кытта сибээстээх. Хас биирдии ойууга өбүгэ тылынан күлүүс тыл баар. Ол эбэтэр өбүгэлэрбит төрөөбүт тылбыт нөҥүө харысхал, көмүскэл тириэрдэллэр. Онон төрөөбүт тылын билэр эрэ киһини өбүгэлэрэ ис кыаҕын толору арыйаллар, олоххо ордук ситиһиилээх оҥороллор. Ити курдук тылбыт күлүүс уонна көмүскэл буолар.

Күндү сахам дьоно! Оҕолоргут, сиэннэргит толору дьоллоох, өбүгэлэриттэн көмүскэллээх буолуохтарын ис сүрэххититтэн баҕарар буоллаххытына, төрөөбүт тылларын билэллэрин хааччыйыҥ, ирдээҥ уонна ситиһиҥ. Оччоҕо сыыстарыаххыт суоҕа инники кэнчээри ыччаккыт туруктаах, көмүскэллээх олохтоноругар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...