07.09.2023 | 10:00

Сардана Протодьяконова: «Норуот, уопсастыбаннас, былаас бииргэ үлэлэһиэхтээхпит»

Сардана Протодьяконова:  «Норуот, уопсастыбаннас, былаас бииргэ үлэлэһиэхтээхпит»
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Сардана Протодьяконова – киин куорат Уопсастыбаннай палаататын олохтоох бэйэни салайыныыга уонна уопсастыбаннай түмсүүлэри кытары үлэҕэ хамыыhыйатын бэрэссэдээтэлэ, Дьокуускай дьахталларын лигатын актыбыыһа, «Саха» НКИХ телевидениеҕэ режиссерунан  20-тэн тахса сыл үлэлиир, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ийэтэ.

Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаатата 2013 сыллаахха, оччолорго куорат баһылыга Айсен Николаев көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Билиҥҥи 4-с састаабыгар барыта 21 киһи үлэлиир. Ол курдук 7 – куорат баһылыга, 7 – Дьокуускай  куорат Дуумата, 7 –  уопсастыба өйөөбүт хандьыдааттара талыллаллар. Манна араас эйгэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьар дьон, уопсастыбаннай хамсааһыннар бэрэстэбиитэллэрэ, ыччат, бэтэрээннэр бааллар. Бэрэссэдээтэл – Матвей Иванович Лыткин. 

— Сардана Анатольевна, бастатан туран, ааҕааччыларбытыгар палаата үлэтин туһунан сырдата түһэриҥ буоллар.

— Сүрүн сыала-соруга – бииргэ түмсэн, куорат олохтоохторун кыһалҕалаах боппуруостарын ырытан, сөптөөх быһаарыы тахсарын туһугар куорат салалтатын, куорат Дууматын, судаарыстыбаннай тэрилтэлэри, сокуону оҥорор уорганнары кытары ситимнээх үлэни ыытыы. Куораппыт сайдыытыгар быһаччы кыттыһабыт. СӨ Уопсастыбаннай палаататын кытары биир сомоҕо буолан үлэлиибит. Куорат Дууматын хамыыһыйаларыгар кыттабыт, ону тэҥэ национальнай бырайыактар олоххо киириилэрин уопсастыбаннай хонтуруолугар баарбыт.

Дьокуускай куорат палаатата 6 хамыыһыйаҕа арахсан үлэлиир. Биир чилиэн хас эмэ хайысхаҕа куорат олохтоохторун интэриэстэрин туруорсар, уопсастыба баҕа санаатын көмүскээн үлэлиир. Чуолаан эттэххэ, социальнай боппуруостарга (үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабыла, култуура, спорт),  олорор эйгэни  тупсаран оҥорууга, ОДьКХ уонна тутуу боппуруостарыгар, патриотическай үлэҕэ, быраабы араҥаччылыыр уорганнары, олохтоох бэйэни салайыныы, уопсастыбаннай түмсүүлэри кытары үлэҕэ уонна этикаҕа хамыыһыйалар бааллар. Онуоха туспа экспертэр үлэлэһэллэр, кинилэр сөптөөх хоруйу буларга, мөккүөр тахсыбатын диэн күүс-көмө буолаллар. Араас боппуруос үөскээтэҕинэ палаата чилиэннэрэ, экспертэрэ, куорат салалтата бииргэ түмсэн үлэлииллэр.

Палаата араас боппуруостары көрөр. Холобур, дьэллик ыт кыһалҕата сытыытык турар, онуоха норуодунай фронт актыбыыстарын кытары эриэйдэлэргэ сылдьыһабыт. Аны былырыыҥҥыттан арыгыны утарар хамсааһын өрөспүүбүлүкэ  уопсастыбаннай палаататын кытары бииргэ үлэлэһэн, боротокуол толоруутугар көмөлөһөн, хамыыһыйаларга бииргэ мунньахтаан, Ил Түмэн дьокутааттарыгар тиэрдэн, сымыйа кафелар сабыллан эрэллэр.

Бары билэргит курдук, 2022 сыллаахха биһиги куораппыт бочуоттаах “Килбиэннээх үлэ куората” диэн үрдүк бэлиэни туппута. Маныаха архыып докуомуоннарын көрсөргө, цифровой көрүҥҥэ киллэрэргэ, илии баттааһынын хомуйарга эмиэ палаата, элбэх уопсастыбанньык үлэлэспитин бэлиэтиир тоҕоостоох.

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Саха сириттэн элбэх буойун  ыҥырыллан, кыайыы туһугар турууласпыта. Маны таһынан олохтоохтор 40-ча туонна кыһыл көмүс туттарбыттара, фроҥҥа ас-үөл, таҥас-сап тохтообокко тиһигин быспакка ыытыллара. Ытык дьоммут сүҥкэн кылааттара, дьоруойдуу быһыылара сыаналаммыта барыбытын үөрдэр. 

— Мин билэрбинэн, палаата чилиэннэрэ анал байыаннай дьайыыга төһүү күүс буолаллар.

— Уопсастыбаннай палаата туора турбакка үлэлэһэр. Былырыын күһүн анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьон дьиэ кэргэттэрин докумуоннарын хомуйарга көмөлөспүппүт. Ону таһынан былырыын кэнсиэр оҥорон, бэйэбит чилиэннэрбит эмиэ кыттыһан, саллааттарга анаан 300 тыһ. солк. көмө харчы хомуллубута. Былырыын күһүн Дьокуускай куорат салалтата буойуттар дьиэ кэргэттэригэр биэрбит бородуукта набордарын наардыырга, дьиэлэригэр илдьэргэ уокуруктарга көмөлөспүппүт. 

Ону таһынан куорат олохтоохторо, палаата чилиэннэрэ “Сахаволонтер”  хамсааһын тэрээһиннэригэр, харчы, ас хомуйуутугар, волонтердары көҕүлүүргэ кыттабыт, “Боевые шелкопряды Якутии” хамсааһыҥҥа ситими баайарга, оҥорсорго көмөлөһөөччүлэр.

— Бэтэрээннэрбитигэр, аҕа көлүөнэ дьоммутугар туох көмөнү оҥороҕут?

— Ытык дьоммутун сылын аайы чиэстиибит, Кыайыы күнүгэр, күһүн Аҕам саастаахтар күннэригэр, быйыл саас Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Нуучча драматическай тыйаатырын кэпсэтэн “Два берега одной Победы” испэктээги босхо көрдөрбүттэрэ, бэтэрээннэрбитин чэйдэппиппит, кэпсэппиппит.

— Ыччаты кытта туох үлэ ыытыллар?

— Ыччаты, Дьокуускай куорат Ыччатын дьаһалтатын, волонтердары, араас түмсүүлэри кытары ыкса үлэлэһэбит. Ону тэҥэ, “Первоклассник” аахсыйаҕа, туйгун үөрэнээччилэри чиэстээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттабыт.

— Салгыы куорат кыһалҕаларыгар киириэххэ...

— Куорат кыһалҕата араас. Ааспыт кыһын олус элбэх хаар түһэн, биһиги палаатабыт эр дьоно туора турбакка, бэйэлэрин курдук киэҥ көҕүстөөх уопсастыбанньыктары кытта таас дьиэлэр аттыларыгар, кырдьаҕас дьон чааһынай олбуордарыгар хаар ыраастааһыныгар сылдьыбыттара. Саас, сайын куорат болуоссаттарын, уопсастыбаннай сирдэри тупсарыыга, өрөмүөн, көҕөрдүү үлэтигэр кыттабыт.

Куорат бүддьүөтүн тыырыытыгар уопсастыбаннай дьүүллэһиилэр буолаллар, олохтоохтор кэлэн истэллэр, онно палаата сүнньүнэн ороскуот өттүгэр боппуруостарга эксперт быһыытынан үлэлэһэр.

— Араас уопсастыбаннай бырайыактарга кыттаҕыт, ол туһунан кэпсии түһэриҥ буоллар.

— Бастакы састаап көҕүлээһининэн 2014 сыллаахха «Норуот бүддьүөтэ» бырайыак оҥоһуллубута. Манна нэһилиэнньэ туруорсуутунан куоракка тулалыыр эйгэни тупсарар, олоххо туһалаах, уһулуччу суолталаах бырайыактар кытталлар. Куорат олохтооҕо туруорсар, бырайыак суруйар, көмүскүүр, онуоха хамыыһыйа талар, бигэргэтэр, дьэ ол кэннэ бырайыак бүддьүөттэн үбүлэнэн олоххо киирэр. Холобур, Таалай, Теплай күөллэр дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар сирдэрэ буолаллар, ону таһынан таһырдьа эрчиллэр балаһааккалар, Хатаска, Тулагыга, Кангалаас бөһүөлэгэр эмиэ сынньанар, дьарыктанар сирдэр киэҥ сэҥээриини ылаллар.

«Үтүө санаа харыйата” – элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ, тулаайах оҕолорго саҥа дьыллааҕы бэлэх оҥорор бырайыак. Биһиги палаатабыт итиннэ бэйэтэ эрэ кыттыбакка, атын тэрилтэри, түмсүүлэри көҕүлүүр.

Быйылгы Дьокуускай куорат ыһыаҕыгар «Маанылаах түһүлгэ» диэн сүүрбэттэн тахса улуус уонна биир дойдулаахтар түмсүүлэрин күрэҕэ ыытыллыбыта. Кыттааччылар ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ, сахалыы сиэри-туому тутуһан, хамыыһыйабытын айах тутан күндүлээбиттэрэ. Үгүс түһүлгэ Үлэ сылыгар анаммыта кэрэхсэбиллээх этэ, улуус биллэр, киэн туттар, чулуу дьоннорун, дьоруойдарын кэпсээбиттэрэ.

Ааспыт “Түмүү” уопсастыбаннай мунньаҕар бүтүн  өрөспүүбүлүкэ дьоно көхтөөх кыттыыны ыллылар.  Тэрээһиҥҥэ 31 улуустан 450 киһи кэлбитэ. Ийэ тыл, үөрэх, духуобунай сайдыы суолтатын, сүдү күүһүн үрдэтии, Саха сиригэр олорор норуоттар доҕордоһууларын бөҕөргөтүү, эдэр ыччаты иитии, өбүгэ муудараһын тиэрдии тула мунньахтаабыппыт. Киирбит этии барыта түмүллэн, салааларга араарыллан, биир резолюция тахсыбыта, ол инники үлэҕэ төһүү күүс, тирэх буолуохтаах. Үлэ сыла биллэриллибитинэн сибээстээн биһиги палаатабыт олус туһалаах “Духовно-нравственный смысл труда” диэн  балаһаакка тэрийэн үлэлэспитэ. 

Ону тэҥэ сылын аайы ыытыллар Гражданскай форумҥа олохтоохтор күннээҕи сытыы боппуруостарын туруорсабыт. Быйыл Үлэ сылын чэрчитинэн «Человек труда – новые вызовы и возможности» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи форум ыытыллыбыта. Сайын Уһук Илиҥҥи уокурукка  “Сообщество” диэн ыытыллыбыт форумҥа дьиэ кэргэн суолтатын өрө тутар, көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөргөтөр, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытын туһунан уонна да араас дьоһуннаах, суолталаах кэпсэтиилэргэ уопут атастаһыытыгар үлэлэстибит. 

— «Киин куорат күөх кубога» иккис сылын ыытылынна, бэрт сотору кэминэн түмүгэ тахсаары турар, эн манна хамыыһыйаҕа үлэлиигин дуо?

— Бу тулалыыр эйгэни тупсарыыга, олорор сирбит кэрэ көстүүлээх буоларыгар туһалаах бырайыак. Биһиги чилиэннэрбит хамыыһыйаҕа үлэлииллэр. Быйыл 12 номинацияҕа уопсайа 274 сайаапка киирбитэ, онтон түмүктүүр түһүмэххэ 112 хаалбыта. Номинациялара олус  интэриэһинэйдэр.

Тус бэйэм таларбар ыарахан курдук этэ. Олус кэрэ көстүүлээх олбуордар, сибэкки арааһа, уһуйааннар, оскуолалар ойуулуктар дьоруойдарын үтүктэн араас дьэрэкээн оҥоһук бөҕөтүн оҥостубуттар. Бу күннэргэ түмүк тахсыа. Кыттыылаахтары барыларын эҕэрдэлиэхпитин баҕарабыт, өссө да инникитин маннык тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар буолуҥ диэн ыҥырабыт.

— Киин куорат нэһилиэнньэтэ уопсастыбаннай олоххо төһө кыттарый? Ааҕааччыларбыгар тугу туһаайан этиэҥ этэй?

— Дьокуускайга дьон-сэргэ кыттыыта, хамсааһына хаһан баҕарар сүрдээх күүстээх буолааччы. Биһиги, уопсастыбанньыктар, биир өйдөөх- санаалаах дьон, кыахпытын-күүспүтүн киллэрэн, түмсэн күүскэ үлэлиибит, норуот араас боппуруостарын сытыытык көтөҕөн туруорсабыт, дьон олоҕо тупсарын туруулаһабыт.

Мин санаабар, уопсастыбанньык үтүө майгылаах, мындыр өйдөөх, дьоҥҥо кыһамньылаах, хас биирдии киһиэхэ, бүтүн уопсастыбаҕа бигэ тирэх, өйөбүл буолуохтаах.

Аныгы киһи төрөөбүт дойдутун, куорат сайдарын, тулалыыр эйгэбит тупсарын туһугар эппиэтинэстээх буолара ирдэнэр. Норуот, уопсастыбаннас, былаас бары бииргэ үлэлэһиэхтээхпит, оччоҕо туспа көрүүлээх, кэскиллээх, инникигэ эрэллээх, түмсүүлээх уопсастыба буолуохпут.

— Сардана Анатольевна, дьоһуннаах кэпсэтииҥ иһин махтанабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...