25.06.2020 | 12:22

Сардана Авксентьева быйылгы ураты ыһыах туһунан санаалара

Сардана Авксентьева быйылгы ураты ыһыах туһунан санаалара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сирэм от мэччирэҥнээх, дьэрэкээн бэйэлээх сибэкки оһуордаах-дьарҕаалаах, чаҕыл күннээх, итиинэн илгийэр самаан сайыммыт тиийэн кэлбит үөрүүтүн, сахалар араҕас чэчири анньан, толуу-мааны сэргэлэри тоҕуорута туруоран, Ыһыах ыһар үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит үтүөкэн үгэстээхпит.

Бу күн матааччах иһиппитин, кэриэн ымыйабытын, чорооннорбутун, кытыйаларбытын  кэккэлэтэ уураммыт сөҥ сүөгэйинэн, араҕас арыынан, саамал кымыһынан толоробут. Күөх төлөнүнэн күлүм-салым күөдьүйэр, кыһыл төлөнүнэн кытыастар уоппутун арыылаах алаадьынан, кыынньар кымыһынан айах тутан Үрдүкү Үрүҥ Айыыларга сүгүрүйэн байым барҕарыылаах, дьоллоох-соргулаах олоҕу көрдөһөр ураты кэммит үүнэр. Кистэл буолбатах, быйылгы Ыһыахха урукку курдук дьон-сэргэ Үс Хатыҥ ытык сиригэр тоҕуоруһан киирбэтэ, түһүлгэ чэчирэ сэлэ тардыллыбата. Букатын атыннык,  куйаар ситиминэн сиэри-туому толордубут, кылаан талааннаахтар ырыаны-тойугу, үҥкүүнү-оһуокайы көҕүлүттэн туттулар. Ииһи-ууһу тилэри баһылаабыттар илгэлээх илиилэрин иһиттэн айыллан-таҥыллан тахсыбыт оҥоһуктара чээлэй күөх солко окко ууруллубут хаартыскалара улугу уһугуннардылар, нэһи сэргэхситтилэр.  Дьоммут-сэргэбит сахалыы маанытык таҥныбыттара, сиэдэрэйдик симэммиттэрэ сүргэ көтөҕүллүүтүн, санаа кынаттаныытын сүрүн төрүөтүнэн буоллулар, Ыһыахпыт сайа кууһар сылаас салгына илгийбиккэ дылы гынна.

Быйылгы ураты Ыһыах туһунан Дьокуускай куорат быһылыга Сардаана Авксентьеваны кытта кэпсэттибит.

- «Аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт дьаҥ-дьаһах тарҕаныыта тоҕус ый былаһын тухары күүппүт, кэтэспит күндү, төрүт тэрээһиммитин - Ыһыахпытын  урут хаһан да буолбатах куйаар ситимигэр көһөрөргө күһэйдэ.  Мин, уопсайынан, хайа да үөскүүр эбэтэр баар быһыыны-майгыны, бэл, кыһарыйар кыһалҕаны куруук үтүө да, мөкү да өрүттэрдээх диибин. Инньэ гынан, быйылгы  Ыһыахпыт төһө да маннык, омос көрдөххө, соччо бэрдэ суох ньыманан ыытыллыбыт курдугун иһин, киһи биһириир, кэрэхсиир түгэннэрдээх диэхпин баҕарабын. Ол курдук, иистэнньэҥнэрбит хас биирдии оҥоһуктарын, үҥкүүлүүр, ыллыыр, туойар, олоҥхолуур, оһуокайдыыр, чабырҕахтыыр  дьоммут дьолуо дьоҕурдарын уоскуйан олорон сирийэн, сыныйан, иҥэн-тоҥон көрөр, истэр  кыаҕы куйаар ситимэ биэрдэ. Биллэн турар, урукку Ыһыахтарга дьон эниэргийэтэ, өрө көтөҕүллүүтэ, үөрүүтэ-көтүүтэ муҥутаан турдаҕына, маннык оҥоһуктары ситэри көрбөккө, болҕомтоҕо уурбакка хаалыахха сөп», – диир Сардаана Владимировна.

Кини Ыһыах куонкурустарыгар кыттыбыт үлэлэри ымпыктаан-чымпыктаан көрбүтүн уонна улаханнык сөхпүтүн-махтайбытын, биһирээбитин этэр. «Быйылгы онлайн Ыһыахпыт элбэх куонкурустарыгар Сахабыт сирин киэҥ киэлитин 25 улууһуттан, өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн 5000 куоһарар киһи кытынна. Куйаар ситимин нөҥүө маны барытын 4 мөлүйүөн киһи сэргии-сэҥээрэ көрдө», – диэн куорат баһылыга бэлиэтээтэ. 

Куорат 75 уонна онтон аҕа саастаах олохтоохторугар — сэрии ыар сылларыгар оонньооботох оҕо саастаах ытык дьоммутугар хас биирдиилэригэр куорат дьаһалтатын аатыттан сэмэй бэлэҕи туттаран, кинилэр үөрүүлэрин үрдэппиппит.

«Ити бэлэхтэргэ икки тылынан тахсыбыт «Эхо столицы» куорат хаһыата  баара. Хаһыакка алгыс тыла, мааны сандалыбыт алаадьытын ырысыаба, сиэр-туом суолтата, ол хайдах тутуһуллуохтааҕын, о.д.а. суруйуулар олус туһалаахтарын уонна күннээҕи олоххо туттарга олус наадалаахтарын ойуччу тутан этиэхпин баҕарабын.

Мин санаабар, Ыһыаҕы уйгу-быйаҥ олоҕу Үрдүкү Үрүҥ Айыылартан көрдөһүү, чаҕыл күннээх самаан сайыны үөрэ-көтө көрсүү сиэрэ-туома эрэ диир тутах. Бу күн биһиги дьиэ кэргэн төрүппүтүн-ууспутун, ытыктыыр дьоммутун кэриэстээн, үтүө-кэрэ тылларынан ахтан-санаан ааһар үгэстээхпит. Ол сиэринэн кэрэ сэбэрэтин иһин дьон-сэргэ «Өрүүскэ – Көмүс сирэй» диэн сөбүлээн ааттаабыт, туруу үлэһитинэн аатырыан аатырбыт хос эбэм Ирина Егоровнаны санаан ааһыахпын баҕарабын. Кини -- Боотуруускай улуус кулубатын сиэнэ, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии оччотооҕу тыйыс тыынын, хоргуйуу, өлүү-сүтүү алдьархайдаах сылларын тулуйбут, кыһынын күр муустуун күрсэр, сайынын көлөһүн тохтор хара үлэҕэ миккиллибит, итини барытын уйбут бүтүн көлүөнэ бэрэстэбиитэлэ. Үс улахан уола, онтон иккитэ Сталинград кырыктаах кыргыһыыларыгар сырдык тыыннара быстыбыта. Хайадахтаах да кураан, сут, аччык дьыл таҥнары сатыылаатар, хос эбэм Өрүүскэ олоххо дьаныарынан, дьулуурунан, хоһуун үлэһитинэн, күүстээх санаатынан суос-соҕотоҕун тулаайах хаалбыт сиэннэрин аас-туор сылларга былдьаппатаҕа.

Хос эбэм тутта, чэй өрүнэ сылдьыбыт сылабаара, бытархай малын-салын, киэргэлин угар холбуката миэхэ нэһилиэстибэ быһыытынан хаалан, харах харатын курдук харыстанан, хараллан, алдьаммакка-кээһэммэккэ, эмтэрийбэккэ, үйэлэри уҥуордаан, күн бүгүҥҥэ диэри кэлбиттэриттэн үөрэбин. Субу соторутааҕыта кини хаарыс солко былаатын бэлэх быһыытынан ыламмын үөрүүм муҥура суох улахан. Быһа холуйан, ааҕан таһаарбыппыт, бу хаарыс солко былаат 120 сыла. Хос эбэм олус харыстаан, мааныга эрэ бааммыт былаата буолан, оччоттон баччаҕа диэри тиийэн кэллэҕэ. Бүрүннэххэ, бэл, сылааһынан угуттуур. Хос эбэм Өрүүскэ туһунан сырдык өйдөбүлү, кини дьоһун олоҕун туһунан кэрэхсэбиллээх кэпсээнин кэм-кэрдии балысхан баала суурайбат.

Хайа баҕарар ийэ, аҕа ууһа тумус туттар дьонноох-сэргэлээх буолар. Кинилэр тустарынан үүнэр көлүөнэ ыччаккытыгар киэн тутта, сүгүрүйэ элбэхтэ кэпсээн, суруйан хаалларыҥ. Уостан уоска бэриллэр  үтүө ааты, сырдык өйдөбүлү ханнык да баай-дуол солбуйбатын умнумаҥ.

Кэрэ кэммит – чаҕыл күннээх сайыммыт бука барыбытыгар чиҥ-чиргэл туругу, силлибэт ситиһиилэри, дьолу-соргуну, уйгуну-быйаҥы, барҕарыыны түстээтин!» – диэн куорат баһылыга Сардаана Авксентьева алгыстаах, тыыннаах тырымнас тылларын тиэрдэр.

Елена ОБУТОВА

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...