Сардаана Авксентьева саҥа сылга саргылаах санаалара
Ахсынньы 28 күнэ. 12:00. Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын баһылыгын кабинета. Бэнидиэнньик курдук түбүктээх күҥҥэ, сылы түмүктүүр тэрээһиннэр быыстарыгар Сардаана Владимировнаҕа куорат хаһыаттарыттан – Александра Александрова (“Эхо столицы”) уонна “Киин куораттан” мин, Иван Ушницкай, ыалдьыт буоллубут. Биһиги мэрбитин Арассыыйа ханааллара, оннооҕор омуктар олус сэргииллэр. Биһиги балтараа чаас тохтоло суох кэпсэтэн, бириэмэни билбэккэ хааллыбыт. Сорох түгэннэрин бастаан иһиттибит. Ол үрдүнэн мин бу сырыыбар эрэ буолбакка, кэлин кэмнэргэ кини этиилэриттэн сааһылаатахпына маннык.
Сыл дьоруойдара
Ааһан эрэр сылы санаатыҥ да, биллэн турар, аан дойдуну аймаабыт дьаҥнаах дьыл дьон бөҕөнү сордообутун саныы түһэҕин. Хайыахпытый? Салайааччылар дьон туһугар үлэлиир буоллахпыт, – диир Сардана Авксентьева. – Медиктэр барахсаттар дьиҥ дьоруойдуу үлэлээтилэр.
Маныаха куорат баһылыга медиктэр, волонтердар бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбиттэрин илэ хараҕынан көрбүтүн, кинилэргэ төһө кыалларынан көмөлөһө сатаабытын ахтар. Сыралаах кыһамньыларыгар муҥура суох махтанарын биллэрэр.
“Хотугу тымныыга хатарыллыбыппыт, алмаас курдук бөҕөбүт” диир соҕурууҥҥу “Ковид-диссиденнэргэ” майгынныыр сымыйа ыарыы диэччилэр баалларыттан сэрэҕи сүтэрии үөскүөн сөбө. Бу ыарыы биһиэхэ өссө куттала дьиэлэрбит чугас туралларыттан уонна тымныйыыттан тыынар уорганнара ыалдьар дьон элбэҕэ буолар. Хата, атын куораттарга холоотоххо, биһиги олохтоохторбут үөрэхтээх, өйдөөх дьон буолан, бары ирдэбиллэри күүскэ тутуһан, дьаҥ иккис охсуутун аһаран эрэбит.
Куорат баһылыга төһө да көмпүүтэр тиийбэтин, интэриниэт мөлтөҕүн үрдүнэн, пандемия кэмигэр идэлэригэр бэриниилээх учууталлар сыралаах үлэлэрин, төрөппүттэр кыһамньыларын түмүгэр үөрэх тохтооботоҕун бэлиэтээн ааһар.
–Биһиги куораппытын “Билиилээхтэр, үөрэхтээхтэр түөлбэлэрэ” диэн сөҕөллөр. Кырдьык, ити өттүнэн Арассыыйаҕа уон бастыҥ куорат ахсааныгар киирэбит. Өссө саамай ааҕар регионунан биллэбит. Итини түһэн биэримиэх, өссө оҕолорбутун, ыччаппытын үөрэхтииргэ, билиилээх оҥорорго кыһаныаҕыҥ, – диир Сардаана Владимировна.
Дьонун-сэргэтин харыстаналларыгар, маасканы кэтэ, илиилэрин сууна сылдьалларыгар баҕарар. Маннык ыарахан кэмҥэ, тыҥааһыҥҥа ыгылыйбакка, бэйэ-бэйэни харыстаһарга ыҥырар.
Быйыл кыһын Дьокуускай олохтоохторун аны тымныыбыт тургутта.
—Ирбэт тоҥҥо, бу ыарыы кэмигэр эбиитин дьиэлэрбит тымныйдахтарына иэдэйэбит.
Инфраструктура, ситимнэр эргэрэллэр. Таһырдьа тымныы, эбиитин элбэх сөҥүү түһэр. Ол да буоллар, ОДьКХ хамаандата кыһаллан үлэлиир буолан, тэҥнээн көрдөххө, куораппыт бэрээдэктээх. Дьокуускайга, холобур, сантехникка эбэтэр суол үлэһитигэр наһаа ыарахан. Кинилэри үөҕэллэр аҕай дии. Дьиҥинэн, ити дьон үлэлэрэ уустук, уонна, хомойуох иһин, үксүгэр ытыктаммат.
Мин үлэһит дьоҥҥо сыһыан уларыйан эрэриттэн үөрэбин. Гражданнар тэлгэһэни ыраастааччыларга, хомуйааччыларга махталларын биллэрэллэрин болҕомтоҕо ылаллара хайҕаллаах. Олус бэрт! Итинник сыһыаны көрдөрөр олохтоохторго махтанабын, – диэн ОДьКХ үлэһиттэрин дьоруойдарынан ааҕар.
Бэҕэһээ, бүгүн уонна сарсыҥҥы саҕахтар
–Сыл түмүгэр кыһалҕаны ырыппат буоллахха, сарсыҥҥыга ону туоратыыга туох дьаһалы ылыаххыный?
–Кэлэр үс сылы Тупсарыы сылынан биллэрэргэ быһаардым. Төһө да саҥа тутуу бардар, куорат билиҥҥи көстүүтүгэр киһи кыбыстара элбэх. Урукку эргэриитэ хара баһаам. Ону суох оҥорор тута кыаллыбат. Элбэх сылга тэтимнээх үлэ эрэйиллэр.
А.С. Николаев мэр буолуон инниттэн, билигин туруорсар биир сүрүн боппуруоспут – Дьокуускай, өрөспүүбүлүкэ киин куората буоларын быһыытынан, үбүлээһинин элбэтии. Киин куорат статуһун туһунан сокуон ылылларын саҕана үбүлээһин саамай намыһах коэффициена хайдах көрүллүбүтэ да, ол уларыйбатаҕа хас эмэ сыл буолла. Оттон нэһилиэнньэбит сыл аайы элбээн иһэр. Тыаттан дьон, куоракка оҕолорун үөрэттэрээри, арыый үчүгэй усулуобуйаҕа олороору тардыһаллар. Ол курдук, нэһилиэнньэ төһөнөн элбиир да, соччонон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн куорат үбүлээһинэ улаатыахтаах этэ буоллаҕа. Оттон биһиэхэ коэффициеммыт хамсаабакка турар. Дьокуускай Арассыыйа үрдүнэн түргэнник үүнэр саамай үрдүк көрдөрүүлээх куораттар ахсааннарыгар киирэр. 10 сыл иһигэр 100 тыһ. киһи эбилиннэ. Билигин официальнай ыстатыыстыканы көрдөххө, куоракка 340 тыһ. кэриҥэ киһи баар диэн ааҕыллар. Оттон дьиҥнээҕинэн 400 тыһ. чугаһаатахпыт. Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 35%-на олорор курдук ааҕыллар. Дьиҥэр, 40% да буоллахпыт буолуо. Инньэ гынан куоракка инфраструктураҕа, суолга, канализацияҕа, ууга, хочуолунайдарга, ордук тырааныспарга, оптуобус сырыытыгар үп тиийбэтиттэн сүрдээх улахан ноҕурууска үөскээтэ.
Оскуола, уһуйаан син тутуллар да, оҕо ахсаана баһыйар. Ити кыһалҕа өссө уустугуран иһэр. Арассыыйа бырабыыталыстыбатын уурааҕынан, оҕолору барыларын биир симиэнэҕэ көһөрөн үөрэтиҥ диэбит сорудахтара билигин хайдах да туолар кыаҕа суох. Куорат киинигэр кырата 25 саҥа оскуола тутулуннаҕына биирдэ ону быһаарыахпытын сөп. Ордук куорат киинигэр оҕоҕо миэстэ тиийбэт. Онуоха оскуола тутар сир суох. Оҕоҕо анал тутууга ирдэбил элбэх: этээһэ үстэн ордук буолуо суохтаах, спортивнай балаһаакка көрүллүөхтээх, суол, кутталлаах эбийиэктэр аттыларыгар туруо суохтаах. Ил Дархан А.С. Николаев кэпсэтэн, элбэх оскуоланы тутар биир сүрдээх үчүгэй бырайыак баарынан, Арассыыйа бырабыыталыстыбатын кытта үлэлэһэ сылдьабыт. Федеральнай көмөнөн уонна инвестор киирдэҕинэ, эһиилгиттэн 12 оскуола тутуутун саҕалаатахпытына, балаһыанньа улаханнык чэпчиэ этэ дии саныыбыт. Ол туһунан улаханнык саҥарбаппыт.
– Билигин, ханна да үп кырыымчык кэмигэр, куораты үбүлээһини элбэтиигэ туох суоллары көрдүүгүт?
– Бүддьүөт үбүн тыырыы Арассыыйа үрдүнэн сүрдээх уустук. Билиҥҥи федеральнай, өрөспүүбүлүкэ, куорат, муниципальнай бүддьүөттэр кыһалҕалара элбээн, бүддьүөт боппуруоһа саҥаттан көрүллээри турар бадахтаах. Сэбиэскэй саҕанааҕы курдук кииннээһиҥҥэ киирээри сылдьабыт. Ити, баҕар, биир өттүнэн, сөп буолуо, биирдии киһиэхэ тиксэринэн (подушевое финансирование) этэр буоллахха. ССРС саҕана биһиэхэ бүддьүөппүтүн хотугу коэффициены эбэ-эбэ олордохторо, оттон билигин олох атыннык бара турар. Ырааппакка, куорат туһунан эттэххэ, бүддьүөт үбүн тиксиитин кээмэйинэн улахан куораттар испииһэктэригэр аллараттан иккис сылдьабыт. Сылга куоракка биир киһиэхэ инфраструктураҕа, оскуолаҕа, дьыссаакка, ууга, уокка, канализацияҕа да буоллун, баара-суоҕа 22 тыһ. солк. көрүллэрэ олус кыра.
Хата, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ В.Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактара киирэн, балаһыанньабытын чэпчэтэн абыраатылар. Докумуону үчүгэйдик бэлэмнээн, национальнай бырайыактарга киирсэн, көмүскээн, элбэх үп көрүллэн, суолбут тутуута күүскэ барарын көрөҕүт. Хаачыстыбатыгар эҥин боппуруос баар, ол эрээри былааннаныыга, бырайыактаныыга уо.д.а. сүрдээх улахан үлэ барда. Холобур, суол тутуутун ыллахха, кыттыгас үбүлээһин: федеральнай киин – 496, өрөспүүбүлүкэ 500 мөл. солк. биэрэллэр, онон харахпытын быһа симэн туран, куораппыт быыкаайык харчытыттан кэмчилээн, быһан, 500 мөл. солк уган киирдибит. Хайыахпытый, бу түгэни мүччү туттахпытына, суолбутун хаһан оҥоруохпутуй?
– Харчы тиийбэтин хайдах быһаараҕытый?
– Куорат бүгүҥҥү бүддьүөтэ үс улахан ороскуоттаах. Бастакыта – хомунаалынай: оскуоланы, дьыссааты хааччыйыы. Энерготарыып барыта үрдүү турар. Өйдөнөр, ити ороскуот билигин барыта улаатан иһэр, итиннэ кэмчилээбэккин. Иккиһинэн, В.Путин ыам ыйынааҕы уурааҕынан хамнаһы бүддьүөт үлэһиттэригэр үрдэтиэхтээхпит да сабаас, толоруохтаахпыт. Инньэ гынан бүддьүөттэн улахан суума онно барар. Үсүһүнэн, судаарыстыбаннай ипотека курдук тутуллубут 12 эбийиэк төлөбүрүн кэмэ миигин кытта тэҥҥэ саппай уопсан кэллэ. Бастакы сыл – 800, быйыл 600 мөл. солк. тахсаны төлөөтүбүт. Өрөспүүбүлүкэ эмиэ төлөһөр, ол эрээри сүрүн суума куораттан барар. Ити 2 млрд солк. курдук улахан ороскуот куорат бүддьүөтүгэр ыйанар. Ити ороскуоттар охсууларын хантан ылан кыччатыахпын сөбүй? Сир, баай-дуол нолуогун улаатыннарар, урбаанньыттары атахтыыр нолуогу киллэрии – сыыһа. Инньэ гынан кытаанах кэмчилээһиҥҥэ киирэргэ тиийэбит. Бастакытынан, биир муниципальнай сулууспалаахха көрүллэр үбү сарбыйдыбыт. 2019 сылтан ороскуоппутун аччатан, бэйэбитин бэйэбит хонтуруоллана олоробут. Итиннэ олохтоох бэйэни салайыы уорганнарын үлэлэрин көдьүүһүн сыаналыыр көрдөрүүлэргэ тирэҕирэбит. Онно хас биирдии муниципалитет үлэһитэ суоттанар. Дьокуускайга муниципалитет 1 үлэһитигэр тиксэр бүддьүөт ороскуотун нуормата 2018 с. – 1711 солк. буоллаҕына, 2019 с. 1194 солк. тиксэр гына аҕыйаттыбыт. Быйылгыны ааҕа олоробут, өссө кыччаабыт буолуохтаах. Чунуобунньугу хамнастыырга, үлэтин хааччыйыыга кэмчилээтибит, ол сөп. Этиллибитин курдук, хомунаалынайбыт бигэргэммит, оттон хамнас – көмүскэммит ороскуот. Көмүскэммэтэх ОДьКХ хаалар. Инньэ гынан хайыахпытый? Толкуйдаан-толкуйдаан, кэтэхпитин тарбанан, харахпытын быһа симэн баран ОДьКХ-тан быстыбыт. Ол эрээри, хомуллар, ыраастанар иэнэ улаатта. Сарбыйааппытын кытта, аны уубут-хаарбыт наһаа элбээн, кыһалҕаны дириҥэттэ.
«Көмүс» суол – сайдыы аартыга
– Өрөспүүбүлүкэ сүүс сылыгар бэлэмнэнии күүскэ барар. Итиннэ СӨ Бырабыыталыстыбатын көмөтүнэн кинилэр сакаастаан, харчы төлөөн, куорат көстүүтүн дизайн-кода оҥоһулунна. Мин баҕарбытым курдук, сахалыы оһуордаах буолан, син колорита көстүөхтээх диэн үөрэ-көтө көрүстүбүт. Ол дизайн-кодунан эһиилгиттэн Ленин проспегыттан саҕалаан киэргэтиэхтээхпит. Үбүлүөйгэ куораппыт киинэ – сирэйбит. Билиҥҥи лаппа тубустаҕына табыллар.
Проспегы оҥорорго билиҥҥитэ 1,5 миллиард солкуобай үп көрүлүннэ. Сорохтор этэллэр. Ол тугуй? Көмүс суол дуо? Хантан оччо сыаналаах буолуой? Харчы сиэри гыннаххыт дииллэр. Оннук буолбатах. Быһаарыым. Дугдуруйан баран, ситэри оҥорор сорук турар. Ити балтараа миллиардынан үбүлүөй бүппүтүн кэннэ төбөтүгэр, кутуруктарыгар ситэрэр үлэни үһүс сылбытыгар түмүктүөхпүт.
Ити суол эрэ буолбатах. Биллэн турар, суолу аныгылыы кэҥэтиэхпит, түгэҕиттэн түөрэ хаһан бадараанын эргэ турбалары баҕастары ороон уларытыахпыт. Ону таһынан ордук аартык икки өттүн дьиэлэри баҕастары өрөмүөннээн көстүүтүн таһыччы тупсарар сорук турар. Проспекка баар киоскалар, лааппылар оннуларыгар бэлэсипиэт суолун тыргытарга былаанныыбыт. Миэхэ киоскалары хаалларарга 570 илии баттааһыннаах сурук кэлбитэ. Өссө элбэх кэлэрин сэрэйэбин. Дьиҥэ, кэргэмминиин “Ферматтан” ас ылабыт. Суолу кэҥэтии – олох ирдэбилэ. Хайыахпытый? Кинилэргэ ханна баҕарар ити киоскаларын сирдэрин сыанатын саҕа сири биэриэхпит. Кыбаарталлар истэригэр киирэн биэрэллэр дуу, ханна көһөбүт дииллэр дуу, онно.
Аны проспекка турар дьиэлэр фасадтарын барытын өрөмүөннээтэхпитинэ сатанар. Хайдах итинник самнайан турар, тас сыбахтара түспүт дьиэлэр үрдүлэригэр сахалыы оһуору ойуулуохпутуй, уотунан сырдатар сүрэ бэрт, дьон күлүүтүгэр барыахпыт. Инньэ гынан хапытаалынай өрөмүөн пуондатын кытта федеральнай үбүлээһини кэпсэтиэхтээхпит.
Уларытыы
Куорат курааҥҥа быыллыйара, ардахха бадарааннанара, чалбаҕынан халыйара кыбыстыылаах. Итини сүүрүгүрдэр ханааллары оҥоруохпут. Итии, тымныы уу турбалара үксэ уларыйыа. Сорохторо 1969 сылтан тураллар эбит. Онно, этэргэ дылы, “хирургическай эпэрээссийэҕэ” майгынныыр үлэ барыа. Куораппыт урукку уулаах, бадарааннаах сиригэр турар. Глобальнай итийииттэн, тутуулар, суоллар, турбалар ититиилэриттэн олор аннылара ирэн иҥнэри-таҥнары түһүү тахсар. Научнай институт учуонайдарын чинчийиилэрин көрөөрү тиийбитим. Ленин проспегар төһө дириҥҥэ диэри туох баарын билиэхтэрин баҕарбыттара. Почваттан боруоба ылаары буурунан үүттээтилэр. Онтукаларын төттөрү орообуттарыгар кип-кирдээх бадарааннаах уу өрө ыһыллыбытыгар олус соһуйбутум. Дьэ, ити сытыйбыт уутун оботторуох, ньаҕайын уларытыах тустаахпыт.
48 килэмиэтир суол оҥоһуллуохтаах. Ити барыта аспааллааһын эрэ буолбатах. Сорох олох буорунан сытар сирдэргэ көннөрү кытаанах таастары кутан биэрии. Өрөмүөн буоллаҕына, хапытаалынай буолуохтаах. Ууну ыытар, ыраастыыр үлэлэр наадалар. Тротуардар, бэлисипиэт суоллара. Плитка мраморынан ууруллуохтаах. Куорат киинэ буоллаҕа дии. Оннук суол үчүгэй буолуохтаах. Сибээс линиялара санньыһан тураллара көрөргө ыарахан. Итилэри көстүбэт гына хайдах оҥорору толкуйдуохха наада. Газону оҥорор уустук. “Сургутнефтегаз” олбуоругар ону мэлдьи көрөр-истэр киһи баар. Аҥаардас бу киһи үлэтин хааччыйыыга балайда мөлүйүөнүнэн үбүлүүллэр. Итинник Дьокуускай айылҕатыгар оҥоруохха сөп эрээри, куорат хааһынатыттан төһөнү оҥоруоххунуй? Ол кэриэтэ оскуола туппут ордук. Быйыл пандемиянан саас субуотунньук бобуллан, сибэккини аҕыйаҕы үүннэрбиппит. Онуоха урут оннук этэ, билигин маннык диэн буолла. Биир сыллаах сибэкки көрөргө кэрэ, ол гынан талаҕы, маһы элбэҕи олортубут.
Итини мархалар ыыттылар. Советскай уулуссаҕа хайаан да оҥоруохпут. Хатаһы былырыын оҥорбуппут.
Мэрия дьиэтэ көстөҕүнэ...
Мэрия 17-с кыбаарталга көһөр буоллаҕына, бу түөлбэ куорат саамай уустук, ыарахан дьылҕалааҕынан биллэр. Онно, хата, тупсарыыны оҥоруо этэ диэн, түргэн үлүгэрдик “Меркурий” эргиэн киинин туран биэрэргэ этии киирбитэ. Түөлбэни кыра-кыралаан көһөрөр былааннаах этибит. Ол эрээри бэйэбит суоппутугар көһөрөр уонна олохтуур кыахпыт суох, тоҕо диэтэххэ куорат атын да оройуоннара эмиэ кыһалҕалара элбэх. Хаарбах дьиэлэри көтүрүү федеральнай бырагыраамата салҕанарыгар эрэнэбит. Икки кэнники сылга 300 олорор дьиэни хаарбаҕынан билиннибит. Бырагыраама үһүс түһүмэҕэр техническэй өттүнэн бэлэммит.
Бу үлэлии олорор дьиэбит наһаа улахан. Ыйга 32 мөл. солкуобай, Октябрьскай уулуссаҕа өссө биир дьиэбитигэр 12 мөл.солкуобай бара турар. Администрация барыта уонча дьиэнэн тарҕанан турар, олор элбэх харчыны ирдииллэр.
Иһитиннэрэр-биллэрэр уорганнар мин дьиэлэри аймахтарбар, доҕотторбор түҥэтэрим туһунан этиилэрэ — олох сыыһа. Дьон хараҕын ортотугар оннук дьаһаныы — криминал, итинниккэ мин хаһан да тиийиэм суоҕа. Барыта киэҥ ырытыһыыга тахсыаҕа. Дьокутааттар куоластааһыннарынан бигэргэниэ.
Москвалар босхо көмөлөрө
Сардаана Владимировна этэринэн, мэрия хас да дьиэтин биир дьиэҕэ көһөрүү толкуйдаммыта балайда буолбут эбит. Бастаан өссө Максим Макарович Трофимовтыын ырытан көрө сылдьыбыттар. Туох барыта ситэр кэмнээх. Онтон билигин итини толкуйдааһыҥҥа куорат салалтатыттан Евгений Григорьевы, Роман Сорокины кытта СӨ үп миниистирин солбуйааччы Алена Петровна Неустроеваны, өрөспүүбүлүкэ сүрүн архитектора Ирина Дмитриевна Алексееваны кытта маны сиһилии үөрэтэргэ хамаанда тэриммиттэр. Федеральнай министиэристибэлэри биир комплекска көһөрүүттэн аҥаардас харабылларга сыл аҥаарыгар курдук кэмҥэ 320 мөл. солк. экономияламмыт. Онон Арассыыйаҕа итинник уопут баар эбит. Ити иннинэ кини араас сирдэргэ ханна ороскуоттаахтык, ханна барыстаахтык дьаһаналларын көрбүт. “Биирдэ куортам дуогабарыгар илии баттаһаары гыммытым. Онуоха докумуону иккис мэрияттан бастакы мэрияҕа диэри бэнидиэнньиккэ эрэ сылдьар курьертан атынынан ыытарбыт табыллыбат диэтилэр. (Илиитин нэлэтэр). Онтон дьэ бу мэрия тэрилтэлэрин биир дьиэҕэ мунньар санаа өссө чиҥээбитэ”.
Онон бу быһаарыныы соһуччу буолбатах. Бу санаабытын биллэрэрбитин кытта, салайар үлэлэри кэскиллээхтик быһаарыы Москватааҕы Киинэ биһиэхэ тахсыбыта. Биһиги урут федеральнай курьербыт министиэристибэлэри түмэр барыстааҕын туһунан истибит ырытыы-дакылааппытын оҥорбуттар эбит уонна манна бииргэ үлэлиэххэйиҥ диэн этии киллэрбиттэрэ, тоҕо диэтэххэ, федеральнай көһөрүүлэргэ барыта эриэ-дэхси оҥоһуллубат эбит. Офистар истэригэр тыас, бииргэ үлэлииргэ, кондиционердааһын, сырдатыы сыыһа туруоруллар. Онуоха биһиги эһиэхэ көмөлөһүөхпүт диэбиттэрэ. Онтон сотору аны биллэр, элбэх сирдэргэ, ол иһигэр Дьокуускайга үлэлээбит “Стрелка” КБ (консалтинговай бюро) сибээскэ тахсыбыта. Биһиги манныгы оруобуна толкуйдуу сылдьар этибит. “Биһиэхэ олус интэриэһинэй. Дьокуускайдар кэм да инники сылдьаҕыт, онон моделын босхо оҥорон биэрэбит”, – диэбиттэрэ.
Оччо туһалааҕы босхо оҥорор дьону иһиттэхпит дии, – диир куорат баһылыга.
Номнуо бу күннэргэ “Стрелкалар” мэрия араас үлэһиттэриттэн интервью ыла сылдьаллар эбит. Кабинеттарга хас киһи үлэлиирин, ханна мунньахха, кимнээх туохха киирэллэрин-тахсалларын, төһө миэбэл, көмпүүтэр ханан, хайдах турарын ааҕыыттан саҕалаабыттар. Бу күннэргэ кинилэр саҥа мэрия моделын оҥоруохтаахтар. Быһа холуйан, үс төгүл кыра сиргэ билиҥҥибитинээҕэр табыгастаахтык үлэлиир дьиэ оҥоруохтаахтар.
–Эн 17-с кыбаарталга көһөҕүн дуо?
Манна соҕотохтуу хааллараары гынаҕын дуо? (күлэр) Хамаандабын кытта, биллэн турар, көһөбүн, – дии оҕуста Сардаана Владимировна.
Ити гынан, кини этэринэн, “Москва-ситигэ” көһөрөөччүлэр курдук түргэнник быһаарар кыах суох, онон бүгүҥҥүнэн көрдөххө, куорат киинигэр дьон элбэхтик сылдьар, Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменын эҥин курдуктар хаалыахтарын сөп. Онно дьону приемнуурга мэр бэйэтэ иккис кабинеттанар. Онтон атыттар бары 17-с кыбаарталга көһүөхтэрэ. Куорат тэрилтэлэрэ соторутааҕыта диэри 200-чэкэ өҥөнү оҥороллоро. Олортон билигин 16-та эрэ хаалла. Билигин үксүн МФЦ дьарыктанар.
— Тырааныспар ороскуотун хайдах гынаҕыт?
— Биһиги санаабытыгар, киһи барыта массыыналанара наадата суох, таксинан сылдьар чэпчэки. Холобур, «Горснаб» муниципальнай тэрилтэ тырааныспартан ончу аккаастанан, таксинан туһанар. Ол түмүгэр ороскуоттара олох аҕыйаата.
— Хас да куорат уокуругун холбуур санаалааххын. Тоҕо?
— Биһиги куорат киин управаларын бөдөҥсүтэр туһунан кэпсэтэбит. Итинтэн 30 мөл. солкуобайы барыһырабыт. Ааспыт сыллаахха оскуолалар хапытаалынай өрөмүөннэригэр 33 мөл. солк. бэриллибитэ. Сыл аайы хас оскуоланы өрөмүөннүөхпүтүн сөбүй? Харчыбын мустахпына өссө саҥа үөрэх кыһатын тутуохпун сөп ээ.
Дьикти бэлэхтэр
Арсен Томскай оҕо былаһааккаларын бэлэхтээтэ. Бастакы оҕо балаһааккатын тутуу фирмата бэлэхтээбитэ. Онтон Владимир Федоров туалет бэлэхтээбитэ. 50 сааспар сылаас туалет бэлэхтээбиттэрэ. Саамай үчүгэй бэлэх. 21-с үйэҕэ библиотека үлэһиттэрэ таһырдьа тахсаллар. Бу ынырык дии. Тупсарыы кэмэ. Куорат музейа наада. Кырдьаҕас куоракка баар дьиэни музейга биэрдилэр. Кыра да буоллар, үөрүү.
Саҥа дьылынан!
–Дьэ, саҥа сылы саргылаах кэпсэтиинэн көрсүөх. Эһиги ыал дьиэҕитигэр саҥа дьылы көрсөргө туох үгэстээххитий?
Боростуой астаах көрсөбүт. Сыл аайы биир. Уларыйбат. Бары остуолга ааспыт сылга ким туох ситиһиилэммитин күн эргииринэн отчуот курдук оҥорор. Куһаҕаны кэпсиир куһаҕаны тардар. Сырдыкка дьулуһабыт. Бука барыгытыгар сырдыгы-кэрэни баҕарабын!
Сардаана Владимировна, дьиҥэ, элбэх сахалыы өйдөбүлү сэһэргээтэ. Ону батарар кыах суох. Кэлин түгэн көһүннэҕинэ, эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарыам. Кини эҕэрдэтигэр кыттыһабын, үрүҥ көмүс оҕус сыла үтүөнү аҕалыахтын!
Хаартыскаларга:
кэпсэтии үгэнэ