29.01.2020 | 11:15

САРДААНА АВКСЕНТЬЕВА КУОРАТ ОЛОХТООХТОРУН ЫЙЫТЫЫЛАРЫГАР ХОРУЙДААТА

САРДААНА АВКСЕНТЬЕВА КУОРАТ ОЛОХТООХТОРУН ЫЙЫТЫЫЛАРЫГАР ХОРУЙДААТА
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Сардаана Авксентьева бэнидиэнньиккэ, тохсунньу 20 күнүгэр, ГТРК “Саха” “Арассыыйа24” ханаалга куорат олохтоохторун кытта быһа эфиргэ таҕыста.

ПУТИН ТУҺААЙЫЫТЫН ТУЛА

Күн бүгүн биһиэхэ оскуолалабыт, оҕо саадтара да туолан турар кыһалҕата сытыытык турар, чуолаан дьааһылаҕа миэстэ тиийбэт. 22,5 тыһыынча оскуола миэстэтигэр 47 тыһыынчаттан тахса оҕо үөрэнэр, ол эбэтэр икки төгүл элбэх. 61 муниципальнай оҕо саадыгар 18 тыһыынчаттан тахса оҕо, маны таһынан 3 тыһыынчаттан тахса иитиллээччи чааһынай уһуйааннарга сылдьар. Маныаха уочарат аччаабат: 0-3 саастаахтарга күн бүгүн уочаракка 9,5 тыһыынча оҕо турар, оттон 3-7 саастаахтарга – 4 тыһыынча кэриҥэ оҕо.

Биһиги “Демография” уонна “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыактарга кыттабыт, уһуйааннар аһыллаллар, дьааһылаҕа аналлаах сирдэри булабыт, ол да буоллар син биир миэстэ тиийбэт. Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Туйааһыытын олус интэриһиргээн истибитим. РФ бырабыыталыстыбатыгар “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыакка уларыйыы киллэрбитин куорат уонна өрөспүүбүлүкэ улаханнык сэҥээрэ ылынна. Туһаайыыга хаарбах туруктаах оскуолалар туһунан этиллибитэ, балар биһиги куораппытыгар, хомойуох иһин, бааллар; оннооҕор киин сиргэ турар оскуолалар туруктара мөлтөх, онон Бэрэсидьиэн биэрбит сорудаҕын чэрчитинэн бары регионнарга саҥа оскуолалары тутууга ааҕыы оҥоһулунна. Айсен Николаев Саха сиригэр быһа холоон 45 млрд солк. наадатын эттэ. Бу соруктары толорорго, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын кытта бары наадалаах докумуоннары хомуйан, куорат оскуолалара уонна уһуйааннара саҥа үөрэх тэрилтэлэригэр сылдьалларын ситиһиэхтээхпит.

ААСПЫТ СЫЛ ТҮМҮКТЭРЭ

Ааспыт сыл биир суолталаах тэрээһининэн куорат “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах массыына суоллара” федеральнай бырагыраамаҕа киириитэ буолар. Мантан бары да кыратык чаҕыйдарбыт, 20-тэн тахса км суолу оҥордубут, сорох уулуссалар бу сылга ситэриллиэхтэрэ. Ханнык суоллар оҥоһуллалларын, аадырыстарын социальнай ситимҥэ суруйан турабыт. Икккиһинэн, хаарбах дьиэлэртэн көһөрүүгэ аадырыстаах бырагырааманан үлэлээтибит.  2019 сылга 724 киһи саҥа дьиэҕэ көстө, маны таһынан муниципальнай бырагырааманан 216 киһини дьиэлээтибит, эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы бырагыраамата үлэлиир, социальнай төлөбүрү 87 куорат ыала ылла, тулаайахтар 268 кыбартыыраны ыллылар. Быһа холоон 26 мөлүйүөн солк. федеральнай реестрга киирбит хроническай ыарыылаах дьону дьиэлээтибит. Бу, биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ биир саамай улахан куоратыгар итэҕэс дии саныыбын. Онон 2020 сылга бары бырагыраамалар үлэлэрин салгыахтара.

Биир улахан кыайыыбытынан элбэх үөрэх тэрилтэлэрин үлэҕэ киллэрбиппит буолар. Судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһии бырагырааматынан, өссө бу Айсен Сергеевич саҕаттан, 2019 сылга 8 эбийиэги туттубут, бу оскуолалар уонна уһуйааннар, оҕо искусствотын оскуолата, библиотека, маны таһынан өрөспүүбүлүкэ үбүттэн 35-с №-дээх оскуола тутулунна, Кангалаас оскуолата өрөмүөннэннэ. Быйыл өссө хас да эбийиэги арыйыахпыт, сыл саҥатыгар 203-с түөлбэҕэ оҕо саада аһылынна, манна оскуола тутуллар, бу күннэргэ Гагарин аатынан Култуура дьиэтэ арыллыаҕа, ону таһынан Пионерскай уулуссаҕа оҕо саада, 203-с түөлбэҕэ уһуйаан эмиэ ааннарын арыйыахтара. Ол да буоллар миэстэ кыһалҕатын син биир толору быһаарбаттар.

13 уулуссаны туттубут, икки уулусса өрөмүөннэннэ, манна бэдэрээтчиттэри кытта үлэҕэ син биир итэҕэс-быһаҕас баар, онон саас норуодунай хонтуруолу кытта өссө төгүл хайдах үлэлииллэрин көрүөхпүт, уу лотуогун ыытыыга эҥин. Сыыһалары буллахпытына, аакта суруйуохпут, үҥсүү да түһэриэхпит.

2019 сыл муус устартан куорат кытыы нэһилиэктэригэр оптуобуска айаҥҥа биир тарыып киллэрбиппит, онон айан сыаната биллэ аччаабыта. Быһа холоон ааҕан көрбүппүт, холобур, Кангалаастан куоракка сылдьар 3 киһилээх дьиэ кэргэн үлэлиир, үөрэнэр буоллаҕына, ыйга экономиялара быһа холоон 2,500-2.800 солк. буолар. Маны сылга таһаардахха балачча суума тахсар.

2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн, ааспыт сылга ылыммыт быһаарыыбытынан, кыаммат ыаллар оҕолоро босхо айанныылларын ситистибит. Бүгүҥҥү күҥҥэ 2,5 тыһыынча оҕо босхо сылдьар айан билиэтин ылла. Инники сорукпутунан, үбэ быһаарылла илик да буоллар, оскуола бары оҕолоро босхо айанныылларын ситиһии буолар.

Быйыл ЯПАК тэрилтэҕэ 8 оптуобуһу атыыластыбыт, 20 оптуобуһу урбаанньыттарга, 4 сылаас тохтобулу үлэҕэ киллэрдибит, 2019 сылга куоракка социальнай такси үлэлээбитэ эмиэ саҥаны киллэрии буолар. Манна инбэлиит дьоҥҥо 2,5 тыһыынча рейс оҥоһулунна, 2000 куорат олохтооҕо, 1, 2 группалаах инбэлииттэр бу өҥөнөн туһаннылар. Бу биһиги ситиһиибит.

Национальнай бырайыактарга үүммүт сылга өссө эбии ылсыахпыт.

БӨҔҮ ТИЭЙИИ КЫҺАЛҔАЛАРА

Бөҕү тиэйии үлэтэ син биир эриэ-дэхси буолбатах, мин кэллиэгэлэрбин, киин Арассыыйаны кытта кэпсэтэбин, сонуннары кэтиибин. Бу боппуруос сорох куораттарга өссө мөлтөх, сорохторго үчүгэй, Дьокуускай куоракка быһыы-майгы Арассыыйаттан уһулуччу буолбатах. Кыра ыарахаттары көрсөн баран, региональнай оператор син биир схеманы тутуһан үлэлиир, хааччылыыта суох, мас дьиэлэрдээх оройуоннартан бөҕү тиэйиигэ тыл-тылга киирсибэт түгэннэрэ үөскүү сылдьыбыттара. 2020 сыл устата биһиги маны быһаарыахпыт, ол иһигэр санитарнай точкалары оҥоробут, былырыын 17 кыбаарталга септиктэри туруорбуппут, бу кыһалҕаны быһаарбатар да, син быһыыны-майгыны тупсарбыта. Онон күн бүгүн биһиги сорукпутунан региональнай оператордары кытта толору хааччыллыыта суох дьиэлэртэн уонна чааһынай сектортан бөҕү тиэйиигэ биир тылы булан үлэлэһии буолар.

БЭЙДИЭ СЫЛДЬАР ЫТТАР

2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бэйдиэ сылдьар ыттарга үлэлэһэргэ уларыйыылар киирдилэр. Биһиги өссө 2018 сыл сэтинньи ыйыгар СӨ ветеринариятын Департаменыгар этии киллэрэ сылдьыбыппыт, бэлэмнэнии үлэтин ыытыахха диэн. Билигин бу үлэ муниципалитеттарга бэриллибэккэ турар.

Олохтоохтор интэриэстэрин көмүскээн, бэйдиэ ыттары кытта үлэни бэйэбит тус үппүтүгэр ыытабыт, билигин бу үлэ куорат боломуочуйатыгар киирбэт, онон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэниэхтээх. Бүгүҥҥү күҥҥэ төһө харчы көрүллүбүтүн билбэппит, боломуочуйа бэриллэ илик, ол да буоллар биһиги эппиэтинэстэн куоппаппыт уонна үлэбитин салгыы ыыта олоробут. Бу саҥа федеральнай сокуон барыбытыгар кыһалҕаны үөскэттэ, муниципалитеттарга, регионнарга да, тоҕо диэтэххэ бу сокуоҥҥа этиллэр ирдэбиллэр – аһатыы, эмтээһин, чип туруоруута, салгын температура, иһэр уулара, үйэлэрин моҥуохтарыгар диэри олоруулара, быһыы биэрии уо.д.а. – ханнык да регион, куорат толорорго бэлэмэ суох.

НАЦИОНАЛЬНАЙ БЫРАЙЫАКТАР

Биһиги 13-тэн 6 национальнай бырайыакка үлэлэһэбит. 2019 сылга  “Демография” национальнай бырайыакка биһиги 2 дьиэни дьааһылаҕа анаан атыыласпыппыт. “Үөрэхтээһин” бырайыакка Табаҕаҕа уонна Тулагыга “Точка роста” тэриллибиттэрэ. 11 оскуола 22 мөлүйүөн солк. тахса суумаҕа араас цифровой оборудование ылбыттара. 2019 сыл бүтэһигэр Хатас оскуолата федеральнай грант ылан, научнай лаборатория арыйбыта. Манна аныгы биологическай чинчийиинэн дьарыктаныахтара.

“Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” бырайыакка 2019 сылга 623 мөл. солк. көрүллүбүтэ, “Цифровая экономика” бырайыакка эмиэ кыттабыт. Онно Оҕо айар Дыбарыаһа, политехническэй лицей 7,5 мөлүйүөннээх грант ылбыттара. “Култуура” нацбырайыакка икки музыкальнай оскуола 14 мөл. солк. суумаҕа музыкальнай оборудование ыллылар.

2020 сылга бу бырайыактарга 3 млрд солк. ыларга былаанныыбыт, бу кырата суох суума.

НОРУОТ БҮДДЬҮӨТЭ

Сайаапкалар көрүллэн, түмүк тахсара чугаһаата. Бу бырайыак Арассыыйаҕа биир бастакынан биһиэхэ ылыллыбыта уонна муниципальнай практикаҕа биир бастыҥынан ааттаммыта. Бу, кырдьык, олус наадалаах үлэ. Куорат уопсастыбаннай палаататын этиитинэн, сүбэтинэн, куоластааһыҥҥа коммерческай тэрилтэлэр киллэриллибэттэр, тоҕо диэтэххэ манна соччото суох уопут баара, харчыларын ылан баран үлэлэрин толорботохторо.

Быйыл Улуу Кыайыы 75 сылынан Арассыыйаҕа Өйдөбүнньүк уонна Албан аат сыла, өрөспүүбүлүкэҕэ дойдуга бэриниилээх буолуу уонна Дьокуускайга – Көлүөнэлэр сылларынан биллэрилиннилэр. Онон биһиги бу тиэмэлэри кытта сибээстээх бырайыактарга болҕомтобутун ууруохпут.

КУОРАТ БҮДДЬҮӨТЭ

Бүддьүөт 70 бырыһыантан тахсата социальнай араҥаҕа ананыаҕа. Урут уруккуттан маннык буолара, буола да туруоҕа. Биһиги, бастатан туран, нэһилиэнньэбитин өйүөхтээхпит, үөрэххэ, медицинэҕэ бу сууматтан ороскуоттуохпут. Иккиһинэн, оҕо сайыҥҥы сынньалаҥар, чэбдигирдэр лааҕырдар ороскуоттарыгар индексация оҥоруохпут, маны таһынан оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго үбүлээһин нормативын улаатыннарыахпыт. Куорат бүддьүөтүгэр эбии харчыны көрөн, уһуйаан иитээччилэрин, атын да үлэһиттэргэ хамнастарын үрдэтиигэ туһулуохпут. Бу боппуруос тиһэх быһаарыыга кэлэн турар.

БЫЛААННАР

Элбэх тэрээһин ыытыллыаҕа, маны Олохтоох дьаһалта сайтыгар көрүөххүтүн сөп, былаан барыта суруллан турар. Улахан үлэлэри Кыайыы пааркатыгар оҥоруохпут, бу паарка куорат олохтоохторунан улаханнык биһирэнэн турар, тутуу Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар түмүктэниэҕэ, 2022 сылга.

Маны таһынан быйыл 17-с кыбаарталы көтүрүүнү саҕалыыр былаан баар, бастакы 16 дьиэни көтүрүөхпүт. Атын оройуоннарга 12 дьиэ көтүллүө. Дьон куттала суох олоруутун хааччыйыахтаахпыт, уулуссаларга уоту тардыы, эбии видео кэтээн көрүүлэри туруоруу, албын кафелары сабыы, бэйдиэ сылдьар ыттар, уопсастыбаннай транспорт, сылаас тохтобуллар, дьон сылаас туалеттары туруорсаллар, уһуйааннарга өрөмүөн, эбии оҕо саадтарын тутуу, Салайар хампаанньалар үлэлэрин тупсарыы – бу барыта куорат бүппэт үлэтэ, түбүгэ, олохтоохтор тустарыгар кыһамньыта буолара саарбахтаммат.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...