САЛГЫҤҤА ХААМЫЫ ТУОХ ТУҺАЛААҔЫЙ?
Салгыҥҥа хаамыы туһатын туһунан элбэхтик этэллэр. Бу чахчы туох туһалааҕый уонна сөпкө хайдах хаамыллыахтааҕый?
Салгынынан тыына сылдьарбыт – олох. Киһи аһылыга суох ый устата тыыннаах олоруон сөп, уута суох – аҕыйах күн. Оттон салгына суох аҕыйах да мүнүүтэ буолбаппыт. Ыраас, чэгиэн салгын төһө да элбэх буоллун, хаһан да киһи доруобуйатыгар буортуну оҥорбот.
Салгын мэйии үлэтин, ньиэрбэ, сүрэх-тымыр уонна ас буһарар систиэмэлэр үлэлэрин тупсарар кыахтаах.
Туох туһалааҕый? Аныгы киһи барыта ыксал-тиэтэл тэтимигэр олоҕун олорор, умса-төннө түһэ-түһэ үлэлиир, хас да дьыаланы биирдэ ситиһэ сатыыр. Онон сибиэһэй салгын туһунан толкуйдуур солобут суох да буолар. Өрөбүллэргэ биирдэ эмэ айылҕаҕа тахсан ып-ыраас, чэбдик салгыны түөс муҥунан эҕирийэ тыынар хайдахтаах курдук үчүгэй буолааччыный?
Сибиэһэй салгын киһиэхэ хара төрүөҕүттэн наада. Эмиийдээх оҕо үчүгэй халлааҥҥа 2-3 чаас күүлэйдиэхтээх диэн медиктэр сүбэлииллэр. Оттон улахан киһи эмиэ күҥҥэ кыччаабыта 3 чаас таһырдьа салгыҥҥа сылдьара тоҕоостоох эбит.
Куорат киһитэ күннээҕи барар-кэлэр ыыра кыараҕас. Дьиэтиттэн остонуопкаҕа тиийэр, автобуска айаннаан үлэтигэр кэлэр. Күн устата олох аҕыйах мүнүүтэ салгыҥҥа сылдьар. Киэһэ үлэтиттэн төннөн иһэн дьиэтин аттынааҕы маҕаһыыҥҥа киирэн ааһыа – онон бүттэ. Оттон оҕолор күнү быһа сылаас оскуолаҕа, уһуйаан дьиэтигэр хаайыллан олороллор, сынньалаҥнарын эмиэ түөрт истиэнэҕэ, маҕаһыыннарга, саататар кииннэргэ атаараллар. Таһырдьа талаһар оҕо ахсааннаах.
МЭЙИИ ҮЛЭТИГЭР ТУҺАЛААХ
Салгыҥҥа аҕыйахтык сылдьар буолууттан тыҥа уонна тымыр араас ыарыылара үөскүүллэр. Ол түмүгэр сүрэхпит кэһэйэр. Ону кытта киһи кыраттан ньиэрбинэйдиир, кыйахана сылдьар буолар.
Учуонайдар суруйалларынан, ыраас салгын киһи организмыгар бастаан мэйиигэ, психикаҕа уонна ньиэрбэ систиэмэтигэр туһалыыр – информацияны өйгө хатааһын (память) тупсар. Кислород киириитэ сүрэх, тыҥа, ис уорганнар уонна тымырдар үлэлэрин тупсарар. Киһи олоҕо уһуур, үгүс ыарыыта үмүрүйэр.
Кислороду организмҥа киллэрии саамай судургу ньымата – күн аайы хаамыы. Ойуурга, күөх хонууга, пааркаҕа хаамар ордук туһалаах. Күөх үүнээйилэр ыраастаабыт салгыннара доруобуйаҕа суолтатын этэ да барыллыбат.
Америка учуонайдара таһырдьа хаамар уонна күн аайы тренажердарга спордунан дьарыктанар дьону тэҥнээн көрбүттэр. Чинчийиинэн 50 саастарыттан 80-гар диэри саастаах дьон хабыллыбыттар. Сатыы хаамааччылар нэдиэлэҕэ үстэ 30-45 мүнүүтэ таһырдьа күүлэйдээбиттэр. Оттон тренажердарга дьарыктанааччылар эмиэ инник графигынан үлэлээбиттэр, былчыҥнарын ууннары тардар хамсаныылары оҥорбуттар. Эксперимент сыл устата барбыт. Чинчийии түмүгүнэн сатыы хаамыынан дьарыктаммыт дьон мэйиилэрэ 2 бырыһыан улааппыт, мэйиилэригэр ордук былааннааһын уонна өйгө тутан хаалыы өлүүлэрэ сайдыбыт диэн быһаарбыттар. Оттон саала иһигэр спордунан дьарыктанааччылар мэйиилэрэ, төттөрүтүн, 1,5 бырыһыан кыччаабыт. Онон мэйии кырдьыбатын туһугар күн аайы дьаарбайар тоҕоостоох.
Маны таһынан хаамыы кэмигэр атах былчыҥа эрчимин сүтэрбэт, сүһүөхтэр үчүгэйдик үлэлиир буолаллар. Хаалыктаах хаамар буоллаххытына, курдунаргытыттан үөһээ өттүгүт кытта үлэлиир.
Хаамар солобут суох диир буоллаххытына, саатар үлэҕитигэр кэлэ-бара сатыы сылдьа сатааҥ, иллэҥ кэмҥитин айылҕаҕа атаарыҥ. Атын дойдулары кэрийэ бараргытыгар сатыы экскурсиялары талыҥ. Хаамар туһугар дьон ыт иитэ ылаллар (дьиэ кыылын күн аайы дьаарбатыахха наада) эбэтэр хаартыска түһэриинэн үлүһүйэллэр.
Бастаан хааман саҕалыыр дьон 15 мүнүүтэттэн саҕалыыргыт ордук. Салҕыы сарсыарда уонна киэһэ 2-3-түү чаас дьаарбайыаххытын сөп.
ХААЛЫКТААХ ХААМЫЫ САХАЛАРГА ОЛУС БАРСАР
Дьокуускайга “Стимул” диэн хаалыктаах хаамыы кулууба баар. Салайааччы – чөл олох пропагандиһа Матвей Лыткин. Үлэлээбиттэрэ 6-7 сылыгар барда. Кинилэр үлэлэрин түмүгүн көрдөххө, Саха сиригэр хаалыктаах хаамыыны ордук кырдьаҕас дьон сөбүлээтилэр уонна баһылаатылар.
“Стимуллар” бу субуотаҕа, олунньу 22 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас Ураһалааҕар хаама баран эрэллэр. Таарыйа Туруук Хайаны көрөллөр. Кинилэр маннык айаннарга ыһыктарын илдьэ сылдьаллар, харчынан кыттыһан оптуобус сакаастыыллар, бассаап бөлөҕөр түмсэллэр.
“Стимул” хаалыктаах хаамыы кулууба “Туймаада” спортивнай комплекска баар.
Хас бэнидиэнньик, сэрэдэ, бээтинсэ аайы баҕалаах дьону дьарыктыыр.
Дьарыктанар бириэмэлэрэ: 12.30 – 14.00 ч.
Былырыын баччаларга Бырабыыталыстытба бэрэссэдээтэлэ Д. Медведев хаалыктаах хаамыыны (скандинавскай хаамыы) Арассыыйа спордун көрүҥнэрин ахсааныгар киллэттэрбитэ. Спорт – ыччат ылсар эйгэтэ. Онон хаалыктаах хаамыыга ыччат тоҕо анньан кэлэрин кэтэһэллэр. Күрэхтэһиилэр тэриллиэхтэрин, трассалар баар буолуохтарын наада.
Арассыыйа бөдөҥ куораттарыгар, Америка холбоһуктаах штаттарыгар, Канадаҕа, Кытайга, Европа дойдуларыгар хотугу хаамыыга (хаалыктаах хаамыы иккис аата) күрэхтэһэр буолбуттара ыраатта.
Гаврил Николаев:
- Мин 50 саастаах, үйэм тухары олорор үлэлээх киһибин. Ол иһин миэхэ хаамыы олус наадалаах буолсу диэн санааттан саҕалаабытым. Хаалыктаах хаамыынан дьарыгырбытым 5 сылтан таҕыста. Өрөбүллэрбэр, ол аата нэдиэлэҕэ икки күн эрэ, хаамабын – ол да туһата баһаам буолар дии саныыбын. Дьокуускайга массыынанан пааркаҕа эбэтэр Чочур Мырааҥҥа сүүрдэн тиийэн баран, тайахпын туттум да, тахсан төһө баҕар хаамабын.
Анна Томская:
– Мин быйыл 65 сааспын туолабын. Хаамыынан олох эдэр эрдэхпиттэн үлүһүйэбин. -50 кыраадыс тымныы буоллун, +40 кыраадыс куйаас буоллун – күн аайы аччаабыта 5-10 км барабын. Дойдубар Дьааҥыга олорон айылҕаҕа хаамар этим. Кэнники куоракка кыстыыр буолан, пааркаҕа уонна 202-ис микрооройуон кытыытынан Өлүөнэ өрүскэ киирэр суолга хаамар буолбутум.
Хаалыктаах хаамыы үөдүйбүтүгэр тайах ылыммытым, ол эрэн куоракка тайахтаах хаамар сэрэхтээх соҕус эбит – ыттар түһүөх курдук үрсэллэр. Ол иһин тайаҕа да суох күн аайы тахсан хаамабын.
Хамыы киһиэхэ эрчим биэрэр, энергияланан дьиэ үлэтин үмүрүтүүгэ, сиэн оҕолору көрүүгэ саҥа тыыннаммыт курдук буолаҕын. Хаамыы диэн хамсаныы, хамсаныы диэн олох.