САИНА: “ОЛОХХО КИҺИ БЭЙЭТИН МИЭСТЭТИН БУЛЛАҔЫНА ЭРЭ ДЬОЛЛООХ БУОЛАР”
Эстрадаҕа тахсыбыт ааттарын бренд оҥостубут, аан дойду билиниитин ылбыт артыыс сахаҕа суоҕун кэриэтэ эбит. Арай САИНА айар-тутар үлэтинэн, талаанынан уонна айылҕа биэрбит өйүнэн Саха сирин, дьонун-сэргэтин, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар култуураларын аар-саарга аатырда сылдьарын көрөбүт.
САИНА интервью биэрбэтэҕэ, билиҥҥи олоҕун аһаҕастык кэпсээбэтэҕэ олус ыраатта. Кэнники сылларга тугунан дьарыктаммытын, аан дойдутааҕы айаннарын ким уйунарын, тугу гынан сылтан сыл аайы эдэригэр түһэн иһэрин туһунан, онтон да атыны ирэ-хоро кэпсэттибит.
“ЗДРАВСТВУЙ, ЯКУТСК!” ЫРЫА 25 СЫЛА!
– Саина диэн аатынан эстрадаҕа кэлбитиҥ быйыл 25 сыла, ону кытта Дьокуускай официальнайа суох гимнэ, норуот таптыыр ырыата буолбут “Здравствуй, Якутск!” ырыа эмиэ 25 сааһын туолар. Ол иһин кэпсэтиибитин бастаан бу ырыа үөскээбит, айыллыбыт, эйиэхэ кэлбит историятыттан саҕалыахха.
–САИНА диэн аат 1996 сыллаахха баар буолбута. Ол иннинэ Саввинова Екатерина Аркадьевна эрэ диэн ааттаах этим. Онтон “Соли тутти” звукозапись устуудьуйатыгар биир ырыаны устубуппут.
Ол иннинэ мин муҥурдаахпын быстаран, уустук соҕустук эпэрээссийэлэнэн, биир ый устата балыыһаҕа сыппытым. Ыалдьа сытан бэйэбэр былаачыйа уруһуйдаан хайаан, сыанаҕа соҕотох тахсан ыллыырга санаммытым. Дьиҥэ, соҕотох ыллыырбыттан наһаа толлор, куттанар, кыбыстар этим.
Устуудьуйаҕа тиийэн “Тапталы харыстааҥ” ырыаны таһаарбытым. Куолаһыҥ син барсар эбит диэбиттэригэр үөрбүтүм. Онтон продюсердар эйигин сулус оҥоруохха диэбиттэрэ, САИНА бырайыак быһыытынан үөскээбитэ. САИНА – САввинова ЕкатерИНА диэн ааппыттан таһаарбыппыт. Туох эмэ сатамматаҕына, дьиҥнээх ким буоларбын билбэтиннэр диэн атын ааты ылыммытым. Наһаа комплекстаах, сэмэй этим...
Онтон ол сыл сэтинньитигэр Дьокуускай Култуураҕа управлениета “Якутск-1997” ырыа куонкуруһун биллэрбитэ. Бу иннинэ хас да сыл ыытыллыбыт күрэх этэ. Онно “Дьокуускай туһунан бастыҥ ырыа” диэн номинацияны биллэрбиттэрэ. “Здравствуй, Якутск!” ырыам уонна эмиэ итинник ааттаах бастакы альбомум ааптардара, аранжировщиктар – ырыа тылларын ааптара Николай Гринько уонна матыыбын ааптара Александр Болознев кытыннарбыттара. Кинилэр билигин Москваҕа олороллор, көспүттэрэ ыраатта, сотору эмиэ көрсүөхтээхпит.
“Здравствуй, Якутск!” олус түргэнник айыллыбыт ырыа этэ. Бастаан истээт: “Бачча үчүгэй ырыаны сатаан ыллыам дуо?” – дии санаабытым. Онтон ыла интэриэһинэй олоҕум саҕаламмыта.
Мин суолбун “Здравствуй, Якутск!” ырыа арыйбыта диибин. Ырыа ырыаһыты бэйэтэ булар. 25 сыл ааста, оттон бу ырыа энергетиката билигин да күүстээх. Ырыаһыт бэйэтэ тахсыбат, тахсыахтааҕын өйдөөбөт да буоллаҕына, ырыа бэйэтэ тиийэн кэлэр эбит. Наһаа элбэхтик хат-хат устубуппут. Сатаан ыллаабатаҕым, куолаһым диапазона хааччахтыыр этэ. Ол үрдүнэн, ааптардар – нуучча уолаттара, “ыллаан ис” диэннэр дьаныһан туран устубуттара.
1997 сыллаахха тохсунньу 25 күнүгэр Ю.Гагарин аатынан кулуупка куонкуруска ылламмыта. Бастакы түһүмэххэ “эн кыайдыҥ быһыылаах” диэн бары эҕэрдэлээн барбыттара. Дьүүллүүр сүбэҕэ Виталий Андросов, Владимир Индигирскэй о.д.а. бары легендарнай дьон, култуура интеллигенциятын чаҕылхай бэрэстэбиитэллэрэ, оттон бэрэссэдээтэлинэн Галина Кривошапко олорбуттара.
Бу күрэххэ Гран-при буолбатаҕым. Уопсайынан, үйэм тухары иккис миэстэҕэ сылдьар этим. Онтукам, билигин санаатахпына, үчүгэй эбит. Тоҕо диэтэххэ, кыайыы киһини мөлтөх оҥоруон сөп. Оттон наар иккис буола сырыттаххына, хорсун буолар эбиккин, “син биир баран иһиэм” дии-дии инниҥ диэки күрдьэ тураҕын. Бу куонкурус кэнниттэн тохсунньу 28 күнүгэр Опера уонна балет театрыгар гала-концерга тахсыбытым.
Хаһан да улахан сыанаҕа тахсыбатах киһи, тута улахан эрэ балаһааккалартан саҕалаабытым – ол эмиэ ситиһии этэ. Биллэн турар, сыанаҕа тутта үөрэҕим суох, хайдах баарбынан тахсабын. Харчы бириис биэрэллэр – наһаа сөҕөбүн, соһуйабын.
Онтон муус устарга “Золотой олень” өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэ буолар. Онно хас да номинацияны ылабыт – “Бастыҥ ырыаһыт”, “Сыл бастыҥ ырыата”. Хаһыаттарга “туох да бэлэмэ суох кыыс кыайда”, “выскочка” диэн ис хоһоонноохтук хомуруйан суруйаллар. Эдэр ырыаһыкка ол төһөлөөх ыарыылаах буолуой? Мин үйэм тухары тугу эрэ утары баран тахсыбыт ырыаһыппын. Баччааҥҥа диэри ким да хайҕаабатаҕа, ким да өрө тардыбатаҕа. Ол иһин барытын бэйэм хорутан, үлэнэн ситиспитим.
Ити курдук муус устар 27 күнүгэр Ленин болуоссатыгар таһааран ыллаталлар. Мээнэ сыанаҕа да буолбатах, массыына краныгар үөһэ таһаардылар. Аллара болуоссаты толору дьон мустубут, зажигалкаларын уматаллар. Тыал да тыал, тыбыс-тымныы, тимиртэн тутуһан туран ыллаатым. Страховка эҥин кэлиэ дуо. Билигин ол видеота да, хаартыската да суох...
Ол сайын стадиоҥҥа ыллаабытым. Туох күнэ буолбутун билигин өйдөөбөппүн. Мурат Насыров кэнсиэрдии кэлбит этэ. Кинилиин сиэттиһэн туран “Здравствуй, Якутск!” ырыанан кэнсиэри түмүктээбитим. Дьон хаһыы-ыһыы, ытыс таһыныы бөҕө. Арассыыйа сулуһа онуоха миигин өҥөйөн көрүтэлиир – туох ааттаах-суоллаах ырыаһыты көрөөччү маннык уруйдаан-айхаллаан көрүстэ диир курдук. Сэмэйим бэрдиттэн кэпсэппэтэҕим даҕаны. Ол видеота эмиэ хаалбатах.
Салгыы тыа сирдэринэн гастролга ыҥырбыттара. Дьиэҕиттэн тэйэргэ, айанныырга, сыанаҕа туттарга-хаптарга – барытыгар ыллыы сылдьан үөрэнэҕин.
Онтон ырыабыт бэйэтин олоҕунан олорон барбыта. 2009 сыллаахха Кытайга олорор Мира Максимова ырыабын кытай тылыгар тылбаастаан, ыллаа диэн көрдөспүтүгэр бэйэлэрэ ыллыыллара ордук буолуо диэбитим. Кытайдыы ханна ыллыахпыный. Скрипка, фортепиано доҕуһуоллаан наһаа үчүгэйдик оҥорон соһуппуттара.
“Джуманджи” диэн Марина Петрова салайааччылаах английскай тыл устуудьуйата баар этэ, олор английскайдыы тылбаастаатылар – оҕолору кытта куорат устун хаама сылдьан клип уһулбуппут.
Онтон Нуучча театрын артыыстара – СТВ араадьыйа ыытааччылара рэп-версиятын оҥорбуттара. 2011 с. Андрей Шилов диэн эдэр киһи тахсан: “Здравствуй, Якутск!” ырыанан ремикстэри оҥоробут, Дьокуускай куорат түүҥҥү кулууптарын диджейдэрэ бары бу күрэххэ кыттыахтара”, – диэтэ. Ол саҕана Казахстаҥҥа сылдьабын, суһаллык куоласкын устан ыыт диэтилэр. Алматаҕа табаарыстарым устуудьуйаларыгар куоласпын устан ыыттым. Онон манна бүтүн диискэ тахсыбыта. Ол иһин этэбин, бу ырыа улахан ураты энергетикалаах диэн.
ОМУК ДОЙДУЛАРЫГАР БИҺИГИ КУЛТУУРАБЫТЫН ОРДУК СЭҤЭЭРЭЛЛЭР
– Эйигин Саха сириттэн көһөн барбыт, үксүн кыраныысса таһыгар үлэлиир курдук саныыбыт. Ыраах сиринэн тэлэһийэ сылдьаргар, Саха сирин чиэһин аан дойду таһымыгар көмүскүүргэр өйөбүл, спонсордааһын баар буолааччы дуо? Наар бэйэҥ хааччынаҕын дуу?
– Миигин бэйэлэрэ ыҥыраллар. Сороҕор бырайыаспын уйуналлар, бэйэм да барабын. Ким да кимиэхэ да тугу эрэ оҥорон, ылан, аҕалан биэрбэт. Билигин ону өйдөөтүм. Урут атыннык саныырым. Бырастыы гыныы үөрэхтэрин ааһан баран, медитациянан, йоганан, цигунунан дьарыктанан.
Ый аҥаарын быһа кэнсиэр тэрийбэппин диэн тэбиэлэнэ сыттым ээ. Аат-суол наадата суох диибин. Күннээҕи олоҕунан олоруохха наада, кимтэн да тутулуга суох, кимтэн да тугу да кэтэспэккэ.
Артыыс өллөҕүнэ биирдэ саныыллар ээ. Урут биһиги ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт – хаһыакка, араадьыйаҕа, телевидениеҕэ. Билигин эн тускунан суруйалларыгар харчы көрдүөхтэрэ. Ырыынак кэмэ диэн. Барыларын кытта тэҥнииллэр. Эн эфиргэ тахсар буоллаххына, төлүөхтээх буоллаҕыҥ дииллэр. Мин саха култууратын, хотугу норуоттар култуураларын тарҕатан, маастар- кылаастары көрдөрөн кэллим – бу мин сөбүлүүр дьарыгым.
– Омук дойдуларыгар ордук тугу сэҥээрэллэрий?
– Омук сиригэр миигин сөбүлүүллэр, сыаналыыллар. Арассыыйаҕа да буоллун, Уһук Илин регионугар мин ырыаларбынан үҥкүүлүүллэр, толороллор. Саха сиригэр эрэ буолбакка, аан дойдуга үлэлиибин.
Омук сиринэн сылдьан дуоһуйабын. Миигин ыҥыраары дьон грант суруйаллар, бырайыаспын уйуналлар. Төһө баҕарар сырыт, ыллаа дииллэр. Дьүүллүүр сүбэ буол диэн Канаданан, Американан, Норвегиянан сырытыннараллар. 20-тэн тахса араас дойдуга сахалыы, хотугулуу ыллаан-туойан кэллим. Маастар-кылаастары, медитация үөрэҕин, кэнсиэр биэрэбин. Пандемия бүттэ даҕаны, бараары кынатым бэлэм.
– Кэлин саҥа ырыа суруйдуҥ дуо?
– Урут туох эрэ үбүлүөйгэ, бырааһынньыкка ырыа оҥорор этим. Быйыл пандемиянан сибээстээн, туох да былааммар суох этэ. Ол гынан баран Леонид Бурлаков диэн киһи “Музыкальнай батальоҥҥа” киллэрбититтэн миэхэ иккис тыын кэлбитэ. Бу Земфира, “Мумий Тролль” продюсера, күүстээх музыкант. Кини ыҥырыыта диэн улахан ситиһии – 17 араас тылынан ырыа быыһыгар, мин сахалыы ыллаабытым. Бу клип 10 мөл. тахса көрөөччүлэннэ. “Нам нужна одна победа” диэн норуот санаатын көтөҕөр эпоха ырыатын толордубут.
Валентина Комиссарова-Күлүмүүрэлиин булсаммыт, ырыа бөҕөтүн тылбаастаатыбыт – Ян Френкель “Журавли”, Катя Лель “Көтөн тиий”, Андрей Губин “Птица”. Онон бу пандемияҕа дууһам ыллаата, сынньанна.
Дьүкээгир норуотун суруйааччыта Николай Курилов дьүкээгир тылынан “Аве Мария” ырыаны сакаастаата. Дьоллонон уҥан түһэ сыспытым. Түҥ былыргы историялаах, 350-ча эрэ киһилээх хаалбыт норуот ытык кырдаҕаһа, бу тылынан саҥарар уонна толкуйдуур 20 эрэ киһи хаалбыт норуота, миэхэ эрэнэн, бу малыыппаны дьүкээгир тылынан толорбуппунан киэн туттабын.
ПАНДЕМИЯ МИИГИН АРЫЙДА
– Онлайн ньыманан үлэни баһылаатыҥ дии. Пандемия эйиэхэ хайдах дьайда? Билигин тугунан дьарыктанаҕын?
– Пандемия миигин саҥа өттүбүттэн арыйда. Мин хаһан да туохтан да толлубатаҕым. Артыыс личность быһыытынан дьиҥнээхтии сайдар оскуолата Саха сиригэр эрэ баар. Тоҕо диэтэххэ, бастатан туран, эн экстремал буолаҕын – доруобуйаҕын, олоххун толук биэриэххин сөптөөх айаннарга сылдьаҕын. Мин үстэ өлөр өлүүттэн быыһаммыттаахпын...
Култуура миниистирэ эбитим буоллар диэххэ, бэйэлэрин күүстэринэн аан дойдуга саха култууратын тарҕатар дьоҥҥо ураты сыһыаны олохтуом этэ. Аҕыйахпыт даҕаны – “Айархаан” Альбина Дегтярева, Ольга Подлужная, Юлияна Кривошапкина, Хатылаевтар...
Предпринимательствоҕа тыыппалаах эбиппин. Билигин бэйэм ИП-бын. Хаһан да хамнаска, театрга, кимиэхэ эрэ үлэлээбэтэҕим. Киһи быһыытынан олус кытаанаххын дииллэр. Онтон атын тугу да ситиспэтэх буолуом этэ.
Билигин наһаа үчүгэй учууталлардаахпын. Бэйэлэрэ доруобуйаларын көрүнэллэр, дьоҥҥо көмөлөһөллөр. Мин кинилэргэ махтанабын. Кинилэр миигин доруобай буоларга үөрэттилэр, олохпун уһаттылар. Төһө да биир да материальнай баайа суох буолларбын, мин дьоллоохпун дии саныырга үөрэттилэр.
Билигин дьону оннукка үөрэтэбин. Киһи этэ-хаана күүрбүтүн уһулан, сымнатарга үлэлиибин. Киһи күүрдэҕинэ сатаан ыллаабат, саҥарбат, дьоллоох буолбат эбит. Ол иһин йоганан, цигунунан күн аайы дьарыктанабын, тайцзицюань сырыттым. Урут олох сатаабат киһи сөтүөлүүргэ үөрэнним. Пандемия кэмигэр сиэмминэн үчүгэйдик дьарыктанным.
Онлайн оскуола арыйан үлэлэттим. Камераҕа бэйэбин устарга үөрэнним. 60-тан тахса киһи бэс ыйыгар онлайн дьарыктаммыта – аан дойдуттан барытыттан.
Өссө арыы атыылыыбын. Арыынан ыраастанабын, эмтэнэбин. Арыы эйгэтигэр киирэммин абыранным. Киһи ис уорганын ыраастыыр миссия кэллэ быһыылаах диибин. Дьон наһаа махтанна.
Урут-уруккуттан тугу эрэ атыылыыр этим. Хоту халбаһы, саахар, булт таҥаһын ыытар, эргинэр этим – наар харчы тиийбэтиттэн. Оннук эрэ тыыннаах хаалар этибит.
БЭЙЭМ ТУҺАНАРБЫН ДЬОҤҤО ТАРҔАТАБЫН
– Цигун, тайцзицюань, сөтүө, йога, арыыларынан чэбдигирии, араас коуч-трениннэр, вегетарианство, о.д.а. – бу барыта эн киэҥник кэпсиир, дьарыктанар, олоххор киллэрбит хайысхаларыҥ. Ити мин бэлиэтии көрбүппүнэн эрэ... Бэйэҕин буларгар көмөлөспүттэрин инстаграмҥар суруйаҕын. Маннык араас үөрэхтэри баһылыырга киһи духуобунас, өй-санаа өттүнэн ситиэн наада буолуо дии? Эн туохтан саҕалаабыккыный?
– Мин балартан тугу да бэйэм айбатаҕым. Ити барыта мин учууталларым үөрэхтэрэ. Кинилэр истэригэр 38 саастаах, 4 сылы быһа аһаабатах Дмитрий Лапшинов кытта баар, кини Кытай, Тибет, Индия маастардардарыгар үөрэммитэ.
Миэхэ туох эрэ көмөлөһөр буоллаҕына ону тарҕатабын. Холобур, английскай тылга Рашид Бараталиев методикатынан, Москваларга уруһуйдуурга үөрэнним – олору аҕаллым, Киин тэрийдим. Куурустарбын ыытаары дьиэ-уот көрдөөн эрэйдэнним. Сүгүн үлэлэппэтилэр даҕаны... Манна үөхсэн хайаан үлэлэппэттэр эбит.
Онлайн үйэтигэр киһи босхо барар эбит. Атын омуктарга оһуокайынан, тойугунан эмтиир дьарыктары ыытар этим. Манна саҥа оҥорор буоллум. Боростуой дьон кэлэллэр. ДЦП-лаахтар, араас ыарыылаахтар, коронавирус кэннэ тыына үөрэнээри, о.д.а. сыаллаах кэлэллэр.
– Саха сиригэр хаста да коуч Жанат Жусуповы аҕала сырыттыҥ дии. Кини тугу кэпсиирий, туохха үөрэтэрий?
– Мин бэйэм киниттэн абыраммыт буоламмын аҕала сылдьыбытым. Төһөлөөх элбэх киһи Бырастыы гыныы тренинин ааспыта буолуой.
Максим Кирович Аммосов – Киргизияҕа, Казахстаҥҥа үлэлээбит, олохторун тупсарбыт киһи. Онтон Жанат Жусупов биһиги олохпутугар.
Кини элбэх эрэйи туораабыт киһи. 110 кг уойа сылдьыбыт, улахан собуоттаныар дылы байа сылдьыбыт, ыарыылары аһарыммыт. Уонна духуобунаска барбыт. Төһөлөөх элбэх киһиэхэ көмөлөстө? Саамай былдьаһык тренинг “Бырастыы гыныы” этэ – 1,5 нэдиэлэ кэлэн барбытыгар 200-чэкэ киһи ааспыта. Онтон биһиги сатаан бырастыы гыммат уопсастыбаҕа олорорбут көстөн кэлбитэ. Кини информацияны боростуойдук уонна түргэнник тиэрдэр.
Дмитрий Лапшинов, холобур, бэйэтэ туспа ньымалаах. Мин төрөппүттэрим миигин үөрэппэтэхтэрэ, кинилэр ийэлээх аҕаларыттан эмиэ билии ылбатахтар. Ол иһин учууталлардаахпын. Олох туһунан тугу да билбэппит – оҕолор оскуоланы бүтэрэллэр, кэргэн ылаллар, оҕолоноллор, кирэдьиит ылан дьиэлэнэллэр, арахсаллар...
Ол иһин мин билигин атыммын. Бэйэлэрин олохторунан олорбот дьону өйдүү, кинилэргэ көмөлөһө сатыыбын.
ЫРЫА ЙОГАТЫН ТУҺАТА
– Ырыа йогата кимиэхэ барсарый?
– Киһиэхэ барытыгар барсар. Куолай чакрата диэн баар. Өбүгэлэри кытта ситимнээх эбит. Мин бастаан өйдөөбөт этим –миэхэ тоҕо хотугу норуоттар ырыалара, тойук, оһуокай кэлэллэрий диэн. Оһуокай эстраднай варианын альбоммар бастакынан киллэрбитим. Хотугу ырыалары толорбутум барыта билигин үҥкүүгэ туһаныллар – ол оҕону иитиигэ кылаатым эбит.
Уруккуттан төрдүбүн үөрэтэрим: Чурапчыттан көһөрүллүбүттэр, сыылкаламмыт дьон бааллар эбит – ол иһин нууччалыы ыллыахпын баҕарабын; олоҥхоһуттар, тойуксуттар бааллар – Ньурбаттан эһэм төрдө олоҥхоһуттар; эбэҥки кинээстэрэ, баайдара, табаһыттара бааллар. Киһи өбүгэлэрин тылларынан ыллаатаҕына-туойдаҕына ситим үөскүүр эбит. Мин эдьиийбиниин билигин наһаа үчүгэй сыһыаннаахпыт, аҕабынан эрэ эдьиийим, дьиҥэ. Өбүгэлэрбит сиринэн былырыын сылдьыбыппыт. Өбүгэ маһын тиһэн таһаардыбыт, медитациялыыбыт, махтанабыт.
Ол иһин дьоҥҥо этэбин: хоту буоллаххытына хотугу норуоттар ырыаларын толоруҥ, саха буоллаххытына оһуокайдаан аһыллыҥ, ыраастаныҥ.
Мин доруобуйабын көрүммэтэхпинэ ким көрүөҕэй, айахпар ким ас аҕалан угуоҕай диибин. Оннукка түбэспитим даҕаны. Гипофизпар киста тахсыбыт диэбиттэрин кэннэ, олоҕум суолун уларыппытым. Маннык түгэн киһини сөптөөх суолга сирдиир, ыйар-кэрдэр эбит.
Учууталларым үөрэппэтэхтэрэ буоллар, мин өлбүтүм да ырааппыт буолуо этэ. Иэстэн иэскэ киирэн, ипотека төлөөн, доруобуйабын барытын бүтэрэ сыспыппын. Туругум билигин тубуста, ырааһырда, көннө.
Эп-эдэр дьон эмп хаалана-хаалана дьиэҕэ олороллор. Биирдэ эрэ бэриллибит эккин-хааҥҥын ыраастаабат, убаастаабат буоллаххына былдьаан ылаллар эбээт.
ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛБЫН БИЛЭР БУОЛАММЫН СИТИҺИИЛЭЭХПИН
– Атын омук тылларын үөрэтэргэр, ыллыыргар, эн төрөөбүт тылгын билэриҥ төһө туһалыыр дии саныыгын? Билигин ийэ тылын билбэт оҕо наһаа элбээн, сытыы кыһалҕа буолан турар... Эн оҕоҥ, сиэниҥ сахалыы кэпсэтэллэр дуо?
– Киһи төрөөбүт тылын билиэхтээх. Өбүгэлэрин тылынан толкуйдуохтаах, саҥарыахтаах уонна өйдүөхтээх. Билиҥҥи оҕолор, мин сиэним кытта, сахалыы саҥарбаттар. Биһиги оннук ииттэхпит дии. Бэйэм оҕом сахалыы өйдүүр, саҥарар, оттон сиэним нууччалыы эрэ саҥарар. Сап-сахалыы саҥарар оҕом оҕото нууччалыы эрэ чаҕаарар. Кини дьоно талбыт суоллара ол... Биллэн турар, хомолтолоох.
Мин Канадаҕа баар ыалы билэбин. Таһырдьа бары омуктуу кэпсэтэллэр. Дьиэлэрин иһигэр сахалыы эрэ. Атын тылы кыбытан көр эрэ... Оннук кытаанах иитиилээхтэр. Сиэммин сатаан оннук хонтуруоллаабаппын.
28 тылынан ыллыыбын. Англия тыла – үһүс тылым, үлэлиир тылым, инники суолбун тэлэр тылым. Атын дойдуга тиийэн тылбаасчыттарга эрэниэ суохтаахпын, барытын бэйэм кэпсэтиэхтээхпин. Оттон саха тыла ону баһылыырбар тирэҕим буолбута.
– Ситиһиилээх буоларга тирэх наада. Эн бигэ тирэҕиҥ тугуй?
– Ситиһиилээх буоларга киһи бэйэтин миэстэтин булуохтаах, бэйэтин киһитин булуохтаах. Уонна настаабынньыктаах буолуохтаах. Учуутал үөрэнээччи бэлэм буоллаҕына эрэ көстөр. Бэлэмэ суох киһини ыарыы, эрэй-муҥ эрэ үөрэтэр. Тугу да өйдөөбөккө өлөн да хаалыахха сөп.
Олоххо туох эрэ үчүгэй буолара – сөпкө баран иһэргэр бэлэх.
– Кэрэ сэбэрэҕин, доруобуйаҕын хайдах көрүнэҕин? Олох уларыйбат, эдэргэр түһэн иһэр курдуккун дии...
– Ити кэнсиэр тэрийэргэ дьоҥҥо холобур буолар эбиппин өйдөөн сөбүлэстим. Тупсубуккун дииллэр. Ол аата мин эппин-сииммин ыраастаан, чэбдигирдэн биэрэрбин дьон бэлиэтии көрөр. Киһи кириэмэ, косметиката да суох үчүгэй көрүҥүн сөпкө аһааһын, арыынан эмтэнии көмөтүнэн өр илдьэ сылдьыан сөп эбит.
КӨРӨӨЧЧҮБҮН ӨССӨ ДА СӨХТӨРҮӨМ
– Айар үлэҥ үбүлүөйдээх сылыгар туох былааннааххыный?
– От ыйыгар 50 сааспын туолабын. Киһи бачча сааһыгар кэлэн куолаһа, тас көрүҥэ тупсар, киһи кыахтаах да буолар эбит диэн бэйэм-бэйэбиттэн сөхтүм. Дьоҥҥо мотивация буолаары, холобур буолаары кэнсиэр тэрийэргэ сөбүлэстим.
Үбүлүөйбэр ырыаһыт маастарыстыбатын көрдөрөр санаалаахпын. Аан дойду хиттэрин толорор кыахтаахпын, куолаһым хаһааҥҥытааҕар да сайынна. Москваттан шоу оҥорор дьону аҕалыахпыт. Манна наар тугу барытын бастакынан оҥорор этим, ол иһин көрөөччүнү өссө да сөхтөрүөм дии саныыбын.
Урут хамаандабын сыыһа таҥар эбиппин. Билигин хамаандам дьоно бэйэлэрэ түмүстүлэр. Аккаастана сыппыппын олох күүстэринэн таһааран эрэллэр. Урукку кэнсиэртэрбин олох астыммаппын. Харчы бөҕөтүн төлөөн, уһултаран баран сөбүлээбэтэҕим.
ООН-тан, Арассыыйа Тас дойдулары кытта сыһыаҥҥа министиэристибэтиттэн махтал суруктардаахпын – ону чахчы суолталаах диибин.
Күн аайы бэйэбинэн, сиэмминэн эрэ дьарыктаныахпын баҕарабын. Уонна айанныахпын баҕарабын. Ханнык баҕарар дойдуга, куоракка тиийэн уруоктарбын ыытыахпын сөп.
Сир ханнык да муннугар олорор, хамнастанар кыахтаах эбиппин. Түүннэри-күнүстэри дьарыктанар дьыалаҥ дьоҥҥо туһалыыр уонна эйиэхэ дохуоту аҕалар буоллаҕына – ол эбит дьиҥнээх табыллыы.
Кинигэ суруйуохтаахпын. Билигин балтараа ый Москваҕа баран олоруохтаахпын. Кэнники икки сыл устата Москваҕа, Казаньҥа, Казахстаҥҥа, Америкаҕа, Нью-Йорк, Торонто, Сан-Франциско, Калифорния, Вашингтон куораттарга маастар-кылаастары ыыппытым. Уопуттанным. Ол иһин ханна баҕарар кэтэһиилээх киһибин.
Интернет-маркетолог үөрэҕэр үөрэнэ сылдьабын. Биһиги, артыыстар, кэнсиэртиирбитигэр дэриэбинэҕэ буоллун, куоракка буоллун, бэйэҥ бэйэҕин рекламаланаҕын, дьону бэйэҥ ыҥыраҕын. Ол иһин бу тэрийии боппуруостара миэнэ эбит. Сатыыр уонна сөбүлүүр эбиппин.
Эт-хаан өттүттэн саҕалаан киһи өйүн-санаатын ыраастыыр, сааһыланар кыахтаах эбитин арыйдым. Тыыныы быраактыкалара киһи иммунитетын бөҕөргөтөллөр. Ону барытын бэйэм олохпор туһанным, ол иһин дьоҥҥо кэпсиибин.
***
Билигин Димаш Кудайберген Нью-Йорка оҥорбут кэнсиэрин көрө олоробун. Түүр тыллаахтартан кини аан дойдуга бэйэтин кыаҕынан тахсыбыт уол. Бастаан бэйэтин дьоно казахтар өйөөбөтөхтөрө, Кытайга баран шоуга кыттан киэҥ эйгэҕэ тахсыбыта. Норуотун култууратын аан дойдуга көрдөрө сылдьар. Киһи көрө-көрө долгуйар, астынар. Мин да маннык тахсыахпын сөп этэ дии саныыбын, потенциаллаахпын даҕаны, табылла илик.
Канадаҕа 3 альбому таһаарбытым. Ураты музыка. Сахалыы хотугу матыыптарга тирэҕирэр. Космическай, аан дойду музыката. Бу саас буолар кэнсиэрпэр ону туһаныахпыт.
Ким билэр, баҕар хаһан эрэ Грэмми да ылыахпыт...
Саина дьылҕатын дохсун сүүрүктээх хотугу үрэххэ тэҥниэхпин баҕардым. Сүүрүк хоту устар, үрэх ханна илдьэринэн баран иһэр судургу буолуо этэ. Оттон сүүрүгү утары харбыыр, долгуннары өксөйөн туоруур, тыын ыла-ыла күөрэйэр, биллэн турар, ыарахан, ол эрэн кыһалыннахха, дьаныардаахтык инниҥ хоту баран истэххэ кыаллар суол буоларын кини олоҕо туоһулуур.
САИНА – билигин Норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах КИҺИНИ САЙЫННАРАР КИИН буола улаатта. 17 сыл ыстаастаах педагог, 25 сыл ыстаастаах артыыс, 28 араас омук тылынан ыллыыр ырыаһыт быһыытынан сыаналаан, дьон аан дойду араас муннуктарыттан тахсан үөрэнэр буоллулар. Кимтэн да көмөтө, улахан өйөбүлэ суох маны ситиһэр киһи чахчы уһулуччу буолуон сөп. Грэммини да аҕаллаҕына соһуйбаппыт!