Сахалар аар-сааргы ааттаахтара
Аҕыйах хонугунан дьоллоох Дьокуускай куоракка кикбоксиҥҥа дойду чемпионата саҕаланар. Бу көрүҥҥэ сахалар дьарыктанаат даҕаны, Ийэ сиртэн иһиллэн аар-саарга аатырбыттара.
Уруккуну унаардахха
Ол кэмҥэ Сэбиэскэй Сойууска дьэ көҥүллэнэн, Ван Дамм, ордук Брюс Ли туһунан киинэлэр, кинигэлэр, суруйуулар киэҥник тахсаннар, “Сахалар, кини курдук киһигит элбэх дуу” диэн үөрдэллэрэ. Бүтүн киэҥ Сэбиэскэй держава курдук биһигиттэн, дойдуга аҕыйах ахсааннаах омуктан, түһүлгэттэн түһүлгэҕэ тиийэн мэник оҕолор курдук хаардыы кэһэллэрэ сүрэ да бэрт этэ. Америкаҕа кикбоксиҥҥа профессионалларга аан дойду чемпиона “Андрей Артамонов буолла” диэн сурах сандаардыбыта! Аан дойду чемпионатыгар Сэбиэскэй Сойуустан саха уола Александр Иванову бастакынан көрсүбүт мин баарбын. Пьедестал үрдүкү үктэлигэр тахсыбыт ити икки уолтан аан бастаан интервью ылбыппыттан дьоллоно сылдьыбыт түгэннэрбин умнубаппын. Покровскайга Александр Аммосович Куприянов бастаан илиҥҥи философиянан өй-санаа өттүнэн иитэн баран, сүүрдэн-көтүтэн, эрчийэн, сөптөөх эрэ оҕолору дьэ охсорго-тэбэргэ үөрэтэрин истибитим. Сахалар, саҥа көрүҥүнэн дьарыктанаат, ситиһиилэрэ балысхан этэ. Сойуус чемпионаттарыгар, кубоктарыгар түөртүү киһи бастыы сылдьыбыт түгэннэрэ баара. Азияны ааһан иһэн аймыыллара. Ол ити кыайыынан кынаттаныы кэмнэригэр тахсыыны тырымнаппыт тренердэрдиин боксаҕа сахалартан бастакы аан дойду, Европа призера, ССРС чемпиона Александр Михайловтыын бииргэ сылдьарым. “Кут-сүр” кулуубун тэрийээччи, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ буола сылдьыбыт Василий Егоров, чеченнэри аармыйаҕа дьону атаҕастыылларын көмүскэһэн хайдах кырбаабытын суруйуум, оччолорго омуктар атааннаһыыларын ааҕар аҕыйаҕар соһуччу этэ. Дьиктитэ, ити уолу алтыс кылааска үөрэнэ сылдьан, Саха АССР кыһыҥҥы спартакиадатыгар хайыһарга бастаабытын хаартыскаҕа түһэрэн таһаарбыт эбиппин. Ол кэмҥэ кинилиин биир уоланым, эдэригэр, баара-суоҕа 24 сааһыгар, Арассыыйа үтүөлээх тренэрэ буолбута. Итинник үрдүк ааты Владимир Иванов ылан турар. Давыдовичтыын ордук чугастыы “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” киинэ устуутугар билсэн доҕордоспутум. Кикбоксердар диэн кытаанах дьон буоллахтара, урукку “дьалкыырдаах” кэмнэргэ разборкалар да бааллара. Оо, онно ССРС сахаттан кикбоксиҥҥа бастакы чемпиона, аан дойдутааҕы таһымнаах маастар, Хаҥалас хорсуна Алексей Уваров салайааччылаах “Мохсоҕоллор” түргэнник да баар буолаллара.
Бааттаах Боппуоп
Александр Андреевич Попову ардыгар урут тамадалыырыгар бэйэтин билсиһиннэрэринэн “А.Попов” диэн ааттыыллар. Урут “Эдэр коммунистка” үлэлээбит киһим, норуодунай поэт Сэмэн Тумат инитэ. Александр ыраахтан хаһыытыы түһээччи, биири санатааччы: “Эн биһикки хаайыылаахтарга аан бастаан ыһыах оҥорон турабыт ээ”. Ол кырдьык. Онно төрүөтэ маннык этэ: “Кыыһырдыҥ да киһини кырбаама, санаатыҥ да сабырҕатан сылдьыма, оччо ону-маны охсуоххун сананнаххына, күрэхтэһиигэ киирэҥҥит, дойдуҥ албан аатын аатырт. Хаарыан халыҥ хахха, суон дурда, ыал аҕалара, сахалары элбэтэн, оҕолору үлэҕэ үөрэтиэхтээх дьоммут очурга-чочурга оҕустаран сыттаххыт хомолтотуон!” диэн этэ. Тахсан баран иэстэһэ барбакка, кэскили кэрэһилээн, саҥа сырдык олоххо угуйарбыт. “Холуонньаҕа көҥүл саха былааҕа тэлибирии оонньоото” диэн суруйбутуҥ элбэҕи кынаттаабыта”, – диэн Александр Попов билиҥҥэ диэри астына бэлиэтиир. “Көҥүл, көҥүл, көҥүл!” кырдьык да көй бараан дойдуга угуйар күүстээх тыл. Мин көрбүтүм, бастакы холуонньаҕа Захар Чукров үөрбүтүн, ол кэнниттэн оҕолорун хайдах курдук ииппитин. Кыахтаах киһи!
Мин Александр Попову олус сөҕөбүн. Кини ханна кыттыста – онно кыайыы. Тоҕо эрэ кинини Егор Афанасьевич Борисов бэлиэтии көрөн, сөптөөх туһаайыыга туруорар эбит. Саҥа федерациялары тэрийэллэр, онно Егор Афанасьевичтан көрдөстөхтөрүнэ, Александр Андреевич Попову толорооччу дириэктэринэн аныыр буоллахтарына сөбүлэһэр эбит. 1993 сылтан 2003-кэ диэри 10 сыл оннук дуоһунаска үлэлиир кэмигэр кикбоксиҥҥа саамай бачыр кыайыылар кэлбиттэрэ. Онтон 2004 сылга Егор Афанасьевиһы бокса федерациятын салайааччытынан туруоран, олимпийскай мэтээл аҕалар сорук туруорбута. Онно эмиэ ол кинини, “Александр Попову аҕалар буоллаххытына сөбүлэһэбин”, – диэбитэ уонна Георгий Балакшин боруонса мэтээли ыларын ситиспиттэрэ.
Боппуоп ааттааҕын билэн, судаарыстыбаннай сакаас тэрилтэтин салайааччыта, онтон “Саха саргыта -- оҕунан ытыыга кыламнаа” диэн толорооччу дириэктэринэн туруоруҥ диэн буолбута. “Эр киһи, уол оҕо, уола хаан үстэ саадаҕын курданар”.
2012 сылга 20 саастаах Кристина Тимофеева Лондоҥҥа Олимпийскай оонньууларга тахсан, кыталык кыыс курдук кылбайан оҕу бастаан халлааҥҥа кыырата көтүппүтэ. Онтон санаата түһүө диэбиттэрэ баара, туһаайыы туус тумулугар, хабыллар хабыр ортотугар түһэрбитэ.
Александр Попов бу үс көрүҥҥэ үс федерацияны толорооччу дириэктэрдиир кэмнэригэр, ити федерациялар бастыҥнар кубоктарын өрө көтөхпүттэрэ.
Бааттаах Боппуоп бу буолаары турар дьоллоох Дьокуускайга кикбоксиҥҥа хамаандабыт начаалынньыгынан анаммытынан үөрбүтүм уонна атах тэпсэн олорон кэпсэтэргэ ыҥырдым. Аан бастаан кини үлэлээбит бастакы кэмнэрин санаан ылла:
— Оруобуна отут сыллааҕыта Сэбиэскэй Сойуустан соҕотоҕун Александр Иванов килбиэннээх кыайыытынан бүтүн улуу дойду саамай улахан түһүлгэтэ манна буоларыттан олус үөрэбин, – диэн тоһоҕолоон бэлиэтиир Александр Андреевич.
— Юрий Петрович Баишев спорт управлениетын начаалынньыганан олорон “Эн кикбоксиҥҥа үүннээччи буолуоххун сөп эбит”, – диэбитигэр “Кут-сүр” кулуупка билсэ тиийбитим. Онно Василий, Евгений Егоровтар үөрэ көрсүбүттэрэ уонна федерация толорооччу дириэктэринэн кандидатурабын аспыттарыгар Егор Борисов сэҥээрэ сөбүлэспитэ. Ити сыл күүскэ үлэлээбиппит, Португалияҕа Лиссабон куоракка үс саха уола Европа чемпиона үрдүк ааты ылбыта. 51 кг Алексей Кычкин, 54 кг Айаал Борисов, 57 кг Василий Васильев рингэҕэ көрсүбүт дьоннорун барытын быһыта охсуолаан-тэбиэлээн кэбиспиттэрэ. 63,5 киилэҕэ Уйусхаан Барашков иккис миэстэҕэ тахсыбыта.
— Истэргэ, кырдьык, олус астык этэ.
— Арба даҕаны, оччолорго “Эдэр саас” хаһыаты тэрийэҥҥин, бастакы кылаабынай эрэдээктэрдии сылдьаҥҥын, бэйэҕинэн оҕолоргун, кыргыттаргын кытта биһигини көрсөрүҥ, суруйарыҥ олус да бэрдэ.
— Ээ, чэ-чэ, эһиилигэр баар-суох убайым Вячеслав Степанов аан дойду чемпионатыгар Киевкэ барса сылдьыбыта. “А.Попов диэн олус да тэрээһиннээх уол баар эбит”, – диэн сөҕөн-махтайан кэлбитэ.
— Оо, онно эмиэ үс саха аан дойду чемпионун албан аатын ылбыта. Иннокентий Макаров, Василий Павлов, Василий Васильев кыһыл көмүс мэтээллэри, Максим Никитин үрүҥ көмүһү уонна алта саха боруонсаларын илиибитигэр тута сылдьарбыт кэрэ да этэ.
— Эн барыаххыттан кикбоксиҥҥа кыайыы кэлбэт буолан хаалбыта. Ол сүрүн биричиинэтэ туохха дии саныыгын?
— Кэнники кэмҥэ олимпийскай эрэ көрүҥнэргэ туһаайыы оҥоһуллубута. Дьиҥинэн, хас биирдии оҕо баҕатынан эрчиллэригэр, сайдарыгар маассабаска улахан болҕомто ууруллара ордук.
— Хаһан баҕарар оҕо, ыччат кумирын көрүөн баҕарар.
— Юрий Николаевич Романов диэн Арассыыйа кикбоксиҥҥа бастакы бэрэсидьиэнэ кэлиэхтээх. Биллэн турар, биһиги ыҥырбыппыт Марк Мельцеры, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын салайбыт киһини. Кини көмөтүнэн саха кыргыттара аар-саарга аатырбыттара. Олортон биирдэстэрэ аан дойду хас да төгүллээх чемпионката Мария Кривошапкина кэлиэҕэ.
— Хамаандабыт хайдах бэлэмнэнэ сылдьарый, кимнээххэ ордук эрэнэбитий?
— Ээ, ону кылаабынай тренертэн бэйэтиттэн ыйыт. Бу төлөпүөнүн холбоотум. Иһит.
Төлөпүөнүнэн кэпсэтиини аныгыскы матырыйаалга ааҕыҥ.