11.10.2021 | 18:00 | Просмотров: 698

Саха сирин мелодистарын Ассоциациятын 30 сылыгар анаммыт төгүрүк остуол

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлигэр алтынньы ый 16 кунугэр 2021 с. 11 чаастан «Ырыа тускулун туһугар» диэн ааттаах Zoom, Instagram платформа быһа биэриитигэр төгүрүк остуол ыытыллыа. Бу тэрээһин Саха сирин ырыа айааччыларын Ассоциациатын 30 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн ыытыллар. Төгүрүк остуолу тэрийэллэр «Дьүhүй» Сахалыы ырыа кулууба уонна Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлэ.
Кэпсэтии саха ырыатын дьылҕата билиҥҥи кэмҥэ туругун, кэскилин тула барыа: ырыа айааччы тус бырааба, кинилэр ааттарын, айар улэлэрин наука ситимигэр үөрэтии, ырытыы, уйэтитии. Бу төгүрүк остуолга Саха сиригэр бигэргэтиллэ, быһаарылла, чопчулана илик үгүс киһини долгутар Ырыа күнүн  туһунан санаалар этиллиэхтэрэ. 
Төгүрүк остуолга СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Ырыа айааччылар ассоцияциятын бастакы бэрэссэдээтэлэ А.К. Калининскай, СӨ народнай артыыһа, Саха сирин ырыа айааччыларын Союһун бэрэссэдээтэлэ А.В. Егоров, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин ырыа айааччыларын Союһун эппиэттиир сэкэритээрэ С.И. Васильев, Республикатааҕы норуот айымньытын уонна социально-культурнай технология дьиэтин исписсэлииһэ, СӨ культуратын туйгуна А.Т. Аммосова, РФ уонна СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ В.С. Парников, Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун тумэлин дириэктэрэ, СӨ культуратын туйгуна М.И. Корнилова, Христофор Максимов аһымал фондатын дириэктэрэ, СӨ культуратын туйгуна М.С. Санников, мелодист, СӨ культуратын туйгуна Г.Г. Мамонтова, суруналыыс, СӨ культуратын туйгуна В.И. Бочонина, «Күрүлгэн» сурунаал сүрүн эрэдээктээрэ, суруналыыс, суруйааччы, СӨ суруйааччыларын Союһун чилиэнэ А.Г. Гуринов-Арчылан, мелодист, СӨ үөрэҕириитин уонна культуратын туйгуна Н.А. Слепцов, СӨ культуратын туйгуна В.И. Калининская уо.да.а кыттыыны ылыахтара.
Тэрийээччилэр төгүрүк остуол боппуруостарыгар санааҕытын сайа этэн көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥыраллар.
Буолар күнэ: алтынньы ый 16 күнэ 2021 с.
Миэстэтэ: Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун тумэлэ, Zoom, Instagram платформа быһа биэриитэ
Бириэмэтэ: 11 чаастан саҕаланар  Билсэр нүөмэргит: 35-38-84

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.