«Саха сирин киэн туттуута» бириэмийэ түмүктэннэ
Бырайыак сүрүн соруга – үтүө түмүктээх, айымньылаах үлэҕэ уопсастыбаннас болҕомтотун тардыы, экономика араас салааларыгар таһаарыылаахтык үлэлиир, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэр, идэлэригэр бэриниилээх үлэһиттэр үтүө холобурдарын, ситиһиилэрин сырдатыы буолар.
Быйылгы тэрээһин уон номинациялаах. Ый аайы өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ биир номинацияҕа куоластаан, кыайыылаахтар быһаарылыннылар.
2022 сыл кыайыылаахтара:
«СӨ муниципальнай тэриллиигэ бастыҥ архитектора» – Семен Сергеев;
«Землеустроитель» – Марфа Лыткина;
«Норуот уус-уран оҥоһугун маастара» – Александр Шадрин;
«Сибээс эйгэтин үлэһитэ» – Владислав Неустроев;
«Элбэх оҕолоох ийэ-учуутал» – Нюргуяна Винокурова;
«Баһаары утары охсуһар судаарыстыбаннай сулууспа үлэһитэ» – Михаил Михайлов;
«МФЦ универсальнай исписэлииһэ» – Нарыйа Павлова);
«Ветеринарнай быраас» – Павел Слепцов;
«Саха сирин шахтёра» – Валярий Мярин;
«Норуот дипломата» – Александра Гаврильевна Аргунова-Күөрэгэй (Исландия).
Быйыл кыттааччыларга барыта 526 416 куолас киирдэ, 992 115 киһи куоластаата. “Элбэх оҕолоох ийэ-учуутал” номинацияҕа барыта 148 557 куолас киирэн, рекорд олохтонно.
«Бүгүн пандемия кэнниттэн аан бастаан муһуннубут. Кэнники сылларга онлайн көрүҥүнэн ыытыллан кэллэ, ол эрээри бырайыак үлэтэ тохтообото. Быйыл «Саха сирин киэн туттуута» бырайыак олус чаҕылхай буолла. Хас сыл, ый аайы араас идэлээх дьону таһаарабыт, кинилэр үлэлэрин сырдатабыт. Киһи идэтигэр бэриниилээх, үлэтин таптыыр, үүнэр-сайдар, инникигэ хардыылыыр буоллаҕына, экономика сайдыытыгар төрүөт буоларын дьоҥҥо тириэрдэбит. Бары кыттааччылары уонна кыайыылаахтары эҕэрдэлиибин!» – диэтэ «Сахамедиа» холдинг генеральнай дириэктэрэ Виктор Колесов.