17.03.2022 | 18:00

Саха сирин экэниэмикэтэ 10,5 млрд солкуобай эбии өйөбүлү ылыаҕа

Саха сирин экэниэмикэтэ 10,5 млрд солкуобай эбии өйөбүлү ылыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ экэниэмикэни уонна нэһилиэнньэни өйүүр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эппит бары миэрэлэрин олоххо киллэрэр диэн брифиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев эттэ.  Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Экэниэмикэ салааларын уонна нэһилиэнньэни өйүүргэ эбии быһаарыылар кээмэйдэрэ 10,5 млрд солкуобайга тэҥнэһэр. Итинтэн 2,5 млрд – дьоҕус бизнес нолуогун кыччатыыга, 2 млрд – табаары эрдэттэн аҕалыыга, 5 млрд тахса – тыа хаһаайыстыбатын, сайдыы институттарын, промышленнаһы, авиацияны, IT-салааны өйөөһүҥҥэ уонна тэрилтэлэргэ чэпчэтиилээх кредиттэри биэриигэ ананна. Сотору кэминэн Ил Түмэн сессиятыгар ити быһаарыылар көрүллүөхтэрэ», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев. 
Нэһилиэнньэ дохуотун таһымын өйүүр сыаллаах 2022 сыл муус устар 1 күнүттэн бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтэр быһаарыы ылылынна. Бу иннинэ ити миэрэ алтынньы ыйга олоххо киирэрэ былааннаммыта. 
Итини кытта уустук балаһыанньаҕа киирбит гражданнарга, кыра дохуоттаах ыалларга аадырыстаах көмөнү оҥорор эбии миэрэлэр ылыллыахтара. 
«РФ Бэрэсидьиэнэ санкция усулуобуйаларыгар экэниэмикэни уонна нэһилиэнньэни өйүүр миэрэлэри биллэрдэ уонна регионнарга экэниэмикэ балаһыанньатын көннөрөргө эбии боломуочуйалары биэрдэ. Биһиги, өрөспүүбүлүкэ сайдыыта бытаарбатын, нэһилиэнньэ дохуота оннунан хааларын уонна уустук материальнай балаһыанньаҕа баар дьоҥҥо көмөлөһөр курдук, быһаарыылары суһаллык ылыныахтаахпыт», – диэтэ Айсен Николаев. 
Саха сирин Баһылыга иһитиннэрбитинэн, региоҥҥа тыын суолталаах табаар сөптөөх кээмэйэ бэлэмнэммит. Дьоҕус уонна орто бизнес эбии нолуок өттүнэн өйөбүлү ылаллар, итиэннэ тэрилтэлэргэ бородуукталары, ол иһигэр бурдугу уонна саахары эрдэттэн атыылаһан хаһааналларыгар көмө оҥоһуллар. Урукку өттүгэр бородуукта 4 ыйга тиийэр гына аҕалыллар эбит буоллаҕына, билигин сыл бүтүөр диэри хаһааныллар. 
Салаалар бэрэстэбиитэллэрин кытта ордук эмсэҕэлиэн сөптөөх салааларга куттал суоһаабатын уонна тыын суолталаах тэрилтэлэр харгыһа суох үлэлииллэрин курдук миэрэлэр оҥоһуллаллар. Сотору кэминэн кинилэргэ бүддьүөт кредиттэрин биэриигэ миэрэлэр бэлэм буолуохтара. 
Дойду Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан бары регионнарга экэниэмикэни өйүүр штабтар тэриллиэхтэрэ, кинилэри регион баһылыктара салайыахтара. Саха сиригэр итинник штаб номнуо үлэлии турар. Суһал штаб быһаарыыларын ситэриилээх былаас уорганнара уонна биэдэмистибэлэр булгуччу толоруохтаахтар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...