28.12.2021 | 17:30

Саха сиригэр бильярды аҕалбыта

Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Биир тиис бырааһа уол «дьон айахтарын, тиистэрин көрөбүн” диэн турардаах. Хаһан эрэ кыыспыт тыҥырах оҥорор кэмигэр аҕабыт «оптуобуска дьахталлар тыҥырахтарын лааҕын көрөр буоллум” диэн күллэрбитэ. Ол курдук, суруналыыс киһи быһыытынан, билсибит киһибин ханнык рубрикаҕа киллэрэрбин, тугу кэпсэтиэхтээхпин толкуйдуур идэлээхпин. Мин Айталы кытта хамсык ыарыы кэннэ реабилитациялыыр кииҥҥэ теннистии сылдьан билсибитим. 

 

Айтал реабилитациялыыр кииҥҥэ сытан ордук администрациялар куттарын туппута. Тоҕо диэтэххэ теннистиир остуол мээчигэ, ракетката суох таах турарын көрөн, бэйэтин маҕаһыыныттан спонсордаан итэҕэһин барытын аҕалтаран, эмтэнээччилэр оонньообутунан барбыттара, бильярд шариктарын, саҥа кийи эмиэ аҕалан үөрдэн, этэргэ дылы, “дьоруой” буолбута. Ону таһынан теннискэ, бильярдка турнир тэрийэн, бириистэрин эмиэ бэйэтэ туруортаан, сытааччылар санааларын көтөхпүтэ, махталларын ылыан ылбыта.

Айталлыын бэрт өр сэһэргэспиппит. Санаабар, кини миэхэ ол 90-с сыллары бу баардыы кэпсээн, хайдах эрэ санаатын аһаҕастык этэн дуу, эбэтэр тууйулла сылдьарын таһааран дуу, чэпчээбит курдук буолбута.

Онон тылы Айтал Климентович Ефремовка биэриэҕиҥ.

 

Дьоллоох оҕо саас

Мин 1977 сыллаахха Дьокуускай куоракка ийэлээх аҕабар үһүс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Оҕо сааһым Сайсары оройуонугар ааспыта. Интеллигент дьиэ кэргэҥҥэ улааппытым, төрөппүттэрим преподавателлэр этэ. Аҕам Климент Спиридонович Ефремов-Кыымчаан Кучу, ийэм Вера Николаевна Ефремова (Потапова). Бииргэ төрөөбүт үспүт, эдьиийим Саргылаана, убайым Ньургун диэннэр.

Кэргэммин Саинаны кытта 1995 сыллаахтан билсэн, 2000 сылга ыал буолбуппут. Түөрт оҕолоохпут. 2003 сыллаахха биһиги сулуспут, күммүт-ыйбыт Кыымчаанабыт төрөөбүтэ, 2006 сылга Эрхаан диэн уолбут, онтон 2011 сылга игирэ кыргыттарбыт Кэрэчээнэлээх Күнчээнэ төрөөбүттэрэ.

Бэйэм олус интэриэһинэй кэмҥэ төрөөбүтүм, улааппытым. 1980-с, 1990-с сыллары өйдүүбүн, ол кэм “амтанын”, иһин-таһын эппинэн-хааммынан билбитим. Брежнев саҕанааҕы “тот” кэмнэри, төһө да оччолорго кыра буолларбын, өйдүүбүн. Ол кэннэ генеральнай сэкирэтээрдэр уларыйбыттарын эмиэ өйдүүбүн, траурнай лиэнтэлээх салайааччыларбыт мэтириэттэрэ сыл аайы уларыйаллара. Онтон Михаил Сергеевич Горбачев кэлбитэ, 1985 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр 14-с оскуолаҕа Эйэ уруогар бастакы учууталым Александра Семеновна Коркина уларыта тутуу туһунан кэпсээбитин наһаа үчүгэйдик өйдөөн хаалбыппын.

Кыра кылааска “үскэ” үөрэммитим. Дьиҥэр, мин билиим “үс” буолбатах этэ. Библиотекаҕа сылдьан, уруоктарбын көтүтэрим иһин. Геологтар бөһүөлэктэриттэн 15 №-дээх оптуобуһунан Кулаковскай култуура дьиэтигэр, оччолорго Култуура уонна техника дыбарыаһа диэн ааттанара, айаннаан кэлэн, кинигэни утаппыттыы ааҕарым. Билигин тугу үөрэтэ сылдьалларын сэрэйэн, быһа холоон бэйэм бэйэбэр сорудах бэринэн уруоктарбын оҥорорум. Аҥаар кырыы ааҕарым, дьиэбитигэр эмиэ олус баай библиотекалаах этибит, Сталинтан, Мао Цзэдунтан саҕалаан барыта баара, эhээбиттэн Ефремов Спиридон Ефремовичтан хаалбыт кинигэлэр. Бу аахпытым миэхэ эргиччи элбэҕи, билиини-көрүүнү биэрбитэ, инники олохпор туһалыы сылдьар.

 

Бытыылка хомуйа сылдьыбыттааҕым

80-с сыллар бүтэн, 90-с сыллар саҕаланаллар. Оҕо сылдьан били “авоська” диэн ааттыыр сеткаларын тутан баран, ойууру кэрийэн, бытыылка хомуйан туттаран харчылаһарым. Биир бытыылканы 20 харчыга туталлара. Онно бэккэ харчыласпытым. Ити урбааҥҥа бастакы хардыым этэ.

Ийэм харахтарынан мөлтөхтүк көрөр оҕолор оскуолаларыгар учууталлыыра, биһиги ол оскуола аттыгар тэрилтэ биэрбит дьиэтигэр олорорбут. Мин 5-с кылаастан бу оскуолаҕа дьиэ таһын хомуйааччынан үлэлээбитим. Төрөппүттэрим да утарбатахтара, бэйэм да баҕарарым. Онон бэйэбин өйдүөхпүттэн бэйэм харчы булуммутум. Мин санаабар, предприниматель буолбаттар, предприниматель буолан төрүүллэр. Дьиэ кэргэммиттэн урбаанынан мин эрэ дьарыктанабын. Өрөспүүбүлүкэбитигэр предпринимателлэри өйүүллэрэ наадата суох, кылаабынайа, кинилэргэ мэһэйдээбэтиннэр эрэ, онтон атын туох да наадата суох. Бу мин тус бэйэм санаам.

 

Дьалхааннаах 90-с сыллар

Дьэ, онтон саамай интэриэһинэй кэмнэр саҕаланаллар, 90-с сыллар. 1991 сылга мин куорат үрдүнэн собус-соҕотоҕун Орджоникидзе болуоссатыгар ону-маны, эргэни-урбаны, малы-салы атыылаабытым. Геологтар бөһүөлэктэриттэн хомуллар остуоллаах, олоппостоох, малбын соспутунан, сүкпүтүнэн кэлэн, оҥостон олорон атыылыырым. Уулуссаҕа атыылааччылар оччолорго олус аҕыйахтара. Миэхэ ким да өй укпатаҕа, манна олор, маны атыылаа диэбэтэҕэ, бу барыта бэйэбиттэн төрөөн тахсыбыта. Баҕар билигин ким эмит куорат олохтоохторуттан өйдүүрэ буолуо, оннук уолчаан баар этэ диэн. Туох да атын куһаҕан дьаллыгым суоҕа, оҕо оҕо курдук этим. 17-с кыбаарталга билиҥҥи Строительнай ырыынак миэстэтигэр борохуолка диэн баара. Өрөбүлгэ эрэ үлэлиирэ. Онно эмиэ атыылыыр этибит. Бэйэбиттэн аҕа саастаах табаарыстардааҕым. Араас быһылааҥҥа да түбэһэр этибит. Төрөппүттэрим оччолорго 150-200 солкуобай хамнастаахтара, мин сорох күн күҥҥэ 1000 оҥоруохпун, атыылыахпын сөп этэ.

Онтон 1992 сылга Ленин проспегыгар Арбат диэн арыллыбыта.

Нуучча тыйаатырын таһыгар тобус-толору водка тиэммит КамАЗ кэлэрэ, дьон дьааһыгынан атыылаһара, оттон биһиги Пивзаводтан баран кууһунан 30-50 дьааһык лимонад аҕалан атыылыырбыт. Оччолорго “Комбинат Якутский” диэн этэ. Таһаҕас тиэйэр массыына наймылаһан, Арбакка кэлэн хас да туочукаҕа туран атыылыырбыт. Күҥҥэ ырааһынан 10 000 солкуобайы киллэрэрбит. Төрөппүттэрим, үс-түөрт үрдүк үөрэхтээх дьон, оччолорго ыйга 2-3 тыһыынча хамнастаахтара. Ол харчыбын, биллэн турар, туһаҕа таһаарбатаҕым, туттан испитим. Ол да буоллар онтон аҕыйах кэппиэйкэ хаалан күн бүгүн да бизнеспэр эргийэ сылдьар буолуохтаах дии саныыбын.

1995 сыллаахха Санкт-Петербурдааҕы профсоюзтар гуманитарнай университеттарыгар юрист идэтигэр үөрэнэ киирбитим да, сүгүн үөрэммэккэ уһуллубутум. Кэмэ оннук этэ. Онтон үүрбүттэригэр билигин да махтанабын. Өскөтүн соһон-сыһан илдьэ сылдьыбыттара буоллар, билиҥҥи олоҕум, арааһа, суох буолуо этэ.

1997 сыллаахха уһуллан кэлэн баран испииһэк оҥордум. Туох дьыаланан Дьокуускайга дьарыктаныахпын сөбүй диэн. Парикмахерскай, дока-пицца, прачечнай, пекарня диэбит курдук. Барытын талан көрөбүн, толкуйдуубун. Питерга баары, биһиэхэ суоҕу сыымайдыыбын. Ол испииһэкпэр бильярд баар этэ. Питерга бииргэ үөрэммит уолум бильярдка сыһыарбыта, билиһиннэрбитэ. Аҕыйахта сылдьыбытым, онтон хайдах эрэ маннык дьыаланы оҥоруохха баар эбит диэн интэриэһиргээбитим. Дьэ онтон кыралаан спортивнай инвентарь аҕалан киирэн барбытым.

 

Бизнескэ үктэнии

1998 сыл буолла, дефолт, доллар 6 солкуобайтан 30 солкуобайга тиийэ үрдээтэ. Ол эмиэ биир интэриэһинэй кэм этэ. Оччолорго мин “Якутск” гостиницаҕа Саха сиригэр бастакы бильярднай саала арыйбытым. Фойеҕа икки остуолу туруорбуппут. Бастаан остуоллары уонна шариктары эрэ аҕалбытым. Уонна “Все Для Вас” диэн хаһыакка биллэрии биэрэн барбытым. “Куплю кий, шары, билдьярд” эбэтэр, төттөрү, «атыылыыбын” эҥин диэн. Оччолорго бильярдынан интэриэһиргээччи суох этэ, ол да буоллар өсөһөн туран үлэлээбитим, дьарыктаммытым, дьону оонньуурга үөрэтэрим, миэхэ 2000 сылларга үөрэммит оҕолор оҕолоро билигин кэлэн инвентарь атыылаһан бараллар.

2000 сыллар саҕаланыыларыгар сахалартан биир чулуу уол, Чурапчыттан төрүттээх Степан Степанович Алексеевтыын доҕордоhoбун. Кини “Топ-спорт” диэн маҕаһыыннаах этэ, миигин бииргэ үлэлии ыҥырбыта. Бизнес оскуолатын онно ааспытым, онтон Саха сирин историятыгар, Арассыыйаҕа биир бастакынан бильярдистар бастакы уопсастыбаннай тэрилтэлэрин регистрациялаабытым – “Ассоциация любителей  бильярда города Якутска” диэн. Хас да сыл үлэлээбитэ. Онтон 2000 сыллаахха “Федерация бильярдного спорта Республики Саха” диэн регистрациялаабыппыт. Бастакы бэрэсидьиэнинэн мин талыллыбытым. Юстиция управлениетыгар устааппын оҥоттороору уончата тиэстибитим.

Күрэхтэһиилэри тэрийэн барбыппыт. “Республиканская ассоциация спорта”  аһыллыбыта, бастакы салайааччы Юрий Петрович Баишев этэ. Киниэхэ күрэхтэһии тэрийэбин диэн кэллэхпинэ, тута харчы суох дии түһэр. «Миэхэ харчы наадата суох, грамота аҕаллым, онно илии баттаа” диибин. Үөрэ-көтө баттыыр. Онтон эмиэ кэлэбин, “оо, харчыга наадыйбат уол кэллэ, киир-киир. Эмиэ күрэхтэһии ыытаҕын дуо” диир. Спонсор бэйэм этэ. Инвентарь атыылыыбын, интэриэс тардаммын, элбэх киһини кытыннарабын. Ол дьон усунуостарыттан бириис туруорабын. Ханнык спонсор кэлиэй?! Оччолорго ким да бильярдынан интэриэһиргээбэт. Ханнык эрэ уулуссаттан кэлбит 20-лээх уол кэлэн харчы көрдүүр, күрэхтэһии тэрийээри гынар, онно ким итэҕэйиэй.

Кэлин Госкомспортка киирэн күрэхтэһии календарыгар киллэрэннэр, син мэдээл, грамота биэрэр буолбуттара. Биир улахан мунньахха тыл этэбин: атыттар бары харчы көрдүүллэр, тустууга буоллун, боксаҕа буоллун. Мин туран биһиэхэ харчы наадата суох, бильярднай спорт федерациятын бэйэбит сайыннарыахпыт диибин. Ити үлэм түмүгэр бильярд спорт курдук сайдыбыта. Спортивнай култуура киллэрбиппит, күрэхтэһии бөҕөтүн ыыппыппыт.

 

Аан дойдуга биллибиппит

2013 сылга Дьокуускайга аан дойду чемпионатын ыыппыппыт. “Триумф” Өрөгөй киинигэр, Ил Дархаммыт Егор Афанасьевич Борисов өйөбүлүнэн, ииппит бастыҥ бильярдиспыт Александр Чепиков аан дойдуга кыайыытынан. Дьон бөҕөтүн ыҥыран, биир бастыҥ тэрээһини ыыппыппыт. Саха сирэ ааттаммыта, 120 кыттааччы кэлбитэ, бириис фондатыгар 20 000 доллар олохтоммута. Москваттан кэлэ-бара босхо самолет чартер рейсэ көппүтэ. Тэрээһининэн “Азия оҕолоро” дирекцията дьарыктаммыта. Барытын олус үрдүк таһымҥа ыыппыттара.

Дьэ онтон үллэстии саҕаламмыта. Федерацияҕа саҥа былаас кэлэн, Саха бильярдын историятыттан мин ааппын сотон кэбиспиттэрэ. Чемпионат ыытыллыбытын кэннэ, быыбарнай конференцияҕа Альберт Алексеев кандидатурата кыайбыта. Ол кэнниттэн 2014 сылтан быыбар суоҕун кэриэтэ. Дьиҥэр, улахан былдьаһыга суох тэрилтэ этэ даҕаны. Спорт буоллаҕа.

1997 сылтан билиҥҥэ диэри “Бильярдист” маҕаһыыным үлэлиир. “Старт” диэн фабрика официальнай дилерэ буолабыт, Новосибирскай улахан тэрилтэтэ. Арассыыйа үрдүнэн бильярднай инвентарь биир бөдөҥ таһаарааччыта. Бильярднай остуолу таһынан, теннистиир остуолу, араас спортивнай инвентары барытын оҥороллор. Конкуреммыт суох диэххэ сөп. Мин саҕана үлэлии сатаабыттар тохтоон хаалбыттара. Бизнес биэс сылтан уһуннук үлэлээтэҕинэ дьэ атаҕар турар. Бастакы биэс сыл бизнеһинэн дьарыктанаҕын, кэлэр биэс сыл 50-50 диэбит курдук, эн кинини аһатаҕын, кини эйигин аһатар, онтон уон сыл кэннэ дьэ кини эйигин толору аһатар.

Саха сиригэр инникилээҕин көрөммүн дьарыгырдаҕым, бэйэм эт илиибинэн сүүһүнэн, тыһыынчанан бильярд остуолун таһаммын. Мин миссиям диэн өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин удамыр сыанаҕа хаачыстабалаах спортивнай инвентарынан хааччыйыы. Нэһилиэк кулууптарыгар үчүгэй бильярд баар буолла да, кулууп сэргэхсийэ түһэр. Тыа кулуубугар көннөрү күннэргэ бильярд эрэ баар буоллаҕына дьон сылдьар. Бильярд, туох да диэбит иһин, улахан тугу да ирдээбэт, этэргэ дылы, хачыгаардыы сылдьан сынньалаҥҥар оонньуоххун, ааһан иһэн киирэн аралдьыйан тахсыаххын сөп.

История этэринэн, бильярды Саха сиригэр бастакы аҕалбыт киһинэн мин буолабын диэн билинэбин. Ким да ону туораһайдаһар кыаҕа суох. Бизнес кистэлэҥэ туохханый диэҥҥэ биир тылынан –  арыгыны иһимэҥ, куһаҕан дьаллыктартан босхолонуҥ. Онтон атын сүбэлиирим суох.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...