01.06.2020 | 09:02

Саха сатаабатаҕа суох

Саха сатаабатаҕа суох
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьоҕус бизнес тэрилтэлэрэ коронавирус дьаҥа тарҕаныаҕыттан көдьүүстээхтик үлэлииллэрин көрдөрдүлэр.

Бүгүн хаһыаппытыгар көмүскэллээх буолуу көстүүмнэрин уонна мааскалары тигэр предпринимателлэр үлэлэрин сырдатабыт.

“ТУЛЛУК” МААСКАЛАРА, КӨСТҮҮМНЭРЭ

Предприниматель Анна Махарова “Tulluk” диэн ааттаах оҕо таҥаһын онлайн-балаһааккаҕа атыылыыр Саха сириттэн  бастакынан таһаарбыт предприниматель буолар.

  • Карантин саҕаланыан инниттэн оҕо таҥаһын-сабын тигиитинэн дьарыктанан, кыра иистэнэр сыах быһыытынан үлэлээбиппит.  Ааспыт сыл сэтинньитигэр тус бэйэм бренд оҥорон таһаарбытым. Атыы-тутуу бэркэ баран испитэ, сакаас бөҕө киирэрэ... Саҥа дьыл кэннэ барыта былааннаабытым курдук барбата.
  • Тоҕо?
  • Ханнык баҕарар таҥаһы хайаан да сертификациялаан баран биирдэ атыыга ылабыт диэбиттэрэ. Саҥа уураахха олоҕуран, хас биирдии матырыйаалбар сөптөөх маркировканы ирдээбиттэрэ. Бу кыһалҕаны быһаараары, тохсунньу ый бүтүүтэ Кытайтан таҥас уонна фурнитура ылар былааннааҕым, онтон дуоллар курса үрдээн, кыраныысса сабыллан, маҕаһыыммын сабан кэбиспитим уонна  самоизоляция эрэсиимигэр олорбутум...

КӨМҮСКЭ ТЭҤНЭЭХ

  • Саха сиригэр COVID-19 кэлиэҕиттэн аптекаҕа да, маҕаһыыннарга да мааска суох буолбута. Биһиги ырааҕы-киэҥи толкуйдуу барбакка, нэһилиэнньэни уонна кыра урбаан тэрилтэлэрин кытта сакааһынан үлэлээн саҕалаабыппыт. Аны куортаммытын төлүүр кэммит тигинээн кэлбитэ, үлэһиттэргэ хамнас наада этэ. Дьон харчыта суох олордоҕуна, сорохтор биирдэ туттуллар мааскалары сыанатын уон төгүл үрдэтэн атыылаабыттара. Оттон биһиги сөптөөх сыананы быспыппыт.
  • Туох матырыйаалтан тигэҕит?
  • 100% хлопоктан тигэбит. Таҥас мааска элбэхтэ туттуллар. Хаһаайыстыбаннай мыыланан хаста да сууйуохха, өтүүктүөххэ сөп. Форматын сүтэрбэт уонна аллергиялаах дьоҥҥо куттала суох. 

Бу диэн эттэххэ, биир да медицинскэй, таҥас да мааска коронавирустан 100 % көмүскүө диэн мэктиэлээбэт.

КӨМҮСКҮӨ ДУО?

  • Биһигини быраастарга, кутталлаах сирдэргэ үлэлиир, ыарыһахтары кытта алтыһар дьоҥҥо аналлаах көстүүмнэри тигиҥ диэн көрдөспүттэрэ. Көстүүммүт ыйааһына чэпчэки уонна саамай сүрүнэ кэтэр киһиэхэ табыгастаах буолуон наада.

Көмүскүүр таҥаһы оҥорон таһаарыы икки ньымата баар: салгыны 100 %  аһарбат, вируһу киллэрбэт, ол гынан баран, оргуппаккын, дезрастворы кытта булкуйбаккын. Мембраннай таҥас хаачыстыбата мөлтөх, стерилизацияламмат. Оттон иккис ньыма –  үрдүк хаачыстыбалаах уонна стерилизацияланар кыахтаах.

Маннык көстүүмнэри хайаан да хас чаас аайы уларытыахха наада, олорго анал алгоритм, таҥыы, утилизациялааһын баар буолуохтаах. Хомойуох иһин, үрдүк технологиялаах таҥас суох буолан, медицина үлэһиттэригэр анал көстүүмү тигииттэн аккаастана сыдьыбыппыт. Көстүүм хайаан да 100 % - на хлопок буолара ирдэнэр.

  • Төһө көмүскүүрүй?
  • Бастаан субу ойуулана сылдьар көстүүмү тигиҥ диэбиттэрэ. Биллэн турар, “хб” вируһу кыайар матырыйаал буолбатах, киһи көлөһүнэ таҥаска сыстар. Ол иһин элбэхтик уларыттыахха наада, сөптөөх стерилизация ыытыллыахтаах. 100 % хлопок таҥаһы 100 кыраадыс итии ууга оргутуохха сөп, араас дезраствордары кытта булкуйар эмиэ көҥүллэнэр.
  • Оччоҕо быраастарбыт “хб” көстүүмнэри кэтэллэр дуо?
  • Биһиэхэ “хб” көстүүмнэргэ сакаас киирбитэ. Онуоха маннык таҥас-сап 100 % көмүскэли мэктиэлээбэт диэн сиһилии быһаарбыппыт, сотору-сотору уларытыахха наада диэн эппиппит. Сакаасчыт маннык көстүүмнэри тиктэрэр сөбүлэҥин толору биэрбитэ, биһиги тигэбит.

Коронавирус киһи муннунан уонна хараҕынан киирэр. Онон, бастатан туран, хаачыстыбалаах респиратордар уонна анал ачыкылар наадалар.

  • Быраастар комбинезоннарын иһинэн өссө биир көстүүмү кэтэллэр, ону эмиэ эһиги тигэҕит дуо?
  • Медицинскэй, хирургическай көстүүмнэри тигэбит. Таһынааҕы көстүүм иһинэн өссө эбии таҥаһы кэтэллэр,  ол арыый чараас уонна хаачыстыбатынан тэҥ.
  • Билиҥҥи туругунан төһөнү тиктигит?
  • Хас эмэ тыһыынчанан көстүүмү уонна  комбинезону тиктибит. Бачча диэн чопчу этэр кыаҕым суох. Мин санаабар, быраастар уонна медицина үлэһиттэрэ киһи эрэ барыта тулуйбат усулуобуйатыгар сүрдээх ыарахан, эппиэтинэстээх  үлэни толоро сылдьаллар. Биһиги кинилэргэ  махтаныахтаахпыт уонна көмөлөһүөхтээхпит, самоизоляцияны тутуһуохтаахпыт.

ЭППИЭТИНЭС ҮРДҮК

  • Мин муода индустриятыгар 10-тан тахса сыл үлэлээтим да, хаһан да социальнай эппиэтинэһи маннык өрө туппатаҕым. Оттон билигин үлэм эппиэтинэстээҕин өйдөөтүм. Биһиги тэрилтэбит медицина үлэһиттэригэр кытаанах доруобуйаны баҕарар. 
  • Бу ыарыы хаһан бүтүө дии саныыгын?
  • Вирус кутталлаах өрүттэрин өссө көрдөрө илик дииллэр... Ол эрээри күһүөрү күннээҕи эйэлээх олоххо төннүөхпүт диэн бигэ эрэнэбин. Үчүгэйи эрэ ыраланар буоллахпыт дии!

НАМНАРЫ ХААЧЧЫЙАБЫТ

Нам улууһун бизнес-инкубаторын резиденэ Розалия Новгородова түүлээҕинэн дьарыктанар предприниматель. Вирус тарҕаныаҕыттан бэйэтин баҕатынан быраастарга, обсерватор үлэһиттэригэр көмүскэллээх мааскалары уонна эпидемиологическай көстүүмнэри тигэн саҕалаабыт. Бу туһунан маннык кэпсиир:

  • Пандемия кэмигэр түүлээххэ сакаас биллэ аччаата. Бэйэм 2018 сылтан «ИИС КУО» диэн ааттаах ателье тэринэн үлэлии олоробун.
  • Көстүүмнэргитин, мааскаларгытын ханнык матырыйаалтан тигэҕит?
  • Комбинезон “Оксфорд 210” матырыйаалтан таҥыллан оҥоһуллар, бактерияны да, вируһу да чугаһаппат. Харыстыыр анала  олохтоох балыыһалар быраастарын кытта кэпсэтии, сүбэлэһии түмүгэр толкуйдаммыта, бары өттүнэн учуоттаммыта. Сыаната 2 000 тыһ.солк. буолар. Размердара 50-56.

Элбэхтик кэтиллэр мааскабыт бязь матырыйаалтан тигиллэр, Намнааҕы Роспотребнадзор бэрэбиэркэтин ааһан, тэрилтэлэргэ, биирдиилээн дьоҥҥо атыылаатыбыт.

  • Сыаната төһөнүй?
  • Тэрилтэ атыылаһар буоллаҕына, биир мааска – 50 солк., биирдиилээн дьоҥҥо 70-100 солк. диэри.
  • Мөһөөхтөөх мааска туох уратылааҕый?
  • Сорох дьон боростуой маасканы ылбаттар, ойуулааҕы сакаастыыллар. Ол иһин сыаната итинник буолар.
  • Комбинезоннары күҥҥэ төһөнү тигэҕит?
  • Сакаас хайдах киирэриттэн тутулуктаах. Күҥҥэ 10-20-ҕэ тиийэ тигэбит. Маасканы – 300-500 уст.
  • Дьон төһө атыылаһарый?
  • Нэһилиэнньэ да, быраастар да быыстала суох ылаллар. Быраастар бэйэлэрин размердарынан эмиэ биирдиилээн сакааһы оҥороллор.
  • Бастакы баартыйаны ханна батардыҥ?
  • Бастакы 10 кэмпилиэк баартыйа «Колми» ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Наталья Румянцева сакааһынан Нам киин балыыһатын быраастарыгар барбыта. Судаарыстыбаннай сакааска үлэлээн көрө иликпит. Арай нэһилиэк дьаһалталара 50-100 устууканы тиктэрбиттэрэ уонна чааһынайдар.
  • Хас үлэһит тигэрий?
  • Бэйэбит ательеҕа үһүөбүт. Ону таһынан сакаас элбээтэҕинэ, дьиэҕэ олорон иистэнэр эдэр ийэлэргэ үлэһэн тиктэрэбин. Пандемия кэмигэр уопсайа тохсуо буолан үлэлии олоробут.

“УМЕЛЫЕ РУЧКИ” АТЕЛЬЕ

  • Биһиги “Оксфорд 210” уонна бязь  матырыйааллартан көстүүмнэри, комбинезоннары, бахиллалары уонна мааскалары тигэбит. Бастакы улахан сакаасчыппытынан Эдьигээн балыыһата уонна Хаҥалас чааһынай тэрилтэлэрэ буолбуттара.
  • Күҥҥэ төһөнү тигэҕит?
  • Элбээбитэ уонча көстүүм, мааска – 400 уст.  Бу иннинэ уопсайа 5 тыһ. комбинезону уонна 150 уст. көстүүмү тиктибит.
  • Сыаната төһөнүй?
  • Мааска сыаната 100-200 тиийэ, бахиллалаах көстүүм – 2 500 солк.
  • Сакаас аҕыйаата дуо?
  • Кэлин аҕыйаата эрээри, атыыласпыт дьоммут син биир сакаастыыллар.

Пандемия саҕаланыыта СӨ предпринимательствоҕа уонна туризмҥа министиэристибэтэ 21 тэрилтэ (ол иһигэр чааһынайдар) үлэлиэ диэн иһитиннэрбитэ. Испииһэккэ ыйыллыбыт төлөпүөн нүөмэрдэригэр эрийэн билистибит. Предпринимателлэр үксүлэрэ мааска, көстүүм тигэн бүттүбүт  дииллэр. Кинилэр этэллэринэн, Саха сирин улахан аҥаара табаарга наадыйбат буолбут.

Санатан эттэххэ, мантан ыла мааската суох сылдьар дьону ыстарааптыахтара. Салайар уорганнар, олохтоох дьаһалталар тугу этэллэрин барытын толоруоххайыҥ, дьиэбитигэр олоруоххайыҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...