26.11.2021 | 13:00

Саха саарына, киһи киэнэ килбиэннээҕэ

Ааптар: Борис Николаев
Бөлөххө киир

Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын көрсө өрөспүүбүлүкэбит политическай, социальнай-экономическай, култуурунай сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит, ол саҕана дойдубут туһа диэн үтүө суобастаахтык  үлэлээбит дьоммутунан киэн туттабыт, кинилэр ааттарын үйэтитэргэ кыһаллабыт.

Биир оннук, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтэ чэчирии сайдарын туһугар бэйэтин сүдү кылаатын киллэрбит киһинэн 1990-1992 сылларга СӨ Миниистирдэрин Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ Климент Егорович Иванов буолар. Бу ыйга кини 85 сааһын бэлиэтээтэ. Климент Егорович туһунан биир дойдулааҕа суруналыыс Борис Николаев «Саха саарына, киһи киэнэ килбиэннээҕэ» диэн үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээн туран үтүө тылынан аҕынна, ону эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт уонна эҕэрдэҕэ кыттыһабыт. 

«Бу сэтинньи ый 10 күнүгэр СӨ Бочуоттаах гражданина, бэйэтин бириэмэтигэр өрөспүүбүлүкэ салалтатын үрдүкү дуоһунастарыгар үтүө суобастаахтык үлэлээн өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар үгүс үтүө суолу-ииһи хаалларбыт саха саарына Климент Егорович Иванов 85 сааһын туолла.
Кини төрөөбүт, биһигин ыйаабыт сирэ — Олоҥхо дойдута Сунтаар сирин Элгээйитэ, оҕо сааһын үтүө кэмнэрэ ааспыт «үс күннээх» Күндэйэтэ билигин улууспут биир бастыҥ үлэлээх-хамнастаах, бигэ туруктаах нэһилиэктэрэ буола үүннүлэр-сайыннылар. Мин итинэн биһиги Климент Егоровичпыт олоҕо үтүө дойдулары кытта ситимнээх буолан, инники олоҕор үтүө эрэ өттүнэн сабыдыаллаабыта чуолкай диибин. Киһи төрөөбүт сирэ-уота дьылҕатыгар улахан сабыдыаллаах дииллэр. Ол да иһин киһи барыта биир халыып тэҥ буолбат буоллаҕа. Манна даҕатан, өссө киэн тутта ааттаталыыбыт кини бииргэ төрөөбүт бырааттарын: саха омук бастакы нүөмэрдээх успуордунан буолбут көҥүл тустууга сахаттан биир бастакы Сэбиэскэй Сойуус успуордун маастардарын Владимир, Петр Поповтары. Аан дойду алта төгүллээх чөмпүйүөнэ аатырбыт Али Алиев Арассыыйа чөмпүйүөнэ Петр Попов хатыламмат чаҕылхай үрдүк тустар маастарыстыбатын сөҕөн, биһирээн, «хардыы да чугуйбат» бөҕөһүнэн сыаналаабыта. Оттон тапталлаах Сахатын сирин дьоно Петр Попов туста киирдэҕинэ, «көбүөргэ кустук оонньуура, кылбаҥнатан тустардаах уол» диэн сөҕөрө-махтайара. Биһиги Климент Егоровичпыт бэрт эдэр сааһыттан салайар, тэрийэр үлэ үлүскэнигэр үтүрүйтэрэн, успуорт өттүгэр күүһүн-күдэҕин кыайан көрдөрбөтөҕүн биһиги билэбит, өйдүүбүт. Биһиги Килимиэммит (биир дойдулаахтара, ордук сааһырбыт өттө ытыктаан итинник эмиэ ааттыыллар) көстөр көрүҥнүүн, быһыылыын-таһаалыын, дьэ, эдэригэр чахчы саха бухатыырыгар холоонноох этэ буоллаҕа.
 Төрөөбүт Сунтаарын дьоно Климент Иванов райсовет бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир сылларыгар улууһун бүтүн Саха сиригэр инники күөҥҥэ таһаарбытынан, өрөспүүбүлүкэ тыатын сирин улуустарыттан биир бастакынан таас дьиэлэри туттарыыны, уулуссалары бетоннааһын үлэлэрин ыыттарбытын умнубакка махтана ахталлар.
Салгыы кини Үөһээ Бүлүү, Өлүөхүмэ, Абый оройуоннарыгар оччотооҕуга оройуоҥҥа бастакы эппиэттээх салайааччынан – партия оройкуомун бастакы сэкирэтээринэн аатын-суолун дьоһуннаахтык ааттатардыы үлэлээбитинэн киэн туттабыт.  
 Олорон кэлбит олохпут тосту уларыйыылаах кэмнэригэр биһиги Климент Егоровичпыт тапталлаах Сахабыт сирэ инники өссө чэлгийэ сайдарын туһугар сатабыллаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээбит салайааччылартан биирдэстэрэ буолар диэн күн бүгүн биһиги, дойдутун дьоно, хорсуннук уонна дьоһуннаахтык этэр кыахтаахпыт. Билиҥҥи аан дойдуга биир саамай сайдыылаах Кытай норуотугар «Улахан тосту уларыйыылаах кэмҥэ олорон ааһаар» диэн кырыыс тыла баар эбит. Улуу муударай кытайдар бу иһэ-истээх этиилэрин биһиги Килимиэммит дьоһуннаахтык тулуйбутун таһынан, өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан тэриллибит Госагропром биир бастакы салайааччытын, ССРС народнай дьокутаатынан талыллан, босхолонон үлэлиир профессионал дьокутаат быһыытынан өрөспүүбүлүкэ туһугар үгүс элбэҕи ситиспитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ саҥа Конституция ылынан саҥалыы суолга үктэнэр кэмигэр Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын сатабыллаахтык салайбыта. Өр сылларга Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн үлэлээн, биһиги Өрөспүүбүлүкэбит уонна Федеральнай Киин саҥалыы сыһыаны олохтуулларыгар улахан өҥөнү оҥорбутун билэбит. Ньиэп-гаас салаатын сайдыытыгар үлэҕэ эмиэ үгүс кылаатын киллэрбитэ. 
Биһиги Килимиэммит ханнык да үрдүкү дуоһунастарга сырыттар, киһи быһыытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ өрүү элэккэйэ, ис-иһиттэн аһаҕас, судургу майгыта атыттарга холобур эрэ буолуон сөп.
Климент Егоровичпыт 85 сааһыгар диэри олорон кэлбит олоҕор, үлэҕэ-хамнаска бары ситиһиилэригэр олоҕун аргыһа, тапталлаах кэргэнэ Татьяна Ивановна үтүөтэ-өҥөтө үгүһүн бу бэлиэ күн тоһоҕолоон туран бэлиэтиибит. Сунтаар дьонун-сэргэтин аатыттан киниэхэ дириҥ махталбытын, сүгүрүйүүбүтүн тириэрдэбит.
 Биһиги, Сунтаар дьоно, төрүт саха омуга уутуйан үөскээбит Олоҥхо дойдутунан аатырар Сунтаар сирин ааһан, бүтүн Саха сирин киэн туттуута, дьиҥнээх саха саарына, киһи киэнэ килбиэннээҕэ биһиги Климент Егоровичпыт эмиэ буолар диибит.
Бу бэлиэ түгэнинэн туһанан, билигин даҕаны өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар бэйэтин этиилэрин, сүбэтин-аматын хорсуннук этэ, биллэрэ сылдьар ытыктыыр киһибит тапталлаах кэргэнэ Татьяна Ивановналыын чугас дьоннорун, сиэннэрин сылаас тапталларынан угуттанан үрүҥ күн анныгар өссө да уһуннук олоруҥ, Олоҥхо курдук уһун, ырыа курдук кэрэ олохтонуҥ диибит. Кытаанах доруобуйаны, уһун үйэни, этэҥҥэ буолууну, өрүү чаҕылхай күннээх ыраас халлааны баҕарабыт».

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...