18.12.2019 | 14:18

САХА РОБОТТАРА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Николай Потапов, «Автономнай технология» стартап генеральнай дириэктэрэ, «VeDroid» муоста сууйар роботтары оҥорон, номнуо Уралга, Казахстаҥҥа, Москваҕа батарбыт.

«VeDroid» робот биир чаас иһигэр 1000 кв.м иэннээх сири сууйар, онон улахан тутууларга, балыыһаҕа, аэропортка уо.д.а бөдөҥ объектарга үлэлиир кыахтаах. Бүгүн IT-технология эйгэтигэр хорсуннук хардыылаан киирбит Николайдыын Арассыыйа ырыынагын, төрөөбүт дойдубутугар IT эйгэтигэр туох сайдыы барарын туһунан кэпсэтиибин таһаарабын.

Быйыл  Нурсултан Назарбаев аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы аэропорка (Астана, Казахстан) саха айтишниктара Николай Потапов уонна Иван Филиппов муоста сууйар роботтары билиһиннэрбиттэрин астына истибиппит. Уолаттар үс сыл тухары Казахстаҥҥа 100 экземпляр роботтары оҥорон тиксэриэхтээхтэр.

 «Автономнай технология» тэрилтэ — ХИФУ Арктическай инновационнай киинин, «Якутия» технопарк уонна Сколково пуондатын резиденэ.

БАСТАКЫ БААРТЫЙА

— Казахстаҥа үлэлиир партнердарбыт, кэллиэгэлэрбит  бородууксуйабытын олус сэҥээрдилэр. Биһиги бэйэбит да соһуйан хаалбыппыт. Этэргэ дылы, “ажиотаж» этэ. Саҥа хантараактар, дуогабардар кутулла түспүттэрэ. Арассыыйа киин куоратыгар уонна Казахстаҥҥа собуоттары арыйан үлэлэтиҥ диэн инвестордар этии киллэрбиттэрэ. Биһиги төрөөбүт-үөскээбит дойдубут сайдыан баҕарар буоллахпыт дии... Манна дьиэ кэргэммит, оҕолорбут, тулалыыр айылҕабыт баар, онон сайдыы суолун киин куоракка көрөр былааннаахпыт. Бэйэбит иннибитигэр тустаах сыал-сорук, садаача туруорунан, үлэтэ суох дьону дьарыктаах оҥорор баҕалаахпыт.

СОБУОТ ҮЛЭҔЭ КИИРИЭ ДУО?

— Билиҥҥи туругунан Арассыыйа араас  куораттарыттан сүүстэн тахса хантараак баар, ону таһынан Польша, Румыния, Венгрия судаарыстыбаларыттан сайаапкалары туттубут. Ол иһин кэлэр сылтан собуот туһунан толкуйдуохпут. Роботтары таҥыы, хомуйуу, бырагырааммалааһын барыта дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа ыытыллыаҕа. Манна биһиэхэ тустаах исписэлиистэр, саҥа каадырдар наада буолаллар,  онон  саха ыччатын эрэнэ күүтэбин.

РОБОТ туохтан ТУРАР?

«VeDroid» массыына 70х60х60 кээмэйдээх

— Муостаны сууйар автономнай «VeDroid» үс сүрүн чаастан турар. Ол курдук, бастакытынан, кини сенцорнай чаастара, боростуойдук харахтара диэххэ сөп. Иккиһинэн – айанныыр уонна сууйар-сотор базата. Үсүһүнэн – бырагыраама сөптөөхтүк үлэлээһинэ. Куорпуһун уонна ыйааһынын уйар састаабын Саха сириттэн кыһалҕата суох булуохха сөп. Тас бүрүөһүнэ пластик. «Якутия» технопарк «Технопласт» тэрилтэтин кытта хас  даҕаны НИОКРоавтары уонна аппараттары оҥорбуппут. Онон бүүс-бүтүннүү бэйэбит оҥорон таһаарабыт.

— Онтон электрониката хайдаҕый?

— Лазернай оборудование уонна микрокомпьютердар биһиги бородууксуйабытыгар Гуанчжоуттан кэлэллэр. Кинилэри оҥорон таһаарар олохтоох собуоттарын кытта быһа хантараак олохтонон турар.  Муостаны инчэҕэй валик суокканан сууйар, сотор, ыраастыыр. Робот бэйэтэ киниэхэ баар микрокомпьютердар салайыыларынан “хаамар”. «Raspberry PI» дьоҕус көмпүүтэр көмөтүнэн дьиэ иһигэр сылдьар навигациялаах. Роботтар бырагыраамаларын ХИФУ Арктическай инновационнай киинин уонна «Якутия» технопарка учуонайдарын, инженер-конструктардарын кытта суруйбуппут. Онон собуот тутуллуутун «Кангалаас» ТОР баазатыгар көрөбүн.

— Ууну төһө барыырый?

— Ыраас уонна кирдээх ууну кутар баахтаах, кири, быылы оборор турбалаах. Ууну ыраастаан иккистээн туттар буолан, кэмчилээн туттар. Холобура, 4 000 кв.м иэннээх муостаҕа 40 лиитирэ уу барар.  Биир дьиэҕэ хас да робот үлэлиир буоллаҕына, бэйэ-бэйэлэригэр мэһэйдэспэттэр. Кинилэргэ искусственнай интеллект элеменнэрэ киллэриллибиттэрэ.

СҮРҮН ФИШКАЛАРА ТУГУЙ?

Дьон олоҕун тупсарар, илии үлэтин чэпчэтэр кыах көстүөҕэ.

— Клининговай өҥөнү оҥорууга биһиги революционнай концепцияны оҥордубут. Аны аҕыйах сылынан дьиэ сууйар дьону роботтар солбуйуохтара. Арассыыйа университеттарын ортолоругар бу сонун, инновационнай айан таһаарыы. Туох да омуна суох эттэххэ, оннооҕор «Сколково» муостатын дьон сууйар.

КУОРАККА БОРУОБАЛЫАХ БААР ЭТЭ...

— Хомойуох иһин, биһиги роботтарбыт бөдөҥ эбийиэктэргэ эрэ  үлэлииллэр. Дьокуускайга оннук тэрилтэлэр суохтар. Суолу ыраастыырга, сууйарга-соторго тиийэрбит өссө да ыраах.. Ол эрээри роботтар  балыыһалары, пуорду уонна ХИФУ кампустарын сууйуохтарын сөп. Дьиҥэр, бөх хомуйуута, ырааһырдыы үлэтэ быдан чэпчиэ этэ. Куорат сайдыытыгар, ыраас буоларыгар Сардаана Владимировналыын үлэлииргэ бэлэммит.

БОРОДУУКСУЙА САЙДАР СУОЛЛАРА

— Иккилии нэдиэлэ буола-буолар, робот саҥардыллан, кыаҕа кэҥээн иһэр. Сотору кирилиэһи, түннүгү, балкону, карниһы, бассейны, массыыналары сууйуоҕа. Арассыыйаҕа маныаха майгынныыр робот суох. Салгыы тас өттүн, каркаһын  тупсарар былааннаахпыт. Манна дьон санаатын билиэхпитин баҕарабыт. ЖК-экран промо-бот буолуоҕа, оччоҕуна бэйэтэ гаджет  да курдук буолсу. Аны туран, бактериялары, буортулаах излучениелары оборор кыахтаныаҕа. Оччоҕуна араас ыарыы, киртэн-хахтан тахсар куһаҕан эттиктэр сүтэн хаалыахтарын сөп.

ӨЙӨБҮЛ БАҺААМ

—Экстремальнай тымныы дойдуга олорорбут эмиэ даҕаны үчүгэй. Роботтары Саха сиригэр үөрэттэхпитинэ эрэ, атын дойдуга ымпыга-чымпыга суох үлэлиэхтэрэ. Туох да диэбит иһин, Саха сиригэр олорорбуттан, үлэлиирбиттэн астынабын. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит инновация сайдыытыгар улахан суолталаах регион буоларын өссө төгүл дакаастаата. Дойду аҕа баһылыга, бырабыыталыстыба уонна өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторо айтишниктары өйүүр суолга туруннулар. Бу биһиэхэ инновацияны арыйар дьоҥҥо олус улахан күүс-көмө, тирэх буолар.

СОТОРУ ААТЫРЫАХПЫТ

IT сайыннаҕына, сөмөлүөтүнэн, массыынанан, тимир суолунан тиэйэргэ наадыйбат, ыйааһына суох бородууксуйаны аан дойду хайа баҕар муннугар таһааран, улахан харчыны эргитиэхпитин сөп. Оччоҕуна өрөспүүбүлүкэбит сиртэн эрэ хостонор баайга олоҕурбакка, IT эрэ суотугар сайдар кыахтаныаҕа. Онон IT олох уйгутун тупсарарын умнуо суохтаахпыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...