30.07.2024 | 11:19

Саха кылааһыгар миэстэлэр бааллар

Саха кылааһыгар миэстэлэр бааллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куораттааҕы Үөрэх управлениета иһитиннэрэринэн, 2024-2025 үөрэх дьылыгар 1 кылааска от ыйын 29 күнүнээҕи туругунан 19 оскуолаҕа 469, ол иһигэр төрөөбүт тылынан үөрэтэр кылаастарга 104 ордон турар:
3 №-дээх оскуола – 30 миэстэ;
6 №-дээх оскуола – 33;
7 №-дээх оскуола – 13, 27 миэстэ (саха кылааһыгар);
М.И. Кершенгольц аатынан 9 №-дээх оскуола – 14;
13 №-дээх оскуола – 54;
18 №-дээх оскуола – 20, 5 (саха кылааһыгар);
Д.И. Ягодкина аатынан 19 №-дээх оскуола – 30, 5 (саха кылааһыгар);
Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов аатынан 20 №-дээх оскуола – 10, 13 (саха кылааһыгар);
24 №-дээх оскуола – 10 (саха кылааһыгар);
Е.Ю. Келле-Пелле аатынан 26 №-дээх оскуола – 7 (саха кылааһыгар);
27 №-дээх оскуола – 30, 3 (саха кылааһыгар);
27 №-дээх оскуола филиала – Аксения уонна Наталья Посельскаялар ааттарынан Дьокуускайдааҕы балет оскуолата (колледж) – 10 миэстэ;
К.И. Кузьмин аатынан 30 №-дээх оскуола – 24;
Л.А Колосова аатынан 33 №-дээх оскуола – 5 (саха кылааһыгар);
38 №-дээх оскуола – 29 (саха кылааһыгар);
Н.А. Алексеева тэхиньиичэскэй лицейэ – 15;
34 №-дээх коррекционнай оскуола – 10;
Марха 2 №-дээх оскуолата – 38;
Маҕан оскуолата – 11;
Табаҕа оскуолата – 23
Сайабылыанньаны судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө эбэтэр үлэ чааһыгар оскуолаҕа кэлэн биэриэххэ сөп, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта Үөрэххэ управлениета.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...