Сааскы салгын сайа биэрдэ
Мария Протопопова – Намыына Куо Амма улууһун Өнньүөс нэһилиэгэр 1973 сыллаахха элбэх оҕолоох ыалга бэһис оҕонон төрөөбүтэ. Оскуола эрдэхтэн хоһоон, ырыа суруйар. 1993 с. суруйбут “Сахам сирин кыһына” диэн ырыата киэҥник биллэр. Оччолорго Алдан улууһугар чуум үлэһитинэн сылдьыбыта. Мария Протопопова киин куоракка турар бааһынай ырыынагын бочуоттаах атыыһыта. Чөл олоҕу өрө тутар буолан, араас хабааннаах биэчэрдэри, кэнсиэрдэри тэрийэр. Икки оҕо тапталлаах ийэтэ уонна икки сиэн эбээтэ.
Саас
Чысхааннаах кыһыны кыйдаан,
Сааскы салгын сайа биэрдэ.
Күн бытархайа күлүмнээн,
Бүтэһик сыа хаар үҥкүлээтэ.
Үчүгэйиэн, сааскы киэһэҕэ
Сахам сирин сылаас тыына
Салгыҥҥа сиик буолан көтөрө,
Хаарбыт халыйа устара.
Дьэҥкир таммах таммалыыра,
Чыычаах чыбы-чаап ырыата,
Сандал саас үөрдэ аҕалла
Тапталы, дьолу сырдатта.
Кындыа кыһын
Хабараан тымныы кыһыммыт
Сатыылаата Сахам сиригэр,
Тыйыс айылҕатын таайтараат,
Тилийэ сүүрдэ мин дойдубар.
Кырса маҥан көй хаарын ыһан,
Сирбит ньуурун сырдатта анаан,
Дьэрэкээн ойууларын таҥан,
Киэргэттэ мырааммыт маанылаан.
Дьыл кэрдиис түһэ түстэниитэ,
Бурҕайар тымныыбыт түһүүтэ,
Үрүмэ үрүҥ, күдэнинэн
Бүрүйдэ алааһым саҕатын.
Тыс,тыс,тыс тыһыргыыр тымныыбыт
Кыс хаарбыт хаачыргыыр тыастара
Кыһыммыт кындыа ырыалара,
Кырыа мууспут дьэҥкир көстүүтэ.
Ол баар эбээт сирбит барахсан
Барытын санныгар уйаҕын
Кыһыммыт томороон күннэрин.
Салҕыа сандал саас күлүмэрдээн.
Махтал таптал!
Таптал -тирэхтээх олох
Таптал -дьолбут кытыла
Таптал ыраас да санаа
Таптал бараммат баай.
Таба талан тайанан
Тапталбыт таайтарбакка
Тылларбын сааьылаан
Тиэрдиэҕэ бар дьоммор.
Тапталы эн харыстаа
Тапталы хомотума
Таптыыр,таптатар кэрэ
Тапталлаах буол өрүүтүн.
Таптал тыла таҥыллан
Таҥараттан талыллан
Тарбахха да баттаммат
Таптал! Барҕа махтал!
Булчут доҕорум.
Ырыа - тойук аргыстанан
Байанайдаах булчут доҕорум.
Кыраһалаах хаар түһээтин
Ыраах хара тыаны хаамаҕын.
Буур табаҕын мииннэҥҥин
Дьүкээбил уотугар ыйдаран
Кыйа көтүтэн иһэҕин
Өттүк харалаах тутуурданан.
Сылаас оһоҕун иннигэр
Түүннэри бүппэт сэһэннэрдээх
Көрүдьүөс кэпсээн атастаах
Кырдьаҕас булчут эн сэһэргээ.
Онно куһу күөрэппиккин,
Бу күөлгэ тайаҕы күөйбүккүн,
Арҕахха эһэ булбуккун,
Очуос тааска саарба хаайбыккын.
Дьоҕурдаах булчут доҕорум
Ыраахтан алҕыыбын эйиигин.
Сырыыларгын маанылаатын
Байанай тойон эьэккэбит.
Өймөкөөҥҥө
Саха сиригэр тыйыс чысхааннаах
Үрдүк хайалардаах Өймөкөөҥҥө
Хотойдуу хорсун санаалаах дьонноох
Толлубат дьулуурдаахтар олоххо.
Хорҕолдьун көмүһүн хостооннор
Хара тыаны, мырааны дабайан,
Хонугу, сылы аахсыбаккалар
Холуруктуу үлэлии сылдьаллар.
Олохпут будуллар үөһүгэр
Хотугу тымныы, тыйыс сир киинигэр
Саас ахсын айылҕа тыллыыта,
Самаан сайыммыт үрүн түүннэрэ.
Очуос үрдүк таастаах хайалара,
Кыһынын томмот үрүйэлэрэ
Көрүөххэ олус да үчүгэйиэн
Айылҕабыт маанылаах көстүүтэ.
Атыыһыт кыыс.
Атыыһыт кыыс барахсан
Сарсыарда эрдэ туран
Үлэтигэр ыксаахтыыр,
Маанымсыйан ылаахтыыр.
Куну быһа атаҕар
Күнү быһа кэтэһэр
Дьоно кэлэн таларын,
Таһаҕаһа кэлэрин.
Кини нарын куолаһа
Дьону-сэргэни үөрдэр.
Мичээрдии көрө көрө
Маҕаһыынын бэрийэр.
Атыыһыт кыыс барахсан,
Бэйэҕин умнан туран
Аһынан хааччыйаҥҥын
Үлэн күөстүү оргуйар.
Кэнэҕэски кэскилгэр
Өрүү сайда тураргар!
Бу сыралаах үлэҕэр
Доруобай буол атыыһыт!
Мин дьоллоох оҕо сааһым.
Амма Эбэ кытылларыгар
Оҕо сааһым кырдалыгар
Ньирэйи сырсыакалаһаммыт
Хонуу сыһыынан сүүрэрбит.
Арыы алааска ынах ыырбыт,
Быыс буламмыт сир астыырбыт.
Киэһэтин балыктыы барарбыт,
Мээчиктэһэ да тэйэрбит.
Эбээлиин лэппиэскэ буһаран
Сарсыарда сүөгэй сүүрдэрбит.
Аҕам кус бултаах эрдэ кэлэн
Ийэм чэй өрө сүүрбүт.
Кыра эрдэхтэн үлэлииргэ
Аҕам, ийэм үөрэппитэ.
Төрөөбүт сири харыстыырга,
Олоҕу олус таптыырга.
Иллэҥсийэн эрэ ылларбыт
Бары ыалынан мустарбыт,
Байааҥҥа, хомуска туойарбыт
Мин дьоллоох оҕо сааспар.