09.04.2020 | 11:26

Сааскы куһу саха ааттаах бары күүтэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу сылга үктэниэхпититтэн аан дойдубутун атыйахтаах уу курдук аймаабыт коронавирус илэ бэйэбитигэр чугаһаан кэлэн иннибитин-кэннибитин биллэрбэт буолла. Олорбуппут сыччах, биһиэхэ да ситэн кэллэ. Бу дьаҥтан сылтаан сааскы кус көҥүлэ ыйааһын бэскитигэр ыйанна. Кэтэһии-манаһыы саҕаланна, мантан саас дуоһуйа айылҕалыын алтыһабыт, таптыыр дьарыкпытыгар барабыт дуу, суох дуу диэн кэпсэтии, үрдүк өһүөлээхтэр дьаһалларын, ыйаахтарын кыраҕы харах, чуор кулгаах буолан ылы-чып кэтэһэллэригэр эрэ тиийдилэр.

Саабын ыраастаабытым ыраатта

Кырдьык да, бултааһын, балыктааһын диэн саха киһитигэр былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит төрүт дьарыкпыт буолар. Бу идэлэр көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, үтүө үгэс тутуһуллан кэллэҕэ. Булчут үүтээнигэр испиискэ, оттор мас, аһылык хаалларан төһөлөөх элбэх муммут, иэдээҥҥэ түбэспит дьону абыраабыта буолуой? Маны ким да отчуоттаан, статистикалаан таһаарбыта суох. Аата-ахсаана суох киһи, булчуттан да атын, масчыттар, отчуттар абыраллаах үүтээҥҥэ тохтоон, үгэһи тутуһан, бэйэлэрин кэннилэриттэн эмиэ испиискэ, ас хаалларан баралларын ким да ааҕан көрбөтөх буолуохтаах.

Булт диэн баран муннукка ытаабыт эр дьоммут бу күннэргэ туох санаалаах-оноолоох сылдьалларын ыйыталастым:

Уйбаан:

Көҥүллээтиннэр, көҥүллээбэтиннэр, саатар баран туох эрэ тыас таһааран кэлэр санаалаахпын. Мин Саха сирин түгэҕэр олоробун, суола-ииһэ суох сиргэ, онно этэргэ дылы ыарыы, дьаҥ тиийбэт, эгэ “охоттар” да кэлэр кыахтара суох. Онон биһиги көҥүл дьоммут. Түҥ былыргыттан өбүгэлэрбит бултаан-астаан кэлбит үтүө үгэстэрин быйыл кэлэн тохтотор кыаҕым суох. Бэйэм сөбүн көрөн бултуом, дьоммор саатар Ньукуолуҥҥа кус амсатыам диэн санаалаахпын. Оннук улаханнык кыдыйбатарбын да айылҕалыын алтыһан, от-мас тыллар, көҕөрөр кэмигэр алаас устун хаамар, кус-хаас саҥатын истэр, саҥа күнү уруйдуур, айхаллыыр баа буоллаҕай. Онон көҥүлү кэтэспэт киһибин, бэлэмнэммитим ыраатта, хата саас эрдэ кэлэр дииллэр, онон эрдэлээн бараары сылдьабын.

Сэмэн:

Мин куорат киһитэбин. Онон сааскы булду кимнээҕэр да ордук күүтэбин. Саҥа дьыл кэннэ тута уолаттарбын кытта сөбүлэһэн, ботуруон ылынан ырааттыбыт. Саабын ылан сотору-сотору ыраастыыбын, кыҥаан көрөбүн, сороҕор дьиэлээхтэртэн да мөҕүллэбин. Куоракка тыын-быар хаайтарар, дойдугун, айылҕаны ахтарыҥ өссө күүһүрэр. Кыралаан дьоммуттан кистээн харчы уурунабын, кинилэртэн тутулуга суох сыл аайы барааччыбын. Урут-уруккуттан бултуур буоламмын таҥас-сап барыта бэлэм, кыратык ону-маны саҥардабын эрэ.

Биллэн турар, быйылгы сааскы куһу көҥүллүүллэр ини диэн олус күүскэ эрэнэбит. Куһу төһө да хото кыайбатарбыт, кылаабынайа айылҕаҕа дуоһуйа сынньаныы, алтыһыы, доҕотторбутун кытта көрсүһэн, кэпсэтэн тапталлаах дойдубутугар тыыммытын таһааран кэлэрбит хас биирдии киһиэхэ күндү буоллаҕа.

Игорь:

Туох диэн ыйыттаҥый, хайдах саха киһитэ булда суох олоруой. Биһиги саҥа дьыл өрөбүллэригэр анаан дэриэбинэттэн куоракка киирэн уолаттарбытын кытта мунньахтаан кэлбиппит. Биир уолбут барбат буолла, кини оннугар киһи көрдүү сылдьабыт. Бээ, онтуҥ мээнэ буолбат, тапсар, атын дьону үүтээҥҥэ кэлин аҕалбат, бэйэ киһитэ буолуохтаах. Онтубутун сыымайдыы сылдьабыт. Онон хайаан да бултуу барабыт. Биллэн турар, көҥүллүөхтэрэ диэн улаханнык эрэнэбит, көҥүлэ суох бултуур кутталлаах даҕаны, сокуону кэһэр эмиэ да сааттаах буоллаҕа. Ол да буоллар аҕыйах кэмҥэ көҥүл тыынан, үүтээммитин саатар бэрийэн, кулуһун миинин, чэйин иһэн кэлиэхпит этэ.

Дьэ, ити курдук сахам эр дьоно барахсаттар бары сэмэйдик, харыстанньаҥнык, Барыылаах Баай Байанайдарын өһүргэппэт гына сэмээр, кэтээн көрөрдүү эппиэттээтилэр. Кырдьык да, булка суруллубатах сокуон диэн өрүү баара, баар даҕаны. Оттон булду айбардаан, харса суох кыдыйан, кыбынан, миинэн туран хаартыскаҕа түһүү бу барыта сэттээх-сэлээннээх буолара саарбаҕа суох. Бу туһунан ырыта барбаппыт, оннук дьон аҕыйахтара буолуо диэн күлүкпүтүгэр эрэ имнэнэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....