Саамай сырдык доҕорбут этэ...
Киһи бу орто дойдуттан бардаҕына кинини ааттатар оҕолоро, сиэннэрэ хаалаллар. Онтон кини туһунан саамай истиҥ ахтыыны чугастык алтыспыт доҕотторо, табаарыстара оҥороллор, кэпсииллэр.
Бүгүн миэхэ байыаннай дьайыыга баран олоҕун толук уурбут, хорсун буойун Евгений Васильевич Китчегясов туһунан кини бииргэ үөрэммит, алтыспыт доҕоро Надежда Егорова (Габышева) кэпсиир. Кинилэр 1983 сыллаахха Өлүөхүмэ улууһун Үҥкүр орто оскуолатын бүтэрбиттэрэ.
— Надежда, бастатан туран, чугас табаарыскыт хомолтолоохтук орто дойдуттан барбытынан кутурҕаммын тиэрдэбин. Евгений туһунан ахтан ааһыаҥ дуо?
— Евгений олус ыраас, сырдык, үтүө санаалаах, кэрэ киһи этэ. Кинини аан бастаан Үҥкүр сэлиэнньэтигэр биһиги оскуолабытыгар 9-с кылааска Тээнэттэн үөрэнэ кэлбитигэр көрбүтүм. Ол 1981 сыл балаҕан ыйыгар этэ. Кылааска киирбиппитигэр хайыы үйэ паартаҕа олороро. Кини туһунан аан бастакы өйдөбүлүм: наһаа кыраһыабай аһаҕас харахтаах, оччотооҕу муоданан санныгар диэри түһэ сылдьар уһун баттахтаах уонна саамай сырдык мичээрдээх. Бастаан көрөөт, нуучча дии санаабыппыт, онтон уолбут сахалыы саҥарбытыгар бары соһуйбуппут.
— Кылаас олоҕор төһө түргэнник киирбитэй?
— Женя чуумпу, эмиэ да кыбыстанньаҥ, олус сэмэй, кимтэн да чорбойо сатаабат этэ. Ол быыһыгар спорду сөбүлүүр буолан, спортивнай күрэхтэһиилэргэ, тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттара. Ыарахан атлетиканан дьарыктанар буолан, эр киһилии лаппа кэтит көрүҥнээх этэ.
Оскуолаҕа сылдьан биһиги Женябытын элбэх кыыс сөбүлүү көрөрө, таптаабыта даҕаны. Биһиги, кыргыттар, Женя футболкалаах сырыттаҕына, килбигийэн, тылбытыттан матарбыт. Ол курдук тас көстүүтэ, былчыҥнара, спортивнай быһыыта-таһаата барыларыттан уһулуччу, таһыччы этэ. Олоҕун тиһэх күнүгэр диэри ол көрүҥүн сүтэрбэтэҕэ.
— Киһи быһыытынан хаачыстыбатын кэпсиэҥ дуо?
— Кини биһигини кытта 9-с, 10-с кылаастарга үөрэммитэ. Интэринээккэ олорбуппут. Женя биһиги уолаттарбыт Юра Габышевы уонна Юра Саввиновы кытта үөрэнэр суумкаларбытын оскуолаҕа диэри уонна төттөрү кэлэрбитигэр туталлара. Кини куруук бэйэтиттэн балыс оҕолорго көмөлөһө сатыыра, улахан убайдара курдук буолара, оннооҕор бириэмэ, быыс булан кинигэни дорҕоонноохтук ааҕарын истэрбит. Ону кини барытын ким эрэ ыйыытынан, көрдөһүүтүнэн буолбакка, ис сүрэҕиттэн оҥорорун билиҥҥэ диэри сөҕөбүн уонна үөрэбин. Биһиги Женябыт көмөҕө наадыйар дьоҥҥо куруук болҕомтотун уурар этэ. Ол курдук кини ураты хаачыстыбалара – билбэт да киһитин киэһэ хойут да буоллар дьиэтигэр диэри атаарара, ыарахан суумканы дьиэлэригэр тиэрдэн биэрэрэ, ытыы турар киһи да, оҕо да аттынан уоскуппакка ааспат буолара, мөлтөхтөргө, кырдьаҕас дьоҥҥо көмөлөһөрө, о.д.а. үтүө дьыаланы элбэхтик оҥорбута.
— Оскуола кэнниттэн төһө билсэр этигитий?
— Оскуола саҕаттан Женя доруобуйатын куруук көрүнэр этэ, спордунан дьарыктанара, хаһан да табах тарпатаҕа, арыгы диэни испэтэҕэ. Кылааспыт уолаттара табах тардалларын, ордук кыргыттар табахтыылларын олох сөбүлээбэт, утарар этэ. Кэлин, эбээ, эһээ да буолан баран, кылааһынан көрсүһэрбит, онно Женяны таарыйа арыгы атыылаһан кэлээр диэн көрдөстөххө, куруук аккаастанара, ол оннугар фрукта аҕалара.
— Онтон оскуоланы бүтэрэн баран үөрэммитэ, идэ ылбыта дуу?
— Оскуола кэнниттэн Аллараа Халыма Черскэй бөһүөлэгэр училищеҕа киирбитэ, табаһыт-булчут идэтин ылбыта. Идэтинэн үлэлээбэтэҕэ, тута аармыйаҕа барбыта.
Туйгун сулууспатын иһин дойдутугар уоппускаҕа кэлэ сылдьыбыта. Аармыйа кэнниттэн Аллараа Халыма оройуонун Андрюшкино сэлиэнньэтигэр барбыта. Кэргэн ылан, үс уол оҕоломмута, онно түөрт сыл олорбуттара. Чугас дьонноро уонна билэр дьонум кэпсээннэринэн, Женяны сэлиэнньэ олохтоохторо олус убаастыыллар эбит. Ону истэн мин, биллэн турар, соһуйбатаҕым. Тоҕо диэтэххэ кини хаһан да көмөлөһөртөн аккаастанар диэни билбэт сүрдээх үтүө санаалаах киһи этэ буоллаҕа.
Эрдэ ийэтэ суох тулаайах хаалан, төрөппүт тапталын, кыһамньытын билбэтэх буолан, ону оҕолоругар биэрбитэ. Биһиги Женябыт саамай үтүө санаалаах, амарах, сайаҕас, эппиэтинэстээх аҕа этэ диэн саарбахтаабаппын даҕаны. Кини курдук аҕа тарбахха баттанар буолуохтаах.
— Оскуоланы бүтэрбиккит ырааттар даҕаны билсэр эбиккит дии.
— Арааһа, кылааспыт оҕолоруттан олоҕун тиһэх күнүгэр диэри биһиги иккиэн ордук чугас, доҕордуу сыһыаннаах этибит. Кыратык сүтэрсэ сылдьан баран 2008 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыахха соһуччу көрсүбүппүт, ол кэннэ сибээспитин быспатахпыт.
Ханна эмит көрсө түһэн олорон кэпсэтэрбит, бырааһынньыктарынан эҕэрдэлэһэрбит. Көрүстэхпитинэ, оҕолорун, сиэннэрин туһунан наһаа астынан, дуоһуйан кэпсиирэ, миигин кытта ис санаатын, үөрүүтүн, хомолтотун барытын үллэстэрэ, бэлиэ күннэргэ миэхэ уонна кыыспар бэлэх биэрэрэ. Кистэлэҥин кытта арыйара, миэхэ олус итэҕэйэрэ, эрэнэрэ, онон биһиги аһаҕастык бэйэ-бэйэбитин кытта барыны бары кэпсэтэрбит.
— Өссө тугу бэлиэтээн этиэҥ этэй?
— Женя барыбытыгар наһаа болҕомтолоох этэ, кылааспыт бөлөҕөр хайаан да дорооболоһоро, бырааһынньыктарга эҕэрдэлиирэ, дьээбэлэнэрин сөбүлүүрэ. Кини ситимҥэ баар буоллаҕына, куруук бэһиэлэйдик суруйсарбыт. Кини эппит, суруйбут тылларыттан киһи эрэ үөрүөх курдуга. Билигин ону наһаа суохтаатыбыт, кини суох буолбутун олус ыараханнык ылынныбыт.
— Евгений улаханнык ыалдьа сылдьыбыт эбит дии...
— Хаһан да доруобуйам кэбирээтэ, мөлтөөтө диэн үҥсэргээбэт этэ, оннооҕор инсуллаан балыыһаҕа киирэн баран. Ол туһунан Женя икки киһиэхэ эрэ эппитэ: миэхэ уонна Леня диэн кылааһынньыгар. Үһүс күнүгэр балыыһаҕа бара сылдьыбыппар, доруобайбын, тахсарга бэлэммин диэбитэ. Нэдиэлэ буолаат, күүһүнэн да буолуо, балыыһаттан тахсыбыта уонна тута үлэлии барбыта да диэххэ сөп. Дьиҥэр, үлэтэ чэпчэкитэ суох этэ, арыый атын үлэни булун диэн этэ сатаабытым да, куруук аккаастанара уонна бу үлэм эрчиллэрим тэҥэ диэн этэрэ.
— Эһиги выпуск оҕолоро куорат пааркатыгар сынньанар беседка туппут этигит дии. Ол туһунан кэпсиэҥ дуу?
— Женя куорат пааркатыгар сылдьарын, күүлэйдиирин олус сөбүлүүрэ. Айылҕа оҕото буолан, этэргэ дылы, куорат килэйбит дьиэлэрин быыстарыгар, таас аспаалга тыына хаайтарара, онон паарка тыатыгар, мастар быыстарыгар сылдьан тыынын таһаарара, дьоллоноро. Саха эр киһитин сиэринэн булчут да буолан, айылҕаҕа ордук чугаһа.
2018 сыллаахха Саха АССР 1983 сыллаах выпускниктара Дьокуускай куорат пааркатыгар сынньалаҥ сир, беседка тутарга быһаарыммыппыт. Бу тутууга бары көхтөөх кыттыыны ылбыттара, ким харчынан, ким сүбэнэн-аманан. Беседканы Уус Алдан улууһун Суотту сэлиэнньэтин олохтооҕо Михаил Степанов оҥорбута. Олус кыраһыабай, ис киирбэх, көстүүлээх беседка буолбута, куорат олохтоохторо сөбүлээн сынньанар, тохтоон ааһар сирдэригэр кубулуйбута.
Хомойуох иһин, сотору соҕус буолан баран кырыыһата онон-манан тэстибитигэр уолаттар өрөмүөннээбиттэрэ, сорохтор харчы биэрбиттэрэ. Оттон Женя профилиис матырыйаалынан спонсордаабыта. Онон, биһиги выпустар, пааркаҕа беседкабытыгар сырыттахпытына, Женябытын уонна Мишабытын саныыбыт.
— Итиччэ үлэлии-хамсыы сылдьар киһи анал дьайыыга хайдах баран хаалбытай?
— 2022 сыл олунньу ыйга Украинаҕа анал байыаннай эпэрээссийэ саҕаламмытын бүтүн дойдубут дьоно сүрэхпитигэр ыктара ылыммыппыт. Женя даҕаны туора турбатаҕа, олус чугастык ылыммыта, наһаа санаарҕыыр этэ. Кылааһын оҕолоругар баҕа өттүнэн барыам этэ диир буолбута. Саастаах дьону ылар буолбуттарын истэн үөрбүтэ. Биһиги барыма, аккаастан диэн көрдөһө, этэ сатаабыппыт да, уолбут ылымматаҕа. 2022 сыл от ыйыгар “Боотур” этэрээтигэр киирсэн барбыта.
— Хайдах суох буолбутун билэҕит дуо?
— Таатта улууһуттан бииргэ сулууспалаабыт уола Аркадий Петрович Лопатины кытта көрсүһүүбүтүгэр биһиги доҕорбут, кылааһынньыкпыт, амарах аҕа уонна эһээ хайдах өлбүтүн туһунан билбиппит.
Ол курдук, инники кирбиигэ киирбиттэрэ бэһис күнүгэр кинилэр блокпоһу тутарга бирикээс ылбыттар. Женя пулеметчик эбит, Аркадийдыын атын-атын окуопаҕа сыппыттар. Аркадий кэпсииринэн, күнүс Женя сытар окуопатыттан ытыалааһын саҕаламмыт. Кэлин билбиттэрэ, Женя Украина нацистарын бастакынан бэлиэтии көрөн, уоту бэйэтигэр ылыммыт. Ытыалаһыы саҕаламмыт, төгүрүктээһиҥҥэ түбэспиттэр. Ол кэмҥэ Женя ыараханнык бааһырбыт. Төгүрүктээһинтэн киэһэ хойут босхоломмуттар, ол эрэ кэннэ саллааттар биһиги уолбутун уонна атыттары кыргыһыы толоонуттан таһаарбыттар. Женяны, ыарахан бааһырыыны ылбыт буолан, Москва госпиталыгар ыыппыттар. Хомойуох иһин биһиги уолбут, хорсун буойуммут 2022 сыл балаҕан ыйын 5 күнүгэр сырдык тыына быстыбыта. Бу кыргыһыыга хорсун быһыытын иһин “Эр санаа” уордьанынан наҕараадаламмыта.
Билигин, кэм-кэрдии ааспытын кэннэ, саныыбын ээ, биһиги Женябыт хаһан да кимиэхэ да өс-саас туппат этэ, барыларыгар үтүөнү эрэ баҕарара, куруук сырдыгынан сыдьаайа сылдьара, кэрэни эрэ ыраланара. Женя биһиги сүрэхпитигэр куруук үтүө майгылаах, аламаҕай, сырдык санаалаах, туохтан да санаатын түһэрбэт, кыраһыабай, бэһиэлэй, өрүү дьып-дьап курдук быһыылаах, олоҕу наһаа таптыыр киһинэн, доҕорбутунан хаалыаҕа. Саамай СЫРДЫК КИҺИНЭН...
Женябыт билигин баара буоллар, бэҕэһээ, ыам ыйын 10 күнүгэр, 57 сааһын туолуо этэ...