03.12.2021 | 11:55

Саалтааны: «Аска сыһыаны үрдэтиэххэ»

Ааптар: Маргарита СТЕПАНОВА (Акимова)
Бөлөххө киир

Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – "Айсар" уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта, алгысчыт, ойууһут, олоҕу анаарааччы Александр Васильевич Григорьев-Саалтааны.

– Александр Васильевич, эн, ас култууратыгар хоннохтоохтук ылсыһан үлэлэһэр киһи буоларыҥ быһыытынан, санааҕын ааҕааччыларбытыгар тириэрт эрэ, баһаалыста.

– Аска сыһыан култуурата бүгүҥҥү күҥҥэ олус наадалаах буолла дии саныыбын. 2010 сыллаахха  "Айсар" уопсастыбаннай тэрилтэ иһинэн "Кучу чэй – саха саргыта" диэн бырайыагы саҕалаабыппыт. Элбэх толкуй, сүбэлэһии кэнниттэн, маассабай атыыга туруордахха, сирбит-уоппут, айылҕабыт тэпсиллииһи, айгырыыһы, эмтээх оппутун тас дойдуга таһаардахпытына табыллыа суох диэн санааттан, сахалыы сэмэйдик, кэмнээн хомуйарга быһаарыммыппыт.

Аска сыһыан өйдөбүлүгэр хардыыларбытын уонтан тахса сыллааҕыта мантан саҕалаабыппыт.

«Ас култуурата» диэни сахалыы «аска сыһыан» диэн көннөрөн туттуохха дии саныыбын. Омук тылын тутта сырыттахпытына, кимтэн эрэ куруук уларса сылдьар курдук буолуохпут. Холобура, муода «от кутюрье” хамсыыр буоллаҕына, биһиги аска сыһыан чыпчаалын оҥоруохтаахпыт. Аска сыһыаннаан музыкатыгар тиийэ толкуй тобуларга үлэлэһэбит. Норуот, нэһилиэнньэ ол чыпчаалга дьулуһуохтаах. Эбэтэр уруккуттан баарыгар төннүүтэ диэн. Биһиги өбүгэлэрбит аска сыһыаннара ураты буоларын эмиэ билэбит. Үксүгэр аска сыһыан аҥаардас иһи эрэ тоторуунан эбэтэр амтанын сырсыынан муҥурданыы курдук. Таҥара биэрэригэр өйдөтөр суолтата сүтэн хаалбыт. Ытык өйдөбүллэргэ сыһыана суох курдук. Киһи ытык өйдөбүллэргэ олоҕуран оннук сыһыаннастаҕына, омук таһыма үрдүөхтээх дии саныыбын. Ол эбэтэр, киһи аска сыһыана үрдүк буоллаҕына, ас таҥарата үчүгэй хараҕынан көрдөҕүнэ, быстан-ойдон хаалбакка, киһи бүтүн оҥоһуулаах, чөл туруктаах буолар.

– Оччотугар аска сүгүрүйэр таҥара баар буоллаҕа?

– Саха киһитэ, аһаары гыннаҕына, Аал уокка ас кээһэр идэлээх этэ. Кэлин аһаҕас уоппут суох буолан, уокка сүгүрүйэр, махтанар суолбут суураллан хаалла. Мин Иннокентий Иннокентьевич Тарбаховтан: "Асчыттар сүгүрүйэр таҥаралара ханнык этэй?" –  диэн ыйытыыбар: "Далбар Хотун", – диэн турар. Ол аата аспытын сүнньүлүүрбүтүгэр Далбар Хотун аатын-суолун «үчүгэй хаһаайка” диэнтэн төттөрү таҥара таһымыгар таһаарар үлэни ыытыахтаах эбиппит диэн өйдөөбүтүм.

– Эйиэхэ Далбары иһит баар. Ол хайдах үөскээбитин ахтан ааһыаҥ дуу?

– Аска сыһыаннаан үлэлиирбитигэр, асчыт Николай Атласов атын омуктарга иһит-хомуос суолтатын кэпсээбитэ. Онтон тирэх ылан, сымыыт формата ордугун уонна салгын циркуляцията табыгастааҕын өйдөөн, бэйэм иһиппин толкуйдаабытым. Туойунан гончарнай кругка эргитэн, Ольга Григорьевалыын иһит бастакы варианын  оҥорбуппут.

Сахалар күөсчүтү мас, тимир, көмүс ууһунааҕар инники туталлар этэ диэн санаа эмиэ баар. Ол аата аһыыр иһити оҥорор дьону ытыктыыллар, сүгүрүйэллэр эбит диэҥҥэ тиийдэхпит. Итинник элбэх толкуйтан, туойунан оҥорбут күөс иһиппитин ас таҥаратыгар сыһыаран, "Далбары" диэн ааттаабыппыт. Таҥара аатын сирэйинэн эппэккэ, ханарытыы курдук, тыл сыһыарыытын уларыттахха, Далбар Хотун таҥара диэки хайыһыннарар диэн суолталаах. Онон иһиппит аата – Далбары.

Иһит нөҥүө аска сыһыаннаах туом оҥорорго, сүгүрүйэргэ табыгастаах. Форматынан оһуордарын орун-оннугар киллэрдэхпитинэ, үлэлиэ дии саныыбын.

–Манна кимнээх үлэлэстилэр?

– "Далбары" иһит үөскээн тахсарыгар үһүө буолан бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн үлэлээтибит. Иһиппит аһылыгы кытта кэпсээнин Николай Атласов оҥорбута. Уопсай толкуйун, аатын, тутулун, форматын мин оҥордоҕум. Онтон олоххо киириитин ситэрбит киһинэн Ольга Григорьева буолар.

– Александр Васильевич, урукку өттүгэр аһыырга анаан туом толкуйдаабыт киһи буолаҕын. Бу саҥа иһиппитигэр көрүүлэриҥ?

– Салгыы тылы-өһү ситимнээн, эбии хамсаныы толкуйдаан, туом оҥорон, дьон ылынар кыахтаах судургу ньымаларын булар сорук турар. Биһиги чэйбит киэнигэр "Уйгулаах утаҕынан куккун-сүргүн угуттаа" диэн алгыс асчыт өттүттэн бэриллэр. Аһыыр киһи аһыан иннинэ уонна аһаан бүтэн баран хардатын махтанан туох диэхтээҕий диэни толкуйдуубут. Судургу, кыра бэлиэ хамсаныы (жест) баар буолуохтаах. Былыргыны кытта уопсай майгытыгар олоҕурарбыт чуолкай,  ол түмүгэ өссө көстөн иһиэ. Саамай сүрүнэ, иһитэ баар буолла, ол иһиккэ ас буста.

– Саҥа иһиппит сүрэхтэниитэ буолла дуо?

– Бу күннэргэ "Атласовтар уһаайбалара" этнографическай комплекска үгэскэ кубулуйбут "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" кыһыҥҥы туризм бэстибээлин чэрчитинэн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл ыытылынна. Быйылгы тэрээһин элбэх сонун аһыттан биир ураты бүлүүдэ "Далбары" туой иһиккэ буспут сылгы этэ буолла. Өбүгэ үгэһин тутуһан оҥоһуллубут саҥа туой иһиккэ 13 чаас устата буспут эт сыта-сымара чыҥха атына, амтана уратыта мустубут ыалдьыттарга биир сонун бүлүүдэ буолан көһүннэ.

Дьэ, онон иһиппит сүрэхтэниини ааста диэн үөрүүлээхтик этэр кыахтаахпыт.

– Күбэйэ – ытык мал күн сирин көрбүтэ балачча бириэмэ аастаҕа дии. Бу туһунан, баһаалыста, санааны аан бастаан киллэрбит киһи быһыытынан, кэпсиэҥ дуо?

– Ийэ уонна оҕо быстыспат ситимин – киинин харыстаан уура сылдьарга аналлаах холбука. Ытык мал ситимниир төгүрүк тирэҕэ – Сир ийэ бэлиэтэ. Оҕо ис эйгэтэ сымыыт курдук бүтэй буолуохтаах. Ураһа – Аҕа халлаан бэлиэтэ. Чороон үөһэттэн түһэр илгэни тардар. Эһэ-эбэ, аҕа-ийэ оҕо киинин Күбэйэҕэ уган, ынах арыытын уулларан, сиэннэригэр, оҕолоругар тапталларын, алгыстарын анаан, угуттаан, имэрийэн иҥэрэллэр.

«Күбэйэ» оҕо куйаар саамай күндү бэлэҕэ буоларын санатар, дьиэ кэргэн иһигэр амарах майгы, үтүө санаа, сылаас сыһыан, таптал айыы тыына үөскүүр эйгэтин түстүүр,  оҕо кутун-сүрүн араҥаччылыыр аналлаах.

– Эйигин биһиги өссө уһуйааччы быһыытынан билэбит. Үөрэххин дьон-сэргэ ыйыталаһар, сэргиир эбит.

– Хас биирдии киһи Орто дойдуга саха буолан сандаараары, киһи буолан килбэйээри кэлэр диибит. Ол эрээри, кэм-кэрдии хаамыытын сатаан дьүөрэлээбэтиттэн, дьону кытта сыһыан үгэстэрин билбэтиттэн элбэх киһи санаатын, толкуйун олоххо киллэрбэккэ хаалар.

Сахалыы өйдөбүллэринэн олоҕун тупсарыныан, сайдыы суолун, айылҕаттан дьоҕурун билиэн, ис кыаҕын таһаарыан, бэйэ дьыалатын арыныан эбэтэр тупсарыан, кэҥэттиэн баҕарар дьоҥҥо аналлаах көмө дьоҥҥо туһата баһаам.

– Ааҕааччыларбытыгар киһи хараҕар ылбычча көстүбэт үлэни – тэрийии, торумнаһыы түгэннэриттэн кэпсии түһүөх эрэ.

– Алгысчыт, ойууһут, олоҕу анаарааччы, уһуйааччы быһыытынан 1988 сылтан култуура араас тэрээһиннэригэр кылаатым баар диэн саныыбын. Ол курдук, бастакы ыһыахтар, тэрилтэлэр үлэлэрин сүрүннээн сайыннарыы, биирдиилээн дьон айар дьоҕурдарын аартыгын арыйыы курдук тэрийииттэн саҕалаан, М. Е. Николаев култуура, наука, үөрэхтээһин сайдыытын көҕүлүүр пуондатын иһинэн улуус оскуолаларыгар олоҥхо ыһыахтарын тэрийии, Саха омук II Конгреһын сүрүн боппуруостарын тобулуу, оҕо киинин харайар харысхал – “Күбэйэ” өйдөбүлүн олоххо киллэрии, "Чэй култуурата", "Снежная Краса", "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар", "Саха сирин амтана",  "Северный Форум" курдук бырайыактарга кыттыгастаахпыттан астынабын.

– Эйигин өссө ойууһут быһыытынан билэбит. Маҥнайгы уһуйааччыларгын иһирэхтик ахтаргын истэ олорон, кинилэр тустарынан сырдатыахха дии санаатым.

– Айар эйгэ диэн, мин өйдүүрбүнэн, бэйэҥ суолгун тобулуу диэн. Ойуулааһын өттүгэр киирдэххэ, киһи бэйэтин линиялара (гармонията), сурааһыннар дьүөрэлэһиилэрэ, өҥнөрү дьүөрэлээһин диэн. Хас биирдии киһи хараҕа уратытык көрөр. Үтүктэн оҥорбот буоллаххына, бэйэҥ искэр баар санааларгын таскар таһаарар көрүҥүҥ. Миигин бу эйгэҕэ киллэрбит, кыахпын арыйбыт дьонунан, биллэн турар, учууталларым буолаллар. Киһи киһиттэн үөрэнэр диэн баар эрээри, ону даҕаны сатыыр киһи үөрэнэр, ылыммат киһи үөрэммэт буоллаҕа.

Ойуулуур-дьүһүннүүр эйгэҕэ бастакы учууталларым – Марат Иванович уонна Татьяна Степановна Таманныровтар. Кинилэртэн билбит бастакы өйдөбүллэрим билигин да тоҕоостоохтор. Холобура, үс өҥтөн ордугу булкуйума, оҥоһуллубут сабардамыҥ барыта кыраасканан сабыллыахтаах диэн. Уонна ойууһут хара өҥү живописька туттубат диэни кинилэртэн билбитим.

Кэлин Олег Иванович Будищев диэн учууталлаах этим. Киэргэтии өттүгэр, шрифтэргэ да буоллун, элбэххэ үөрэтэн ааспыта. Кыраасканы хойуутун, хайдах сабарын, хайдах гыннахха киистэ суола көстүбэт буоларын киниттэн билбитим.

Аныгы истииллэргэ бииргэ үлэлии сылдьан Алексей Агафонович Егоровтан бэриһиннэрбитим элбэх. Аркадий Дмитриевич Григорьевтан конструкцияларга уонна улахан үлэлэргэ куттаммакка, толлубакка киирсэргэ үөрэммитим.

Сүрүн үөрэммит салааларым итинниктэр. Кэмигэр учууталлардаах буоламмын, бииртэн бииргэ уһуйуллан истэҕим уонна кинилэри махталынан эрэ ахтабын.

– Ойуулуургар көрүүлэриҥ?

– Сүрүн тиэмэм – саха култуурата: саха былыргы таҥаһа-саба, өҥө-дьүһүнэ. Эрдэ үөрэммит дьоҕурбун, сатабылбын хомунан, саха былыргытын бэйэм көрүүбүнэн таһаарар буолбутум. Айыылары, араас иччилэри, бэйэм олоҕу анаарыыбынан оҥорон, 2010 сылга диэри ойуулаабытым. Олох кэнники үлэлэрбиттэн "Аал Луук Мас" диэни чорботобун.

Артур Дмитриевич Васильев сүмэһиннээх сүбэлэри биэрбитэ. Бастакы, иккис,  үһүс слойдары оҥорорго киниттэн үөрэммитим. Улахан оформлениеҕа кэнники үс сылга Лена Ивановна Гоголевалыын үлэлэһэбин. Кини эскиһинэн Щорс күөлүгэр 9 этээстээх дьиэҕэ мурал панно оҥорбутум. Бүлүү куоратыгар эмиэ 3 этээстээх дьиэ эркинигэр Кэт Марсдеҥҥа аналлаах панно оҥорбутум.

Сайын Таатта Чычымаҕар "Айар Кут" (салайааччы Егор Валерьевич Иванов), "Атласовтар уһаайбалара" этнографическай комплекс туризмҥа сыһыаннаах бырайыактарыгар киирэн, сыана киэргэппитим, Чычымах оскуолатын уонна дэриэбинэҕэ баар эбийиэктэрин киэргэтиигэ үлэлээбитим.

Бу эйгэҕэ билбитим диэн, киһи бэйэтин ураты "линияларын" таһаарыыта диэни. Орто дойду олоҕо ортотуна диэбит курдук, кэмин-кэрдиитин булуу. Бэйэм кыаҕым, холум иһинэн сөбүлүүр дьарык таһымыгар үлэлиибин, санаабын этэбин. Хас биирдии үлэбин ис сүрэхпиттэн оҥорор буоламмын, ону иччилиибин дии саныыбын.

– Улуу убайбыт Өксөкүлээх үбүлүөйүн көрсө философскай хабааннаах үлэлээх эбиккин.

– 2021 сыл сайыныгар Атласовтар уһаайбаларын комплексын иһинэн Таатта Чычымаҕар тэриллибит "Өксөкүлээх түһүлгэтэ" диэн турбазаҕа эһиил улуу убайбыт 145 туоларын бэлиэтиир үлэни оҥорбутум. Онон кини олоҕун суолун көрдөрө сатаабытым.

Өксөкүлээх Өлөксөй, мин санаабар, сахалар инникибитин түстээн, олохтоох ырытыыны оҥорбут улуу киһибит. Киниттэн салҕанаммыт, бу бүгүҥҥү таһыммытыгар тиийдэхпит. Кини ыйан биэрбит суолуттан туораабатахпытына, кэскилбит киэҥ.

Александр Васильевич, сахалыы ааккынан Саалтааны, дириҥ ис хоһоонноох сэһэниҥ иһин ааҕааччыларбыт аатыттан барҕа махталбытын тириэрдэбит. Уонна саха киһитэ аска сыһыанын дириҥэтэн, суолтатын өйдөөн, ылынан, күннээҕи олоҕор ытык өйдөбүллэргэ олоҕуран сыһыаннастаҕына, омук быһыытынан үрдүөхтээх диэн түмүктүүбүт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...