20.05.2021 | 14:55

Саахара суох пастиланы, фруктовай чипсыны амсайыҥ

Ааптар: Сардаана Багынанова
Бөлөххө киир

Акулина Алексеевна Пахомова – педиатр быраас, Дьокуускай куорат олохтооҕо. Бүгүҥҥү “Тускар туһан” балаһабытыгар бэйэтин тус дьарыгын туһунан сэгэтиэ. Быйылгы сылбыт Доруобуйа сылынан биллэриллэн турар.

– Акулина Алексеевна, бастатан туран, дьиэ кэргэҥҥин кытта билсиэх.

– Мин Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгиттэн, кэргэним Герман Чурапчы улууһун Чыаппаратыттан төрүттээхпит. Икки уол оҕолоохпут. Мин 18 сыл оҕо бырааһынан үлэлээн кэллим, кэргэним промышленноска үлэлиир.

– Үлэҕинэн дьүөрэлээн, сөптөөхтүк аһааһыҥҥа олоҕуран, кэскиллээх дьыаланан дьарыктанан эрэргин истэн сүрдээҕин сэҥээрдим. Билигин сыыһа аһааһынтан киһи доруобуйатыгар төһөлөөх эмсэҕэлээһини ыларын этэ да барбаккын. Буолар-буолбат кэлии астары оҕолор барахсаттар, олохтоох астартан ордорон, дьэ сөбүлээн сииллэр.

– Биһиги хампаанньабыт «PASTILA_FRIPSI_SAKHA” диэн ааттаах. Бу сылга киирэн баран, муус устар ыйтан үлэбитин саҥа саҕалаатыбыт. Пастила уонна фруктовай чипсы оҥорон таһаарабыт. Мин 18 сыл медицина эйгэтигэр оҕо бырааһынан үлэлээн кэллим. Кэтээн көрөрбүнэн, билиҥҥи кэмҥэ оҕолорго уойуу (ожирение) уонна дабылыанньа үрдээһинэ чаастатык бэлиэтэнэр. Бу үксүн сыыһа аһааһынтан буолар.  Биһиги аһыыр аспыт киһи доруобуйатыгар улахан дьайыылаах. Оҕолорбут элбэх углеводтаах аһы аһыыр буоллулар: ол курдук, бурдук аһа, фастфуд араас көрүҥэ. Аны туран, састаабыгар элбэх саахардаах утахтары иһэллэр, ол доруобуйаҕа улахан хоромньуну аҕалар. Биһиги бородууксуйабытын оҥорон таһаарарбытыгар саахары, консерваны, ароматизаторы, красители туһаммаппыт. Ол оннугар фруктаттан уонна Сахабыт сирин отонноруттан  оҥоробут.

– Пастиланы хайдах оҥороргутун сэгэтиэҥ буолаарай.

– Намыһах кыраадыска хатарыы ньыматынан оҥоһуллар. Ол иһин туһалаах битэмииннэрэ, клетчатката, фрукта бэйэтин өҥө уларыйбат, сүппэт. Элбэх саахардаах кэмпиэт, бирээнньик оннугар, пастиланы уонна фруктовай чипсыны сиэннэргитигэр, оҕолоргутугар уонна бэйэҕитигэр амсатыҥ.  Биһиги оҥорон таһаарар бородууксуйабыт түргэнник буорту буолбат, ол иһин ыраах айаҥҥа илдьэ сылдьарга олус үчүгэй. Ыйааһына сибиэһэй фруктаттан быдан чэпчэки буолан,  ыараханы көтөҕө сылдьар туристарга эмиэ барсар. Хоту дойдуга көмүскэ, алмааска вахтанан үлэлиир дьоҥҥо пастилабыт уонна чипсыбыт олус туһалаах буолуо этилэр. Тоҕо диэтэххэ, сибиэһэй фрукта онно айаннаан тиийбэт, үксэ буорту буолар. Биһиги оҥорор бородууксуйабытын таһаарарбытыгар саахары, консерваны, красители  эппэт буоламмыт, сахарнай диабеттаах, аллергиялаах  дьоҥҥо олус барсар. Спортсменнарга, чөл олоҕу тутуһар дьоҥҥо  эмиэ бу бородууксуйаны сүбэлиэ этибит.

– Туох сыалтан уонна хаһааҥҥыттан бу дьарыккытын саҕалаабыккытый?  – Доруобуйабытыгар туһалаах буоллун диэн, саахары туһаммакка, араас отонтон пастила оҥороллорун билэн бараммыт, бэйэбит дьиэ кэргэммитигэр диэн анаан сушилка атыыласпыппыт. Онтон оҥорон, боруобалаан баран, оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо кэмпиэт, бирээнньик оннугар, олус үчүгэй эбит диэн, бу дьыалабытын муус устар ыйтан саҕалаабыппыт. Онон олох ылсан үлэлээбиппит саҥа иккис ыйыгар баран эрэр.

– Оҥорон таһаарар бородууксуйаҕыт атыыга төһө барарый?

Пастила диэн тугун дьон мээнэ билбэт. Элбэх реклама, дегустация оҥоробут. Ийэлэр, оҕолор сүрдээҕин сэргииллэр. Фастфуд буортулааҕын билэр буоланнар, дьон билигин үчүгэйгэ, туһалаахха тардыһар буолла.

– Доруобуйаҕа олус туһалаах пастилалары оҥорон таһаарар эбиккит. Ханна, хайдах оҥороҕутуй?

Дьон үксэ  хантан эрэ аҕалан атыылыыллар дии саныыллар эбит. Оннук буолбатах. Бу маны барытын бэйэбит оҥоробут диэтэхпитинэ, куттаммакка боруобалыыллар уонна атыылаһаллар. Профессиональнай пищевой АВС пластиктан оҥоһуллубут күүстээх дегидратордарга оҥорон таһаарабыт.

– Ордук ханнык ыарыылаах дьоҥҥо туһалаах пастилаларый?

– Биһиги аһыыр аспыт киһи доруобуйатыгар улахан дьайыылаах. Минньигэс ас рациоҥҥа син биир баар буолуохтаах. Кэмпиэт, бирээнньик оннугар пастиланы киллэрэн биэриэххэ сөп, оччоҕо киһиэхэ туһата элбэх буолар. Биһиги бородууксуйабыт састааба 1-3 эрэ ингредиентэн турар. Саахара суох буолан, сахарнай диабеттаах, аллергиялаах дьон куттаммакка амсайыахтарын сөп. Кыра оҕолорго 8 ыйдарыттан саҕалаан амсатыахтарын сөп диэн сүбэлиибин.

– Сакаас төһө киирэрий?

– Биһиги саҥа саҕалаан эрэр буоламмыт уонна дьон-сэргэ пастила диэн тугун билбэт буоланнар,  сакааска үлэлии иликпит. Сотору кэминэн оҥорон таһаарар бородууксуйабытын дьон сэҥээриэ диэн эрэнэбит. Дьиэ кэргэн доруобуйата бөҕө туруктаах буоларыгар уонна үүнэр көлүөнэ чөл олохтоноругар анаан маннык дьыаланан дьарыктанан эрэрбитинэн киэн туттабыт.

– Улуустары кытта үлэлэһэҕит дуо? Бородууксуйаҕытын хайдах батараҕыт?

– Инникитин улуустары кытта үлэлиир былааннаахпыт. Бородууксуйабытын интэриниэт ситиминэн уонна куораппытыгар биирдиилээн маҕаһыыннарга атыыга туттарабыт.

– Хаһыат ааҕааччыларыгар анаан тус сүбэҥ.

Быйыл өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн Доруобуйа сыла биллэриллэн турар. Саха сирин олохтоохторугар барыларыгар кытаанах доруобуйаны баҕарабын. Ыарыы кэмигэр бэйэҕитин харыстана сылдьыҥ. Олохтоох бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын сэргээҥ. Эһиги аттыгытыгар сылдьар, олорор дьон буортулааҕы оҥорботтор. Элбэх саахардаах кэмпиэт, бирээнньик оннугар пастиланы уонна фруктовай чипсаны сиэннэргитигэр, оҕолоргутугар амсатыҥ. Тускутугар туһаныҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...