Саҥа оптуобустар иккис түһүмэхтэрэ кэлэн эрэр
Саха Өрөспүүбүлүкэтин тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар Министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, кулун тутар 19 күнүгэр Нерюнгри-Грузовой станцияҕа 35 саҥа «Вектор» ПАЗ оптуобустар иккис баартыйалара кэллэ.
Санатар буоллахха, киин куорат оптуобуһун паарката Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт тэрээһиннэр чэрчилэринэн саҥардыллар.
«ВЭФ-2021 ыытыллар кэмигэр Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Арассыыйа Минпромторгун баһылыга Денис Мантуровтыын Дьокуускай куорат уопсастыбаннай тырааныспарын саҥардыы туһунан дьүүллэспитэ. Оптуобустары саҥардыы РФ Минпромторгун гааһынан сылдьар тиэхиньикэни субсидиялааһын бырагырааматыгар кыттаммыт оҥоһулунна», - диэн бэлиэтээтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев.
Былаан быһыытынан саҥа оптуобустар Аллараа Бэстээх станциятыгар кулун тутар 25-30 күннэригэр кэлиэхтээхтэр.
100 оптуобустан 90-на куорат иһигэр сүүрүөхтэрэ, оттон 10-на улуустар икки ардыларыгар сылдьыахтара. «ЯПАК» МУТ 65 оптуобуһу ылла, 35-һи – «Союз Авто» кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэ чааһынай таһааччылара.
Манна даҕатан эттэххэ, оптуобустары атыылаһыы лизинговай дуогабардарын ороскуотун сороҕун уйунарга өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн субсидия көрүллүбүтэ.
Саҥа оптуобустары туттарыы муус устар 27-гэр, Өрөспүүбүлүкэ Күнүгэр былааннаммыт.