Саҥа дьылы хайдах көрсөбүт?
Саҥа дьыл — аан дойду үрдүнэн биллэр бырааһынньыктартан биирдэстэрэ. Уопсай ситимэ — бу ааспыт сылы үөрүүлээхтик атаарыы уонна саҥа үүммүт сылы көрсүү. Эһиги эмиэ бу улахан бырааһынньыгы дьиэ кэргэҥҥитин, чугас доҕотторгутун эбэтэр тыһыынчанан билбэт дьоҥҥутун кытта бэлиэтиэххитин сөп. Оттон бүгүн биһиги бу күнү хайдах уратытык, умнуллубаттык тэрийэри кэпсиэхпит.
Харыйалаах болуоссакка тахсан күүлэйдээҥ
Саҥа дьылы дьиэттэн тахсыбакка бэлиэтииртэн сылайбыт буоллаххытына, бу сылга, холобура, Дьокуускай олохтоохторо Доҕордоһуу эбэтэр Орджоникидзе болуоссатыгар тахсан бырааһынньыктааҥ. Лаглайбыт күөх харыйа тула араас өҥнөөх салют күлүмнүүрэ кэрэ көстүү буолбатах дуо?! Тиэрмэскэ итии чэйдээх, бенгальскай уоттаах сылдьан хаһан да харахтаабатах, ол гынан баран бары бырааһынньыктыы өрө көтөҕүллэ сылдьар дьону кытта билистэххитинэ, хардарыта эҕэрдэлэстэххитинэ, быйылгы Саҥа дьылы, чахчыта, хаһан даҕаны умнуоххут суоҕа. Ол эрээри халыҥнык таҥнаргытын умнумаҥ.
P.S. Эбэтэр Ленин болуоссатыгар, “Сэргэлээх уоттара” Култуура киинин үрдүгэр турар чаһылар түүн үөһүн көрдөрөллөрүн кэтээҥ.
Дьиэҕэ хаалан оонньооҥ
Маннык ньыма оҕолоох ыалларга барсыан сөп. Тэлэбиисэри, төлөпүөнү, аһы манаабакка, квест оонньуута тэрийиҥ. Аҕыйах сэмэй уонна биир улахан бириистэри атыылаһан, кыбартыыраҕа кистээҥ. Бирииһи хайдах көрдүүр туһунан суруктары эмиэ кистээн кэбиһиҥ. Хас биирдии сорудах таабырыннаах, күрэстээх буолуон сөп.
Тиэмэлээх бэчэрииҥкэ
Саҥа дьылы ыраах барбакка да уратытык көрсүөххэ сөп. Холобура, тиэмэлээх бэчэрииҥкэ көмөтүнэн. Ол курдук, маныаха анаан-минээн көстүүм тиктиэххэ сөп. Оттон көстүүм идеята элбэх: сыл бэлиэтэ дракон, карнавал мааската, пижамалаах бэчэрииҥкэ о.д.а. Аныгы хайысхалары эмиэ умнумаҥ: мем бэчэрииҥкэтэ диэни толкуйдааҥ, маныаха сөбүлүүр мемҥыт курдук таҥнан кэлиҥ, оттон атын ыалдьыттар эн ким буолан кэлбиккин таайаллар. Эбэтэр өҥнөөх киэһэтэ тэрийиҥ — хас биирдии ыалдьыт биир өҥү талан, оннук таҥаһы кэтэр, ону таһынан ол өҥнөөх аһы аҕалар. Көрдөөх уонна тотоойу бэчэрииҥкэ өргө диэри умнуллуо суоҕа.
Ыалларгытын кытта бырааһынньыктааҥ
Уопсай, подьезд, этээс олохтоохторун барыларын кытта бырааһынньыктыахха эмиэ сөп. Ыалларгыт улахан бэчэрииҥкэҕэ сөбүлэспэт буоллахтарына, аһаҕас аан киэһэтин тэрийиэххэ сөп. Холобура, бэйэ-бэйэҕитигэр киирэн дорооболоһоҕут, кэлэн иһэр эбэтэр үүммүт Саҥа дьылынан эҕэрдэлэһэҕит, кыаллар буоллаҕына, минньигэс бэлэхтэри оҥорсоҕут. Маннык бырааһынньыктаатахха, кэлэр сылы чахчы эйэ дэмнээхтик, ситиһиилээхтик атаарыаххыт.
Саҥа дьылы соҕотоҕун хайдах көрсүөххэ сөбүй?
Оннук да буолуон сөп, ол эрээри хомойумаҥ. Үчүгэйэ диэн, кими даҕаны кэтэспэккин, барыта бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах. Сөбүлүүр утаххытын, аскытын атыылаһыҥ эбэтэр астааҥ уонна сөбүлүүр киинэлэргитин көрүҥ. Саҥа дьыл туһунан буоллахтарына — өссө үчүгэй! Аймахтаргытыгар, доҕотторгутугар видеонан эрийэн кэпсэтиҥ. Бассаапка барыларыгар биир ойууну эрэ ыыппакка, хас биирдии доҕоргутугар эксклюзивнай эҕэрдэтэ суруйуҥ.
Чугастааҕы бөһүөлэктэргэ дьаарбайан кэлиҥ
Саҥа дьылы, биллэн турар, төрөөбүт дьиэҕэ көрсөртөн ордук туох баар буолуой?! Эбэтэр букатын атын сиргэ көрсүөххэ сөп. Онуоха булгуччу муораҕа, соҕуруу барар наадата суох, чугастааҕы дэриэбинэҕэ тахсар тоҕо сатаммат буолуой?! Холобура, Покровскай куорат тыыннаах харыйатын көрөн кэлиҥ.
Кэлэр сылларга аналлаах интервьюта устуҥ
Бу оонньууну сыллатааҕы үгэскэ кубулутуохха сөп. Ол курдук, ыҥырыылаах ыалдьыттартан ааспыт сыл туһунан санааларын уонна кэлэр сылга туох былааннаахтарын үллэстэллэригэр көрдөһүҥ уонна видеоҕа устуҥ. Эһиил ол былааннартан төһөтө олоххо киирбитин, туох, тоҕо кыаллыбатаҕын билээри, эмиэ бу хампаанньанан көрсүөххэ сөп. Сыл ахсын бэйэҕит төһө уларыйаргытын, өйгүт-санааҕыт ситэрин-хоторун кэтээн көрөргө интэриэһинэй ньыма.
Фотосессията тэрийиҥ
Дьиэ кэргэни бүттүүнүн бырааһынньыктыы таҥыннарарга сылтах наада дуо? Оччоҕуна дьиэ кэргэн фотосессиятын былааннааҥ. Аймахтарга, доҕотторго ыытар хаартыскаларгыт эҥкилэ суох буолалларын гына, атын ыаллар хаартыскаларын үөрэтиҥ. Уонна бу хаартыскалары бэйэҕит чугас дьоҥҥутун кытта эҕэрдэ сурук курдук үллэстиэххитин сөп.
Өскөтүн улахан хампаанньалаах бэчэрииҥкэҕэ хаартыскаҕа түһүөххүтүн баҕарар буоллаххытына, фотозона бэртээхэй ньыма буолуоҕа. Онуоха сөптөөх бырааһынньыктааҕы фону оҥоруҥ, сөптөөх реквизиттэринэн ситэриҥ.
Маастар-кылаастары ыытыҥ
Саҥа дьыл буолара хас да чаас иннинэ, бары мустубуттарын кэннэ, ыалдьыттаргытын маастар-кылааска ыҥырыҥ. Туох наадалааҕы барытын эрдэттэн атыылаһан, эһигини кытта ханнык эмит минньигэс аста, утахта астаатыннар. Эбэтэр хас биирдии ыалдьыт бэйэтин ырысыабын үллэстэн, Саҥа дьыллааҕы остуолга араас бүлүүдэлэри астаан, бириэмэни көхтөөхтүк атаарыахха сөп.
Кистэлэҥ Тымныы Оҕонньорго кубулуйуҥ
Дьиэ кэргэҥҥитин эбэтэр ыалдьыттаргытын кытта эрдэттэн ким кимиэхэ бэлэх оҥорорун быһаарсыҥ. Ол эрээри ким кимиэхэ бэлэхтиирин билиэ суохтааххыт. Уонна Саҥа дьыл күнүгэр үтүө баҕа санаалардаах бэлэхтэһиҥ.
Ханнык да түгэҥҥэ эһиги бырааһынньыккыт кэлэр сылларга умнуллуо суоҕа диэн эрэнэбит.