11.03.2022 | 18:00

Саҥа алмааска биллиилээх агроном аатын иҥэрдилэр

Саҥа алмааска биллиилээх агроном аатын иҥэрдилэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл, олунньу 25 күнүгэр Заполярная диэн туруупкаттан булуллубут 62,60 караттаах алмааска АЛРОСА Социалистическай үлэ Дьоруойа Екатерина Новгородова аатын иҥэрдэ. 
Биллиилээх агроном-овощевод Екатерина Иннокентьевна Новгородова 1929 сыллаахха Чурапчы оройуонун Кытаанах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Ленин аатынан колхуоһугар үлэлээбитэ уонна итини сэргэ Дьокуускайдааҕы салайар каадыр тыа хаһаайыстыбатын оскуолатын бүтэрбитэ. Агрономунан үлэтин 1957 сыллаахтан Ленин аатынан Мэҥэ-Хаҥаластааҕы колхуоска саҕалаабыта. Кини бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри, 30-н тахса сыл колхуоска уонна сопхуоска оҕуруот аһын биригээдэтин салайааччытынан үлэлээбитэ.  Килбиэннээх үлэтэ үрдүктүк сыаналанан 1973 сыллаахха Екатерина Иннокентьевнаҕа Социалистическай Үлэ дьоруойун аата иҥэриллибитэ.
Екатерина Новгородова көҕүлээһининэн Ленин аатынан сопхуос өрөспүүбүлүкэҕэ аан маҥнайгынан парниктары электричество көмөтүнэн сылытар буолбута, маны таһынан, оҕуруот аһын үүннэриитигэр саҥа технологиялары туттубута.  Новгородова биригээдэтэ сылтан сыл үлэтэ улам таһаарыылаах буолан испитэ.
Биллиилээх агроном Екатерина Иннокентьевна Новгородова оҕуруот аһын үүннэриитигэр уһулуччу ситиһиилэрин иһин, Үлэ Кыһыл Знамятынан, Ленин, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин уордьаннарынан уонна «Серп и молот» кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Кини – ССРС VIII-XI ыҥырыытын дьокутаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах олохтооҕо.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...