23.05.2022 | 16:45 | Просмотров: 694

Үс нэһилиэнньэлээх пууҥҥа ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньата киллэрилиннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, ыам ыйын 23 күнүгэр, Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын мунньаҕын ыытта. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Тулагы-Киллэм нэһилиэгин дьаһалтатыгар куорат баһылыга Евгений Григорьев бэрэссэдээтэллээх ВКС эрэсииминэн ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын мунньаҕа ыытылынна. 
Мунньах түмүгүнэн ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйата 2022 сыл ыам ыйын 23 күнүттэн, анал дьаһалга диэри, Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр, Кангалаас дьоҕус оройуонугар уонна  Промышленнай уокурукка ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньатын киллэрэр туһунан быһаарыыны ылынна.
Итиннэ итии аһылыгынан хааччыллыбыт быстах кэмҥэ олорор пууннар арылыннылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Доҕорум олоҕун олорон
Сынньалаңңа | 12.05.2026 | 18:30
Доҕорум олоҕун олорон
Бадаҕа 4-5 сыллааҕыта этэ. Мииринэй куоракка олорор үөлээннээҕим олоҕун орто омурҕанын бэлиэтиир үбүлүөйүгэр ыҥырбыта. Сөмөлүөт билиэтиттэн матан, сиринэн айанныыр «дьолломмутум».
Олеся, эн кыайыыҥ  – биһиги дьолбут!
Сонуннар | 13.05.2026 | 14:31
Олеся, эн кыайыыҥ  – биһиги дьолбут!
Амма уонна Үөһээ Бүлүү сириттэн төрүттээх Толстоуховтар дьиэ кэргэн биэс оҕолоруттан Олеся пауэрлифтинг көрүҥэр Арассыыйа чөмпүйүөнэ буолан кэллэ. Бу үөрүүлэрин төрөппүттэрэ үллэһиннилэр.
Спорт нөҥүө олоххо тардыһыыны саҕар педагог
Сонуннар | 14.05.2026 | 10:25
Спорт нөҥүө олоххо тардыһыыны саҕар педагог
Дьокуускай куоракка доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго аналлаах оскуоланы үгүс киһи 34 №-дээх оскуоланан билэр. Бу оскуола быйылгы үөрэх дьылыгар саҥа дьиэҕэ киирэн, билигин сурукка киирэр аата «Адаптивнай үөрэхтээһин комплекса» диэн. 
Дьүөгэ
Сынньалаңңа | 13.05.2026 | 18:30
Дьүөгэ
Мин Ньукку диэн дьүөгэлээхпин. Дьүөгэм барахсан чуумпу, чуҥкук олохпун үөрэн-көтөн, кэпсээн-ипсээн аймаан кэбиһэр идэлээх.