Сүөһүгэ, сылгыга кыстык этэҥҥэ ааста
Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Иван Константинович Сивцев Дьокуускайга сүөһүгэ, сылгыга кыстык хайдах ааспытын, билиҥҥи балаһыанньаны кэпсээтэ:
– Тохсунньу 1 күнүнээҕи көрдөрүүнэн, Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар уопсайа 3256 төбө ынах сүөһү баар. Ол иһигэр ыанар ынаҕа – 1536. Олох хаамыытын быһыытынан, ынах сүөһү ахсаана сыллата кыччыы турар. Сылгыбыт ахсаана – 3194, ол иһигэр биэтэ – 2134. Сылгы ахсаана халбаҥнаабат турукка турар.
Ынах ахсаана а5ыйыырын судургутук быһаардахха, куорат усулуобуйатыгар сүөһүнү иитэр ыарахан. Сүөһү иитэн олорооччулар уксулэрэ саастаах дьон уонна эдэр өттө атын эйгэннэн дьарыктанара барыстаах буолла, ол иһин үгүстэрэ сүөһүтүн эһэр. Маннык хартыына уопсай өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн баар, Дьокуускайга эрэ буолбатах. Биһиги мэччирэҥ сирбит эмиэ кыһалҕалаах, элбэх о5олоох ыалларга сир тунэтиллибитин түмүгэр мэччирэҥмит кыччыыр.
Үүт харчыта
Судаарыстыба боломуочуйаларын туһанан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга былыырыыҥҥы сыл түмүгүнэн үүккэ өрөспүүбүлүкэ субсидията 1918,118 туоннаҕа бэриллибитэ, ол аата харчынан 67 мөл. 134 тыһ. солкуобай. Иллэрээ сыллааҕыга тэҥнээтэххэ үүтү соҕотуопкалааһыҥҥа харчы көрүллүүтэ 400 туоннанан элбэх. Холобур, 2018 сылаахха 1400 туонна үүккэ харчы биэрбит буоллахтарына, былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн 1837,6 туоннаҕа биэрбиттэрэ. Ону таһынан биһиги 2017-2018 сыллаахха мунньуллубут иэстэрибитин саптыбыт. Холобур, былаантан элбэҕи туттарбыт дьон үүттэрин харчытын, бүддьүөттэн харчы көрүллүбэтэх буолан, ылбакка хаалааччылар, онтукаларын ыллылар. Ол барыта Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта сөптөөх үлэ баран ситиһилиннэ, эбии 80,518 туонна үүккэ харчы ыыппыттара.
Быйыл эмиэ 1850,012 туонна үүтү соҕотуопкалыахтаахпыт. Быйылгы сылга туһэрсиллибит Сөбүлэҥинэн уопсай көрүллүбүт сууммабыт 64 мөл. 750 тыһ. солк. буолла. Өрөспүүбүлүкэттэн кэлэр субсидия ставката биир киилэ үүккэ 35 солк. буолла.
Былырыын үүт оҕотуопкатынан икки тэрилтэ Дьокуускайдааҕы үүт собуота уонна ИП С.М.Зырянов этилэр. Кинилэр былырыын чааһынай дьонтон 17,5 солк. (35 солк. субсидия таһынан), оттон тэрээһиннээх хаһаайыстыбалартан үүтү 19,5 солк. туппуттара.
Быйылгы сыл саҥатыгар Дьокуускайдааҕы үүт собуота соҕотох соҕотуопкаһыт буолла. Үүтү тутар харчыта 2 солк. үрдээтэ: билигин чааһынай дьонтон 19,5 солк.,тэриллиилээх хаһаайыстыбалартан 21,5 солк.
Сааскы үлэлэр саҕаланнылар
– Билигин Дьокуускайга ыһыыга бэлэмнэнии үлэлэрэ саҕаланнылар. Ол курдук, хортуоппуй уонна оҕуруот аһын үүннэрээччилэргэ субсидия биэриитин анал хамыыһайаҕа көрүөхтээхпит. Хамыыһыйаны ааспыт хаһаайыстыбаларга сиэмэ хортуоппуй уонна уматык атыылаһалларыгар харчыларын сорҕотун ыытыахтаахпыт.
Өрөспүүбүлүкэ биһиэхэ уопсайа 4 боломуочуйа биэрэр – үүт со5отуопкатыгар, сылгыны үөрдээн иитиигэ, үүннээйини үүннэриигэ (ол иһигэр оҕуруот аһын аһаҕас сиргэ үүннэриигэ уонна хотуоппуйу үүннэриигэ) уонна төрүүр сибинньэ төбөтүгэр, бу барыта тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга.
Быйыл сибиинньэни иитиигэ 645 780 солк., төрүүр сибинньэ төбөтүгэр комбикорм ыларга 12 915,6 солкуобай; сылгыны үөрдээн иитиигэ 1 744 500 солк., (биир биэ5э 1500 солкуобай); аһаҕас сиргэ оҕуруот аһын үүннэриигэ 5 757 634 солкуобай (биир гектар сиргэ 34 685,00 солк.) ; хортуоппуйу үүннэриигэ 11 740 593,5 солк (биир гектар сиргэ 23 295,00 солк.) көрүлүннэ.
– Мэччирэҥ сир куоракка кыччыы турар диибит. Тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт сирдэри дьиэни туттар сирдэргэ көһөрүү билигин барар дуо?
– Билигин тыа хаһаайыстыбатын сирин аналын (категорятын) уларытыы тохтоон турар. Икки сыл түмүгүнэн, 900 га урукку быраҕыллыбыт сири чөлүгэр түһэрдибит. Ол сирдэргэ билигин сүөһү эбии аһылыга буолар култууралары ыһан саҕалаатылар.
Сир тиийбэт диэн көрүүнү маннык быһаарыаха сөп: куоракка оттуур ходуһабыт тиийэр (арыылары ааҕан туран), онон от тиийбэт диэн буолбатах. Оттон мэччирэҥ сирдэргэ чахчы кыһалҕалары көрсөбүт. Билигин баар сүөһүбүтүгэр тиийбэт, ол иһин сылгыларбыт куоракка чугаһыыллар буоллаҕа дии....
Ону таһынан, эбии аһылыктааһыны оҥорор бырагырааманнан биһиги тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыгар 17 анал тиэхиньикэ атыыластыбыт, 2019 сылга 500 туонна кыамталаах сиилэс траншеята оҥоһулунна, чөлүгэр түһэрбит бааһыналарыбытыгар 14 км күрүө туттубут.
Фермердэргэ өйөбүл баар
– Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыгар Дьокуускай куораттааҕы уокуругун сайыннаарыы фондатыттан 7 бырыһыаннаах микрозаймнар бэриллэллэр. Ханнык баҕарар тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччытыгар “кассовый разрыв” диэн баар буолар. Ол аата фермер бу билигин ыһан баран, үүнүүтүн күһүн ылар – ол аата күһүн эрэ дохуоттанар кыахтаах. Ол иһин биһиги билигин, кулун тутар ыйга, эрдэтинэ субисидияларын ыыталыы сатыыбыт. Ону таһынан кинилэр уматык, тиэхиньикэ атыылаһар буоллахтарына, бу фондаттан баран займ ылаллар. Болдьоҕо 12-60 ыйга диэри, 150 тыһыынчаттан 3 мөлүйүөҥҥэ тиийэ бэриллиэн сөп.
– “Горснаб” МУТ диэн тэрилтэлээхпит. Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылара оҕуруот аһын уонна хортуоппуйу туттараллар. Онтон “Горснаб” туттарбыт астарын оҕону иитэр тэрилтэлэргэ илдьэн туттарар. Биллэн турар, барыта куонкурус быһыытанан барар. 2015 сылтан ыла маннык үлэ ыытыллар.
Оҕолор быйылгыттан дьиҥнэх үүтү иһэллэр
– Быйылгыттан олохтоох оҥорон таһаараччылар үүт бородууксуйалара оҕо тэрилтэлэригэр Дьоккускайдааҕы үүт собуотун нөҥүө барар буолла. Холобур, урут куонкуруһунан ким кыайбытынан, уһуйааннарга сухой үүккэ оҥоһуллубут бородууксуйа тиийэр эбит буоллаҕына, быйыл МУТ “Горснаб”, Дьокуускайдааҕы үүт собуота уонна Үөрэхтээһин управлениетын кытта сөптөөх үлэни ыытан, оҕо тэрилтэлэригэр пастеризованнай үүт тиийэр буолла. Урут атын регионнартан оҕо тэрилтэлэрин үүтүнэн хааччыйыыга куонкуруска кыайан, оҕолорбут кэлии үүтүнэн аһылыктанар буолаллара. Быйылгыттан бу быһыы-майгы уларыйбыта үөрдэр.
Инникитин идэһэлиир сыаҕы тутар былааннаахпыт. Оччоҕо оҕо тэрилтэлэригэр олохтоох оҥорон таһаарааччылар эттэрин тиэрдиэр кыахтанабыт.
Илья Александрович Самсонов – Дьокуускайдааҕы үүт собуотун диэриэктэрэ:
– Быйыл уопсайынан бүттүүн Арассыыйа үрдүнэн “Дошкольное молоко” диэн хамсааһын саҕаламмыта. Ол аата кыра оҕо күүннэҕи аһылыгар натуральнай, туох ба булкадаһыга суох, доруобуйаҕа туһалаах уонна иҥэмтиэлээх үүтү иһиэхтээх диэн. Дьокуускай дьаһалтата онтон хаалсыбат, бу бырагыраамаҕа эмиэ кииристэ.
Биһиги собуоппут 383 туонна үүтү оҕо тэрилтэлэригэр тиэрдиигэ куонкуруһу кыайдыбыт. Өссө 280 туоннаны тиэрдэргэ куонкурус барыахтаах. Онон быйылгыттан оҕо уһуйааннарыгар олохтоох ынах үүтэ, биһиги собуоппутугар обработкаланан тиийэр буолла.
Биһиги собуоппутугар 3 лаборатория баар. Бастаан тутуллар үүт хаачыстыбатын бэрэбиэркэлиибит – “Туймаада” экоферматтан кэлэр үүтү бэрэбиэркэлиибит. Икки лабораторияҕа оҥорон таһаарыы түһүмэҕин бэрэбиэркэлиибит – оҥорон таһаарыы хас биирдии түһүмэҕиттэн боруоба ылыллар. Үһүс – хас биирдии партияттан биир хахтаах үүт кэтэбилгэ ылыллар, үүт аһыйбатын, үллэн тахсыбатын курдук кэтиибит.
Онон оҕолор иһэр үүттэрин хаачыстыбата үс төгүл бэрэбиэркэлэнэр.
Урут маннык суох этэ. Олоххо баары эттэххэ, куонкуруһунан хааччыйыы күрэҕин кыайарга ким кыра сыананы эппит кыайар. Оттон быйыл Дьокуускай дьаһалтатын, ол иһигэр Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын уонна оҕо уһуйааннарын салайааччыларын кытта бииргэ үлэни ыытаммыт, куонкурус усулуобуйатыгар үүт натуральнай пастеризованнай буолара ирдэммитэ.
Пастеризованнай үүт диэн консервана, туох да стабилизатора суох ыаммытынан үүт ыраастаммыта буолар, ол иһин 5 эрэ күн хараллар.
Бэйдиэ сылдьар сылгылар
– Бэйдиэ сылдьар сылгылар тустарынан кэпсэтиэххэ. Көннөрү куорат олохтооҕо тыа хаһаайыстыбатын управлениета сатаан дьаһайбат дии саныыр...
– Дьиҥэ бу кыһалҕа сир боппуруоһуттан тахсар. Куораттан тэйиччи сирдэргэ конебаза тутталларыгар сир биэриэхтээхпит. Сылгы иитэр базаны туттууга, судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа олоҕуран, субсидия көрүллэр. Былырыын көрүллүбүтэ, быйыл ол субсидия, үп кырыымчыгынан сибээстээн, көрүллүбэтэ. Эһиилги сылга харчы көрүллүөхтээх, республика үрдүнэн 50 конебаза тутуллуохтаах. Ол иһин быйылгыттан бэйэбит дьоммутугар, куорат сылгыһыттарыгар, Дьокуускайтан тэйиччи сир биэрэргэ күүскэ үлэлиэхтээхпит.
Субсидияҕа киирсии биир сүрүн ирдэбилэ – нэһилиэнньэлээх сиртэн ыраах база туттар буолуохтаахтар. Бу күннэргэ Тулагы, Хатас, Марха, Маҕан фермердэрин кытта көрсүөхпүт. Тэйиччи сирдэргэ үлэлии тахсалларын курдук бэлэмнэнии үлэтин ыытыахпытын наада.
Билигин сылгы иитээччилэр дьиҥэ ыраах бааллар, чугас сылдьааччы наһаа элбэҕэ суох. Ол эрэн ыарахан кыстык ааһан, сылгылар куоракка киирэр буоллулар. Хаарбыт быйыл халыҥ, күһүн хойукка диэри ардаабыта. Онон кыстык ыараханнык ааһара биллэр буолан, сылгыһыттарга эбии эбиэс атыылаһарга субсидия биэртэлээбиппит. Фермердэр билигин да эрийэн махтаналлар. Онон сүөһү уонна сылгы кыстыга этэҥҥэ барар эрэр.
“Саюри” аһа барыбытыгар тиийиэ дуо
– “Саюри” сылы төгүрүччү үлэлиир тэпилииссэлэр хара маҥнайгыттан улахан ороскуоттаахтар диэн буолбута. Билигин дохуот киллэрэр таһымҥа таҕыстылар дуо?
– Финансовай уонна хаһаайыстыбаннай үлэтин биһиги көрөн олоробут. Бүтэһик түһүмэҕэ үлэҕэ киирдэҕинэ 2022 сылга, дохуоту ылар таһымҥа тахсыахтаахпыт. Билигин үлэлии турар тэтимэ олус үчүгэй. Бородууксуйата хамаҕатык атыыга барар.
Атын регионнарга тэҥнээтэххэ, биһиги усулуобуйабыт төһө да ыараханын иһин, “Саюри” бородууксуйатын сыаната наһаа үрдүк буолбатах. Кытай өттүттэн оҕуруот аһын киириитэ тохтообутунан сибээстээн, атын регионнарга, биһигиннээҕэр үчүгэй климакка үүннэрээччилэргэ, сыаналара 270-350 солк. иһинэн халбаҥныыр. Ол сыаналарын тутан олороллор. Оттон “Саюрибыт” оҕурсута 220 солк. Онон дойдуга баар ырыынак уопсай хартыынатыгар олохтоох оҕуруот аһын сыаната оннук ыарахан буолбатах. “Саюри” бородууксуйатын боруобалаабыт дьон кытайтан кэлбити атыыласпат буолар. Куорат нэһилинньэтин барытын хааччыйар таһымҥа тиийэрбит биир күнүнэн кыайан ситиһиллибэт. Сыыйа-баайа күүһүрэн иһиэҕэ. Оччоҕо дьоҥҥо барытыгар кэриэтэ бэйэбит сирбитигэр үүннэриллибит оҕуруот аһа тиийэр буолуоҕа.