18.02.2022 | 12:00

Розаны үүннэрии албастара

(бассааптан)
Розаны үүннэрии албастара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Былырыыҥҥыттан куорат «Светофор» маҕаһыыннарыгар соҕуруу дойдуга үүнэр роза сибэкки атыыланар буолла. Евдокия диэн ааттаах оҕуруотчут онно бэйэтин сүбэлэрин биэрэр.

1. Дьиэҕитигэр аҕалан, воскатын хаҕылаабакка стимулятордаах ууга сытыары тимирдэн, биир суукка туруоруҥ. Оччоҕо розаҕыт этэ-сиинэ, умнаһа барыта илийэн, хас сүһүөҕүн аайыттан саҥа үнүгэстэр тахсан, лаглаччы үүнүөҕэ.

 

Стимуляторынан буолуон сөп: бастатан туран, Вертера Гумин, Эмбиота, Эпин, нв101, корневиннаах уу.

 

Онтон сарсыныгар буорга олордуҥ.

 

2. Буорун бэлэмнээһин

Эмтээһин. Лиитэрэ аҥаара ууга 2 ост.нь водород перекиһин суурайан, буоргутун барытын үчүгэйдик нашатырдаах ууну кута-кута үнтү мэлийэн, булкуйан эмтээҥ.

Эбэтэр оннук фитоспориннаах уу эмиэ барар: 20 хааппыла лиитэрэ ууга суурайаҕын.

Манан буорбутун эмтээн бүтэбит.

Оҥоруу. Сымнаҕас, силис үчүгэйдик сайдар буора буолуохтаах.

Тэпилииссэ да буора барсар, ириэрбэтэх буоллаххытына, маҕаһыынтан анал роза олордор буорда атыылаһыҥ. Онно 1/3 өрүс кумаҕын эбиҥ.

Тэпилииссэ, маҕаһыын да буорун хайаан да эмтиир наада.

Эбилик. Олордор саҕана силиһин аттыгар кыратык сиидэлэммит күлү уонна биир ытыс сиикэй сымыыты хатаран куттахха, өссө тупсар.

Олордуу. Үүнээйи прививкаламмыт сирин аһары көмөргүтүн учуоттаан, олордор иһиккит үрдүк соҕус буолара ордук. Иһит түгэҕинэн булгуччу хайаҕастаах буолуохтаах.

Бастаан түгэҕэр 3-4 см дренаж кутуллар. Атыы дренаһа суох буоллаҕына, кирпииччэ тоорохойдоро, кытаанах хара чох, бытархай өрүс тааһа да барсар. Пенопласт барсыбат, ньаппаччы баран, алларааҥҥы дьөлөҕөстөрү хам бүөлээн, салгын киллэриэ суоҕа.

Силиһин кичэйэн көннөрөн олордуллар. Прививкаламмыт миэстэтин (төгүрүк болчуохтаах) 1 см буорга аһары көмүллүөхтээх.

 

Олордон баран уу кутан үчүгэйдик дьаптайан биэриҥ. 4-5 күн хараҥа сиргэ турдун, сыыйа сырдыкка таһаарыҥ.

 

Хойуу соҕустук сэбирдэх таҕыстаҕына, ханнык баҕар үөнү эмтиир препаратынан (Фитоверм, Интавир, Актара, Зубр) ыстарыҥ.

Уонча хонон баран аны фитоспоринынан ыарыыттан көмүскээн ыстарыҥ.

Ыйга саатар биирдэ оннук оҥордоххо, үөн ыспакка, ыалдьыбакка, розаҕыт үчүгэйдик үүнүөҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...