Үөрэх дьылыгар бэлэмнэнэбит
Уһуйааҥҥа саҥа барааччыларга
– Информацияны хаҥатабыт: уһуйаан туһунан кэпсээҥ, кинигэлэргэ, ойуулуктарга көрдөрүҥ. Уһуйааҥҥа сылдьар убайдарын, эдьиийдэрин хайҕааҥ. Оруолларынан арахсан, дьиэ кэргэнинэн оҕо саадыгар буолар түгэннэри оонньоон көрүҥ.
– Оҕо барыахтаах уһуйаанын таһыттан көрүҥ, билиһиннэриҥ. Уһуйааҥҥа күннэтэ сылдьыахтаах суолгутунан айаннаан көрдөрүҥ. Уһуйаан иһигэр киирэ сылдьыахха, онно сылдьар оҕолору көрдөрүөххэ сөп.
– Тэҥҥэ бэлэмнэниҥ: таҥас атыылаһыҥ, атах таҥаһын талыҥ. Кыаллар буоллаҕына, иитээччилэрин эрдэттэн билиһиннэриҥ.
– Үөрүү тыынын үөскэтиҥ. Бэйэҕит уһуйааҥҥа сылдьыбыт түгэннэргитин кэпсээҥ, онно туох үчүгэй баарын сэһэргээҥ.
– Күннээҕи эрэһиимҥитин сыыйа-баайа көннөрүҥ. Күнүскү утуйуу, киэһэ сытыы бириэмэлэрин сааһылааҥ.
– Оҕо бэйэтэ таҥна үөрэниэхтээх (ис таҥаһын, наскытын, ыстаанын сатаан кэтиэхтээх).
– Атын киһи көмөтө суох аһыыр буолуохтаах.
– Илиитин суунуохтаах, сотторго соттуохтаах.
– Туалеты сатаан туһанар буолуохтаах.
Маҥнайгы кылааска киирээччилэргэ
– Оскуолаҕа киирэр оҕо аатын-суолун толору этиэхтээх, бэйэтин туһунан кылгастык билиһиннэрэн кэпсиир кыахтаах буолуохтаах. Дьиэ кэргэнин хас биирдии киһитин, сөбүлүүр дьарыгын, хоббитын туһунан холкутук кэпсиэхтээх.
– Бүтэй уонна аһаҕас дорҕооннору араарар, кылгас тыллары ааҕар, бэчээтинэй буукубаларынан суруйар буолара өссө ордук. Билигин үгүс оҕо оскуолаҕа аахпытынан киирэр. Ол эрэн хайаан да ааҕар оҕо буолуохтаах диэн ирдэбил турбат.
– Нэдиэлэ күннэрин, дьыл кэмин (сайын, күһүн, кыһын, саас) билэр, уратыларынан араарар буолуохтаах.
– Сарсыарда, күнүс, киэһэ диэни араарар.
– Кыра сыыппаралары өйүгэр эбэр, көҕүрэтэр. Оҕо бэйэтэ да билбэтинэн өйүгэр суоттуур кыахтаах, холобур, “эйиэхэ икки кэмпиэттээххин, биирин доҕоргор биэрбиккин. Эйиэхэ хас хаалбытый?”
– Геометрия фигураларын билиэхтээх: төгүрүк, квадрат, сулус о.д.а., олору уруһуйдуур. Бастаан балары үөрэтэргэ араас формалаах бэчиэнньэлэринэн үөрэтэр олус үчүгэй. Оҕо минньигэс бэчиэнньэни сии-сии, эбэтэр ийэтин кытта астыы-астыы, фигуралары түргэнник ылынар.
– Кыра тиэкиһи кэпсиир кыахтаах буолуохтаах. Ол аата эһиги ааҕан биэрбит тэттик кэпсээҥҥитин биирдэ истэн сүрүн ис хоһоонун өйдөөн хаалыахтаах.
– Элбэх малтан туораны булан ылар. Маллары суолталарын бииргэ ситимниир. Холобур, оҕуруот астарын кытта устуул ойуута турар буоллаҕына, кини устуул туора мал буоларын булан ылар уонна тоҕотун быһааран биэрэр кыахтаах.
– Бэйэтэ таҥнар, суунар, оронун оҥостор.
– Улахан дьону ытыктыыр, толлор.
– Өҥнөрү билэр.
– Уруһуйу кэпсиир.
– Бэйэтин этин чаастарын ааттаталыыр (илии, атах, тобук о.д.а).
– Хаһан? Ханна? Тоҕо? ыйытыыларга сатаан хоруйдуур.
– Тыыннаах уонна тыына суох предметтэри араарар.
– Бэйэтин санаатын сатаан этэр.
– Уруокка учууталы истэр, атын оҕолору аралдьыппат.
Оҕо уйулҕатын оскуолаҕа бэлэмниири хас биирдии төрөппүт кыайар кыахтаах. Оттон оҕо олох баҕарбат, үөрэххэ интэриэһэ суох буоллаҕына, исписэлиистэртэн көмө көрдүүр тоҕоостоох.
Оскуолаҕа киирэр оҕо доруобуйатыгар туспа болҕомто ууруллар. 6-7 сааһыгар оҕо тииһиир. Бастакы тиистэрэ түһэннэр, бастайааннайдара тахсар кэмэ. Ол кэмҥэ организм барыта улаатар. Ол иһин оҕо элбэхтик хамсаныахтаах.
Учуонайдар оскуолаҕа 7 сааһын туолбут оҕону биэрэр ордук диэн быһаарбыттар. 6 сааһыгар барар оҕо этин-сиинин сайдыытын көрөн сыаналыахтаахпыт.
Оскуолаҕа барыах иннинэ оҕону элбэх дьону кытта алтыһыыттан тэйитэн, чуумпуга, ыраас салгыҥҥа сынньатыахтаах эбиппит.