03.10.2020 | 10:01

Үөрэх дьиэтээҕи сэриигэ кубулуйда

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үгүстэр дистанционнай үөрэҕи ыарырҕаттылар. Орто сүһүөх үөрэнээччилэрин, кинилэр төрөппүттэрин уйулҕаларыгар ордук охсуулаах буолла. Бүгүн саҥа усулуобуйа уустуктарын үс өттүттэн көрүөххэ: оҕо, төрөппүт, психолог.      

“Дистанционкаттан” дьолломмотум...

Линалаах бииргэ төрөөбүт төрдүөлэр. Кини – ыал улахан оҕото. Биир балта алын сүһүөххэ, биир быраата оҕо уһуйааныгар сылдьар, саамай аччыгыйдара тэрилтэтэ суох. Онон Лина “дистанционка” буолбутугар бары да үөрбүттэрэ. Арай кыыс дьолломмотоҕо...

Тоҕо диэтэххэ кини – балтын, бырааттарын көрөөччү, ыал туллар тутааҕа, ийэ, аҕа көмөлөһөөччүтэ, этэргэ дылы, дьиэ кэргэн “илиитэ-атаҕа”.

– Мин оскуолаҕа үөрэ-көтө үөрэнэ барар этим. Өссө нэдиэлэҕэ иккитэ волейбол сиэксийэтигэр сылдьарым. Күһүн хаһан буоларын, үөрэх дьыла саҕаланарын олус күүппүтүм. Ону баара, эмиэ “дистанционка”, эмиэ оҕо ньуу-ньаа саҥатыгар үөрэммитэ буолуу саҕаланна.

Төрөппүттэрим дистанционнай үөрэххэ бэйэтэ элбэхтик дьарыктанар, ааҕар оҕо ситиһэрин өйдөөбөттөр. Өссө бу саас СГО сурунаалыгар “түөрдүм” элбээбитин сөбүлээбэтэхтэрэ. Куруук туйгуннук үөрэнэр этим. Билигин оҕо көрөрүм быыһыгар хайдах үөрэнэрбин билбэппин. Саҥа олорон эрдэхпинэ быраатым ытыыр, тугу эрэ туппут-тыыппыт буолар. Ол аайы мин ситэ көрбөтөх буолабын. Соторутааҕыта таһырдьа тахсан хаалбыт этэ. Ийэм оҕуруокка сылдьыбыта. Ол киэһэ дэлби мөҕүллүбүтүм. 

Бииргэ үөрэнэр оҕолорум үгүстэрэ үөрдүлэр быһыылаах. Оттон мин оскуолаҕа үөрэнэрбин ордоробун... 

Этиһэр этиһиибит буолла

Витя ийэтэ быйыл сааскыттан уолум майгыта-сигилитэ тосту уларыйда диэн муҥатыйар. Онно дистанционнай үөрэхтээһини буруйдуур.

– Уолум “үөрэнэбин” диэн куоһурданан, күнү быһа төлөпүөҥҥэ хам хатанан олорор. Оттон киэһэ үлэбиттэн кэлэн көрдөхпүнэ, биир да дьиэҕэ үлэтин оҥорботох буолар. Этиһэр этиһиибит, охсуһар охсуһуубут – үөрэх. Онон киэһэ сылайан кэлэн баран, уолбун кытта тэҥҥэ үөрэнэбин. Тугу да өйдөөбөтөх аатырар. Урут да чаҕылхайа суох оҕо букатын хаалар кутталлаах. Аны туран, оҕо дьиэҕэ олорон, нууччалыы эттэххэ, “деградация” буолар эбит. Туох да эрэсиим, бэрээдэк көрүллүбэт, онон оҕом үөрэххэ баҕата суох буолан иһэр диэн долгуйабын. Болҕомтото суох, туохха барытыгар ээл-дээл сыһыаннаһар. Мөҕөн да туһа суох курдук. Биир кулгааҕынан киирэн баран, иккис кулгааҕынан тахсар. Эппиппин долоҕойугар тохтоппот. Үөрэх туһунан толкуйдаабат, “син биир өйдөөбөппүн” диэн иһэр. Бастаан кылаас салайааччытын нөҥүө учууталларга сибээскэ тахсар этим. Онтон кэлин хайа муҥун сылатыахпыный дии саныыбын. Онон 6 кылаас оҕотугар, буолаары буолан, уол оҕоҕо дистанционнай үөрэх олох куһаҕан эбит диэн олоробун.           

Мария Ивановна (аатын уларытабыт – аапт.) маҕаһыыҥҥа атыыһытынан үлэлиир. Дьиэтиттэн сарсыарда 7.30 чааска тахсар уонна киэһэ 22.00 чааска кэлэр. Соҕотох ийэ уолбун күнү быһа хонтуруоллуур кыаҕым суох диир.  

Ыал уйулҕата ыһыллар...

Прасковья урут-уруккуттан “удаленка” үлэлээх. Үс оҕото оскуолаҕа үөрэнэр. “Баттаҕым турда”, – диэн кэпсиир.

–Улахан уолбут 8, орто кыыспыт 6 кылааска үөрэнэллэр. Кыра уолбут 5 кылаас буолла. Хата, бэһистэр оскуолаҕа үөрэнэр буолбуттарыттан олус үөрдүм. Аҕабыт тутууга үлэлиир, дьиэтигэр күнү быһа суох. Онон киниттэн көмө суох.

Ыал уйулҕата төрдүттэн ыһыллар эбит. Син иллээх-эйэлээх курдук этибит. Билигин ар-бур дэһэрбит элбээтэ. Туох да үлэ тахсыбат, дьиҥэр, мин онлайн көрүҥүнэн үлэлии үөрүйэхпин. Ол эрээри маннык үөрэҕи олус ыарырҕаттым.

Дьиэҕэ үлэ сэриигэ кубулуйда, “сиэри” гынна диэн аһаҕастык этэбин. Учууталлар тулуурдарыттан сөхтүм.

Улаатан эрэр оҕолор майгылара-сигилилэрэ уларыйар диэн кырдьык эбит. Настарыанньалара олус түргэнник алдьанар. Ону тулуйбакка, сылайан да быһыылаах,  ырдырҕаһан кэбиһэбит. Дьүөгэлэрим “биһиэхэ эмиэ итинник хартыына” дииллэр. Психологическай көмө киинигэр барарбар сүбэлииллэр.

Дистанционнай үөрэх син биир учуутал кылааска быһаарарыгар тэҥнэспэт. Оҕо сүрэҕэ суох буолар эбит.

Айина Гаврильевна Филиппова, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интэринээт педагог-психолога:

–Үөрэххэ, билиигэ тардыһар оҕону хас баҕарар сааһыгар бэлиэтии көрүөххэ сөп. Сорох оҕо билиигэ тардыһыыта уһуйааҥҥа сылдьар кэмиттэн көстөр. Ол эрээри оскуолаҕа үлэлиир киһи быһыытынан кэтээн көрүүбүнэн, оҕо үксэ тохсус-онус кылааска бэйэтин кыаҕын, үөрэҕэр таһымын ырытар, сыаналанар буолар. Ону диагностика түмүктэрэ көрдөрөллөр. Оҕолор “мин үөрэхпэр эрдэттэн тоҕо кыһаллыбатахпыный“, “физиканы тоҕо эрдэттэн үчүгэйдик үөрэппэтэхпиний”, “тоҕо учуутал этэригэр болҕомто уурбатахпыный”, “олус элбэх бириэмэни оонньууга ыытар эбиппин” диэн санааларын этинэллэр.

Дьэ, үөрэххэ тардыһар саастара кэлбит оҕолорго дистанционнай үөрэх улахан охсуу буолар. Биһиги оскуолабытыгар оҕоҕо билиини сирэй көрөн олорон эрэ тириэрдэр табылларын туһунан күн бүгүҥҥэ диэри туруорса сатаатыбыт. Ил Дархан уурааҕынан 65-тэн үөһэ саастаах учууталлар дистанционнай үлэҕэ көстүлэр. Билигин үгүс предмет маннык көрүҥҥэ көстө. Пандемиянан сибээстээн, уопсастыбаҕа интеллектуальнай таһымҥа улахан хайдыһыы тахсара сабаҕаланар. Бэйэлэрэ билии ыла, үөрэнэргэ үөрэммит, билиигэ дьулуһар оҕолор уонна үөрэххэ аахайбат, болҕомтолоро атыҥҥа туһуламмыт оҕолор таһымнара улаханнык хайдыһыа. Бу күҥҥэ диэри ол наһаа улахан уратыта соччо биллибэккэ сылдьыбыта.

Төрөппүттэр оҕолорун кытта үгүстүк кэпсэтиэхтэрин, үөрэххэ, олох араас көстүүлэригэр интэриэһи көбүтэ сатыахтарын наада. Оҕо 5-10 сылынан буолуон сөбү сабаҕалаан, сыал-сорук туруорунан, былааннаан олорбот. Төрөппүт уонна учуутал төһө да өйдөтө сатаабыттарын иһин, кини оннукка бэлэмэ суох. Оҕо кылгас кэмҥэ эрэ сыал-сорук туруорар уонна онтун ситиһэр кыахтаах. Киниэхэ сыл диэн эмиэ уһун кэрчик, ону өйдүөххэ наада.

Онон төрөппүт оҕото үөрэххэ баҕалаах буоларын туһугар араас ньымалары толкуйдуон наада. Дьиэтигэр оннук эйгэни олохтуу сатыахтаах. Оҕо үөрэнэр предметтэригэр тиэмэлэри, олоххо сыһыарар кэпсэтиилэри тэрийэр, интэриэс күөдьүтэр ордук. Бэйэтэ билиигэ дьулуһарын тылынан буолбакка, илэ холобурдуур үчүгэй.

Дистанционнай үөрэх кэмигэр алын уонна орто сүһүөххэ үгүһү көтүппүт оҕо ситиһэрэ отой ыарахан. Онон эрдэттэн эбии дьарыктар наадалар. Онто суох оҕо үөрэхтэн “син биир өйдөөбөппүн” диэн тэйэр кутталлаах. Оҕо бу сааһыгар элбэхтик хамсаныахтаах, сүүрүөхтээх-көтүөхтээх. Этэ-сиинэ уһуктубут оҕо толкуйа сытыырхайар, өйө үлэлиир. Төрөппүт улахан болҕомтону оҕотун физическэй туругар ууруохтаах, оҕо интэриэһин табан, араас эйгэҕэ сайдыытыгар туһуламмыт эбии дьарыктарга угуйуохтаах. Ону таһынан оҕо күннээҕи эрэсиими тутуһарыгар улахан болҕомто ууруохха наада. Бэрээдэк олохтоммут эрэ буоллаҕына оҕо сааһыланар, сатаан салайынар.

Дистанционнай үөрэх бу ааспыт үөрэх сылыттан уһун-киэҥ кэмҥэ киирдэ диэн төрөппүттэр өйдүөхпүтүн наада. Быйылгы үөрэх сыла эмиэ дистанционнай көрүҥэ үгүс буолара сабаҕаланар. Онон бу үөскээбит балаһыанньаны ылынан, онлайн үөрэх араас ньымаларын үөрэтэн, төрөппүт оҕотун сайдыытын бэйэтин хонтуруолугар ылара ордук дии саныыбын. Араас үөрэх платформаларын төрөппүт билиэхтээх. Билигин интэриниэккэ олус элбэх онлайн лекциялар уонна уруоктар бааллар. Олортон табыгастааҕын көрөн, учууталы кытта сүбэлэһэн иһиэххэ наада.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....