15.12.2023 | 12:00

Үөрэбит дуу...

Үөрэбит дуу...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Арыгыны утары охсуһуу тиэмэтин салгыы сырдаттахха, ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн Дьокуускайга итирик туруктаах суоппар ахсаана аҕыйаабыта бэлиэтэннэ. Ол курдук, бу иннинээҕи нэдиэлэҕэ киин куоракка 57 суол быһылаана буолбут, онтон 9-һа – киһи эчэйиилээх. 956 суол быраабылатын кэһии бэлиэтэммит, ол иһигэр 14 итирик туруктаах суоппар тутуллубут. Ити биллэ намыһах көрдөрүү – 36 суоппар (ол иннинээҕи нэдиэлэҕэ), 38 – сэтинньи бүтэһик нэдиэлэтигэр.
Аны туран, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн итирик туруктаах буруйуу оҥоруу 19% аҕыйаабыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин прокуратурата иһитиннэрбитинэн, 2023 сыл 10 ыйыгар аһыы утаҕы иһии түмүгэр 2386 буруйу оҥоруу түбэлтэтэ тахсыбыт. Тэҥниир буоллахха, былырыыҥҥы көрдөрүү оруобуна бу кэмҥэ 2950 эбит. Үчүгэйэ диэн, уопсастыбаннай сиргэ буруйу оҥоруу аҕыйаабыт. Ол оннугар ыар буруйу оҥоруу, түөкүннээһин элбээбит.    

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...