04.08.2022 | 14:00

Радиацияттан ыраастанар сүбэлэр

Радиацияттан ыраастанар сүбэлэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

1. Калийдаах үүнээйилэр киһини радиацияттан харыстыыллар. Онон сүбүөкүлэ, курага, моонньоҕон, сыалаах мас эриэхэтэ, петрушка, муора хаппыыстата аһылыккытыгар куруук баар буолуохтаах.  

2. Дьиэтээҕи сымыыт хаҕын сууйан, хатаран, нуутака оҥорон, аска да булкуйан туттуҥ, ким хайдах сөбүлүүрүнэн биир кыра ньуосканы суоракка, сүөгэйгэ булкуйан сиэҥ. Сымыыкка баар кремний, кальций, молибден организм радиацияны утары охсуһарыгар көмөлөһөллөр.

3. Эбиэс уутун иһиҥ. Ыстакаан эбиэһи 2 лиитэрэ ууга чаас курдук оргутуҥ. Күҥҥэ түөртэ чааскы аҥаарынан иһиҥ, хааҥҥыт ыраастаныа. Табахсыттартан кадмийи сууйан таһаарар.  

4. Үүттэ иһиҥ, иэдьэгэйдэ сиэҥ. Стронций курдук ыарахан металлы суурайан таһаараллар.  

5. Отон, фрукта сиидэлэммэтэх, хойуу утаҕын иһиҥ. Ыарахан металлары таһаараллар.

6. Календула, дөлүһүөн, бобуонньа сибэккитин көөнньөрөн иһиҥ. Радиация киһи этин-хаанын клеткаларыгар өтөн киириитин тохтотоллор.

7. Мүөтүнэн аһааҥ. Араас оттор, сибэккилэр көөнньөрүүлэрин эбэтэр аһы кытта. Холобур:

а) Мүөт + мэлиллибит дөлүһүөн. Киилэ аҥаара отоҥҥо ыстакаан аҥаара мүөтү буккуйан, холодильникка уура сылдьан, күөх чэйгэ биир кыра ньуосканы кутан иһиҥ.

Б) Мүөт + кыһыл сарбынньах + дөлүһүөн отоно.  Биирдии остолобуой ньуоска отону биир ыстакаан ууга 5 мүнүүтэ курдук оргутаат, сылааска өссө икки чаас курдук көөнньөрүҥ. Сиидэлээн баран мүөккүтүн холбооҥ. Манныгы чааскы аҥаарынан күҥҥэ үстэ истэххэ, радиацияны таһаарар, иммунитеты бөҕөргөтөр.

В) Мүөт + өкөр төбө (пустырник). Аптекаҕа атыыланар испиирдээх өкөр төбөнү 30 хааппыланы ыстакаан аҥаара сылаас ууга суурайан баран, биир остолобуой ньуоска мүөтү кытта холбооҥ. Маны күҥҥэ иккитэ биирдии омурдууну иһиҥ.  

8. Аччыктааҥ! Ордук буруо кэнниттэн. Аччыктааһын кэмигэр киһи организмыгар клеткалар үөскээһиннэрэ бытаарар. Ол оннугар клетка чөлүгэр түһүүтэ саҕаланар.  

9. Онкологическай клеткалар өллөхтөрүнэ, күүстээх интоксикация барар. Онон химия кэнниттэн интоксикацияны ыраастана охсуллуохтаах. Аптекаларга «Семена льна» диэн тирбэҕэ от (лён) сиэмэтэ баар. Саамай күүстээх радионуклиды, токсины, химияны таһаарар от. Ыстакаан тирбэҕэ сиэмэтин 3 лиитирэ ууга кутан, иһиккитин уулаах иһит нөҥүө (водяной баня) 2 чаас оргутуҥ. Эт сылааһыгар диэри сойутан баран, икки нэдиэлэ курдук (уонча күн) күҥҥэ биирдии лиитирэни иһиллэр. Химия кэнниттэн радионуклидтар хайаан да тахсыахтаахтар.  

10. Ньыыкан эмчит ньыматын туттуҥ. Хатыҥ чоҕо + сүөгэй.  Чааскы аҥаара сүөгэйгэ соччо хатыҥ чоҕун мэлийэн буккуйуҥ уонна барытын биирдэ олордон кэбиһиҥ. Сүһүрүүнү, үөһү таһаарар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...