23.01.2022 | 11:00

Үрүҥ түүн кэриэтэ нуһараҥ, амарах сүрэхтээх аанньал

Үрүҥ түүн кэриэтэ нуһараҥ, амарах сүрэхтээх аанньал
Ааптар: Борис Николаев
Бөлөххө киир

«… Кинилэр дьоҥҥо-сэргэҕэ ураты болҕомтолоохтук, кыһамньылаахтык сыһыаннаһаллара. Киэҥ билиилээх, бэйэлэрин идэлэрин эҥкилэ суох баһылаабыт, оройуоҥҥа эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар биллэр, убаастанар, ытыктанар быраастар этилэр.

Ыраһах туһа диэн баран күнүстэри-түүннэри үлэлииллэрэ, эйэҕэс майгыларынан, амарах сүрэхтэринэн, сырдык-ыраас дууһаларынан эмп үлэһиттэригэр бастыҥ холобур буолаллара».

Юрий Павлович Степанов, РФ үтүөлээх бырааһа,

мэдиссиинэ билимин дуоктара, профессор, Инбэлииттэри уонна бэтэрээннэри реабилитациялыыр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин генеральнай дириэктэрин солбуйааччы.

    

Бу үүммүт 2022 сыл тохсунньу 1 күнүгэр СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, Сунтаар улууһун Бочуоттаах гражданина Тамара Софроновна Данилова төрөөбүтэ 85 сылын туолбута.

 

Т.С. Данилова Бүлүүчээн нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Уруттуу түһэн эттэххэ, кини Новосибирскайдааҕы мэдэссиинэ институтун биир дойдулааҕыныын, кэргэниниин, чахчы көмүс илиилээх аатырбыт хирург Петр Михайлович Даниловтыын биир кэмҥэ кэриэтэ үөрэнэн бүтэрбиттэрэ уонна үйэлэрин тухары бииргэ үлэлээбиттэрэ. Петр Михайлович Данилов үөрэммит идэтин  таһынан дойду араас куораттарыгар эбии хирург, травматолог, рентгенолог, судмедэксперт идэлэрин баһылаабыта. Онтунан өрөспүүбүлүкэ иһинэн араас ыҥырыктарга сылдьара. Өссө араас усулуобуйа туруоран, үлэҕэ ыҥырыылар эмиэ бааллара. Петр Михайлович «төрөөбүт-үөскээбит улууһум дьонугар-сэргэтигэр туһалыахтаахпын» диэн таптыыр Элгээйититтэн ханна да барбатаҕа.

Бу сырыыга мин дьон-сэргэ махталын ылбыт, билиҥҥи Элгээйи кырдьаҕас олохтоохторо олус истиҥник саныыр Тамара Софроновна Даниловаларын туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.

«Элгээйи» сопхуос бастакы дириэктэрэ С.М. Журавлев кэргэннии быраас Даниловтар төрөөбүт дойдуларыттан кый ыраах Абый оройуонун киинигэр Дружинаҕа ананан айымньылаахтык үлэлии сылдьар сурахтарын истэн, Элгээйигэ ыҥыртаабыт. Урутуу түһэн эттэххэ, улуу нуучча муударай киһитэ Семен Максимович сыыстарбатах этэ. Даниловтар «Элгээйи» сопхуоһун үлэһит дьонун доруобуйатын туһугар 1965 сылтан биэнсийэҕэ тахсыахтарыгар диэри отучча сыл харыс да халбарыйбакка олус кыһамньылаахтык, ситиһиилээхтик, үгүс дьон махталын ылыахтарын ылан үлэлээбиттэрэ. Дэлэҕэ, Тамара Софроновна саамай улахан наҕараадам – дьонум-сэргэм махтала диэн билиниэ дуо?!

Элгээйи сиригэр кэлэн учаастактааҕы терапевт-бырааһынан үлэлээбит Тамара Софроновна олохтон букатыннаахтык баран эрэр ийэтин илиитин ньилбэгэр тутан олорон, хайаан да быраас буоларга бигэтик быһаарыммыт уонна онтун үйэтин устата чиэстээхтик толорбут.

Элгээйилэр быраастарын олус да сөбүлүүллэр, ытыктыыллар эбит этэ. Тамара Софроновна барахсан киэҥ билиилээҕин-көрүүлээҕин, ханнык баҕарар ыарыһахха ураты кыһамньылааҕын таһынан, дьонугар-сэргэтигэр биир тэҥ сылаас сыһыана, аламаҕай майгыта чахчы бэйэтэ эмп кэриэтэ этэ. Бу устуруокалар ааптардара эмиэ биирдэ-иккитэ киниэхэ көрдөрбүт, сүбэтин-аматын истибит, кини сымнаҕас илиитин сылааһын билбит «дьоллоох» эбиппин. Оттон оскуоланы бүгүн-сарсын бүтэрээри сырыттахпына, Элгээйи хирура Петр Михайлович муҥурбун быһан күн-ый буолбуттаах. «Дьэ, нокоо, чаас аҥаара, чаас дуу хойутаабытыҥ буоллар, дьэ бэдээ буолуо эбит»,- диэбитэ. Кырдьык, ол оччотооҕу суол-иис куһаҕаныгар, тиэхиньикэ кэмчитигэр Владимир Михайлович Крыжановскай барахсан Кутанаттан Элгээйигэ «ЗИЛ» самосвал массыынанан киллэрбэтэҕэ буоллар, бу суруксуттуу сатыы олорорум суох буолуо этэ. Онон кинилэргэ махталым улахан. Кэлин хаһан эмит көрсөн аастахха мэлдьи истиҥник дорооболоһор, доруобуйабын туоһулаһар буолаллара.

Тамара Софроновна чахчы кэрэ мөссүөннээх, сылаас мичээрдээх эмчит үтүөтэ этэ. Дэлэҕэ, быраас Тамара Софроновна күлэн мичилийбитинэн палаатаҕа киирэн кэлэрин ыарыһахтар котокулар күҥҥэ тэҥниэхтэрэ, үөрүөхтэрэ-көтүөхтэрэ дуо?.. Элгээйи олохтоох поэтессата Александра Григорьева – Сандаарыйа дьүөгэтин Тамара Софроновна туһунан:

«Сайыҥҥы күн саһарҕатын тэҥэ,

Сайаҕастай дууһалаах,

Күһүҥҥү күн күлүмүн тэҥэ

Көмүскэстэй санаалаах.

 

Дьүһүннүүн кэрэ,

Таһаалыын талба,

Олоҥхо Туйаарыма Куотунуу

Унаарыйа устар,

 

 Салгын нарынын тэҥэ

Талбаарыйа хаамар.

Айыыһыт тэҥэ

Араҥаччылыы сылдьар», - диэн иһирэхтик ахтыбыта баар.

Дьэ ити курдук кэргэннии быраас Даниловтар Элгээйигэ олохсуйан, оҕолонон-урууланан, Элгээйи бастыҥ, дьоһун ыала буолан олорбуттара. Тамара Софроновна, иккиэн даҕаны, эдэрдэригэр сценаттан түспэт ырыаһыт, үҥкүүһүт этилэр. Уол оҕо аҕыс кырыылааҕа диэн баар эбит буоллаҕына, олортон биирдэстэрэ кини – Петр Михайлович буолуо. Ханнык да үлэҕэ өрүү инники этэ. Сааһытын чааһынан, бултаах-алтаах Бүлүүчээн сириттэн төрүттээх буолан да буолуо, иннинэн сүүрэр атахтааҕы аһарбатах, үрдүнэн тылбыйар кынаттааҕы көтүппэтэх сорсуннаах сонордьут, байанайдаах булчут эмиэ кини этэ.

Олох тыйыс сокуонунан билигин бу орто дойдуга иккиэн суохтар. Кинилэр олохторун үс оҕолоро, үгүс ахсааннаах сиэннэрэ салгыыллар. Ол биир туоһутунан быраас Даниловтар оҕолоро сыл аайы «Элгээйи учаастактааҕы балыыһатын бастыҥ үлэһитэ» диэн төрөппүттэрин Тамара Софроновна, Петр Михайлович Даниловтар ааттарынан 10000 солк. харчылаах анал дьупулуомнаах бириэмийэни эмчит күнүгэр туттараллар.

Оттон кинилэр курдук айылҕаттан бэриллибит дэгиттэр эмчит талааннаах, ыалдьыбыт киһини үтүөрэргэ кынаттыыр истиҥ, эйэҕэс сыһыаннаах эмчиттэр аны бааллара буолуо дуо?.. Кистээбэппин, мин биир бэйэм чахчы кинилэр курдук үрүҥ халааттаах аанньаллары көрө иликпин.

Бу одоҥ-додоҥ суруйуубун таптыыр, сүгүрүйэр поэтессам Александра Григорьева – Сандаарыйа кэргэннии быраастар Тамара, Петр Даниловтарга анаан суруйбут «Үрүҥ түүн» хоһоонугар композитор Егор Неустроев муусукалаан көтүппүт ырыатынан түмүктүүбүн:

 

Үрүҥ түүн аргыыйдык налыйда

Үүт туман саҕахха наскыйда.

Нуһараҥ чуумпуга, доҕоруом,

Ыллаарыый, сүрэхпин долгута.

 

Ыллаарыый, доҕоруом, ыллаарыый,

Ыллаарыый, сүрэхпин долгута.

 

Үөр куба кэриэтэ үөрүүлэр

Сапсынан туналга дайдылар.

Эйэҕэс, сымнаҕас сыдьаайдар

Тырымнас хараххар састылар.

 

Ыллаарыый, доҕоруом, ыллаарыый,

Ыллаарыый, сүрэхпин долгута.

 

Олохпор, дьылҕабар эн эрэ

Күөдьүтэр тапталыҥ кутаата.

Үрүҥ түүн кэриэтэ нуһараҥ

Сүрэҕиҥ амарах сылааһа.

 

Ыллаарыый, доҕоруом, ыллаарыый,

Ыллаарыый, сүрэхпин долгута.

2017 сыллаахха Н.П. Тимофеева хомуйан таһаарыытынан, Г.В. Нельбисова эрэдээксийэтинэн Дьокуускайга «Сайдам» кинигэ кыһатыгар “Айылҕаттан айдарыылаах эмчиттэр Тамара Софроновна, Петр Михайлович Даниловтар” диэн кинигэ бэчээккэ тахсыбыта. Кинигэ Даниловтар бэйэлэрин, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрин, алтыспыт, эмтэммит дьоннорун ахтыыларынан, ыал аҕатын күннээҕи бэлиэтээһиннэрэ, өрөспүүбүлүкэ бэчээтигэр тахсыбыт ыстатыйалар курдук сэдэх матырыйаалларынан баай буолан, ааҕааччы киэҥ араҥатын сэҥээриитин ылбыта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Сонуннар | 20.10.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Понедельник, 21 октября 6:00 Сана кун 6+ 9:00 Утро Якутии 6+ 10:00 "Якутия" информационная программа 12+ 10:15 Саха сатаабата суох 6+ 10:45 Откровенно 12+ 11:15 Проавто 12+ 11:45 Репортаж 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Эйгэ 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+ 14:00 Тэтим 6+ 15:00 "Тыый!"  6+...