Өрөспүүбүлүкэ 11 тыһыынчаттан тахса олохтоохторо 2022 сылга гаас ситимигэр холбонуохтара
Саха сирин 11 тыһыынчаттан тахса олохтоохторун дьиэлэрэ, президент социальнай газификацияҕа бырагырааматын чэрчитинэн, 2022 сыл бүтүөр диэри гаас ситимигэр холбонуохтара. Ол туһунан СӨ промышленноска уонна геологияҕа Министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Гаас ситимэ тардыллыбыт нэһилиэнньэлээх пууннарга гааһы босхо учаастак кыраныыссатыгар диэри тиэрдиэхтэрэ», — диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
Бырагыраама олоххо киирэригэр үс миллиард солкуобай кэриҥэ харчы ирдэнэр, онтон 900 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ – өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннарыгар аһардар кыаҕа тиийбэтин суох оҥорууга ыытыллар.
Билиҥҥи кэмҥэ эбии гаастааһыны үбүлүүр көрүҥнэр көрдөнөллөр.
Бу иннинэ РФ президенэ Владимир Путин Федеральнай мунньахха суругар 2021-2022 сылларга нэһилиэнньэлээх пууҥҥа баар гаас ситимигэр холбоммотох олохтоохтор дьиэлэрин гаастааһынын түргэтэтэр соругу туруорбута.