05.09.2021 | 03:00

Өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан

Орто дойду саарыннара Арассыыйа элиитэтин киһитэ
Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

«Маннык дьон бааллара

Россияҕа чиэс»

Алексей Кара-Мурза

 

Миэхэ хас да сыллааҕыта доҕорум, «Илин» сурунаал редактора Олег Сидоров ураты уонна олус сыаналаах энциклопедическай кинигэни булан бэлэхтээбитэ. Кинигэни илиибэр ылаат, «лис» курдук ыбыс-ыарахан ыйааһыннааҕыттан олус соһуйан «һук» диэбиппин кулгааҕым истэн хаалта. Кытаанах халыҥ тастаах, онно таһыгар көмүс буукубаларынан кыра шрибинэн «Открытая Россия», оттон улахан шрибинэн «Наше либеральное наследие» диэн суруктардаах, 14 мэтириэт ортотугар В.В.Никифоров—Күлүмнүүр астык сэбэрэтэ олорор. Арассыыйалар чахчы да хайдахтаах курдук дьонноох этибитий диэбиттии киэн тутта таһаарбыттар. Арыйабын – ис кумааҕыта саамай бастыҥ хаачыстыбалаах: маҥан, мелованнай. Ол иһин ыбыс-ыарахан эбит. «Открытая Россия» общественнай тэрилтэ «Наше либеральное наследие» бырагырааматынан Москва саамай бастыҥ типографиятыгар бэчээттэппит. Аан дойдуга биллэр учуонай, философскай наука доктора, гуманитарнай наукаларга Россиятааҕы академия академига Алексей Кара-Мурза уопсай редакциялааһынынан таһаарыллыбыт. Манна туох дьон туһунан суруллубутуй? Аннотацияны ааҕабын: «Сборник содержит уникальные материалы о таких выдающихся русских мыслителях и политиках Б.Н.Чичерин, А.В.Головнин, А.И.Кошелев...» диэбиттэр. Бу ураты үчүгэй хаачыстыбалаах 400 сирэйдээх кинигэҕэ 25 сирэйин тухары сахалартан В.В. Никифоров—Күлүмнүүр туһунан суруллубут, өссө биир сирэй толору элбэх хаартыскаларынан «Открытая Россия» общественнай тэрилтэ «Наше либеральное наследие» бырагырааматынан Дьокуускайга научнай конференция ыыппытыттан, Василий Васильевичка аналлаах мемориальнай дуосканы туруортарбытыттан фоторепортаһы бэчээттээбиттэр. В.В. Никифоровка туруоруллубут ол мемориальнай дуосканы Дьокуускай куорат киинигэр национальнай библиотека кырдьаҕас дьиэтин иннигэр ыйаттарбыттара. Ленин проспегынан ааһан иһэн көрөргүт буолуо.  

Кинигэҕэ Василий Васильевич туһунан В.Н.Иванов, С.Степанова ыстатыйалара Арассыыйа дьонун болҕомтотун тардыбыт. Барыта дойду 30 уһулуччулаах дьоно итинник таһаарыыга киириэхтээх эбит. Бастакы кинигэҕэ кинилэртэн 14 талыллыбыт.

Кинигэ иһигэр баар ыстатыйаларга А.А. Кара-Мурза «Открытая Россия» общественнай тэрилтэ «Наше либеральное наследие» бырагырааматынан дойду историятыгар боччумнаахтык суруллуохтаахтарын,   Сэбиэскэй кэм балыырдаах быһаарыыларынан дьыалаларын хам баттаабытынан, баччааҥҥа диэри үчүгэйдик оннуларын олохторун була илик өркөн өйдөөхтөрүн, политиктарын ааттарын тилиннэриигэ элбэх үлэни ыытарын бэлиэтиир. Ол курдук, мемориальнай дуоскалары туруортарар, научнай конференциялары тэрийэр. «Наше либеральное наследие» энциклопедическай таһымнаах хомуурунньук бэчээттэтэр. Арассыыйа 30 бастыҥ киһитин үйэтитэр соруктаах. Кинилэр ортолоругар кимнээҕи, хайдах талан киллэрбиттэрин ыйытыыга сүрүннээччитэ аан дойдуга биллэр учуонай Алексей Кара-Мурза киин хаһыаттарга интервьюларыттан быһа тардыылары цитаталаан кинигэҕэ маннык бэчээттээбиттэр:

«Российская газета», 27 июня 2003 г. «Возрождение России—это в первую очередь возрождение истории страны. Но истории без купюр, без белых пятен».

«Независимая газета», 30 сентября 2003 г. «Критерий выбора лиц, кому мы отдаем дань памяти  только один: «высшая лига» отечественного либерализма. Советской историографии российский либерализм подавался со знаком «минус». Пора менять эту тенденцию. В России всегда были люди высокой культуры и высокого напряжения мысли».

«Новая газета», 2 октября 2003 г. «В российской элите мы наблюдаем острый дефицит настоящего культурного предложения... вот поэтому мы и обращаемся к ее лучшим представителям из прошлого».

«Комсомольская правда», 30 сентября 2003 г. «...открываем там памятные доски в честь людей, чьи имена большевиками стрательно стирали не только из учебников, но и из памяти народа, называя своих политических оппонентов просто – «враги народа». Хотя «вина» этих «врагов» состояла лишь в одном, если перефразировать царского премьера Столыпина: они не хотели «великих потрясений», они мечтали «о великой России» 

В. Никифоров кэпсэтэн ыытыытынан Казань университетын учуутал семинариятын 1905 сыл бүтэрэн кэлэн, М. Аммосовы, И.  Винокуровы бастакы кылааска киллэриэҕиттэн үөрэппит, сүбэ-ама буолбут Платон Афанасьевич Ушницкай сиэнэ Нижнэй Новгород олохтооҕо Павел Ушницкай уонна абаҕатын оҕото, ааптар Иван Ушницкай, Нижнэй Новгород 800 сылын көрсө быыстапка дьиэтин сөргүтүү кэмигэр. 

«Парламентская газета», 1 октября 2003 г. «Это серьезнейшие люди, которые являются своеобразной планкой для современных политиков, к которой они должны стремиться».

Өссө А.Кара-Мурза «Русский курьер» хаһыакка интервьютуттан биир цитатаны үөһэ, ыстатыйа саҕаланыытыгар көрөҕүт. Быһатын кини бу Бүтүн Арассыыйа историятыгар дьоһуннук киириэхтээх дьону большевиктар сотоннор, оннооҕор төрөөбүт дойдуларыгар биллибэт оҥорбуттарыттан муҥатыйар. Дьэ ол иһин чахчы хаачыстыбалаах, сыаналаах кинигэни таһыгар буукубаларын көмүһүнэн «Наше либеральное наследие» дэттэрдэҕэ.

Дьэ ити курдук, улахан учуонай Арассыыйа элитатыгар, үрдүкү лигатыгар киллэрэр, билиҥҥи политиктарга культурнайдык санаатын этэринэн холобурдуур киһитин В.В.Никифоровы—Күлүмнүүрү  дойдутугар төһө тилиннэрдибит? Кини аатынан уулусса, туох эмэ дьиэ ханна баарый? Төрөөбүтэ 140 сылыттан аата ааттанан, Дүпсүҥҥэ уулусса, төрөөбүтэ 150 сылын кэннэ дьиэ, Дьокуускайга пааматынньык баар буолта. Оттон Саха сирин барытын салайбыт, сөхтөрө үлэлээбит Туймаадатыгар, Иркутскайыгар, Томскайыгар, Новосибирскайыгар, Москватыгар, Бөтөрбүүрүгэр?...

Василий Васильевич Никифоров—Күлүмнүүр Арассыыйа историятыгар кыһыл көмүс буукубаларынан, ыарахан ыйааһыннаах (ити сыаналыыр киһитин этиилэрин этэбин) киириэн-киирэр киһи. 

Арассыыйаҕа В.В.Никифоровы-Күлүмнүүрү өссө өрөбөлүүссүйэ быдан иннинэ билиммиттэрэ! Кининэн бүтүн Саха сирин киэҥник өйдөөбүттэрэ. Ол хайдах уонна туохтан саҕаламмытай?

Кини ордук 1896 сыллаахха Нижнэй Новгородка Бүтүн Арассыыйатааҕы промышленнай уонна художественнай быыстапкаҕа Саха уобалаһын салаатын арыйтаран, кыахтаахтык тэрийиититтэн сахалар диэн мындыр, үлэһит, ханнык да ыарахаттары билиммэккэ Ыраахтааҕы былааһын байытыыга улахан кылааты киллэрэ турар киэҥ кэскиллээхтэрин  өйдөөбүттэрэ. Ити быыстапкаҕа оҥоруутун уонна Күлүмнүүр атын да күлүмнэппит тэрээһинин туоһулуур докумуоннар, бэйэтин суруйуулара дойду архыыптарыгар хаһан булаттаан олус сөхпүтүм.  Кыаҕын, таһымын. Инники кэскилгэ аартыгы тэлиитэ киэҥин. Нижнэй Новгородтааҕы Саха сирин салаатын экспонаттарын переченэ быыстапка путеводителигэр 15 страница тухары бэчээттэммитэ. Онно маннык  суруллар:

Нижнэй Новгород үйэтитиитин – соторутааҕыта тахсыбыт альбом-кинигэни А.Н. Жирков булан аҕалан бэлэхтээтэ. Итиннэ В.В. Никифоров хас да сирэйгэ суруллубут.

«...207. Полезные ископаемые:

а) образцы железной руды,

б) образцы криц и модель правильной печи,

с) образцы серебро-свинцовой руды,

д) образцы самоосадочной и каменной солей.

Железная руда добывается якутами в некоторых местностях Якутского и Вилюйского округов. Каменная и самоосадочная соли добываются в Вилюйском округе. Залежи каменного угля встречаются вдоль берегов р.р. Лены, Алдана, Вилюя и их притоков, но добычей никто не занимается. Серебро-свинцовые руды находятся в Верхоянском округе, верстах в 500 от Якутска. Залежи ее не велики, местоположение неудобно, почему руда не разрабатывается...». Салгыы  сири оҥоруу 1840-с сыллартан сыылкалаахтар, ордук аттакылар саҕалааһыннарынан баһыламмыта быһаарыллар. Ханнык кэмҥэ туох, хайдах  үлэ ыытыллара ыйыллар. Хортуоска, арбуз, дыня, оҕурсу олордуллара ыйыллыбыт. Быыстапкаҕа Саха сиригэр үүннэриллибит хаппыыста, брюква, горох, эриэппэ, мак, сахарнай горох, көлөпүнэ, бурдук араас суортарыттан куоластар уонна олортон оҥоһуллубут килиэптэр туруоруллубуттара хайдах тымныы дойдуга туорахтаах культураны, фруктаны, оҕуруот аһын үүннэрэҕит дэттэрбиттэр. Итилэри ыһарга, хомуйарга, астыырга туттуллар сэбиргэллэр: сухалар, барааналар, болокуусалар, суоруналар уо.д.а. көрөөччүлэр болҕомтолорун тардыбыт. 

«Средства передвижения якутов» диэн салаанан ат, оҕус, таба, ыт көлөлөр көрдөрүллүбүттэр. Сыарҕалар, наарталар, ыҥыырдар, бэрэбэдэйдэр...

Итинтэн салгыы:

Скотоводство

Домашняя утварь

Звероловство и охота

А) Продукты звероловных промыслов

В) Орудия звероловства и охоты

Рыболовство

Изделия из чистого польского и якутского серебра, меди и железа

Домашние и кустарные промыслы:

Изделия из кожи

Изделия из конской и коровьей шерсти

Изделия из конского волоса

Продукты обработки дерева

Изделия из дерева

Изделия из бересты

Изделия из мамонтовой кости

Изделия из рога и кости

Изделия из глины

Изделия из камыша и травы

Быт населения области

Игрушки и игры якутов

Два недельных и один годовой якутский календарь

Медицинские инструменты

1996. Мин төрөөбүт бөһүөлэкпиттэн тиийбит үс улуубут В.В. Никифоров тэрийээччи, Дүпсүн улууһун кулубата П.А. Афанасьев уонна Москватааҕы императорскай университет юридическай факультетын бүтэрээри сылдьар 
М. Афанасьев Нижнэй Новгородка быыстапка кэмигэр. 

Итилэр хас биирдиилэригэр хастыы да быһаарыылаахтар. Холобура, «Быт населения области» салааҕа 284—292 пууҥҥа, сорохторугар  «а»-тан—«ч»га диэри быһаарыылардаах. 

Саха баайын ураһатын, сайылыгын, ампаарын; Марха аттакыларын, Лена кытылынааҕы крестьяннарын  кыахтаахтарын дьиэлэрин туттаран, олбуордарын оҥотторон, хотугу омуктар ураһаларын, холомолорун  туруортаран, олорго ис-тас оҥоһуктарын, киэргэллэрин, туттар сэптэрин, оҕо оонньууругар тиийэ ситэрбит.

Дьэ Дьокуускайтан 7000 км ыраах баар сиргэ сороҕун көлөнөн, тыынан, тимир суолунан таһан тиэрдибит. Ити Японияҕа билиҥҥи кэмҥэ мамонт төбөтүн илдьэрдээҕэр быдан ыарахан этэ. В.В. Никифоров — бэйэтэ 191 см үрдүктээх толуу киһи — маҥнай кулун тутарга классическай көстүүмнээх тиийбитигэр сумоист быһыылаах диэтэхтэрэ: «Тоҥмоккун дуо? Эһиэхэ, Японияҕа, сылаас буоллаҕа», – диэбиттэр. Онтон ыраахтааҕыттан наҕараадаламмыт куортугун кэтэн, мэтээлин иилинэн быыстапкатын бэйэтэ гидтээбитигэр Арассыыйаҕа сүрдээх сайдыылаах да киһилээх, мындыр оҥоһуктары сатаан оҥорор дьонноох тымныы айылҕалаах Саха сирэ диэн дойду баарын билбиттэрэ.

PS: Күлүмнүүр Сэбиэскэй кэмҥэ Саха АССР-тын  Москваҕа Нижнэй Новгород быыстапкатыттан итэҕэһэ суох кыахтаахтык эмиэ тэрээһинин М. Аммосов салайбытын курдук оҥорон биэрбитэ. Бэйэтэ көһүннэҕинэ, эдэр салайааччыларбытын контрреволюционеры өйүүгүт, ол аата эһиги эмиэ диэхтэрэ диэн сэрэхэдийээхтииллэр буоллаҕа.

125 сыл анараа өттүгэр Арассыыйа ыраахтааҕыта Николай II  быһа дьаһалынан тэриллибит быыстапкаҕа ити курдук отут саастаах В.В. Никифоров салалтатынан бэйэтинээҕэр балыс доҕотторунуун Саха сирин омуктарга дьоһуннук көрдөрбүттэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...