09.05.2020 | 11:27

Өрөгөйдөөх Кыайыы иһин

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сыллар-хонуктар ааһан истэхтэрин аайы уот буурҕа буолбут сэрии алдьархай тыына ыраатан иһэр. Аны аҕыйах хонугунан  Улуу Кыайыы 75 сылын өрөгөйдөөх үбүлүөйүн бэлиэтиэхпит. Хомойуох иһин, уоттаах сэрии кыайыылаахтара фронтовиктар, тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии оҕолоро хонон турдах аайы аҕыйаан иһэллэр.

  Украинаны босхолооһуҥҥа кыттыбыта

Нина Ильинична Гаврильева, Ньурба улууһун Түмүк нэһилиэгэ:

- Аҕам Илья Никифорович Лосоров 1919 сыллааҕы төрүөх. Сэрии иннинэ сэбиэт сэкирэтээринэн, холкуоска суотчутунан, ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн, леснигинэн үлэлии сылдьыбыт.1942 сыллаахха “Молотов” аатынан холкуоска бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сырыттаҕына, сэриигэ ыҥырыллыбыта. Маҥнай Сибиирдээҕи байыаннай уокурукка сылдьыбыта. Онно связист үөрэҕэр үөрэнэн, телефонист идэтин ылбыта. 3-с Украинскай фронт 215-с гвардейскай артиллерийскай полкатыгар рядовой, Киевскай БО 8-с механизированнай 67-с мотомех биригээдэтигэр старшай телефонист, старшай пулеметчик быһыытынан сылдьыбыт. Украинаны босхолооһуҥҥа кыттыбыта. 1944 сыллаахха тааҥкаҕа умайан, улаханнык сиэтиллэн госпитальга эмтэммитэ. Дойдутугар 1946 сыллаахха төннөн кэлбитэ.

 Аҕам сэриигэ сылдьыбыт кэмин маннык ахтара: “Биһигини 1942 сыллаахха үөрэнэр чааспытыттан хомуйталаан, фроҥҥа барарга сүүмэрдээбиттэрэ. Онно араас идэлээхтэр бары бааллара. Мин связист этим. Артиллерийскай чааска тимир суолунан айаннаан, биир хабыс хараҥа станцияҕа тиийэн түспүппүт. Ыраах баҕайы саҕахха, халлаан сырдыы-сырдыы умулла турар этэ. Ону билэр дьон – ити инники кирбии, сэрии бара турар сирэ диэбиттэрэ. Онтон сатыы өр айаннаан иһэн, ол түүн биир кэбиһиилээх окко утуйан ааспыппыт. Онтон сарсыныгар биир иччитэх дэриэбинэҕэ тохтообуппут, биһиги чааспыт бары кэлиэхтэригэр диэри онно кэтэспиппит. Көрбүтүм пушкабыт 122 мм ырааҕы тэбэр уһун баҕайы стволлаах этэ. Оччотооҕуга ЧТЗ диэн тыраахтар соһор этэ. Онтон өрүс илин өттүгэр инники кирбиигэ киирбиппит. Өрүс уҥуоргу өттө үрдүк баҕайы сыыр курдук көстөрө. Биһиги өттүбүт хойуу ойуурдаах этэ. Онно кимэн киириигэ бэлэмнэнии буолар быһыылаах, хас да күн биир сиргэ турбуппут. Ол бириэмэҕэ сэдэх соҕус артиллерийскай ытыалаһыы буолар этэ. Онтон сэтинньи ыйга быһыылааҕа, биир сарсыарда эрдэ биһиэннэрин кимэн киириитэ саҕаламмыта. Онно бастаан артиллерийскай бэлэмнэнии диэн түөрт чаас устата буолбута. Мин онно бастакы сэрии диэни билбитим. Араас калибрдаах пушкалар бары ыталлар. Ол тыастан киһи баттаҕа турарга дылы буолара. Сир ньиргийэр, титирэстиир. Өстөөх өттүгэр ыытыллыбыт снарядтар эстэр тыастара, буруолара хойуу хара тыа ойуур курдук лаглайан олорор. Мин, испэр, ама, уҥуор туох тыынар тыыннааҕа ордубут үһү дии санаатым. Ити артиллерийскай бэлэмнэнии кэнниттэн “Катюшалар” ытыалаатылар, снарядтара уҥуоргу сыырга саахымат хараҕын курдук эһиннилэр. Онтон сөмөлүөттэр кэлэн буомбалаан ньиргиттилэр. Ити бириэмэни туһанан, биһиги иннибитигэр баар чаастар өрүһү туораан, немецтэри хас да сиргэ чугуппуттара. Өрүһү мууһун үрдүнэн муосталаабыттар этэ. Тааҥкалар бары туораабыттарын кэннэ, ыарахан пушкаларбыт туораабыттара. Биһиги чааспыт өрүстэн хас да килэмиэтирдээх сиргэ тохтообуппут. Немецтэр окуопаларыгар олохсуйбуппут. Ити кыһын Харьков куорат туһаайыытынан немецтэри үүрэн испиппит. Күнү-дьылы билбэт, ханнык дэриэбинэҕэ сылдьаргын өйдөөбөт буолан хаалаҕын. Аны связист буолан, дьоҥҥун кытта сибээһи холбоору, хойуу ойуурга мас чыпчаалынан, чааһым баар туһаайыытын чопчу булан тиийэрим. Саха буолан сиргэ сылдьа үөрүйэҕим элбэхтик туһалаабыта. Сорох связистар мунан өлбүт түбэлтэрэ кытта баара. Саас 1943 сыллаахха Харьков куораты ылар иһин хас да күннээх кытаанах киирсиһии буолбута”.

Аҕам 1944 сыллаахха тааҥкаҕа умайан, улаханнык уокка сиэтиллэн, госпитальга өр эмтэнэн, дойдутугар 1946 сыллаахха эргиллэн кэлбитэ.Аҕа дойду сэриитин 2 истиэпэннээх уордьанынан, “Германияны кыайыы иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Кини сэрии кэннинээҕи олоҕу чөлүгэр түһэриигэ, араас үлэҕэ күүстээхтик үлэлээбитэ. Локомобиль машиниһынан, электромонтерынан, “Коммунизм” холкуоска мастарыскыай сэбиэдиссэйинэн, механигынан үлэлээбитэ. Өр сылларга Маардааҕы электростанцияҕа маастарынан, онтон начаалынньыгынан үлэлээбитэ. 1974 сыллаахха биэнсийэҕэ тахсыбыта, онтон суоппардаабыта. Кини 4 уолу, 2 кыыһы төрөтөн, иитэн, дьон гынаттаан, элбэх сиэн сылааһын билэн баран, 1994 сыллаахха олохтон барбыта.

       Тыылга кыайыыны уһансыбыта

Мария Семеновна Фомина, Дьокуускай куорат:

- Кыайыы  75 сылын көрсө эбэм Мария Фоминична Абрамова туһунан сырдатыахпын баҕарабын. Эбэм 1904 сыллаахха Чурапчы оройуонун Болугур нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ эриллэн, эрэйи эҥэринэн тэлэн улааппыта. 1931 сыллаахха Көстөкүүнэп аатынан табаарыстыбаҕа үлэлии киирбитэ. Дьэ ити сыллартан кыайыылаах-хотуулаах үлэтэ саҕаламмыта. Бу кэмҥэ Аҕа дойду уоттаах сэриитэ саҕаланан, хас биирдии саха ыалын олоҕун аймаабыта. Үлэни кыайар өттө сэриигэ ыҥырыллыбыттара. Онон холкуос үлэтэ кырдьаҕастарга, дьахталларга, оҕолорго сүктэриллибитэ. “Тугу барытын – фроҥҥа!” девиһинэн үлэлээбиттэрэ. Хорсун үлэһит Мария Фоминична барыларыттан бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьара. Ол курдук, 1943 сыллаахха саас нэһилиэккэ сиэмэ бурдук наада буолбута, хантан да көмө суоҕа. Онон дьахталлар уу-хаар тахсыан иннинэ салаасканан бурдук аҕала Чурапчылыыр буолбуттара. Варвара Саввина, Екатерина Карпова, Феодосия Абрамова, Мария Абрамова буоланнар, икки салаасканан сэттэ аҥаар көстөөх (75 км) сиргэ сатыы турунан, нэһилиэги бурдугунан хааччыйбыттара. Ити курдук тыылга түүннэри-күннэри үлэлээн, кыайыыны уһансыбыттара. Эбэм сыралаах үлэтэ сыаналанан,  «1941-1945 сс. үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

 Сэрии кэнниттэн холкуоска ыанньыксытынан 45 сыл устата үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кини туһунан холкуос отчуотугар “Холкуос бастыҥ ыанньыксыта М.Ф. Абрамова биэс сылга валовайынан 1316 центнер эбэтэр 2924  бөтүөн үүтү ыата. Ол түмүгэр холкуоһугар 41,5 тыһыынча солкуобайдаах дохуоту киллэрдэ” диэн киэн тутта ахтыбыттара.  Өр сыллаах үлэтин партия уонна бырабыыталыстыба үрдүктүк сыаналаан, “Үлэ Кыһыл знамята” уордьанынан наҕараадаламмыта. 1960 сыллаахха үлэтигэр үрдүк көрдөрүүнү ситиһэн, Москва куоракка Бүтүн Сойуустааҕы норуот хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар кыттан кэлбитэ.

Үлэтин таһынан эдэр сылдьан олоҥхолуур эбит. Уус уран самодеятельность актыыбынай кыттыылааҕа, сыанаттан түспэт артыыс этэ. Харитон Семенович Абрамовтыын холбоһон, ыал буолан үс оҕону төрөппүттэрэ. Элбэх сиэн тапталлаах эбээтэ этэ.

                          Оҕо сааһым ыараханнык ааспыта

Татьяна Ивановна Григорьева, Бүлүү улууһун 1-кы Чочу нэһилиэгэ:

- Сэрии сылларынааҕы кэмнэри, 3-4 сааспын өйдүүр этим. Көтөхтөрө сылдьан туой оһох билиитэтин көрөбүн. Онно аһылык буһаралларын билэрим. Оһох билиитэтигэр туораах бурдук хатарыллан лиискэ сытарын көрөөччүбүн. Үс сааспар диэри кыайан хаампат этим, наһаа аччыктыырым, сэниэм суоҕуттан сытан тахсарым. Таайым кэргэнэ Маарыйа үлэтиттэн киэһэ биирдэ кэлэрэ. Миигин убайым Степан көрөөччү, кини үксүн таһыттан хатаан баран үлэлии барара. Мин муостаҕа олорон оонньоон, ытаан, киэһэ кинилэр үлэттэн кэлиэхтэригэр диэри оннук утуйан хааларым. Кэнники оскуолаҕа үөрэнэ да баран, хотуолаан төттөрү кэлээччибин. Үксүн ыстаанынан сылдьааччыбын, улаатан баран биирдэ ырбаахы диэни кэппитим, таҥас суох этэ. Ыстааммыт туттарыга, билиҥҥи курдук эрэһиинэ буолуо дуо, быа буолан иилистэн хаалан, тахсан киирэрбитигэр эрэйдэнэрбит. Атахпытыгар этэрбэс кэтэрбит. Оонньуур диэн суох этэ, түү мээчигинэн лапталыырбыт. Түү да буоллар, бырахтахтарына ыарыылаах буолааччы. Оскуолаҕа паартабыт сыырынньа баҕайы буолан, тэтэрээппит халтарыйарын өйдүүбүн. Суруйар уруучука суох, ол оннугар тоҥон хаалбыт чэрэниилэни ириэрэн туттарбыт. Электричество хойут баар буолбута. Оскуолабытыгар боруҥуй буоллаҕына, кыраһыын лаампанан үөрэнэр этибит. Оҕо сааспыт ол курдук ааспыта.

         Тыыл дьоруойдарын эмиэ умнуо суохтаахпыт

Олег Адамов, Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгэ: - Мин эбэм, Мария Ивановна Егорова Хаҥалас нэһилиэгэр Сууттаах диэн алааска Бокуруоп күн, алтынньы 14 күнүгэр, төрөөбүтэ. Олох кыратыгар төрөппүт аҕата өлөн, ийэтин Дьэбдьиэйи кытта дьадаҥы эһэтин ааҕынаан дьукаахтаһан олорон айахтарын ииттиммиттэр. Эбэм кыратыттан үлэҕэ сыстаҕас эбит. Хотоҥҥо ынах ыылларыгар тымтык тутааччы, тарбыйах этиттэрээччи, суорунаҕа туорах бурдук тартарар эбит.Ол бурдуктан оҥоһуллубут алаадьы, лэппиэскэ олус да минньигэс буолар эбит. Оскуолаҕа киирэн үөрэнэн иһэн, үөрэҕин тохтоппут. Фашистскай Германия сэрэтиитэ суох сэриинэн саба түһэр, таайдара сэриигэ бараллар. Ийэтин, улахан эдьиийин Евдокия Романовнаны кытта тыылга тэҥҥэ үлэлэһэр. Сэрии иккис сылыгар ийэтэ өлөн, 13 саастааҕар тулаайах хаалар. Киһи буолуох быатыгар, үчүгэй салайааччы Ылдьаа Кутанов баар буолан, улахан суту билбэккэ, биир да киһи хоргуйбакка, Кыайыы күнүн эдьиийин кытта көрсүбүттэр. Бу уһун түөрт сыл устата эбэм барахсан сэрии ыар тыынын – аччыктааһыны, тоҥууну, үлэ ыараханын, дьон хаҕыс да, амарах да сыһыанын кыра дьарамай санныгар сүгээхтээбит.

Эбэм Иосиф Сталины таҥара курдук саныыра. “Кини салайан сэриини кыайбыппыт”,- диэн кэпсиирэ. Таайдара сэрии хонуутуттан эргиллибэтэхтэрэ, сураҕа суох сүппүттэрэ. Эйэлээх олох саҕаланан, эбэм ыал буолан, кырдьаҕас эдьиийин Евдокия Романовнаны бэйэтин кытта илдьэ олордор. Үөрэҕэ суох эһээбэр хаһыат сонуннарын доргуччу ааҕар эбит, киэһээҥҥи аһылык кэннэ кыргыттарын кытта хабылыкка, дуобакка оонньуурун сөбүлүүр этэ диэн ийэм сөҕө кэпсиир. Саха дьахтарын сиэринэн, иистэнэр, асчыт да эбит. Сымнаҕас алаадьытын, лэппиэскэтин суохтуура ахан үһү. Эбэм барахсан саҥа үйэҕэ үктэнэн баран күн сириттэн барбыта. Биһиги хаһан да кинилэр тыылга хорсун үлэлэрин умнуо суохтаахпыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...